Сэтинньи 14 — 28 күннэригэр ЯСИА былаһааккатыгар архитектура уонна дизайн хайысхатыгар «ЭЙГЭ-2024» бириэмийэҕэ норуот куоластааһына ыытыллан түмүктэннэ. Икки нэдиэлэ устата Саха сирин олохтоохторо өрөспүүбүлүкэ араас муннуктарыттан бастыҥ бырайыактарга куоластаатылар.
Манна “РАП бырагыраамманан тутуллубут Бастыҥ олорор дьиэ” номинацияҕа Чурапчы улууһун Болтоҥо нэһилиэгэр тутуллубут саҥа дьиэ (бэдэрээччит “АМПИР” ХЭТ) 9354 куолаһы хомуйан, бэйэтин кэннигэр Өлүөхүмэ, Сунтаар, Үөһээ Бүлүү, Мэҥэ Хаҥалас, Дьокуускай, Бүлүү, Ленскэй, Нам улуустарын кэннигэр хаалларан кыайыылаах таҕыста.
Санатан эттэххэ “ЭЙГЭ” бириэмийэ — 2022 сыллаахха архитектура уонна куорат тутуутун управлениетын көҕүлээһининэн тэриллибитэ. Быйыл номинация элбээн — 15 буолла.
Бүгүн-сарсын “ЭЙГЭ” бириэмийэ архитектура, дизайн, тутуу уонна бырайыактааһын хайысхатыгар бастыҥ практикалары биир сиргэ түмүөҕэ.
Сэмэн ЖЕНДРИНСКЭЙ