Бу туһунан оччотооҕу баһылык Иван Степанович Сивцев сэһэргиир.
- 90-нус сыллардааҕы ыһыллыы кэмигэр олох-дьаһах атын хайысханан барбыта. 1992 сылтан улуус дьаһалтата диэн тэриллибитэ. Уустук, ыарахан кэмнэр этэ. Онно эбии, Чурапчыбытыгар 1994 сылга диэри кураан сыллар турбуттара. Маннык уустук кэмҥэ хайдах дьаһанабыт, хайа суолу тутуһабыт диэн толкуйдаан, хас да хайысханан үлэбитин саҕалаабыппыт. Онтон биирдэстэринэн Дьокуускайга олорор дьоммутун түмэн, бииргэ үлэлэһии соругун туруоруу буолбута.
Маҥнайгытынан, биир дойдулаахтарбыт хайдах-туох олороллор, дойдуларыгар туох сүбэ-ама биэриэхтэрин сөбүй, иккиһинэн, оччотооҕу устудьуоннарбытыгар көмө-тирэх буолуоҕуҥ диэн улахан тэрээһини оҥорорго туруммуппут. Ол курдук, Чурапчыттан дэлэгээссийэ тэриллэн, 1994 сыллаахха олунньу 25-26 күннэригэр бастакы тэрээһиммитин ыыппыппыт.
Бастакы күммүтүгэр улуус салалтата, тэрилтэ бэрэстэбиитэллэрэ киирэн, куоракка оннуларын булбут салайааччылары, урбаанньыттары көрсөн кэпсэппиппит. Иккис күммүтүгэр Дьокуускайга Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан Култуура киинигэр доҕордоһуу биэчэрэ тэриллибитэ. Сааланы толору киһи кэлбитэ.
Куоракка баар дьоммутугар улууспут балаһыанньатын билиһиннэрэн, кэпсэтиини таһаарбыппыт, ону тэҥэ нэһилиэктэр баһылыктарын билиһиннэрбиппит.
Чурапчыттан төрүттээх биллэр-көстөр дьоммутун уонна артыыстары ыҥыртаабыппыт. Суруйааччы Василий Яковлев-Даланы, Мындаҕаайыттан төрүттээх Петр Ефимовы, ырыаһыт Дарья Барашкованы, Ил Түмэн Палататын бэрэссэдээтэлэ Афанасий Илларионовы, Бырабыыталыстыба солбуйааччы бэрэссэдээтэлэ Альбина Поисееваны, Егор Борисовы, спортсмен Гаврил Колесовы, о.д.а.
Сынньалаҥ кэмигэр нэһилиэктэр бэрэстэбиитэллэрэ биир дойдулаахтарын булан, түмэн, эмиэ санаа атастаһыытын тэрийбиттэрэ. Дьон бэйэ-бэйэлэрин көрсөн, олус үөрэн, сүргэлэрэ көтөҕүллэн тарҕаспыттара.
Чурапчыттан Дьокуускайга киирдэхпитинэ, куораттан биһиэхэ кэллэхтэринэ, бэйэ-бэйэни өйөнсөр, бэйэ-бэйэҕэ көмөлөһөр түмсүүлээх сыһыан олохтоммута. Ол бары өттүнэн көдьүүстээх буолбута. Бэйэбит өттүттэн өбүгэҕит сиригэр кэлэн олохсуйаргытыгар, сайылык да туттаргытыгар сир биэрэбит диэн дьаһалы таһаарбыппыт. Онон 10-тан тахса киһи сири ылбыта.
Ити кэнниттэн бу сыллар тухары тиһигин быспакка, “Алаас ахтылҕана” тэрээһин ыытылла турар. Дьокуускайга олорор биир дойдулаахтарбыт оччоттон баччаҕа диэри дойдуларыгар көмө бөҕөнү оҥорон кэллилэр. Холобурдаан эттэххэ, Бахсыга баар Таҥара дьиэтин чөлүгэр түһэриигэ Бахсыттан төрүттээхтэр улахан көмөнү оҥорбуттара. Кэнники арыылаахтар эмиэ ылсыбыттарын истибитим.
Онон “Алаас ахтылҕана” билигин даҕаны утумнаан бара турарыттан үөрэбин. Чурапчылар хайа да кэмҥэ түмсүүлээхпит, бэйэ-бэйэҕэ көмөлөсүһэр, утарыта барар биир өйүнэн-санаанан салайтарар дьон буолабыт. Инникитин да сибээс, ситим быстыбакка бара туруо диэн эрэнэбин.
Елена Макаринская