Александра Хомус: Чурапчы ыччатын киинэ идиэйэни олоххо киллэриигэ тирэх буолар

Быйыл улуус ыччатын түмэр киин аһыллыбыта.  Манна эдэр дьон көрсүһэн, айарга-тутарга, бырайыак суруйарга саҥа кыахтары ылаллар, саҥа саҕахтары ситиһэллэр. Бу киин  итиэннэ улуус ыччатын үлэтин-хамнаһын туһунан улуус дьаһалтатын туһааннаах исписэлииһэ Александра Хомус билиһиннэрдэ:

— Ыччат министиэристибэтэ, улууспут салалтата өйөөн, быйыл Чурапчыга аан бастакы ыччат киинэ аһылынна. Онон  ыччат дьыалата хаһааҥытааҕар да былааннаахтык ыытылынна. Бу кииммит «Утум» дьиэтигэр баар. Манна киэҥ хос анаан, ыччаттар мустан, аныгылыы сонун истииллээх, сырдык гына өрөмүөннээн киирбиппит. Бэс ыйыттан саҕалаан, тэтимнээхтик үлэлиибит. Судаарыстыбаннай ыччат бэлиитикэтигэр сөп түбэһиннэрэн, араас  бэстибээли, форуму тэрийдибит. Улуус ыччата Бүтүн Арассыыйатааҕы, уокуруктааҕы, өрөспүүбүлүкэтээҕи дьаһалларга ситиһиилээхтик кыттан, бастыҥ улуустар ахсааннарыгар киирэбит.

СӨ Ил Дархан граныгар кыттан, 4 мөлүйүөн кэриҥэ сууманы ылбыппыт. Онон кэлэр сыл торумун ырытан, үлэлииргэ бэлэммит. Ол курдук, волонтердар үлэлэрин-хамнастарын сайыннарыыга кэккэ былааннар ылылыннылар. Маны тэҥэ хас биирдии нэһилиэккэ норуот дружинатын үлэлэтэргэ саҥа соруктар турдулар. Улуустааҕы ыччат дьыалатыгар саҥа тэриллибит Арассыыйатааҕы оҕо уонна ыччат хамсааһына (нууч. кылг. РДДМ), «Юнармия» хамсааһын, устудьуоннар этэрээттэрэ сыһыарыллыбыттара. Онуоха ыччат киинигэр Арассыыйатааҕы оҕо уонна ыччат хамсааһына уонна Арассыыйатааҕы оҕо киинин исписэлиистэрэ үлэлииллэр. Итини таһынан ыччат отдела байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэннэригэр көмөнү оҥорор #МЫВМЕСТЕ волонтердар ыстааптарын сүрүннүүр.

Ыччат киинэ кэҥээн, билиҥҥи улуустааҕы киин бибилэтиэкэ дьиэтигэр көһүөхтээх. Ону кытта тэҥҥэ психолог киинэ, патриотическай киин, обургу оҕо киинэ көһөллөр. Оттон бибилэтиэкэ сотору кэминэн саҥа таас дьиэҕэ киириэҕэ.

Ыччат киинигэр эдэр дьон туһалаах информациялары, консультациялары ылаллар. Улахан болҕомтону бырайыактыыр үлэҕэ уурабыт. Маныаха хамаанда тэрийэн үлэлиэхтээхпит. Номнуо туһааннаах куратор нэһилиэктэринэн олохтоох ыччаты кытта үлэлиир. Ол курдук, интэриэстээх ыччат сонун идиэйэтинэн бырайыак суруйарыгар көмөлөһөр, ыйан-кэрдэн биэрэр. Онон кэлэр сылга үгүс грант куонкуруһугар кыттан, ыччаттар дьоҕурдара сайдарыгар, чөл туруктаах буолалларыгар, олохтоохтор олохторо-дьаһахтара тупсарыгар анаан үп киллэриэхпит диэн эрэнэбит.

Билиҥҥиттэн бэлэмнэнэн, улууспутугар бырайыак үлэтигэр киэҥник биллэр экспери Геннадий Охлопковы ыҥырдыбыт. Кини сэминээрдэригэр судургутук сахалыы тылынан сиһилии, көдьүүстээхтик быһаарар. Эксперт 10 бырайыагы сүрүннээбититтэн 8 бырайык кыайар. Онон Геннадий Охлопковка эрэлбит улахан. Сэминээр ахсынньы 10 күнүгэр ыытыллар, улуус ыччатын, баҕалаах дьону  ыҥырабыт.

Маны таһынан кииҥҥэ араас маастар-кылаас, куурус, тренинг тэриллэр. Манна эмиэ ураты, сонун идиэйэлээх ыччаты ыҥырабыт. Кэлиҥ, сылдьыҥ, сайдыҥ.

Марфа Петрова