Чурапчы нэһилиэгин биир маанылаах “Куоҕалы” түөлбэтин Кыттайбан итиэннэ норуокка биллэринэн Буойуна алааһын тоҕойугар тайаан сытар, бэрт эдэр сааһыгар кыргыһыы хонуутугар хорсуннук охтубут бойобуой дьайыы бэтэрээнэ Роман Юрьевич Ноговицын аатынан уулусса олохтоохторо күһүн-саас хайаан даҕаны олорор сирдэригэр улахан субуотунньугу тэрийэр буолбуттара номнуо уонтан тахса сыл буолла.
Бу түөлбэ олохтоохторо, сырыы аайы, сайынын кыһалҕа оҥостор кыһалҕаларынан дьон-сэргэ тыаҕа кэлэн сынньанан, аһаан-сиэн бараннар бэйэлэрин кэннилэриттэн хомуммат бөхтөрө-сахтара буолар.
“Сирбит улаханнык тоҥоро илигинэ, олохтоохтору кытары: Сахаяна Винокурова, Альбина Константинова, Юлия Хоютанова уонна бэйэм уолаттарым буоламмыт сэттэ куултан ордук бөҕү хомуйдубут. Маны барытын Алексей Луковцев көмөтүнэн тиэйтэрдибит. Күһүн-саас хайаан даҕаны субуотунньуктуубут, түөлбэм олохтоохторо көхтөөхтөр, улахан маладьыастар. Наар көрсөр кыһалҕабыт оттон суолбут-ииспит буолар, уулуссабыт уота-күөһэ, итини таһынан дьүөдьэбитин дириҥэтэн элбэх ууну хаһааныахпытын саныыбыт, сайыҥҥы уу турбатын сылын аайы туруорса сатыыбыт даҕаны хаһан даҕаны быһаарыллыа суох быһыылаах”, — диэн анал байыаннай дьайыыга суорума суолламмыт Дмитрий Кузьмин огдообото Татьяна Васильевна Кузьмина эттэ.
Дьэ ити курдук, үгүс кыһалҕалаах биир түөлбэ түбүгүттэн быһа тардан сырдаттыбыт. Ол да үрдүнэн, киэҥ көҕүстээх, уһун тыыннаах тыа дьоно барахсаттар кыстыкка бэлэммит дииллэрин истэр этэҥҥэ буолууну, инникигэ эрэли кэрэһэлиир.
Сэмэн Жендринскэй