“Мугудай орто оскуолатын кырдьаҕас учуутала Анна Николаевна Захарова уруоктарыгар киирдэххинэ, киһи оҕолор туттан-хаптан олорууларын, эппиэттииллэрэ чобуотун тута бэлиэтии көрөр буолуллара”, — диэн билигин нэһилиэк олохтоохторо истиҥник ахталлар.
Кини 30-ча сыл үлэлээбит кэмин устата төһөлөөх элбэх кырачааннары үөрэх сырдык аартыгар үктэннэрбитэ буолуой?!
Анна Николаевна үөрэхтэригэр мөлтөх оҕолору кытта дьаныһан туран үлэлиирэ. Кинилэр кыра да ситиһиилэрин бэлиэтии көрөн сөптөөх кэмигэр хайгыыра, кыра эрдэхтэриттэн үчүгэйи кэрэхсииргэ, куһаҕаны сэмэлииргэ үөрэтэрэ. Уруок кэмигэр араас эбии матырыйааллары кичэллээхтик туһанара. Ыалдьан уруоктары чаастатык көтүтэр үөрэнээччилэри уруок кэнниттэн хаалларан эбэтэр дьиэлэрин кэрийэ сылдьан сорудахтары биэртэлиирэ, быһаарара. Тымныы кэмҥэ кырачааннар үөрэммэт буоллахтарына, дьиэлэригэр тиийэн күүс-көмө буола сылдьарын олохтоохтор элбэхтик көрөр буолаллара. Ол да иһин үөрэтэр оҕолоро бырагыраамматтан хаалбыт түбэлтэлэрэ диэн суоҕа.
Кини салайар 3-с кылааһын үөрэнээччилэрэ оскуола иһинэн ыытыллар бары уопсастыбаннай үлэлэргэ көхтөөхтүк кытталлара. Ол курдук оскуола иһинэн буолар начаалынай кылаастар икки ардыларыгар кэнсиэри көрүүгэ уонна “Көрдөөх стартар” диэн ыспартыыбынай оонньууга мэлдьи бастыыллара.
Учуутал төрөппүттэри кытта ыкса сибээстэһэрэ, эрэсиими тутуһуу, дьиэҕэ үлэни толоруу туһунан иҥэн-тоҥон кэпсэтиһэрэ, аһаҕас уруоктары тэрийэрэ. Анна Николаевна тустаах үлэтинэн эрэ муҥурдамматаҕа. Педагогическай билиитин утумнаахтык хаҥатынара. Кини агитзона начаалынньыгынан, төрөппүт кэмитиэтин чилиэнинэн, пропагандист, агитатор быһыытынан элбэх өрүттээх үлэни ыыппыта. Онтон кэлин начаалынай кылаас учууталларын уонна методическай түмсүүлэрин салайбыта.
Анна Николаевна уһун сыллаах эҥкилэ суох үлэтин иһин “Социалистическай куоталаһыы кыайыылааҕа” знагынан, Саха АССР Үөрэҕин министиэристибэтин, ССКП райкомун, райсовет исполкомун, оройуоннааҕы үөрэх салаатын, профсойуус райкомун Бочуотунай грамоталарынан наҕараадаламмыта.
Манна даҕатан эттэххэ, Анна Николаевна Захарова биир да үөрэнээччитэ кылааска иккис сылын хаалбатахтара.
Сэмэн ЖЕНДРИНСКЭЙ