Арыылаахха “Чолбон” оскуола тыйаатыра тэтимнээхтик үлэлиир

Мин быйыл оскуола тыйаатырыгар иккис сылбын сылдьабын. Былырыын маҥнайгы кылааска үөрэнэ сылдьан эмиэ дьарыктаммытым. Онно оруолум суох этэ. Сцена уларыйар кэмигэр сахалыы үҥкүү толорбуппут.

Онтон быйыл сыалай үс оруолу толордум- Харах-Харах уол, Тыал уонна Күрдьэх.

1940 сыллаахха Мэҥэ-Хаҥалас оройуонун, II Наахара нэһилиэгин олохтооҕо Николай Абрамов-Кынат тылыттан Христофор Қонстантинов суруйбут “Таал-Таал эмээхсин” норуот остуоруйатын Суорун Омоллоон “Саха фольклора” кинигэтиттэн ылан туруордубут.

Бу туруорууга 11 уонна алын сүһүөх кылаас оҕолоро кытынныбыт. Сүрүн оруолларга Алаа МоҕусРоберт Барашков, Таал Таал эмээхсин Күннэй Христофорова, Кулгаах Кулгаах уолЖеня Терентьев, Мурун Мурун уолСофия Барашкова, атын оруолларга – Эрсан Борисов, Амелия Максимова, Милена Барашкова, Айна Аянитова, Саргы Борисова, Сайаана Демьянова кытыннылар. Декорацияны уонна реквизиттэри 8 кылаас үөрэнээчитэ Иванна Заболоцкая, төрөппүттэр уонна оскуола үлэһиттэрэ оҥордулар. Салайааччыбыт – Татьяна Андросова.

Тыйаатыр куруһуогар сылдьар олус интириэһинэй, сэргэх, бэһиэлэй. Ол эрээри кэккэ ыараххаттардаах, ол тылы нойосуус үөрэтиитэ буолар.

Оскуола тыйаатыра миэхэ олус элбэҕи үөрэтэр- хомуллуулаах, эппиэтинэстээх буоларга. Сахалыы элбэх саҥа тыллары биллим, холобур -үөттүрэх, күлбүһэх диэни билбэт этим.

Оҕолоор, бу сигэнэн https://youtu.be/2b4BTmu_Pmk?si=Nvp5mNESU4Ah5DWv киирэн биһи тыйаатырбыт туруорбут Таал-Таал эмээхсин остуоруйатын көрүҥ.

Биһиги тыйаатырбыт телеграм сигэтинэн https://t.me/cholbonteatr киирэн үлэ ыытыллыытын эмиэ кэтээн көрүөххүтүн син.

Виолетта Емельянова,

Тихон Каженкин аатынан Арыылаах орто оскуолатын

 2 кылааһын үөрэнээччитэ, “Чолбон” оскуола тыйаатырын артыыһа