Чурапчыбыт улууһун олохтоохторо, өрдөөҕүтэ Дойду бэрэсидьиэнин “Быһа биэриитигэр”, сүтүктээх ынаҕын оннугар атын ынаҕы көрдөспүт, Тихон Каженкин аатынан Арыылаах орто оскуолатын үөрэнээччитэ Алеша Сокольниковы өйдүүр буолуохтаахтар.
— Уолум Алеша, билигин 9-с кылааска үөрэнэр, ОГЭ-гар бэлэмэнэр.
Мындаҕаайыттан кэлбит, Кэскилээнэ диэн бэрэсидьиэммиттэн бэлэх ынахпыт билигин сэттэ саастаах. Хайы сах икки ньирэйи күн сирин көрдөрбүтэ. Иккиэн оҕус этилэрэ, аны быйыл үсүһүн төрүөхтээх, синньии турар. Алешам миэхэ сүрүн көмөлөһөөччүм буолар. Этэҥҥэ эрэ буоллар, хаһаайыстыбабыт сыыйа кэҥэн иһиэ этэ, — диэн Арыылаах нэһилиэгин олохтооҕо Лена Игнатьева бу сарсыарда төлөпүөнүнэн кэпсиир.
Бэҕэһээ сарсыарда, Игнатьевтарга, тыһы игирэ ньирэйдэр төрөөбүттэрин туһунан бассаап бөлөххө тилийэ көппүтэ: “Билигин ИП-быт уонтан тахса ынахтаахпын. Аҥара төрөөтө, өссө даҕаны күүтэбит, уйабыт туолла.
Кыраларбыт 9-с уонна 10-с ньирэйдэр буоллулар, бары тус-туһунан ааттардаахтар: игирэлэрбититтэн улахана Джиджи хадид онтон кырата Белла хадид диэн сүрэхтэннилэр, алта оҕус Оптимус прайм, Самсон, Максимус, Эллэй, Оокко, Белый оттон тыһы ньирэйдэрбит Лада ладушка, Чээчик диэннэр. Өссө даҕаны 6-7 төрүөх баар. Игирэлэр ийэлэрэ Күннээйкэ сэттэ саастаах эдэр ынах, номнуо түөртэ төрөөтө”, — диэн Лена Валерьевна күлэ-үөрэ санаатын үллэстэр.
Сэмэн Жендринскэй