Былыргылыы алгыс
…АлаҺа дьиэни айгылатын,
Аал уоту айгыҺыннарың,
Алтан сэргэни анньың.
Төлкөлөөх дириң
ТүҺүлгэни төрүттээң,
Кэскиллээх кэтит
Чэчири тэнитиң…
Хаңас өттүгүтүгэр
Кыталык кыыллар курдук
Кындыа-кылыс
Кыргыттарда кыбынаарың.
Үс саханы үөдүтэн,
Түөрт саханы төрүттээн
Кэнэђэски ыччат хоҺооно,
Уол ођо тойуга,
Кыыс ођо ырыата буолаарың.
Өксөкүлээх Өлөксөй
Саха дьоно омук быһыытынан сир кырсыттан симэлийбэккэ, ийэ тылбытын сүтэрбэккэ баччаҕа диэри кэлбиппит, ону ааһан «нуучча ньургунун кытта туруулаhар доҕор, саха талыытын кытта самдайдаhар атас» буолан Аан дойду да үрдүнэн «сахалар дуо» дэттэрэр күннэрбит күөрэйбиттэрэ Улуу убайдарбыт үтүөлэрэ буоллаҕа. Кыра-хара норуокка хараҥаҕа тыкпыт сырдык кэриэтэ суолдьут сулус буолан, ааспыт үйэ кытаанах кэмнэригэр саха омук кэскиллээх инникитин туһугар олохторун да толук ууралларын кэрэйбэккэ, туох баардарынан турууласпыт сүдү дьоммут сырдык ааттара, хаалларбыт үйэлээх үлэлэрэ, «кэхтибэт кэрэкэ тыллара», алгыстаах айымньылара билигин биһиэхэ туохха да тэҥнэммэт баайбыт-дуолбут. Өбүгэбитин кытта көстүбэт ситиммитин, орто дойду олоҕун суолтатын, саха мындыр санаатын, сиэдэрэй тылбыт сүмэтин сомсор улуу байҕалбыт кэриэтэ ылынабыт.
Саха уус-уран литературатын төрүттээбит поэт, билим араас көрүҥнэригэр оҥкуллары охсубут чинчийээччи, тылбаасчыт, бөлүһүөк, тумус туттар улуу дьоммутуттан биирдэрэ А.Е.Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй суруйан-бичийэн хаалларбыт айымньыларын таһынан киһи илэ хараҕынан көрөр, илиитинэн тутар-хабар нэһилиэстибэтин — үс улахан суолталаах сэргэни туруоран хаалларбыта биллэр. Онтон биирдэрэ биһиги улууспутугар Арыылаах нэһилиэгэр баар. Иккис сэргэ Үөһэ Бүлүүгэ Оҥхой нэһилиэгэр, үһүс—Өймөкөөн улууһун Томторугар тураллар.
Быйыл сайын Арыылаахха сэргэ турбута 120 сылын туолар. Муус устар 9 күнүгэр бу бэлиэ дата тула кэпсэтэ, былааннары ырытыһа төгүрүк остуол тула кэпсэтии тэрилиннэ. Манна Дьокуускайтан «Биир ньыгыл Арассыыйа» баартыйа региональнай общественнай приемнайын салайааччытын солбуйааччыта, СӨ үөрэҕириитин, ыччат бэлиитикэтин туйгуна Саргылана Неустроева, Өймөкөөн оройуонун култуураҕа уонна туризмҥа управлениетын салайааччыта, СӨ култууратын туйгуна Аксиния Сивцева, Үөһээ Бүлүү Оҥхой нэһилиэгин баһылыгынан үлэлии сылдьыбыт, СӨ үөрэҕириитин бочуоттаах мецената, тыа хаһаайыстыбатын туйгуна, урбаанньыт Герман Отов, Чурапчы улууһун култуураҕа управлениетын салайааччыта Петр Гуляев, Арыылаах нэһилиэгин баһылыга Антон Янцен, нэһилиэк тэрилтэтин салайааччылара, оскуола үлэһиттэрэ, чинчийэр үлэнэн дьарыктанар үөрэнээччилэр кыттыыны ыллылар. Төгүрүк остуол иннинэ бары сэргэ баар сиригэр — Эргэ Сууртка тиийэн, саха сиэринэн алаадьы ууран, кылгастык тыл этэн устуоруйа чахчыларын сырдаттылар.
1904 сыл сайыныгар Өксөкүлээх Өлөксөй Арыылаах (оччолорго I Хайахсыт) ытык сиригэр кэлэ сылдьан Эргэ Суурт сайылыгар Михаил Сыромятников (Кыычча Мэхээлэ) кыра уолун аан бастакытын арыгыта суох тэриллибит уруутугар сылдьыбыт (А.Кулаковскайы кытары Эдуард Пекарскай манна эмиэ баара биллэр). Хайдах өйдөбүнньүк сэргэ туруоруллубутун, эдэрдэргэ анаан Алексей Кулаковскай алгыһын эппитин туһунан С.Попов-Сиэдэрэй Сэмэн » I Хайахсыт (Арыылаах)» диэн кинигэтигэр суруйар.
Ыалдьыттар бу Сахабыт сирин үс улахан оройуонугар сэргэлэр турбут (1904 с. Чурапчыга, 1905 с. Үөһэ Бүлүүгэ, 1924 с. Өймөкөөҥҥө) сирдэрин картанан сирдэтэн көрдөххө, тэбис-тэҥ өрүттэрдээх үс муннук ойуута тахсарын бэлиэтии көрбүттэрин сөҕө кэпсээтилэр. Эһэтин олоҕун, айар үлэтин чинчийиигэ олоҕун анаабыт СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, тыл билимин кандидата, өрөбөлүүссүйэ иннинээҕи саха литературатын үөрэтиигэ үгүс кылаатын киллэрбит Людмила Кулаковская сабаҕалаабытынан, бу сэргэлэр саха киһитин үс кутун таайтаран оҥоһуллубуттар. Ол эбэтэр Арыылаахха баар сэргэ киһи Ийэ кутугар, Оҥхойго-Буор кутугар, Томторго-Салгын кутугар анаммыттар. Саргылана Неустроева: «2027 сыллаахха Өксөкүлээх Өлөксөй төрөөбүтэ 150 сылын киэҥ далааһыннаахтык бэлиэтиэхпит. Ол чэрчитинэн, «Биир ньыгыл Арассыыйа» баартыйа «Историческая память» бырайыагын координатора буоларым быһыытынан, араас хабааннаах бэлэмнэнии үлэтин ыытабыт. Бүгүҥҥү сырыыбыт эмиэ бу үлэбит иитинэн тэрилиннэ. Саха дьоно киһи үс куттааҕын бэркэ диэн итэҕэйэр буоллахпыт. Людмила Реасовна саха дьоно олохторун устата бу үс ытык сиргэ сылдьыахтаах диэн бигэ санаалааҕа: бастаан Ийэ кут сэргэтигэр Арыылаахха, онтон Буор кут сэргэтигэр Үөһээ Бүлүүгэ уонна Салгын кут сэргэтигэр Өймөкөөҥҥө. Кини бу олохтон барыан эрэ иннинэ 2017 сыллаахха биһиги «сакральнай экспедиция» диэн ааттаан бу үс улууска сылдьан, улуу убайбыт хаалларбыт материальнай нэһилиэстибэтигэр сүгүрүйэн алгыстаах күннэри атаарбыппыт»,-диэн билиһиннэрдэ.
Төгүрүк остуол кыттыылаахтара инники былааннары торумнастылар. Арыылаах нэһилиэгин баһылыга Антон Янцен быйыл сайын саҥа ыал буолааччыларга, эдэр дьиэ кэргэттэргэ алгыс аныыр өрөспүүбүлүкэтээҕи ыһыах тэрийээри сылдьалларын, кэлэр өттүгэр туристическай маршрут ымпыгын-чымпыгын толкуйдаан, бырайыак быһыытынан көмүскээн үлэлэтэр баҕалаахтарын эттэ. Үөһээ Бүлүү, Өймөкөөн бэрэстэбиитэллэрэ эмиэ бу үс сэргэ турар сирин хабар туристическай маршрут олоххо киирэригэр үтүө баҕа санааларын тиэртилэр. Түмүккэ үс өттүттэн былааннары, этиилэри истэн бииргэ үлэлэһиэх буолан тарҕастылар.
Кырдьык даҕаны, Аан дойду үрдүнэн таайтарыылаах, дьикти абылаҥнаах, киһини сөхтөрөр кистэлэҥнэрдээх сирдэр бааллар. Үс кут сэргэлэрин Өксөкүлээх Өлөксөй чопчу бу ыйыллыбыт ытык сирдэргэ туруорбута эмиэ мээнэҕэ буолбатаҕа чахчы, кини олоҕор, айар да үлэтигэр чаҕылхай суолу хаалларбыт кэрдиис кэмнэригэр сылдьыбыт улуустара диэн сабаҕалыахха сөп.
Онон бу күн тахсыбыт кэскиллээх кэпсэтиилэр инникитин үтүө түмүктэрдээх буолуохтара диэн эрэнэбит.
Наталья Сибирякова, ааптар видеоҕа устуута