Бойобуой дьайыы бэтэрээннэрэ Мугудайга саллаат паартатын туруордулар

Чурапчы улууһун бойобуой дьайыы бэтэрээннэрин Сэбиэтэ, бэрэссэдээтэл Илья Березкин салалтатынан, бүгүн о.э. сэтинньи 14 күнүгэр космофизик Дмитрий Красильников аатынан Мугудай орто оскуолатыгар, Кавказ сэриитин кыттыылааҕа, артиллерист-автоматчик, номоххо киирбит 324 полк саллаата Абрамов Петр Михайлович аатын үйэтинэн кини аатыгар үөрэнэр паартаны туруордулар.

Бойобуой дьайыы бэтэрээннэрин бу үтүө дьыалалара былырыыҥҥыттан ыла ыытыллар. Улуус үөрэҕин салалтатын, чуолаан начаалынньык Юрий Посельскайы кытары ыкса үлэлэһэн, биир өйүнэн-санаанан кэнэҕэски ыччаттар иитиллиилэригэр болҕомто ууран дьоһуннаах хардыы оҥоһуллар.

“Маннык дьаһал сүрүн сыала-соруга оҕолор бэйэлэрин биир дойдулаахтарын, хорсуннук сулууспалаабыт саллаат аатын үйэлэргэ ааттыы сылдьалларыгар ананар. Көрдөххө боростуой паарта курдук эрээри кини бэйэтин иһигэр киллэрэр информацията олус элбэх, сэдэх даҕаны диэхпитин сөп. Манна чуолаан, биһиги уолбут, Семен Александрович байыаннай комиссариат архыыбыттан дааннайы булан, алдьаммыт хаартыскаларын бүтүннүү чөлүгэр түһэрэн кылгас кэм иһигэр таҥан, наардаан оҥордо. Бойобуой доҕотторбут сырдык ааттарын үйэтитэн хас даҕаны улууспут оскуолаларыгар уонна Таатта улууһугар илдьэн туруорбуппут. Инники былааммытыгар Мындаҕаайыга Тимофей Максимов, Чурапчы нэһилиэгэр Марк Посельскай, Алаҕар нэһилиэгэр Украинаҕа анал байыаннай дьайыыга сылдьаннар суорума суолламмыт Илья Протодьяконов, Ариан Сивцев, Кытаанах нэһилиэгэр Илья Владимиров сырдык кэриэстэригэр паарталары туорар санаалаахпыт. Бу маннык аахсыйаҕа нэһилиэк дьаһалталара, оскуола салалтата көхтөөх кыттыыны ылалларыгар ыҥырабыт”, — диэн бойобуой дьайыы бэтэрээнэ Илья Сергеевич санаатын үллэһиннэ.

ЫСПЫРААПКА

Абрамов Петр Михайлович (30.05.1976 – 09.09.1997) — Мугудай нэһилиэгиттэн төрүттээх, Арассыыйа сэбилэниилээх күүстэрин номоххо киирбит 324 полк младшай сержана, артиллерист-автоматчик бойобуой сулууспата Иркутскай уобалас Шелехов куоратын Чистые ключи 30729 нүөмэрдээх байыаннай чааһыттан саҕаламмыта. Хас даҕаны бойобуой сорудах кыттыылааҕа, ыараханнык бааһыран, кэлин Москуба куорат 61981 “у” нүөмэрдээх байыаннай чааһын ыстаабыгар суруксутунан көһөрүллэн сулууспатын түмүктээбитэ.

Ахсыс уонна онус кылаас үөрэнээччилэригэр буолбут кылаас чааһыгар, Петр Абрамовы кытары биир кэмҥэ Одьулууннааҕы ОПТУ-га бииргэ үөрэнэн онтон салгыы аармыйаҕа тэҥҥэ айаннаабыт доҕоро, бойобуой дьайыы бэтэрээнэ Мирон Михайлович Игнатьев дьоһуннаах ахтыыны оҥордо: “Маҥнай 17-гэр орто үөрэххэ киирэн бараммыт билсибиппит, онтон 18-тын туолаат бииргэ аармыйаҕа ыҥырыллыбыппыт. Бүөккэлиин Иркутскай уобаласка Шелохово Чистые ключи диэҥҥэ тиийбиппит, онно сылдьаммыт алта ый сулууспалаабыппытын кэнниттэн Чечня 1-кы хампаанньата саҕаламмыта, саҥа дьыл саҕана. Ол онно Бүөккэбин бастакы хомуурга ыҥыран илдьэ баран хааллылар, ити кэнниттэн сибээспит быстыбыта. Доҕорум миигиттэн быдан үрдүк уҥуохтаах, күүстээх-уохтаах уол этэ. Аҕыйах саҥалаах киһи, мүчүк гына-гына сылдьар киһи этэ. Баабый, кыахтаах уол этэ. Онон доҕорум аата бу бүгүн ааттаммытыгар улаханнык үөрдүм”.

Константин Николаевич Абрамов, Петр Абрамов тастыҥ убайа: “Мугудайга бука бары биир Абрамовтар буолабыт. Петяны оскуолаҕа хас даҕаны сыл үөрэппитим, онон биир курдук үөрэнээччим эмиэ буолар. Абрамов Петя оскуолаҕа үөрэнэн сылларыгар олус бэрээдэктээх, көрсүө-сэмэй майгылаах оҕо этэ. Оскуола ыытар бары тэрээһиннэригэр көхтөөхтүк кыттара, успуордунан дьарыктанара, мас тардыһарын, бултуурун сөбүлүүр этэ. Айылҕаҕа сылдьарын наһаа таптыыр этэ, ону таһынан олус үлэһит уол буолааччы. Үлэҕэ кыайыгас, бэйэтин кыанар буолан, хотуурунан отун оҕустаҕына бу суола-ииһэ ырааһа, киһини улаханнык сөхтөрөрө. Кини аҕата Михаил Абрамов – оройуоҥҥа киэҥник биллибит чөмпүйүөн тырахтарыыс этэ. Бииргэ төрөөбүттэрэ элбэхтэр. Бырааппыт аармыйаҕа тиийэн баран, бастакы Чечня хампаанньатыгар ыҥырыллыбытыгар манна дьонноро улаханнык аймаммыттара. Онно сулууспалыыр кэмигэр дьонугар байыаннай чааһыттан махтал сурук кэлбитэ, онно сүрдээҕин киэн тутта санаабыппытын өйдүүбүн. Ол сэриигэ сылдьан эрэ 1995 сыллаахха 10 хонуктаах уоппускаҕа кэлбитэ, онтон эмиэ төттөрү бараахтаабыта. Түгэнинэн туһанан бу биһиги уолбутун үйэтиппит бойобуой дьайыы бэтэрээннэригэр улаханнык махтанабыт, биһиги аймах аатыттан”.

Аармыйаҕа сулууспалыы сылдьан дьонугар ыыппыт суруга

Ахтылҕаннаах дьонум, ыраах сиртэн дорообото тутуҥ!

 Бу мин, Бүөккэ суруйан эрэбин. Бүгүн олунньу 27 күнэ, мин сылдьыбытым курдук сылдьабын. Доруобуйам үчүгэй, ыалдьыбаппын. Бастатан туран ийэбин, эдьиийбин кэлэн иһэр бырааһынньыгынан, 8 Марта-нан итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин. Баҕарыам этэ муус курдук ыраас, кытаанах доруобуйаны уонна убайдарбын, аҕабын ааспытын да иһин бырааһынньыгынан эмиэ ити курдук эҕэрдэлиибин. Биһиэхэ манна Сэбиэскэй армия күнүгэр подарок биэрбиттэрэ, гуманитарнай көмөттөн. Онно сгущенкатыттан наскытыгар тиийэ баара.

Мин суруйбутум курдук билигин полка штабыгар суруксуттуу сылдьабын. Эһиги олоруугут хайдаҕый? Ийэм, аҕам ыалдьыбаттар эҥин ини? Сүөһү-ас өттө хайдаҕый? Аккыт-ыккыт үчүгэйдик сылдьаллар дуо? Убайдарым тугу үлэлииллэр? Эдьиийим үлэтигэр үлэлии сылдьар дуо, уурайда дуу?

Мин туспар олус айманымаҥ, тиийэр кэммэр тиийиэм. Эһиги диэки туох сонун баар? Суруйаргыт дуу, баҕар тутуом.

Чэ, манан кылгас суругум бүтэр, быраһаайдарыҥ! Суруйар буоллаххытына хаартысканы умнумаҥ.

 Мин аадырыһым: индекс 103400, г.Москва-400, в/ч 61931 “у”

 Дьэ, онон бүгүн, Дмитрий Красильников аатынан Мугудай оскуолатын дириэктэрэ Николай Кузьмич Пермяков, бойобуой дьайыы бэтэрээннэрин Илья Березкины, Мирон Игнатьевы, Василий Монастыревы кытары үчүгэй көрсүһүүнү тэрийдэ, бэйэтин оскуолатыгар нэһилиэгин биир хорсун-хоодуот саллаат аатын үйэтитэр паартаны кэмигэр туруорда.

 

 Сэмэн Жендринскэй. Ааптар хаартыскаҕа түһэриитэ