Ахсынньы ый аам-даам тымныытынан аргыйан Аан ийэ дойду халыҥ систэрин, улуу уорҕаларын, дириҥ далай чөҥөрө чүөмпэлэрин хам ылан ыйыстан, иһийэн турар… Ытыс таһынар ыас хараҥа халлааҥҥа сүүһүнэн сулустар симириктэһэн умайаллар, түгэҕэ биллибэт киэҥ куйаартан биир эмэ сулус сулбу ыстанаат аллара диэки субурус гынан сүтэн хаалар… Онон эрэ итээбэккэ кэлтэгэй ый уһун сыҥааҕа унньулуйан былыт быыһыттан быгар, уота-күөһэ суох өлбөөрүйэн, түүҥҥү халлааҥҥа оргууй устар…
Алаас арҕаа баһын сыырын үрдүгэр, сэндэҥэ ойуур саҕатын кэрийэ, аҕыйах киһи уҥуоҕа халыҥ хаарынан бүрүллэн, киһи этэ тардыах, ыраахтан томтойон көстөр… Хаһан эрэ бу өтөххө олорон ааспыт дьон, итиэннэ Эллэмэлээх Быыйа үс уол оҕолорун көмүс уҥуохтара итиннэ көмүллэн сытаахтыыллар…
Чоҥкучах алаас иһэ хараҥаҕа куустаран, курус түүнү биттэнэн, нухарыйан барда…Көмүлүөк үөлэһиттэн дөрүн-дөрүн уот кыымнара халлааҥҥа өрүсүһэ харбыалаһан, көҥүл көтөн тахсаат умуллаллар, ону төттөрү эҕирийэн ылан уоругар уктаары унаар буруо кэннилэриттэн субуллан сыыйылларга дылы…
Балаҕан иһигэр имик-самык, тымтык уота барбах умайан кылайар, көмүлүөк оһох уотун төлөнө мөлтөөн, дьиэ иһэ улам сойо быһыытыйда…”Оҕото суох ыалга бэл, уот иччитэ үөрбэт”–дииллэрэ Эллэмэлээххэ анаммыт курдук. Кинилэр сүүрбэччэ сыл бииргэ ыал буолан олордулар да, “оҕо” диэн дьолу билэ иликтэр…
Эллэмэ бу киэһэ тоҕо эрэ, этэ дьагдьайан, тоҥуох курдук буолан барда, хаста да төхтөрүйэн, таһырдьаттан мас көтөҕөн киллэрэ-киллэрэ көмүлүөгүн оттубутугар, бэл истиэнэ ирбэт чэҥ мууһа ньолҕоруйан түһэн уулларга дылы буолла. Оһох уота сыыгынаан умайан бүттэҕин аайы инчэҕэй хардаҕастары туруору анньан, симэн иһэр, үөттүрэх маһынан хамнатан, чоҕун таптайан биэрэр. Бөҕүөрэ тоҥмут тарбахтарын уот сылааһыгар сырайан имитэр, оччоҕуна, тостубут тарбаҕын ыарыыта арыый урудуйарга дылы гынар, ол олорон хамсатыгар табах уурунан уматтар, соппойдоҕун аайы аһыы сытынан аҥылыйан, сөтөлүн чалахайыгар харан, хахсыйа-хахсыйа көхсүн этитэр. Силбэһэ турар хотонуттан биир ыанар ынахтааҕа ииктээн чырылатар тыаһа балаҕан иһигэр кытта иһиллэн, түүҥҥү чуумпуну ыһар, таһырдьа ханна эрэ утуйбатах ыт бүтэҥи соҕустук үрэн моргуйар…
Быыйа барахсан быйыл төрдүһүн ыарахан сылдьар. Сааһа да ыраатан буоллаҕа, улаханнык ыарырҕатта. Үс уол оҕону сыры-сыллата, утуу-субуу сүтэрэн , “оҕо турбат” ыала дэттэрэн, санаата түһэн сылдьар. Бу да сырыыга хайдах-туох буолара биллибэт. Арай, бу күһүн көтөҕө тэбэнэр кэмигэр Үрүҥ Кыламан ойууну көрдөһөн, буулаабыт абааһыны үүрдэрэн көрбүттэрэ. Ытык кырдьаҕас оһох иннигэр оллоонноон олорон, муннун анныгар тугу эрэ киҥинэйэн ыллыыр курдуга, онтон улам кыбдьырынан киирэн барбыта, ойон тураат хотон аанын сэгэтэн көрбүтэ, атыыр оҕус буолан айаатаан турбута, сирэйин тымыра бысталанан хаанынан оҕуолаабыта. Балаҕан боруҥуй муннугар бэдьэйэн тиийэн дүҥүрүн охсо-охсо дүрбүйэн, иһигэр былас муостаах киирбитин курдук илгистибитэ, атыыр сылгы буолан иҥэрсийбитэ, эккирээн дьигиһийбитэ уонна тиргэҕэ иҥнибит кыыллыы күүһэ эстэн, илистэн оһох иннигэр охтон түспүтэ, тыын быһаҕаһынан аҕылыы-аҕылыы- -«Анаҕастаах аһыылаах адьырҕа чиччик толук көрдүүр! Инчэҕэй эттээх киһи чымарыйар чиччигэ эбит!»-диэн көрүүлэммитин сэниэтэ суох, иһиллэр-иһиллибэттик эппитэ. Дьиэлээхтэр, кыһалҕалаах дьон, ойдуохтара дуу, быстыахтара дуу, сарсыарда, тыҥ хатыыта, Эллэмэ эрэйдээх ытык кырдьаҕаһын торумун толорон, кини ыйыытынан, биир торбостооҕун толук ууран, сүүскэ биэрбитэ… Итигэннэ, оҕонньортон былыргы үгэһинэн, хаппахтаах туос түктүйэҕэ “оҕо уйатын” оҥорторон, иччилэтэн ылбыттара. Онон, үҥэр таҥаралара ол эрэ курдук, онно эрэнэллэр уонна сытыы харахтаахтан туора тутан, кэтэҕириин ороннорун үрдүгэр, бүөм сиргэ кистээн кэбиспиттэрэ. Ардыгар киһи көрбөтүгэр, Быыйа ол түктүйэтин ылан сыллаан ылар, санаатыгар оҕо минньигэс сыта кэлэргэ дылы. Ытыһыгар ууран олорон тугу эрэ сибигинэйэн ботугуруур, оччоҕуна сирэйдиин-харахтыын сырдаан кэлэр уонна сэрэнэн, төттөрү ууран кэбиһэр.
…Эллэмэ сүүрбэччэ сыллааҕыта уон аҕыстаах эдэркээн Быыйаны хараҕа хайгыы көрөн, аат ааттаан, кэргэн кэпсэтиннэрэ суорумньуну ыыппыта. Кэпсэтиитин бигэргэттэрэргэ сыҥаах хоҥнорор сулуулаах этэ. Ол кэпсэтии кэнниттэн, кыыс ииппит дьоно, элбэх тыынньалаах эрэйдээхтэр айах көҕүрэтэ кэриэтэ, үгүс киэҥ айдаана, сүпсүлгэнэ суох Эллэмэҕэ эргэ биэрэргэ сөбүлэҥнэрин биэрбиттэрэ. Кыс хаар түһэн, суол туруута Эллэмэ кыыс дьонугар халыымын-биир ыанар ынаҕын сиэтэн аҕалан, хотонноругар киллэрэн, баайан биэрбитэ, онон кэпсэтии кылгас буолбута-икки өттүттэн илии тутуспуттара да-бүппүтэ. Ол саҕана кыыстан сөбүлэҥин ыйыта барбатахтара даҕаны, кини да улаханнык утарыласпатаҕа, буолуохтааҕын курдук отуччалаах огдообо киһиэхэ эргэ баран хаалбыта. Ииппит ийэтэ сүктэн барар кыыһыгар кыра туос маллаах иһити биэрбитэ, былыр-былыргыттан ыал буолар кыыска иистэнэр тэрилин тэрийэн ыытар үгэстээх этилэрэ. Онтон ыла, Быыйа эргэ баран, кыараҕас тэлгэһэтиттэн ырааппакка, балаҕанын иһигэр бүгэн, ыал буолан олорор.
Эллэмэ көстөр бэйэтэ түс-бас көрүҥнээх, тыла-өһө оттомноох, кыраттан тымтан турбат киэҥ көҕүстээх, көмүрүө хойуу куоластаах, ыһыы киһи. Кини оҕо эрдэҕиттэн отоһуттаан дьону эмтиир, айылҕаттан бэриллибит дьикти дьарыктаах. Хас биирдии эмтээх отун булан туурарыгар айылҕаттан көрдөһөн, кэпсэтэн баран хомуйар идэлээх. Эллэмэ бастакы ойоҕун кытта өр олорботоҕо, кэргэнэ талыытын кэмигэр хаана тоҕо баран, оҕотун кытта тэҥҥэ тыына быстан күрэммитэ, оннук биир түүн иһигэр орто дойду дьолуттан матан, ытыс соттон хаалбыта… Сүрэх баастаах киһи, Быыйа иһэ төкүнүйэн, биллэр буолан истэҕин аайы, саҥата суох бэйэтэ, өссө эбии ньимийэн, арбы-сарбы буолан иһэр. Уонна ол сылдьан тулалыыр айылҕатыттан, аал уотун иччититтэн, Үрдүк Айыы Тойонтон “оҕото кулу”- диэн көрдөһө-ааттаһа сылдьаахтыыр.
Анды саҕана Быыйата ыарытыйан, оҕо көтөҕөр эмээхсини көстөөх сиртэн ыҥыртарда. Ол киэһэни быһа кэтэһииттэн уһун түүнэ өссө уһаабыкка дылы буолла, хаста ыт үрдэҕин аайы өндөҥөлөөн, биир сиргэ түптээн, таба олорбокко ойон туран иһэр. Кэмниэ-кэнэҕэс, түүн үөһэ ат тыбыыран тохтуур тыаһа иһиллибитигэр, Эллэмэ таһырдьа ыстананан таҕыста, өр-өтөр буолбакка, балаҕан аанын иэччэҕэ араастаан кыыкынаан, тыаһаан аһылынна. Эмээхсин балаҕаҥҥа киирэн кэлэн кылгастык кэпсэтээт быыс кэннигэр ааста, түгэх ороҥҥо сытар дьахтары көрдө-иһиттэ, сылаас уу бэлэмнэтэн суунна-тараанна. Сарсыарда диэкинэн бэрт дэбигистик быыһанан “һуу-һаа” буоллулар. Эллэмэлээх уол оҕоломмуттарын туһунан дьоҥҥо быктарбакка эрэ, эрдэ кэпсэтии быһыытынан, оҕону төрөөтүн кытта хотонтон саах эһэр түннүгүнэн таһааран, абааһыттан күрэтэн атын ыалга ииттэрэ биэрбиттэрэ. Төһө да ыараханын иһин-оҕолоннохторо, ол ыалга биирдэ да бара сылдьыа, оҕолорун сураһыа суохтаахтар этэ. Биэс уһун төгүрүк сыл ааспытын эрэ кэннэ, бото болдьох дьэ туолан, Үрүҥ Айыылартан ааттаһан, Үрдүк Аар Тойонтон көрдөһөн, аал уоттарын аһатан, бары сиэри-туому тутуһан, күндү чыычаахтарын көмүс ньээкэ уйатыгар сүгэн-көтөҕөн аҕаллылар. Оҕолорун аҕалаат да, сүүһүгэр күл аҕаатылар, аал уоттарын аһаттылар. Уоллара дьонун атыҥыраан, кыыһыран сохсурҕаланар, үс күннээх-түүнү быһа тохтообокко ытаата. Кыыс курдук уһун баттах үүннэрэн, икки гына хайа саастаан өрөн түһэрбиттэрин кырыйан, кэтэ сылдьар уһун ырбаахытын уларытан, уол курдук таҥыннардылар- “ Тоойуом, эн уолгун ээ, аатыҥ- Быгый диэн, кыыс буолбатаххын”- диэн эппиттэригэр, өйдөөбүт курдук, төбөтүн тоҥхох гынаахтаата. Ол гынан баран, өрүллүбүт баттаҕын харыһыйан эмиэ “ый-хай” бөҕө буола түстэ. Киэһэ оһохторун толору отуннулар, аал уоттарын аһатан, күө-дьаа буолан, үөрэн-көтөн сыттылар, уол түүнү быһа баттатар курдук ыҥыранан, эргичиҥнээн сүгүн утуйбата:”Атын сиргэ кэлэн атыҥыраан утуйбат быһыылаах,”-диэннэр улахаҥҥа уурбатылар. Арай, биирдэ, Быгый ийэтэ тирии субатын кыһыаҕынан кыһыйа олордоҕуна-” Ийээ, эһиги суоххутуна оһох кэнниттэн кугас баттахтаах, күөх харахтаах уол оҕо тахсан, үөттүрэҕи миинэ сылдьан оонньуур ээ уонна миигин о-ол, киһи уҥуоҕар илдьэ барар, онно тиийэн сасыһа оонньуубут, сороҕор иччитэх өтөхтөрүнэн сырытыннарар”- диэн кэпсээбитигэр ийэтэ улаханнык куттанан, уолун түөһүгэр ыксары хам кууһан ылан, ытаан киирэн барда. “Эн кинини кытта олох оонньообот буол, кини оҕо буолбатах-абааһы!”-диэн өйдөтө сатаата. Эллэмэ ол күнтэн “уйатыгар уу киирэн”, эмиэ Үрүҥ Кыламан ойууну ыҥыран кыырдарда. Кырдьаҕас кэлэн көмүлүөк оһоҕу тигинэччи отуннарда, уота умуллан сөҕүрүйүүтэ тымтык тыыран уматтылар, дьиэлээхтэр оннуларын булан олордулар. Оҕонньор амньыйбыт уоһуттан хамсатын сулбу тарда-тарда соппойдоҕун ахсын, табах уотун сырдыгар чарчыстыбыт сирэйин мырчыстаҕаһа өссө дириҥээн, хараҕын дьүккэтин тымырдара кытаран көстөргө дылы буоллулар. Балайда олороот, им-балайга, оргууй дүҥүрүн ылан, бастаан тугу эрэ иһиллиир курдук былаайаҕынан сэрэнэн оҕуста, улам тыаһа-ууһа илбиһирэн, улаатан киирэн барда. Быыйа көрдөҕүнэ-оҕонньор сиргэ үктэммэт курдук көтө сылдьар, балаҕан үрдүгэр көтөн тахса-тахса түһэр, суор курдук кылана-кылана дьааһыйа сылдьан эккириир, киһи этин сааһа барыта аһыллан, куйахата күүрэр гына бөрөлүү улуйар:”Агдам иһэ аһыйда, адьарай, адырҕайдаах суолугар айа иитэн тоһуйбут!”-дии-дии өрүтэ уһуутаата. Онтон кутура туран кытара сытар чоҕу оһохтон харбаан ылан ыйыстан кэбистэ. Уонна… сүтэн хаалла… Эмискэ киһи мэйиитигэр хатанар сытыы чыпчаххай тыас балаҕаны тула сүүрдэ, буурҕа түспүтүнүү иһиирдэ. Чочумча буолаат таһырдьаттан оҕонньор киирэн кэллэ, оһох күлүгэр өйөнөн турбут үөттүрэҕи сулбу тардан ылан тосту тутан кэбистэ, умуллан эрэр уокка бырахпытыгар-үөттүрэх эриллэ-эриллэ умайан, күүдэпчилэнэн киирэн барда. Ытык кырдьаҕас дүҥүрүн тыаһа улам уҕарыйан барда, дьааһыйбахтаан баран уһуктубут киһи курдук оһох иннигэр олбоххо олорунан кэбиһистэ:”Оҕоҕутун үөр буолбут оҕо абааһыта ымсыыран сиэх-аһыах буолбут эбит, таптаабытынан айбардыы сылдьыбытын хабарҕатыгар дьөлө түһэн, үс үөлэстээх көҥдөй бэлэһинэн киирэн, хара хааннаах сүрэҕин хайа туттум, үтэһэҕэ үөллүм, бэйэтэ эриэн үөн буолан үөттүрэххэ иилистэн, эриллэ сылдьарын буллум, хата, сырдык тыыннаах Уот иччитэ илэ бэйэтинэн көмөлөһөн ыйыстан кэбистэ! ”–итини истээт-”Ытык кырдьаҕаһыам, күн быата быстар, ыгыллар-быгыллар күннэрбитигэр үрүҥ тыыммытын өрүһүйдүҥ, орто дойдуга оҕо төрөтөммүн киһи олоҕун дьоллоохтук олорорбор күүс-көмө буоллуҥ! Адьарай айаҕыттан көмүс чыычаахпытын быыһаабыккын үйэбит тухары умнуохпут суоҕа,”-Эллэмэ үөрүүтүттэн оҕонньор иннигэр сөһүргэстээн олорон махтанна уонна оһоҕун уотун сөхсүтэн, аал уотугар үрүҥ сылгы сиэлин тыытан, үс сиргэ быраҕан сыт таһаарда-”Аал уотум иччитэ! Алаһа дьиэбит тыынын сылааскынан угуттаа, көмүс уйабытын араҥаччылаа-харыстаа диэн көрдөстөхпүт буолуохтун!”-диэн ааттаста. Оһох уота онтон үөрбүт курдук күлүбүрүү умайда. Дьиэ иһэ сылааһынан илгийдэ. Ити курдук, син орун-оннуларын булан, бэйэ-бэйэлэригэр чугасаһан, толору дьоллоох ыал буоллулар. Уоллара, Быгый, дьонугар илии-атах буолан үөрдэр, “күннэрэ-ыйдара” киниттэн тахсар. “Аҕатын курдук сөтөрүйбүт уостаах, ийэтин курдук төгүрүк иэдэстээх”,- диэн уолларын көрө-көрө манньыйаллар. Хас хардыытын ааҕа астыналлар. Күн аайы Эллэмэ оҕотугар анаан мундулуур, ол сылдьан уолун айылҕа бары кистэлэҥигэр уһуйар, Баай Байанайы хомоппот гына хайдах бултуурга, балыктыырга Быгыйы илдьэ сылдьан үөрэтэр.
Хотон үрдүгэр сымыыттаабыт сылгы чыычааҕа чырыптана көтөр.
Сибэккилээх күөх хонууга Быгый уол ийэлээх аҕатын кытта сиэтилэһэн хаамар, үөрэн даллаҥалыыр, күлэн чачыгырыыр.
Быыйа ытарҕата күн уотугар оонньоон эйэҥэлиир, хаамтаҕын аайы уһун хара суһуоҕа синньигэс биилигэр охсуллан ылар, кэрэ бэйэтэ өссө тупсубут курдук. Уонна… Быыйа быйыл эмиэ оҕо күүтэрин туһунан Эллэмэҕэ чып кистэлэҥинэн этэн үөртэ…
От-мас эрэкэ-дьэрэкэ иччилэрэ, Сир Ийэ симэхтэрин иччилэрэ устар уоһах күн утахтарын эрэкэ-дьэрэкэ ытыстарыгар түһэрэн ыллылар, үрүҥ көмүс саптары хатан, көмүс кытахха түһэрэн сыыйдылар. Саҥа дьоллоох олох саҕаланнаҕа ити!
Хотууна