Үөр бөрөнү кытта киирсэргэ аҥардас саа ардыгар олус тутах эбэтэр туһата суох буолар. Онуоха булчут сытыы өйө, мындыр сылыктааһына эмиэ наада.
Сайын өрүскэ балыктыы сырыттахха, булчут хайаан даҕаны булдун туһунан санаабакка эрэ буолбат. Мэҥиэни хаһааныы, сөптөөх сиргэ илдьэн ууруу уонна олох ууллан хаалбат гынах арайыы наада буолааччы. Оттон хатыыс түбэстэҕинэ, сиһин уҥуоҕун уһун синньигэс чэлкэх курдук, сиһин үөһүн хомуйан иһиэхтээх. Былыр-былыргыттан биллэринэн, хатыыс сүнньэ дьүдэйбит, сытыйбыт буоллаҕына – дьиҥнээх дьаат. Булчут ону аахайбакка хаалларара, мүччү тутара табыллыбат. Онон мин сайын балыктаатахпына, хаһаанарым – хатыыс сүнньэ. Оннук дьаат ордук ардай аһыылааҕы кытта киирсэргэ наада.
Кыһын хаар халыҥаан, сур бөрөлөр аһы булаллара улам ыарыыр. Оччоҕо кинилэр үөрүнэн сылдьан бултууллар. Оннук сылдьар үөр бөрө, бэл диэтэр, тайах курдук аарыма кыылы мөрөйдөөн тутан кэбиһэр. Киһиэхэ эмиэ улахан кутталлаах. Мин үөрүнэн сылдьар бөрө суолугар түбэстэхпинэ, күлүкпэр имнэнээччибин. Оо, бөрө адьырҕатын, быһыытын-майгытын билэрим ооккото сыттаҕа эбээт! Биирдэ бөрөлөр сылаас суолларын көрдүм, испэр олус үөрдүм. Ол киэһэ били сайын хаһааммыт хатыыс сүнньүн үөһүн дьиэбэр киллэрдим. Кыра куруускаҕа итии ууну куттум уонна балай эмэтик дьааппын уган баран булкуйан кэбистим. Онтон күһүн сүөһү өлөрүллүүтүгэр муспут куһаҕан эти-тыҥаны уонна хааны-сиини чөмөхтөөбүппүттэн ойо охсон кэллирдим. Онтон дьааттаах уубар уган илитэн, олорор оҕо сутуругун саҕа гына бөкүнүтэн баран, таһырдьа таһааран тоҥорон кэбистим.
Сарсыныгар икки үрэх кыарыыр хапчааныгар, бэйэм бэркэ кэлэр-барар сирбэр, суол кытыытыгар көстөр гына ууран кэбистим. Дьэ, обургуларым таба тайаналлара буоллар, “амтаннаах” соҕус ас буолуохтаах дии санаатым.
Дьаат уурбут сиргэр нэдиэлэ кэриҥэ сылдьыбаккын. Тоҕо диэтэххэ, сылдьыбыт суолгун кыраһа сабыан уонна сытын көтүөн наада.
Биир сарсыарда уурбут дьааппар таҕыстым. Ыраахтан көрдөхпүнэ, хаар үрдүгэр туохтар эрэ харааран сыталлар. Ону эндэтэр бэйэлээх буолуом дуо: бу үрэх маһын-отун, төҥүргэһин-сыгынаҕын түөрэ билэрим сыттаҕа, бүтэйдии үөрэ санаатым. Дьэ, бэйи, хас сууллубута буолла… Чугаһаан кэлэн көрбүтүм: биир кыра суоллаах оҕо бөрө хабан барбыт. Онтон дуо?.. Манна… онно… Ол эмиэ… Тиһэҕэр, түҥ-таҥ көрө-көрө саамай улаханнара ийэ бөрө бөтүөхтүү, итирэн балааскайдыы олорор эбит. Аахпытым, эһиги соһуйуоххут иһин, тоҕус түбэспит.
- Тугун элбэҕэй?!
- Өссө ортоку эрэ үөр түбэспит этэ.
- Мантан элбэх буолара дуо?
- Буолан-буолан…Биирдэ, бэйэм да соһуйабын ээ, уон үс бөрө түбэһэн турардаах.
- Сүрүн баҕаһын. Бэйи, ол хайдах бары биир хоһуогу үллэстэн сиир бэйэлэрэй?
- Онно төрүт ханнык да түҥэтик суох.
- Оччоҕо хайдах өлөллөрүй?
- Хор, ол маннык буолар. Бастаан дьааты уурбут сиргэ бары кэлэллэр. Наһаа ымсыыраллар, сиэхтэрин баҕараллар. Арыый улаханнара иҥсэлэрин кыатанан ааһа тураллар. Оттон оҕо бөрө итиччэ сытар аһы көрөн тулуйбат, төттөрү сүүрэн кэлэр уонна хаба охсоот, үөрдэрин ситэр. Сотору дьаата дьайан сиэбитин хотуолаан кэбиһэр. Ону атыттар былдьаһыгынан хабаллар. Дьэ бүттэҕэ ол. Эһиги бэйэҕит бэркэ билэҕит ийэ бөрө оҕолоро кыра эрдэхтэринэ, бултаан баран бэйэтэ төһө кыайарынан сиирин уонна оҕолорун хотуотунан аһатарын. Ол курдук санааннар, ким хотуолаата да, атыттар хабан иһэллэр.
- Сүрдээх да буолар эбит.
- Бөрө бөрөтө өтөөччү.
Сэмэн Жендринскэй