Буолаары турар бырааһынньыкка Чурапчы улууһун эр дьоно туох бэлэҕи ылыахтарын баҕараллар эбитий?

Быйылгы дьыллаахха “Байанайбыт мичик” гынна диэбиккэ дылы, бээтинсэттэн саҕалаан өрөбүл күннэргэ бэркэ түбэстэ. Буолаары турар Аҕа дойдуну көмүскээччилэр күннэригэр кэрэ аҥарадар номнуо тугу бэлэхтииллэрин ылбыт эбэтэр толкуйдаан эрэр буолуохтаахтар.

 

Онно-манна сылдьан дьахталлартан туоһуластахха биир үгүс таҥас-сап, парфюм, харчы, бытык хорунар, бытархай-отоххой, сувенир, үстүрүмүөн, ис таҥас бэлэхтиэхпит дэһэллэр, сорохтор бэлэх оннугар болҕомтолорун ууруохтарын билиминэлэр: “Бэлэҕэ да суох сылдьыа эбээт” – диэн хоруйдууллар. Бэлэххэ ортотунан 1500 солк. барыыбыт дииллэр.

Оттон ис дьиҥэр эр киһи туох бэлэҕи ылыан баҕарар эбитий? Тускутугар туһаныҥ. Чурапчы улууһун эр дьоно маннык хоруйдаатылар:

10% — үбүнэн ылыахтарын баҕараллар;

9% — бэлэх оннугар чугас киһилэриттэн болҕомтону, минньигэс остуолу, тапталы эрэйэллэр;

8% — таҥас-сап;

7% — тугу ылыахтарын билбэттэр эрээри, бэлэх тутуохтарын баҕараллар;

6% — бытовой тиэхэньикэ эбэтэр саҥа төлөпүөн;

5% — массыына, квадроцикл;

4% — быһах, саунаҕа, айаҥҥ сэртипикээт;

2% — үчүгэй кинигэ;

1% — кэнсиэркэ, киинэҕэ билиэт.

“Мантан атыны тугу ылыаҥ этэй?” диэн ыйытыкка күүстээх аҥардар 48%-ра “үнүстүрүмүөн, массыынаҕа туһаныллар мал-сал, булка-алка, балыкка сыһыаннаах тэрил, успуорка сыһыаннаах таҥас-сап” диэн хоруйдаатылар.

Сэмэн Жендринскэй