Кыыс Амма кэрэ биэрэгэр баар сынньалаҥ баазатыгар түһэн, дуоһуйа сөтүөлээн, икки күммүт биллибэккэ ааста. Бу тэрээһиҥҥэ өрөспүүбүлүкэ араас улуустарыттан элбэх коллекционер кыттыыны ылла. Чурапчыттан 11 киһи кыттыыны ылла.
Түөрт былааннаммыт күрэскэ барытыгар ситиһиилээхтик кыттан астынныбыт. Ол курдук сылабаар оргутуутугар 3-с миэстэ, сиидэс былааттаах уобараһы арыйыыга «Ферма кыргыттара» композициянан 2-с миэстэ, купальнигы былаатынан киэргэтиигэ 2-с, 3-с миэстэлэри ыллыбыт.
Тэрийээччилэрбит саламаат, алаадьы астаан, сибиэһэй эт миинин буһаран, сылабаар итии чэйин иһэн астынныбыт, дуоһуйа сынньанныбыт.
Бу күн быыстапка арааһа туран, эгэлгэ оҥоһуктары көрөн, ирэ-хоро кэпсэтэн, сайыҥҥы куйаас күммүт биллибэккэ ааста.
Бу бэртээхэй, үрдүк тэрээһиннээх ыһыаҕы бэлэхтээбит Болугур коллекционердарыгар, салайааччыларыгар Марфа Ивановнаҕа дириҥ махталбытын тиэрдэбит.
Түгэнинэн туһанан, айаммытыгар өрүү илдьэ сылдьар суоппарбытыгар Гурий Филипповка өссө төгүл махтанабыт. Кини биһиэхэ солбуллубат фотографпыт, көмөлөһөөччүбүт, үтүө сүбэһиппит буолар.
Розалия Пономарева