Бу күн, 1930 сыллаахтан — ЯЦИК дэкириэтинэн Боотуруускай улуус Чурапчы оройуона диэн ааттанар. Санатар эбит буоллахха Чурапчы улууһа докумуоннарга 1638 сыллаахтан ахтыллар. Бу киэҥ сиринэн тайаан сыппыт оройуонтан өрөбөлүүссүйэ иннинэ Амма уонна Таатта улуустара араарыллан үөскээбиттэрэ.
Эмиэ бу күн, 1893 сыллаахха — Бастакы Хайахсыт нэһилиэгэр Иван Винокуров, бэлиитикэ диэйэтэлэ күн сирин көрбүтэ. Кини араас сылларга Саха АССР совнаркомун бэрэстээтэлэ, доруобуйа уонна үөрэх наркома, эргиэн уонна бырамыысыланнас наркома, хааччыйыы наркома буола сылдьыбыта. Москубаҕа ВЦИК-ка Саха АССР бэрэстэбиитэлинэн олорон 1935 сыл тохсунньу 15 күнүгэр өлбүтэ.
ОЛ МИН ДОЙДУМ ЧУРАПЧЫ |
|
Дьуон Дьаҥылы тыллара Күөх кырсыгар күөлэһитэн, Хос ырыата: Хатыҥнардаах, чараҥнардаах, Хос ырыата. Үөрэх сырдык кыһатыгар |
Сэмэн Жендринскэй