Булчут ВАСИЛИЙ ПЕТРОВИЧ СЕДАЛИЩЕВ I (Үлэнэн дьолломмут Чурапчы)

Оройуон сонордьуттара, Ийэ дойду сакааһын – күндү түүлээҕи соҕотуопкалааһыҥҥа бэйэлэрин икки ардыларыгар көхтөөх социалистическай куоталаһыыны тэнитэннэр, тохсус пятилетка төрдүс, тутаах сылын былаанын 103 бырыһыан толорору хааччыйбыттара.

Пятилеткатааҕы сорудахтарын болдьоҕун иннинэ толорору ситиспит кадровай булчуттар ортолоругар Субуруускай аатынан сопхуос Болтоҥотооҕу отделениетын бастыҥ сонордьута Василий Седалищев I баара. Кини биэс сыллааҕы былаанын үс сыл иһинэн 1180 солкуобайдааҕынан аһара толорбута.

Уопуттаах сонордьут оройуоҥҥа андаатар, куобах төһө да сэдэхсийбитин үрдүнэн бултуур ыырдарын кичэллээхтик кэрийэр, ханан хааман туох булка тоһуур быраҕарын сиһилии үөрэтэрэ. Андаатар төрөөбүт-ууһаабыт күөллэрин учуокка ылара, тииҥ мэнээктээбит тыаларын, кырынаас о.д.а. күндү түүлээх быһыта охсор миэстэлэрин тарбаҕар баттыыра. Итиннэ барытыгар үгүс сылларга баһылаабыт ньымаларын, мунньуммут уопутун туһанара.

Пятилетка тутаах сылыгар Василий Петрович I үгэһинэн үүтээнигэр үгүс хонуктары аһарбыта. Күндү түүлээх суолун сонордоон үрэхтэри, үрүйэлэри өрө-таҥнары сыыйбыта, сис тыалары быһыта түһүтэлээбитэ. Ол сырата таах хаалбатаҕа: сыл устата 1441 солкуобайдаах “сымнаҕас кыһыл көмүһү” Ийэ дойдутун валютнай пуондатыгар киллэрэн, 1974 сылга ОРОЙУОН ЧӨМПҮЙҮӨН БУЛЧУТУН бочуоттаах аатын сүкпүтэ.

Василий Петрович I түмүктээһиннээх сыл бастакы кыбаарталыгар 500 солкуобайдааҕы бултаабыта. Ону Улуу Кыайыы 30 сылын чиэһигэр аһары толорон куоһарбыта.

Бэлэмнээтэ Сэмэн Жендринскэй