Брюс Лины, 1973 сыллаахха, олохтон туораабыт киһини, биһиги, 90-с сылларга, кыраныысса аһыллан, “видик” диэннэр үөдүйбүттэригэр, биирдэ көрөн билбиппит.
Сэбиэскэй кэмҥэ биһиги кулууптарга, индийскэй киинэлэри көрөрбүт. Онно охсуһуутугар сутуруктара, миэтэрэ аҥара тиийэ илигинэ охтон түһэллэр уонна сыҥаах тыаһа хаптаһыны таһыйар курдук тыастаах этэ. Онтон Брюс Ли киинэтэ барыта дьиҥнээх курдук. Омук сиригэр олох сайдыбытын, 90-с сылларга биирдэ билбиппит.
Брюс Ли 1940 сыллаахха Америка холбоһуктаах штаттарыгар Сан Франциско куоракка төрөөбүтэ. Линда диэн сырдык ыраас хааннаах кыыһы ойох ылан кыыстаах, уол оҕоломмуттара. Кыыһа Шеннон, уола Брендон диэн ааттаахтара. Брендон хойут улаатан баран, эмиэ киинэ артыыһа буола үүммүтэ.
Биһиги сөбүлээн көрөр, номох буолбут Брюс Либыт киинэҕэ эрэ оонньуур актер буолбатах, каратэны, кунгфуну төрүттээбит, күрэхтэһиилэргэ да кытта сылдьыбыт спортсмен буолар. Кини айбыт, баһылаабыт албастарын, стиллэрин кэнники Чак Норрис, Джеки Чан, Жан Клод Вандам, Стивен Сигал курдук актердар туттар этилэр.
Брюс Ли төһө да Америкаҕа төрөөтөр-үөскээтэр, кытай хааннааҕын иһин, кытайдар уруурҕаһан, бэйэлэрин киһилэринэн ааҕан, көҥөнөн былдьаһар да этилэр. Брюс Лины Кытай тренерэ дьарыктаабыт буолан, кистэлэҥ албастарын аһаҕастык атын омуктарга көрдөрдө диэн, кытайдар сөбүлээбэт да этилэр. Брюс Ли айылҕаттан талааннаах буолан, сорох албастары бэйэтэ айбыта. Холобура, тарбаҕынан киһи түөһүн таарыйан туран, эмискэ ытыһынан охсон, киһини тиэрэ биэрэн түһэрэр этэ.
Өрө ыстанан баран, салгыҥҥа эргийэн үстэ-түөртэ тэбэрэ, нунчаканан теннистиирэ, этэргэ дылы, көтөн иһэр сахсырҕаны охсон, сутуругар сыһыарара. Аҥар илиитинэн, икки тарбаҕынан сиртэн анньынара, тарбаҕынан кока кола бааҥкатын дьөлү охсоро. Оччолорго кока кола бааҥката ньаалбааҥ этэ. Киинэҕэ уһулларыгар Брюс Ли олус түргэнник охсоро, ол иһин арыычча бытаардан усталлара. Кини илиитэ үөн тылын курдук элэҥниирэ. Брюс Ли рекордун билигин ким даҕаны куоһара илик.
1990 сылларга Брюс Ли киинэлэрэ үөдүйүөҕүттэн, Россия киинэлэрин охсуһуутун тэҥнээн көрөн, сонньуйар эрэ этибит. Сүүрбэччэ сылынан, олохтон хаалан иһэрбитин билбиппит. Сорох нэһилиэктэргэ дьиэтээҕи төлөпүөн киирэ да илигинэ, омуктарга компьютер, сотовай төлөпүөн диэн бэлиэр үөдүйбүт этэ.
Брюс Ли киинэлэрин көрөн, сымыйанан да буоллар, дьарыктаммыта буоларбыт. Эргийэн тэбэн, эргийэн охсон…
«Каратэ диэн куоскаттан олоҕурбут үһү» эҥин диэн эрдэ истэр этибит. «Эс, ама хайаан, оннук буолуой?!» дии саныырбыт. Онтон хас эмит сыл буолан баран көрбүппүт, Брюс Ли куоска курдук ньааҕыныы-ньааҕыныы охсор-тэбэр эбит. Кыраныысса сабыылаах эрдэҕинэ, баҕар суругунан эҥин оннук сурах кэлэн тарҕаннаҕа. Баҕар тэлэбиисэр үөдүйэригэр сонуннарга Брюс Лины көрдөрөн ылбыттара буолуо. Ол иһин итинник сурах тарҕаннаҕа.
… Брюс Ли киинэлэрин көрөн, сымыйанан да буоллар, дьарыктаммыта буоларбыт. Эргийэн тэбэн, эргийэн охсон…
«Каратэ диэн куоскаттан олоҕурбут үһү» эҥин диэн эрдэ истэр этибит. «Эс, ама хайаан, оннук буолуой?!» дии саныырбыт. Онтон хас эмит сыл буолан баран көрбүппүт, Брюс Ли куоска курдук ньааҕыныы-ньааҕыныы охсор-тэбэр эбит. Кыраныысса сабыылаах эрдэҕинэ, баҕар суругунан эҥин оннук сурах кэлэн тарҕаннаҕа. Баҕар тэлэбиисэр үөдүйэригэр сонуннарга Брюс Лины көрдөрөн ылбыттара буолуо. Ол иһин итинник сурах тарҕаннаҕа.
Брюс Лины оҕо эрдэҕинэ Ип Ман диэн тренер “Винчун” бойобуой искусствоҕа дьарыктаабыта. Онтон кэнники Брюс Ли бэйэтэ сайыннаран кунгфу, айкидо диэни киллэрбитэ. Ону кытайдар «Аан дойдуга биһиги кистэлэҥ албастарбытын аһаҕастык көрдөрдө» диэн буруйдууллара. Суорума суоллаабыт төрүөттэрэ, аҥардас ити туһуттан буолуон син диэн сабаҕалыыллар.
Улуу киһи аҕыйах кэмҥэ олороору элбэҕи ситиспитэ, кини айбыт албастарын билигин айкидоҕа, джиу-джитсуга уонна быраабылата да суох киирсиигэ туһаналлар. Актердар киинэҕэ да туттар албастара биир үксүн, Брюс Ли киэниттэн төрүттээхтэр.
Жан Клод Вандам да киэнин көрдөххө, туттара-хаптара, күүрэрэ, хаһыытыыра, ыгыстара син биир Брюс Литтан үтүктүү. Кини өссө олорбута буоллар, элбэҕи айыахтаах-тутуохтаах этэ.
Брюс Лины Америкаҕа киинэҕэ уһулларга ыҥырбыттара. Кытайдыы акценнаах саҥарарын ситэ өйдөөбөттөр да буоллар, син үөрэппиттэрэ.
Киинэҕэ уһулларыгар кини тэбэрэ, охсоро түргэнэ сүрдээх этэ. Ол иһин сорох оонньуур каскадердар, түргэнэ бэрдин ситэ баттаспат буоланнар, сөбүлээбэт түгэннэрэ да баара. Холобура, кэмигэр кыайан аһаран биэрбэтэхтэринэ сирэйгэ, быарга табыллар этилэр. Ол иһин арыычча бытааннык уһулларыгар көрдөспүттэрэ.
Чак Норрис диэн актер: «Бу диэн көннөрү киинэҕэ эрэ буоллаҕа дии, дьиҥнээх охсуһууга мин Брюс Лины охсуһан тулуппат буоллаҕым!» — диэбит.
Брюс Ли киинэҕэ эрэ оонньуур буолбатах, оҕо эрдэҕиттэн күүскэ дьарыктаммыт эр бэрдэ буоллаҕа. Чак Норриска мээнэ хотторбот буолуохтаах. Дьиҥнээх охсуһууга даҕаны, баламат күүс эрэ буолбакка, өй-санаа күүһэ, чыпчылҕан түгэнэ туттуу-хаптыы быһаарарын кини дакаастаабыта.
Холобура, икки миэтэрэлээх, сүүстэн тахса киилэ ыйааһыннаах утарылаһааччы да буоллаҕына, Брюс Ли ханнык эрэ түгэҥҥэ икки тарбаҕынан хараҕын талбы таарыйан, көрбөт оҥордо да бүтүүтэ буоллаҕа. Киһини боҕутуннарар, хорук тымырын туочукатын таарыйан, эбэтэр ханнык эрэ тоноҕоһун тобулу охсору барытын үөрэттэхтэрэ.
Бэгэччэгиттэн харбаан ылан, илиитин эриҋдэ да накыс гына түһүөҕэ, ол кэмҥэ кэннигэр тахсан хабарҕатын эпсэри тардан, утуйар тымырын бобон, хаайда да, ханна барыай.
Нууччалар: «Сила есть, ума не надо» диэн өс хоһооннорун курдук буолбатах буоллаҕа. Эбэтэр, сирэйгэ охсубута буолан иһэн, тобукка тэбиэҕэ. Аарыма амбаал өйдөөбөккө да хаалыаҕа.
Брюс Ли дракон номоҕун өрө тутар. Ол да иһин баҕар кытайдар билигин, дракон таҥаралаахтара буолуо. Кини бииргэ дьарыктаммыт киһитигэр кэпсииринэн, арай биир мас кэрдээччи китаец дракону көрсүбүт.
Дракону көрөн: «Мин бу дракону туттахпына, өлөрдөхпүнэ аатырабын, байабын», — дии санаабыт.
Онуоха дракон кини санаатын билбит. Уонна: «Мин эйигин билигин уотунан уһуурдахпына күлүҥ эрэ хаалыа!» — диэбит. Онуоха киһи куттаммыт уонна салгыы маһын кэрдэн киирэн барбыт. Ол кэрдэ турдаҕына арай сүгэтэ угуттан туллан, көтөн тиийэн дракону төбөтүгэр таппытыгар сууллан түспүт.
Уонна салгыы Брюс Ли кэпсээбэтэх. «Салгыы бэйэҥ толкуйдаа!» — диэбит.
Онуоха атаһа: «Ол аата улахан, күүстээх уонна уотунан уһуурарын иһин куттаммакка, сатабыл наада дуо?» — дии санаабыт. «Эбэтэр бэйэни сэнэнимиэххэ наада» диэбитэ буолуо.
Хаарыан Брюс Лины өссө да элбэҕи айыах-тутуох, көрдөрүөх киһини, аһара билиннэ-көһүннэ диэн эрдэ ииннээбиттэрэ, суорума суоллаабыттара. Киһи ситиһиитин ордугурҕааччы мөкү кэмэлдьилээх дьон, былыр да, быйыл даҕаны бааллар.
Брюс Ли кэнниттэн уола Брендан Лины, аҕатын туйаҕын хатарыах уолун, эмиэ киинэҕэ уһулла сырыттаҕына, алҕас дэҥнээннэр, суох гыммыттара.
Ол да буоллар, Брюс Ли аата-суола үйэлэргэ хаалан, аан дойду дьоно кинини умнубат.
ОРОДЬУМААН
Бэлэмнээтэ Сэмэн ЖЕНДРИНСКЭЙ