Чурапчылар Үлэ Дьоруойа Василий Кладкин оҥорбут дьыалатынан киэн тутталлар

Бүгүн, Саха норуотун биир чулуу уола, Чурапчы улууһун киэн туттар киһитэ, болтоҥолор биир дойдулаахтара, тыа хаһаайыстыбатын бөдөҥ уһулуччулаах салайааччыта,  Социалистическай Үлэ Дьоруойа Василий Михайлович Кладкин  төрөөбүтэ 93 сылын туолла. Кини Болтоҥо нэһилиэгэр,  Кындалга Хорҕолдьун диэн алааска Кладкин Михаил Константинович уонна Марфа Петровна  диэн колхуостаах ыалга төрөөбүтэ.

Хорҕолдьун алаас Кладкиннар кыстыктара, Ланкылы диэн алааска сайылыыллара. Баһылай  оччотооҕу тыа сирин оҕотун сиэринэн  сүүрэн-көтөн бу сирдэринэн саастыылаахтарын кытта оонньоон –көрүлээн,  дьонноругар көмөлөһөн, быстаҕы-остоҕу  үлэлэһэн,  ынах хомуйсан оҕо сааһа ааспыта. Аҕата «Габышев»,  кэлин «Кыһыл үүнүү» диэн ааттаммыт колхуоска биригэдьиирдии, онтон  икки сыл бэрэссэдээтэллии сылдьыбыта биллэр. Баһылай улаатан, Болтоҥо Арыылааҕар үөрэнэ киирбитэ,  оскуолаҕа үһүс кылааска диэри  үөрэммитэ. 1940 сыллаахха аҕалара ыарахан ыарыыттан өлөн,  ыал аҕа баһылыга, иитэр- аһатар киһитэ суох хаалбыта. Баһылай кыһалҕата суох  оҕо сааһа итинэн бүппүтэ. Аҕа дойду сэриитэ саҕаланан, дойду үрдүнэн улахан иэдээн, аймалҕан бүрүүкээбитэ, ону ситэрэр курдук сут кураан сатыылаан, Чурапчы 41 колхуоһун хоту балык бултааһыныгар диэн ааттаан күүс өттүнэн көһөрүү буолбутугар, «Кыһыл үүнүү» колхуос кыһыл оҕотуттан, тоҥхойо кырдьыбыт кырдьаҕастарыгар  тиийэ хомуллан, айаҥҥа туруммуттара, олор  ортолоругар Баһылай, быраата Миша, ийэтэ уонна эбэлэрэ бааллара. Эрдэ туох да тэрээһинэ суох көһөрүү түмүгэр өлүү-сүтүү Бэстээх биэрэгиттэн саҕаламмыта. Күһүҥҥү хахсаакка өрүс биэрэгэр баржаны кэтэһэн олоруу, талах быыһыгар хонуу, олох иччитэх биэрэккэ сүөкэнии, эргэ өтөхсүйбүт дьиэлэри оҥостон олоруу аһыыр аһа суох үчүгэй таҥаһа-саба суох кыһын тоҥон, ыалдьан, хоргуйан өлүү-сүтүү элбээбитэ. Ыарахан кэмнэригэр ийэлэрин эдьиийэ Федосия Петровна Макарова оҕолору көрөн, ыарыһахтары ыарыылаан, улаханнык көмөлөспүтэ. Онно көрсүбүт эрэйдэрин-муҥнарын хайдаҕын онно түбэспиттэртэн бэйэлэриттэн ордук ким билиэй?! Баһылай, оччолорго 11 саастаах, бэйэтэ ол кэмтэн маннык ахтар: Саас диэки адьас иэдэйдибит. Таҥаспыт, иһиппит сыыһын аска мэнэйдэһэн көрөбүт.Сотору-сотору дьоммут өлөллөр. Эбэм өллө, ийэм өллө. Дьукаахтарбыт эмиэ өллүллэр, сорохтор аара суолга охтоллор. Дьэ, ити курдук, биир дьиэҕэ үс уол хааллыбыт, кэлин оскуолаҕа барбат буоллубут. Улаханнара мин эбиппин, сааһым – уон биирим. Биир сарсыарда уһуктубутум – дьиэбит тыбыс-тымныы, уолаттарым таҥастарын сыыһынан сөрөнөн-бөрөнөн баран, ытаһа олороллор. Ким да кэлиэ суох, бу оҕолору өрүһүйдэхпинэ, мин эрэ өрөһүйүөх курдукпун. Аһаабатахпыт 4-5 хонно. Туран, уолаттарбын уоскуттум, “мин килиэп аҕала бардым” диэн эрэллээх баҕайытык эттим, тахсан бардым. Күөлбүн уончата сынньанан нэһиилэ туораатым. Оскуолаҕа быһа дириэктэргэ киирдим. Киһим:Тоҕо  биэс күнү быһа борогууллуу сылдьаҕыт, үөрэммэккит!”- диэн мөҕө тоһуйда. Мин оҕо эрдэхпиттэн улаханнык кэлэҕэйдиибин, айахпын атан кэпсии сатыыбын да, тылым өҕүллүбэт, мөҕүллэммин уонна тардыалатарбыттан абаран, атахпынан муостаны  тиҥилэхтии –тиҥилэхтии, хаһытыы –хаһытыы марылаччы ытаатым. Кылаастартан учууталлар сырсан кэллилэр, ааҥҥа оҕолор өҥөҥнөстүлэр. Нэһиилэ уоскуттулар быһыылаах,  ытыы-ытыы син кэпсээтим. Аһаттылар, чэй иһэртилэр. Тугу эрэ сүбэлэстилэр. Биир бухааҥка килиэби туохха эрэ суулаан биэрдилэр:Уолаттаргын кыра-кыратык аһатаар, оһоҕосторо бааллыа,”- диэтилэр, сарсын кэлээриҥ, патронакка ылыахпыт”  диэн буолла. Дьэ, ити курдук, кыра эрдэҕиттэн эппиэтинэстээх, хорсун, эр санаалаах буолан быраатын уонна дьукаах уолун тоҥон, хоргуйан өлөртөн быыһаабыттаах.

Кинилэр дьоллоругар, Кэбээйиттэн 1944 сыллаахха тулаайах оҕолору хомуйан Чурапчыга аҕалбыттара, онтон Мындаҕаайыга илдьибиттэрэ. Мындаҕаайы детдомугар 1944 сылтан 1947 сылга диэри олорбута, үөрэммитэ. Ол туһунан истиҥ иһирэх “Детдом  барахсан киһи оҥорбута”  диэн  ахтан, махтанан туран суруйбута. Детдом салалтата тулаайахтары үчүгэйдик көрсөн, киһи-хара буолан, олохторугар миэстэлэрин булуохтарыгар диэри көмөлөһөр үтүө үгэстээх этэ. Манна үөрэнэ сылдьан учком бэрэссэдээтэлинэн үлэлээн, уопсастыбаннай үлэҕэ миккилиитэ, лидер  буолар хаачыстыбата арыллыбыта, дьону түмэр хаачыстыбата сайдыбыта.

1947 сыллаахха оскуолатын бүтэрэн,  Дьокуускайдааҕы финансовай кредитнэй техникумҥа үөрэххэ киирбитэ. Киһи-хара буолалларыгар олук уурбут детдомнарын салалтата, иитиллээччилэрэ сибээстэрин быспакка матырыйаалынай көмөнү оҥоро, билсэ тураллара  тулаайах  устудьуоннарга олус улахан көмөлөөх, суолталаах этэ.

1950 сыллаахха техникумун бүтэрэн, Василий  Томпо улууһугар райфиҥҥа кылаабынай буҕаалтырынан ананан тиийбитэ.  Ол  кэмтэн Василий Михайлович олоҕо, үлэтэ-хамнаһаТомпо оройуонун сайдыыта кини хараҕын ортотугар, кини Томпо оройуонун сайдыытыгар киллэрбит кылаатын киллэрэн туран, олоҕун тиһэх күннэригэр диэри барбыта.Манна кини олоҕун эрэллээх аргыһын Лазарева Мария Афанасьевнаны көрсүбүтэ. Кинилэр 1953 сыллаахха олохторун холбоон, үйэ аҥаарыттан ордук бу Томпо сиригэр-уотугар оҕо-уруу төрөтөн,  дьоллоохтук олорбуттара.

1957 сыллаахха эдэр ыччаты түмэр, сатабыллаахтык салайар  талааннаах  Василий Михайловиһы оройуон комсомолецтара комсомол райкомун бастакы сэкирэтээринэн талбыттара. Бу үлэтигэр да Василий Михайлович ыччаты  түмэр, салайар дьоҕурун көрдөрөн, суолун- ииһин хаалларар гына үлэ-хамнас бөҕөнү ыыппыта. Эдэр, кэскиллээх салайааччыны 1959 сыллаахха муус устарга Жданов колхуоска бэрэссэдээтэлинэн анаабыттара. 1960 сыллаахха САССР Бырабыыталыстыбатын хотугу колхуостары сопхуостарга уларытар дьаһала тахсыбыта. Онно кинини бастаан саҥа тэриллибит Томпо сопхуос Победа отделениетын управляющайынан үлэлэппиттэрэ, кэлин отделение туспа таба иитиитинэн дьарыктанар  Томпо сопхуос  буолбутугар дириэктэринэн анаммыта. Итинтэн ыла Василий Михайлович тыа хаһаайыстыбатын бөдөҥ салайааччыта буолар хаачыстыбалара көстөр, толору аһыллар кэмнэрэ саҕаламмыта.

Саҥа салайааччы кэлиэҕиттэн, хотугу табалаах кыраай олохтоохторугар тосту уларыйыылар түргэн-түргэнник кииртэлээн барбыттара.Тулаайах уонна олох эриирдээх долгуннарын, тоҥуу- хатыы, олох уустуктарын этигэр- хааныгар иҥэриммит буолан, табаһыттар олохторун-дьаһахтарын билсэн баран, социальнай  хайысхаҕа болҕомтотун биир бастакынан ууран, табаһыттар олохторун чэпчэтэргэ үлэни  ыыппыта.

Василий Михайлович биир улахан кыайыыта — толору хааччыллыылаах дьиэлэрдээх Тополинай бөһүөлэк. Бу барыта хотугу дойду дьонун олохторун чэпчэтиигэ кыһамньы,  аныгы үйэ ирдэбилигэр сөптөөх усулуобуйаҕа табаһыттары олордон, таба иитиитигэр салгыы көхтөөхтүк үлэлиилэригэр, оҥорон таһаарыы улаатарыгар суолталааҕын өтө көрөн төһөһөлөөх туруорсуунан, утарылаһыыны ыарахаттары туораан ситиспитин сэрэйиэххэ эрэ сөп. Тополинайга аҥаардас иккилии мэндиэмэннээх толору хааччыллыылаах олорор дьиэлэр эрэ буолбакка, бары социальнай хайысхалаах эбийиэктэр тэҥҥэ тутуллубуттара, бары усулуобуйа барыта оҥоһуллубута. Манна  250 миэстэлээх оскуола, табаһыттар оҕолоругар 100 миэстэлээх интэринээт, 90 миэстэлээх деткомбинат, 200 миэстэлээх култуура дьиэтэ, маҕаһыын, балыыһа, остолобуой, баанньыктанар, таҥас сууйар комбинат, хлебопекарня уо.д.а. бааллар. Маны таһынан араас сыаллаах хаһаайыстыбаннай тутуулар табаттан араас бородууксуйаны оҥорор мастарыскыайдар, иистэнэр сыах, булуустар, авиаплощадка, уо.д.а. Бөһүөлэккэ 1134 киһи олороро. Сопхуос Ранторин сэбиэскэй-американскай холбоһуктаах тэрилтэ чилиэнэ буолбута, омук фирмаларын кытта бииргэ үлэлиир дуогабары түһэрсибитэ. Элбэх  бырамыысыланнай тэрилтэлэри, Сардаана фабриканы кытта шефтэһэн, дуогабардаһан үлэлээбитэ, ити барыта Василий Михайлович дьон олоҕун тупсарыыга, олохтоох табаттан оноһуллар бородууксуйаны батарыыга, сопхуос финансовай-экономическай балаһыанньатын тупсарыыга эрдэттэн өтө көрөн дьаһаныытынан, быһаарыныытынан олохтоммута, оноһуллубута. Көһө сылдьар таба биригээдэлэрэ толору кыра электростанцияларынан,  радиосибээһинэн, көһөрүллэ сылдьар Томпо уонна Север, “Тундра” дьиэлэринэн хааччыллыбыттара. Наука производствоны кытта сибээстээхтик үлэлиирэ, племенной үлэ былааннаахтык, кэскиллээхтик ыытыллара.Ол түмүгэр таба иитиитигэр наукаҕа олоҕурбут саҥа технологияны хорсуннук киллэрии, экономиканы өрө тардыыга үлэлэр түмүктэрэ, сопхуос тэриллиитигэр 10759 төбө табалаах эбит буоллаҕына, икки бүк улаатан, 22 700 төбөҕө,  биир таба тыыннаах ыйааһына 83 киилэттэн 106,4 киилэҕэ, оҥорон таһаарыы таба этэ 224,8 туоннаттан  700 туоннаҕа тиийбитэ. Ити барыта наукаҕа  олоҕурбут саҥаны киллэрии сыралаах үлэни, элбэҕи ааҕыыны, билиини , ону олоххо киллэриэх иннинэ улахан тэрээһин, өйдөтүү үлэтэ ыытыллыан наадатын өйдүөххэ наада. Таба боруодатын тупсарар сыаллаах атын сирдэртэн туспа боруодалар аҕалыллыбыттара. Бырамыысыланнай төрүккэ олоҕурбут табаны иитии, тобохтообокко табаны астыыр производство аан бастаан манна учуонайдар кыттыһыылаах олохтоммута, хаһаайыннааһын саҥа моделлара олоххо киллэриллибиттэрэ. Саҥаны киллэрии үчүгэй көрдөрүүлэрин билсэ, көрө Томпо сопхуоска элбэх сэминээрдэр буолбуттара, дэлэгээссийэлэр кыраныысса таһыттан кытта уопут атастаһа кэлэр буолбуттара, ол курдук исписэлиистэр, фермердэр, учуонайдар Швецияттан, КНРтан, Финляндияттан, Норвегияттан,  Канадаттан,  АХШтан кэлэн көрөн- истэн барбыттара. Түмүгэр Томпо сопхуос дойду хотугу сопхуостарын ортолоругар таба иитиитигэр бөдөҥ, саамай экономическай  барыстаахтык үлэлиир хаһаайыстыбалар ахсааннарыгар киирэн, 11 төгүл РСФСР Тыа  хаһаайыстыбатын министиэристибэтин үрдүнэн социалистическай күрэхтэһии кыайыылааҕа, 1985-87 сылларга Бүтүн  Арассыыйатааҕы социалистическай күрэхтэһии кыайыылааҕа буолбута. Ити ылбыт үрдүк ситиһиилэрин иһин 1986 сыллаахха Томпо сопхуос “Норуоттар доҕодоһуулара”  уордьанынан наҕараадаламмыта.

Василий Михайлович  үлэни төһө да  өрө туттар, элбэх өрүттээх үлэни хоту дьон култууралара, эдэр ыччата эт-хаан, интеллектуальнай өттүнэн эргиччи  сайдыытыгар болҕомтотун уурара. Кини Томпо эбээннэрин култуураларын, тылларын-өстөрүн умнубаттарын туһугар элбэх өрүттээх үлэни ыыппыта, оҕо саадтарыгар, оскуолаҕа кыра кылаастартан бэйэлэрин төрөөбүт төрүт тылларынан кэпсэтэллэрин, ааҕар, суруйар буола үөрэнэллэригэр улахан өҥөлөөҕүн ахталлар.

Аҕыйах ахсааннаах  омук култууратын үйэтитэр, пропагандалыыр сыаллаах Маранга эбээн норуодунай   фольклорнай, Солинга оҕолор национальнай ансаамбылара тэриллэн,  өрөспүүбүлүкэҕэ  тиийэ ситиһиилэммиттэрэ. Ансаамбыллар таҥастарын-саптарын, барар-кэлэр ороскуоттарын “Томпо”  сопхуос үбүлүүрэ. Бөһүөлэккэ оҕо муусукаалынай оскуолата  фортепиано, хор, хореография кылаастардаах аһыллыбыта. Италия айанньыта Яцек Палкеевич “Полюс холода” диэн экспедициятын тэрийсиигэ  быһаччы кыттыыны, көмөнү  оҥорбута.

Василий Михайлович бу үлэлэрэ, элбэх ситиһиилэрэрэ үрдүктүк сыаналанан,  “Бочуот знага”, икки төгүл “Үлэ Кыһыл Знамята”, “Ленин” уордьаннарынан наҕараадаламмыта.    1990 сыллаахха Тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын оҥорон таһаарыыга уонна судаарыстыбаҕа атыылааһыҥҥа уһулуччулаах ситиһиилэрин, социальнай боппуруостары быһаарыыга улахан кылаатын иһин  “Ленин” уордьанын уонна “Сиэрпэ уонна Өтүйэ” кыһыл көмүс мэтээли туттаран туран, Социалистическай Үлэ Дьоруойа  үрдүк аат  иҥэриллибитэ.

Билэр дьон кини киһи быһыытынан олус судургу, сэмэй, кэпсэтинньэҥ, кыраттан да үөрэр майгылааҕын, доҕордоспут буоллаҕына, киһини дуоһунаһынан, чыынынан араарбат этэ  диэн ахталлар. Ыал быһыытынан Мария Афанасьевнатынаан үйэ аҥаарыттан ордук кэмҥэ сүүс сүүстэриттэн өйөһөн, тапталлаах Томполоругар дьоллоохтук олорбуттара.

Мария Афанасьевна — олохтоох эбээннэртэн бастакы анал үөрэхтээх учуутал, үөрэхтээһин систиэмэтигэр киллэрбит кылаатын иһин элбэх бэлиэ наҕараадалардаах,  ССРС  уонна РСФСР үөрэҕириитин туйгуна этэ. Мария Афанасьевна, Василий Михайловичка эрэллээх доҕор, аламаҕай хаһаайка буолан, кэргэнин табаарыстарын эрэ буолбакка, элбэх дойду араас регионнарыттан, тас дойдулартан кэлэр учуонайдары, ыалдьыттары, араас биллиилээх дьону дьиэтигэр тэҥҥэ көрсөн, мааны остуолугар  ыалдьыттаппыта элбэх.

Кладкиннар биэс оҕону төрөтөн, улаатыннаран, дьоһуннаах  дьон, ыал  оҥортоон, сиэннэрин  көрөр дьолломмуттара. Василий Михайлович, Мария Афанасьевна олохторун билигин оҕолоро,сиэннэрэ дьоһуннук салгыыллар.

Төрөөбүт Чурапчытын алааһыттан ынах-сылгы сүөһүлээх ыалга төрөөн, кыра сааһыттан кыһалҕа бөҕөнү көрсүбүт, бэйэтин булгуруйбат, ылыммыт үлэтин булгуччу толоро үөрэммит, эппиэтинэстээх, кыратыттан дьон кыһалҕатын өйдүү үөрэммит биир дойдулаахпыт Томпо сиригэр  олохсуйан, таба диэни түһээн да көрбөтөх киһи, хоту дойду баайын иитии курдук уустук салааҕа, аан дойдуга аатырар гына  үлэлээн-хамсаан,  хоту дойду хоһуун дьоннорунуун тапсан, таба иитиитин  аныгылыы  таһымҥа наукаҕа олоҕуран таһаарбыт биир дойдулаахпыт олорбут олоҕо, үлэлээбит үлэтэ эдэр көлүөнэҕэ мэлдьи үтүө холобур буолуоҕа. Үлэлээн, олорон ааспыт Томпотун, Тополинайын  дьоно-сэргэтэ, хоту дойду хоһуун үлэһит дьон, биһиги биир дойдулаахпыт аатын, кинилэр  тустарыгар оҥорбут үтүөтүн, сыралаах үлэтин умнубаттар.

Биһиги, биир дойдулаахтара,  Социалистическай Үлэ Дьоруойа Василий Михайлович аатын үрдүктүк тутабыт, кини аатын киэн тутта ааттыыбыт.

 

Бэлэмнээтэ Сэмэн Жендринскэй