“Мин Аҕа дойду Улуу сэриитэ буолаары турдаҕына, оройуон киининээҕи ыһыах ыһар түһүлгэҕэ баарым. Баҕар, кырдьаҕас ааҕааччым, эн да онно баарыҥ эбитэ буолуо. Аны санаатахха, үгүс киһилээх-сүөһүлээх, үчүгэй тэрээһиннээх үтүө да ыһыах буолан ааспыт эбит”, — диэн сэрии бэтэрээнэ, бэйиэт, прозаик, оҕоҕ суруйааччыта, СӨ үтүөлээх учуутала Алексей Бродников биир ахтыытыгар суруйбуттаах.

Ол ыһыахха туус маҥан көстүүмнээх, туус маҥан бачыыҥкалаах көнө уҥуохтаах, нууччалыы ыраас хааннаах эдэр киһи түһүлгэ ортотугар төттөрү-таары хаама сылдьарын үгүс киһи бэлиэ көрбүтэ. Ол кини – түһүлгэ салайааччыта этэ.

Оройуон нэһилиэнньэтигэр “ОСО Захаров” диэн бэлиэ аатынан биллэрэ. Дьиҥнээх аата суола Егор Гаврильевич Захаров диэн. 1913 сыллаахха урукку Төлөй нэһилиэгэр Кыабыгына диэн алааска төрөөбүтэ. Төрөппүттэрэ кыаммат буоланнар, убайа Миитэрэйдиин үөрэхтэрин кыайан салҕаабатахтара, бэрт эрдэттэн от-мас үлэтигэр эриллэн-мускуллан үөскээбиттэрэ. Егор олус ыраас, сэргэх, сытыы-хотуу уол буола улааппыта. Төлөй Дириҥэр илин куула тумуска анды кинилэр эрэ мончууктарыгар түһэрэ, ол кэмҥэ 16-17 саастаах турбуть уол үчүгэйдик ытарынан аатырара.

Сотору кини Дьокуускайдааҕы национальнай-байыаннай оскуолаҕа үөрэнэ киирбитэ. Ону ситиһиилээхтик бүтэрээт, Егор Захаров уонна Василий Гурьев оройуоҥҥа осоавиахим, физкултуура-успуорт үлэтин сүһүөҕэр туруорбуттара. Ол саҕана “хотуобай” хайыһар оройуоҥҥа саҥа кэлбитэ, эрчиллии, көһүнэн сиргэ сүүрүү саҕаламмыта. Сороҕор похуоттар тэриллэр буолбуттара. Ити үлэлэр ыччат эт-хаан, өй-санаа өттүнэн чэбдигириитигэр улахан суолталаммыттара. Оройуон киинигэр тэриллии, бэрээдэк, параад, тревога элбэхтик оҥоһуллаллара, ыспартыыбынай күрэхтэһиилэр балачча үгүстүк ыытыллаллара.

Ити 1941 сыллаахха ыытыллыбыт ыһыах нөҥүө күнүгэр араадьыйа немецкэй фащизм биһиги Ийэ дойдубутугар кыыллыы саба түспүт ыар сураҕын аҕалбыта. Саха национальнай-байыаннай оскуолатын бүтэрбиттэр ким-хайа иннинэ фроҥҥа барбыттара. Ол иһигэр Егор эмиэ баара.

Кини сэриигэ барыан иннинэ чахчы ыспартыыбынай форматыгар сылдьара. Илии-атах оонньууларыгар, хайыһарга, ордук велосипед успуордугар улахан кыахтааҕа.

Егор Гаврильевич бойобуой сүрэхтэниитин Смоленскай куорат туһаайыытыгар ылбыта. Суруйууларга быстахтык биллэринэн, 358-с стрелковай дивизия 1189-с стрелковай полкатыгар сибээс подразделениетыгар взвод хамандыырынан сылдьыбыта. Младшай лейтенант званиелааҕа. Кини хамаандалыыр подразделениета биһиги артиллериябытыгар ытар туочукатын, туһаайыытын корректировкалыыр соруктаах эбит. Саха офицера бу чааһын кытта сылдьан 1942 сыллаахха от ыйын 20 күнүгэр кыргыһыы хонуутугар дьоруойдуу охтубута, көмүс уҥуоҕа Смоленскай уобалас Демадовскай оройуонун Савицки дэриэбинэтин курганыгар ууруллубута.

Хомойуох иһин, Егор Гаврильевич бойобуой олоҕуттан тугу билэрбит итинэн бүтэр. Бу биллэн туран олус кыра. Сэрии бастакы күлүмэх уотун ортотугар элбэх быһылааннаах, мүччүргэннээх дьоруойдуу суолу ааспыта чуолкай. Кини кэргэнэ Винокурова, балта Мария Литвинцева, кыҥаттара Винокуровтар, доҕотторо Егор суруйбут суруктарын биир эмэ түбэлтэҕэ туппуттара, аахпыттара баара буолуо. Баҕар, ким эмэ кэлин кини туһунан ахтыыларын суруйуохтарын, бэтэрээннэр улуустааҕы сэбиэттэрэ, Чурапчытааҕы бойобуой “Албан аат” мусуойа, оскуолалар пресс-кииннэрэ Смоленскай уобалас военкоматын кытта сибээһи олохтуохтарын эмиэ сөп этэ.

Сэмэн Жендринскэй