Былыр эһээбит алаас тула күрүө сохсо оҥороллоро. Киэһээ үлэ кэнниттэн тахсан көрөн киирэрэ. Бутуйбут күнүгэр үөрэн, көтөн Байанайын алгыыра, умайа турар оһоххо арыылаах алаадьы биэрэрэ. Онтон биир сайыны санаан кэллим. Сайын аайы эьээлээхпитигэр тахсан сайылаан киирэр этибит. Айылҕа барахсан саамай тупсан турар кэмэ этэ, мутукча сыта дыргыйан, сир симэҕэ бэйэтэ сыһыыга ыҥыра, угуйа турара. Алааспыт уута хурустаал таас курдук, күн уотугар күлүмүрдүү оонньуура. Оччо босхо барбыт оҕолор күнү быһа ууттан тахсыбакка сөтүөлүүр этибит. Дьоммут оттуу бараллара, дьиэбитигэр бэйэбит хаһаайыннаан хааларбыт. Бастаан утаа ынахпыт кэлиэн иннинэ, ньиирэйбитин баайарбыт, эбээлээх чуогурка диэн саха боруодата ынахтаах этилэрэ. Наһаа сымнаҕас, кыра баҕайы уҥуохтааҕа. Биһигини көрдөҕүнэ быһа ыҥыранан тахсара. Тоҕо диэтэххэ биһи кыра дьоннор дьээбэбит ханна барыай. Туран биэрэр этэ чугаһаатахха. Ону сүгүн туруоруохпут дуо, уочаратынан эмэн биьэр этибит. Дьоммут оттон кэлиилэрин саҕана саһан хаалабыт, эбээбит быһа хотонугар ааһара. Дьэ уонна мөҕүттэр саҥатын истэрбит. Ким ытыыр, ким сынсыйар онно баар буолааччы. Өр тулуйан олорбокко дьиэбит диэки сүөдэннэьэрбит, ол да күөс оргуйбут сыта, муннубутун кымаахтаан. Дьүһүн, бодо дьаабы дьоно буоллахпыт буолуо, дьоммут мөҕүөх курдук туттан баран иккиэн иэрийэ, иэрийэ күлсэллэрэ. Аанньа буолуо дуо, оҕоттон атын дьон киирэн сукуьан турарбыт, үүккэ буор сыстан хаппыта. Харах эрэ көстөр буоллаҕа. Билигин санаан көрдөххө дьэ амырыын дьон этибит. Мин эһэбин кытта үгүстүк сохсо көрсө барсар этим. Онон буолуо күһүөрү окко бараары туран, сохсону көрөөрүҥ диэн бардылар. Киэһээ хойутуохпут дэһэн, киэһээлик баран, эстибитин эрэ тыытаарын диэтилэр. Сөтүө бүппүт кэмэ буолан, оонньоон салҕан, хаһан киэһээ буоларын кэтэһэбит. Онтон таһынааҕы ыалга биһигиттэн арыый улахан уолу илдьэ барыах буоллубут. Кэтэһэ сатаан баран күн ортото, чэ барыаххайын диэн буолла. Мин кыра балтыбын сүгэн, тыабыт диэки хаамыстыбыт. Бастакы сохсо5о тиийэрбит саҕана, эһээхий оҕо ытаан тоҕо барда. Дьиибэргээн иһиллээн турдахпытына, аны кыра балтым тэбис тэҥҥэ ытаан тоҕо барда. Нэһиилэ ааттан тохтотон, үһүс сохсо сууллубутугар тиийдибит. Улахан киһибит сохсону үөһээ көтөҕөөрү төҥкөйөн эрдэҕинэ мин тобуктаан ылардыы оҥоһуннум, дьэ доҕоор көтөҕөрө өрө, кэтэспит санаабар. Өйдөтөх гынаарын кытта туох эрэ улахан баҕайы, түҥнэри көтө сыһан тыа диэки сүүрэ турда. Эккирэтэн көрдүбүт да ситэриэ дуо, бардаҕа ээ. Хата биһиги дьолбутугар икки эрэ сохсо эстибит этэ. Инньэ гынан иккис сохсобутугар кэллибит, эмиэ оҕо ытаан тоҕо барда, соһуйан олоро түстүбүт. Онтон уолбут куобах быһыылаах диэтэ. Ынчыктаьан нэһиилэ олуйда, мин бэлэм туран соһон ыллым, арай сып, сымнаҕас сылаас баҕайы, тыынан сырдыргыыр уонна мин диэки уулаах хараҕынан төп төгүрүччү көрөн сытар, бары тула туран таптаан имэрийдибит, онтон эмискэ куобахпыт хамсаан, тэбиэлээн кэбистэ да ойон туран тыатын диэки, сүүрэ турда. Бүттэхпит бултаан. Ону санаан билигин да сонньуйан ылабын.
Күндэйэ. Сивцева Елизавета Петровна. Чурапчы улууһун. Мугудай нэһилиэгэ.