Саха сириттэн бастакы Дьоруой сылгыһыт Роман Константинов 1937 сыллаахтан бу идэни талан ылбыта. Кини салайар биригээдэтэ 1945 сылтан саҕалаан добуоччу ситиһиилэнэн барбыта. Ити сыл кулун деловой тахсыытын 94,2 бырыһыаҥҥа тиэрдибитэ. Онтон эһиилгитигэр 95,5 бырыһыанынан хапсыбыта уонна 1947 сылга 100 бырыһыан буоларын ситиспитэ. Бу кыайыы ааспыт үйэ чиэппэрэ кэмҥэ уһулуччу үрдүк көрдөрүү быһыытынан биллибитэ.

Кэлин бөдөҥсүйбүт Ленин аатынан уонна Эрилин Эристиин аатынан колхуоска Роман Иннокентьевич төрүөҕү ылыыга эмиэ кэрэхсэбиллэрдээх сылгыһытынан үлэлээбитэ. Кини бэйэтин баай уопутугар, үтүөкэннээх үөрүйэҕэр үгүс эдэр сылгыһыттары ииппитэ. Уордьаннаах сылгыһыттар, НХСБ кыттыылаахтара, ити Быыстапкалар мэтээллэринэн наҕараадаламмыттар И.М. Дьячковскай, Д.Т. Сивцев, өрөспүүбүлүкэ чөмпүйүөн сылгыһыта С.М. Седалищев, Д.Е. Константинов ааттара өрөспүүбүлүкэҕэ тиийэ биллэллэр.

Роман Иннокентьевич Константинов уһун уонна баай түгэннэрдээх олоҕу олорбута. Кини эдэр ыччаты аҕа көлүөнэ албан ааттаах үгэстэригэр үөрэтиигэ дьоһуннаах настаабынньык быһыытынан биллэрэ, райсовет дьокутаата буоларынан үгүс өрүттээх уопсастыбаннай үлэлэри ыытара.

Биһиги бүгүн Социалистическай Үлэ Дьоруойа Роман Константинов уопутуттан, дьиҥ сүнньүн ылан, кылгастык кэпсиир матырыйаалы бэчээттиибит.

Биэ кытарааһынын аҕыйатар дьаһаллары олохтообута

Ол ханнык дьаһаллар этилэрий? Биэлэри атыырдарга табан холбуур, атыннык эттэххэ, бэйэтэ сөбүлүүр, ылынар атыырдарыгар эрэ биэни сыһыарар. “Хас да атыыр аймыыр биэтэ үгүстүк кытарыыр”, — диирэ сылгыһыт. Саптарыыга ыытыллар атыырдар туруктара хайаан да эмис буолалларын ситиһэрэ. Хаһыыга сылдьан ыраары гыннахтарына эбии аһатара. Наһаа ырыган биэ эмиэ кытарыыр. Онон итинник биэлэри ыра иликтэринэ, күһүн эрдэттэн аһылыкка киллэрэрэ, отунан эбии аһатара. Атыырга олус элбэх эбэтэр олус аҕыйах биэни сыһыарбат. Олус элбэх биэни сыһыардахха, сорох биэ кытарыыр уонна ууламмытын да иһин, үксүгэр тулуйан кыстаабат мөлтөх убаһаны төрүүрэ. Аҕыйах биэни сыһыардахха, Роман Иннокентьевич кэтээн көрүүтүнэн, атыыр үөртэн, бэркэ гыннар 1-2 биэни кытаратыан сөп. Онон биир атыырга, кыаҕыттан көрөн, 12-18 биэни сыһыарар саамай сөп.

Биэ кулуннааһынын төрүт суох оҥорору ситиспитэ

Биэни кыыллаатахха, эккирэттэххэ кулуннуур, үөр былдьаһар соноҕос атыырдар уулаах биэлэри сүүрдэн кулуннаталлар. Оннук соноҕостору араартыыра, аттарара. Онон сылгыны эккирэтэри Константинов кытаанахтык бопсоро. Уулаах биэ оҕотун (убаһатын) сэтинньи иккис аҥарыттан араарара. Убаһа эмпэт буоллаҕына эрэ биэ уойар уонна үөскүүр оҕото үчүгэйдик сайдар диирэ. Биэни сытыйбыт, түүнүгүрбүт отунан аһаппат уонна кырыа, муус буолбут сиргэ хастарбат этэ.

Кулуну барытын энчирэппэккэ иитэргэ наадалаах дьаһаллары ылара

Кулун төрүүрүгэр саамай табыгастаах кэминэн сааскы ичигэс ыйдары (муус устары, ыам ыйын) ааҕара. Итинтэн хойутаан төрөөбүт кулун кыһыны тулуйбат диирэ. Биэ маассабайдык төрүүр кэмигэр дьуһуурустубаны олохтуура. Уопуттаах сылгыһыт этэринэн, кулун ийэтин иһиттэн сыыһа кэлэр түбэлтэтэ баар буолара. Сорох кулун үрүҥүн бүрүнэн кэлэн тумнастара. Мөлтөх кулун ийэтин эмиийин булан эмпэт. Ордук саҥа төрөөбүт кытыт биэ оҕолоро итинник буолаллар эбит. Онон биэ төрүүр кэмигэр дьуһуурустуба хайаан да наада диир кини.

Роман Константинов сылгыны куруутун көрө-истэ сылдьары наадалааҕынан ааҕара

Сыл устатыгар сылгы үс куттаах кэми ааһар: бастакытынан – сааскы хомурах, иккиһэ – саас күөл ырбыыланыыта, бадараан тахсыыта, үсүһэ – күһүн уу тоҥуута. Ити кутталлаах кэмҥэ көрүү-харайыы ордук күүһүрэр. Кини сайын сылгыны дьиэтэтээри номуоһунан түптэлиирэ, оччоҕо араас үөн-көйүүр моһуоктуура аҕыйыыра.

Сылгыны үчүгэй аһылыгынан хааччыйыы быһаарар суолталаах

Сылгы хаһар, мэччийэр сирдэрин өрүүтүн ыраастыыра. Холобур, 1947 сыллаахха оччотооҕу Фрунзе аатынан колхуоска 510 гектар сири ыраастаабыттара. Мэччирэҥ ото сыл аайы мунньуллан лаҥхаран хаалар. Ону сылгы үчүгэйдик сиэбэт, онон сылтаан ырыганныан, биэ кулуннуон сөп. Саас, сир ирэрин аҕай кытта, өртөөһүнү онон күүскэ ыыталлара. Уу ылар намыһах сирдэрин эрдэ оттууллара, оччоҕо күһүөрү кэнчээри өлгөмнүк үүнэрэ.

Сылгыны аҥардас хастаран эрэ кыстыгар суоттанар сатаммат

Роман Иннокентьевич Константинов биирдии сылгы айаҕар ортотунан 16 центнер оту уурдарара. Ийэлэриттэн араарыллыбыт убаһаларга кыһыны быһа сиир отторун эмиэ уурара. Сылгыга сэбирдэхтээх намчы уонна боруу оту угаллара. Ол эрээри манна сылгыны аҥардас үчүгэй отунан эрэ аһаппаттар, мэкиинэни, хомуһу, соломону эмиэ сиэтэллэрэ.

Сылгыны тэрээһиннээхтик хастарарга кыһанара

Сылгы мэччийэр сирдэрин күһүн бэйэтэ хас да төгүл кэрийэн көрөрө, хастарыы былаанын – маршрутун оҥороро. Саас аһатыыга турар сылгылары 2-3 күн устата аһата-аһата сыыйа хонууга ыытара.

 

Сэмэн ЖЕНДРИНСКЭЙ. Хаартыска Роман Константинов ыкса ыалларын тус архыыптарыттан