“Алаас ахтылҕана” диэн аат хантан кэлбитэй, ким ааттаабытай?

 

Бу туһунан оччотооҕу улуус баһылыгын социальнай боппуруостарга солбуйааччынан үлэлээбит Тарас Лукич Тарасов кэпсиир.

  • Иван Степанович миигин ыҥыран ылан, “куоракка олус элбэх биһиги биир дойдулаахтарбыт олороллор эбит, кинилэри кытта тугу эмэ тэрийиэххэ баар этэ, толкуйдаа” диэн сорудах биэрдэ. Мин култууралары ыҥыран сүбэлэстим. Куоракка киирэн, биир дойдулаахтарбытын, улуу дьоммутун ыҥыран биэчэрдэ тэрийиэҕиҥ диэн буолла.

 

Салгыы тэрээһин аатын толкуйдаа диэн эттилэр. Мин дьолбор, убайбыт, Ил Түмэн Палататын бэрэссэдээтэлэ Афанасий Илларионов хоһооннорун хомуурунньугун аҕалан, «Быраат, маны хайдах гынаҕын, бэйэҥ бил” диэн баран, иннибэр уурда. Арааһа, “Саҥа олохторго” кинигэтэ таһаартар диэтэ быһыылаах дии санаатым. Ол сылдьан, сынньалаҥмар, бириэмэ буллахпына, хоһооннорун ааҕабын. Арай, онно “Алаас ахтылҕана” диэн олус үчүгэй хоһоонноох эбит, ол хоһооно төбөбөр киирэн хаалла. Иван Степановичка киирэн, “Алаас ахтылҕана” диэн ааттаатахха хайдаҕый, куоракка бары алаастан барбыт дьон олороллор, син биир дойдуларын ахталлар, онон сөп түбэһиэх курдук диэтим. Салгыы култуураларбын кытта сүбэлэстим, оруобуна сөп түбэһэр диэн буолла.

Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан култуура киинигэр тэрийэр буоллубут. Бары баппат буолан, саастарын быһан, сэрии, Көһөрүү кэмигэр сылдьыбыттары уонна В. Яковлев, Дарья Барашкова курдук о.д.а. улуу дьоммутун ыҥырбыппыт. Кинилэри сыанаҕа олордон кэпсэтиини таһаарбыппыт.

Алаастарын сытын ыллыннар, ахтылҕаннарын таһаардыннар диэн өйдөбүлтэн дьахтар кэмитиэтин бэрэссэдээтэлин  Татьяна Карпованы ыҥыран сүбэлэстибит. Көмүлүөк оһоххо буһарыллыбыт лэппиэскэни  санатар  кыра-кыра лэппиэскэтэ астаан, үтэһэҕэ анньан ууруохха дэстибит. Ол курдук, саала миэстэтин аайы лэппиэскэлэрбитин кытта “Саҥа олоххо” “Алаас ахтылҕана” диэн таһаартарбыт анал таһаарыыны уурдубут.

Киириигэ алаадьынан күндүлээтибит. Ас быыстапкатын тартыбыт. Быыстапканы Капитолина Васильевна тэрийбитэ. Маны сэргэ чэй тэрийэн, кырдьаҕастарбытын аһаппыппыт.

Ити курдук, кэнсиэрдээх улахан биэчэр тэриллибитэ. Ол иннинэ ханнык да улуус манныгы тэрийэ илигэ.   Кэнники биһигини холобур оҥостон, тэрийэн барбыттара.

Елена Макаринская