Бүгүн Чурапчы нэһилиэгин Мурун Тыымпыйа түөлбэтигэр олоҥхо алыптаах киэһэтэ тэриллиэҕэ

Бу туһунан “Мурун Тыымпыйа” ТОС бассаап бөлөҕөр иһитиннэрдилэр.

Ол курдук бүгүн, киэһэ 17 чааска “Далбар” балаҕаҥҥа, быйыл ыытыллыбыт “Уруйдан, Улуу Олоҥхо!” өрөспүүбүлүкэтээҕи бэстибээл кылаан кыайыылаахтара, Өймөкөөн улууһугар ыытыллыбыт Олоҥхо ыһыаҕын 2-с Үрдэлин кыайыылаахтара, “Айылгы” НАДь аҕа саастаах олоҥхону толорооччуларын бөлөҕө, Вера Оконешникова салайааччылаах ыалдьыттыаҕа.

Кинилэр бу сырыыга, Мугудай нэһилиэгэр XIX-с үйэҕэ олорон ааспыт Саха биллиилээх олоҥхоһута Пелагея Михайловна Терютина-Ырыа Ымыычаан “Уолусхан улаан аттаах Уһук Туйгун Бухатыыр” диэн олоҥхотун толоруохтара.

Сүрүн оруолларга:

  • Олоҥхоһут – Юрий Толстоухов;
  • Толон Баай оҕонньор – Николай Дьячковскай;
  • Томтолу Баай эмээхсин – Мария Сивцева;
  • Уһук Уйгун Бухатыыр – Валерий Герасимов;
  • Аан Алахчын – Клара Кондратьева;
  • Симэхсин эмээхсин – Наталья Захарова;
  • Күн Чэрэлимэ – Виктория Захарова;
  • Тойон Чэллэриин Бухатыыр – Борис Васильев;
  • Абааһы уола Уот Илбистимэ – Гурий Монастырев;
  • Айыы Удаҕан – Вера Оконешникова.

Уон киһилээх бөлөх, ыраахтан-чугастан мустубут Чурапчы дьонугар-сэргэтигэр, кырачаан оҕолорго, ыччаттарга анаан 45 мүнүүтэ устата баай ис хоһоонноох олоҥхоттон быһа тардан иһитиннэриэхтэрэ.

 

Сэмэн Жендринскэй