Биэлсэр Иэлэ сарсыҥҥыттан уоппускаҕа барыахтаах. Үөрэҕин бүтэрээт манна ананан кэлбитэ сыл кэриҥэ буолла. Бүгүн балыыһатыгар эрдэ тиийэн кыбаарталлааҕы үлэтин түмүгүн таһаарыахтаах. Ким тугунан ыалдьан, хаһан, хас күҥҥэ эмтэммитин, хас оҕо быһыы ылбытын, ылбатаҕын, хас дьахтар төрөөбүтүн барытын отчуоттуохтаах. Оннооҕор ыалга хас ыт, куоска баарын кытта билиэхтээх эбит. Оннук киэҥ мачайы халыҥ сурунааллартан көрөн, ааҕан-суоттаан, сыыппараларын туруоран иһиэхтээх. Сороҕор күнү быһа төбөтө саллайыар дылы суоттаабыта сөп түбэспэккэ, үлэтигэр түүн кытта хаалара баар буолааччы. Дэриэбинэ дьоно эдэр үлэһити «биэлсэр Иэлэттэн» атыннык ааттаабат. Бэйэтэ даҕаны үөрэнэн хаалан, кыһаммат буолбут. Быйыл оскуолаҕа хас оҕо киирбитэй диэн ботугуруу-ботугуруу остуолга баар сурунаалын сулбу тардан ылан, арыйа баттаата. Тыа сиригэр эдэр ыал аҕыйаабыта тута биллэр. Сыл аайы оҕобут ахсаана аҕыйаан иһэр эбит диэн үөһэ тыынан ылар. Ааспыкка дьахтар бырааһа Айталина Ивановна кинини буруйдуох курдук, мөҕүөхчэ этэ. Оҕоҥ тоҕо аҕыйыырый?-диэн бэрт кытаанахтык ыйыппыта. Ону кини хантан билиэҕэй? Эдэрдэргэ үлэ суох, хамнас суох, улуус киинигэр, куоракка үлэ булан көһөн хаалаллар. Бу да сырыыга бырааһым тугу диирэ биллибэт, эмиэ хасыһара буолуо диэн сөбүлээбэтэхтии отчуотун үрдүгэр түстэ. Быйыл дэриэбинэҕэ алта оҕо төрөөбүт эбит. Бары этэҥҥэлэр, быһыылара баар диэн суруйа олордоҕуна, эмискэ «Харыйалаах» пиэрмэ Ааната көтөн түстэ. «Дьахтар иһэ ыалдьыбыт, бара охсуоҥ үһү»- диэт, ыксал-тиэтэл бөҕөнөн таһырдьаны былдьаста. Иэлэ уокка оҕустарбыт курдук дөйө быһыытыйан, саҥата суох олордо. Оттон отчуотум? Сарсын илдьэн туттарыахтаахпын дии — диэн санаата төбөтүгэр элэс гынан ааста. Ол да гыннар, үөрүйэҕинэн, суһал көмө суумкатын харбаан ылаат, бадарааны ортотунан, «Харыйалаах» диэки түһэ турда. Тыын быһаҕаһынан аҕылаан аҕай тиийбитэ — бэтэринээр Мааһыҥка барахсан талыыта киирэн үнүөхтүү сытар эбит.
-Аанаа, иһэ ыалдьар диэн тугу эппиккиний? Муҥурдаах буоллаҕа диэбитим. Отой да, атын эбит дии! — диэн сөбүлээбэт санаатын быктарда. Улууска илдьиэҕи аны табыллыбат буолбут, онон манна да быһаарыллар буоллахпыт диэт, Иэлэ илиитин сууммутунан барар. Мааһыҥка иккис оҕотун ыарахан сылдьар. Дьиҥэ, төрүүр бириэмэтэ кэлэр ый бүтүүтэ этэ, эрдэлээри гыммыт. Кэргэнэ өрүс уҥуор кустуу барбыт. Дьиэ иһигэр Аанаттан ураты ким да суох. Туох баарынан, суоҕунан түсүһэн көрөр буоллахпыт- диэн Иэлэ төһө да куттаннар, дьахтары бэлэмнээн, көрбүтүнэн барар. Ол быыһыгар, Айталина Ивановна төһө эрэ мөҕөр, дьахтары дьиэҕэ төрөтө сылдьар диэн. Чэ, туох да диэтин. Этэҥҥэ эрэ быыһаммыт киһи диэн санаата баһыйан Аанатын дьаһайбытынан барар. Төрүүр остуол курдук ыскамыайканы тардан бырастыыналатта, иһит-хомуос, уу-хаар бэлэмнэттэ. Арыыйда уоскуйан, халаатын, бэрчээккэтин кэттэ. Оо, дьэ, арай маны Айталина Ивановна көрөрө буоллар, «сиэ» эбитэ буолуо. Эмиэ Айталина Ивановна! Иэлэ санаатын кыйдаан, Мааһыҥкатын көрдө-иһиттэ. Сотору «остуолга» ылыаҕым — диэн кытаанахтык саҥарбыта буолла. Ис дьиҥэр, иһигэр «кутуйах хаамар». Хаһан да дьахтары төрөппөтөх эбит. Үөрэппиттэрин эрэ хоту туттар-хаптар. Саатар эрдэ билбитэ буоллар, кинигэтин, кэниспиэгин көрөн ааҕыах эбит. Суох буоллаҕа. Мааһыҥка өрө уһуутаан ынчыктыырын быыһыгар, тыын ыла сатыыр. Ыарыыта быһыта тутан, улам хам ылан, сытыырхайан иһэр. Биэлсэр Иэлэни куттаамаары туттуна сатыыр быһыылаах. Уонна бэйэтэ да буруйун билинэн, кыатанар. Аана тула көтө сылдьан, киирэр-тахсар. Бэйэтэ тэҥҥэ ыгылыйан, киһи кутун-сүрүн аймыах курдук хамсанар. Хараҕа сүүрэкэлээн, тыла тардыалаан, кэлэҕэйдиир. Мааһыҥка сирэйэ-хараҕа кытаран, чугаһаабыта биллэр. Дьэ, түлүннэрэн эрэр диэн ыксатан, ыскамыайкаҕа сытынан кэбистэ. Оннооҕор былыр үөрэҕэ суох эмээхсин балаҕаҥҥа, окко төрөтөр этэ, онтон итэҕэс буолламый — диэн Иэлэ бөҕөх санаатын ылынна уонна дьахтары хамаандалаан, төрөппүтүнэн барда. Син хаста да төхтүрүйэн түлүннэрэн, хата, бэркэ быыһаннылар. Уол оҕо төрөөт ытаан бэбээрбитинэн барда. Бастаан киинин быһан баайда, онтон сирэйин-хараҕын ыраастаан, эмин-томун кутан син барытын бөрөөн, быһаарда. Мааһыҥка да холкута, эрдэ оҕоломмут киһи буолан, чэпчэкитик быыһанна. Иэлэ аны хайдах эмэ гынан Айталина Ивановнаҕа Мааһыҥка туһунан биллэриэхтээх. Төбөтүттэн имэриллибэтэ буолуо да буоллар, күн бүгүн оройуон киинигэр Мааһыҥкатын кытта киириэхтээх уонна төрүүр дьиэҕэ илдьэн туттарыахтаах. Ону тэҥэ кыбаарталын түмүгүн эмиэ. Киэһэ буолуута «Вода» массыынаҕа тиэллэн айаннаатылар. Хата, дьолго, массыына көстөн абыраата. Төрүүр дьиэҕэ киирээттэрин кытта Айталина Ивановна ааҥҥа көрүстэ. Дьуһуурустубата эбит. Дьэ, бүттэхпит! — диэн мөҕүллэргэ бэлэм турбут Биэлсэр Иэлэ соһуйуоҕун иһин, бырааһа долгуйбут, үөрбүт көрүҥнээх.
-Хайа, Маша, хайдаххыный? Үчүгэйгин дуо? Уол үһү дии, иһиттим ээ, эҕэрдэлиибин! Елена Николаевна, махтанабын, бу мин бастакы уол сиэним! Саҥа кэлбит киһи эбэтин илиитигэр көтөхтөрөөт, ытаан бэбээрдэ. Мааһыҥка үөрбүт дьоллоох харахтарын, Айталина Ивановна долгуйбут сирэйин ама, умнар үһүө, Биэлсэр Иэлэ!
Хотууна