Алаҕарга Алтан Сарын күнэ буолла

Балаҕан ыйын 15 күнүгэр Чурапчы улууһун Алаҕар нэһилиэгэр историяҕа киирэр биир бэлиэ күн буолан ааста. Ол курдук, сахаттан биир бастакы идэтийбит тыл үөрэхтээҕэ, лингвист-учуонай, суруйааччы Гавриил Васильевич Баишев – Алтан Сарын төрөөбүтэ 125 сылыгар анаммыт тэрээһиҥҥэ ыраахтан-чугастан ыҥырыылаах ыалдьыттар, хаан-уруу аймахтара тоҕуоруһа муһуннулар.
Иннинээҕи күннэргэ ардахтаах силбик халлаан турбут эбит буоллаҕына, бу күн айылҕа барахсан былыттарын кыйдаан, күлүмүрдэс көмүс күһүн кэрэ мөссүөнүн көрдөрөн, кэлбит ыалдьыттары аламай маҥан күнүн сардаҥаларынан сыламната көрүстэ.


Дьоро күн саамай долгутуулаах түгэнинэн нэһилиэк килбэйэр киинигэр, Алтан Сарыҥҥа аналлаах мэҥэ таас аһыллыыта, олохтоох түмэлгэ анал стендэ, култуура дьиэтигэр улуу киһибитигэр анаммыт кинигэлэр, суруйуулар быыстапкаларын сүрэхтэниилэрэ буолла. Бу үтүө тэрээһиҥҥэ Саха Республикатын Култуураҕа миниистирин бастакы солбуйааччы Афанасий Ноев, Ил Түмэн депутата Павел Ксенофонтов — Ойуур Байбал, ХИФУ Төрүт омуктар тылларын институтун директора Гаврил Торотоев, улуус салалтатыттан Афанасий Дьячковскай, Г.В.Баишев – Алтан Сарын аймахтара, олохтоох нэһилиэнньэ кыттыыны ыллылар.
Саха норуота төрөөбүт тылынан сайа саҥарарын туһугар олоҕун анаабыт улуу киһибит аатын үйэтитиигэ үлэлэһэр хаан-уруу аймаҕа Руслан Алексеевич Баишев үбүлүөйдээх сылга анаан сүүрэн-көтөн, аймахтарын көҕүлээн, бу күн Алтан Сарыҥҥа аналлаах мэҥэ бэлиэ (пааматынньык) үөрүүлээх быһыыга-майгыга арылынна. Пааматынньыгы биллэр скульптор Николай Огонеров чочуйан оҥорбут. Эдэркээн Алтан Сарын икки илиитин өрө көтөҕөн, кинигэтин туппутунан, будьурҕай баттаҕа, көстүүмүн тэллэҕэ, моонньугар эрийэ бырахпыт саарпыга сиккиэр тыалга тэлимнээн, киэҥ аартыгы арыйан, кэскиллээҕи түстүүр уобараһа бар дьон сүргэтин көтөхтө.
Руслан Алексеевич үбүлүөйдээх сылга өссө туох үлэ-хамнас былааннаммытын бар дьоҥҥо билиһиннэрдэ. Алтан Сарын “Тоҕус этиҥ тойуга” кинигэтэ саҥардыллан “Айар” кинигэ кыһатыгар тахсыахтааҕын, “Саха” көрдөрөр-иһитиннэрэр хампаанньа каналыгар анал документальнай киинэ оҥоһулла сылдьарын, инникитин Саха драматическай театра Алтан Сарын олоҕун көрдөрөр испиэктээҕи туруорар былааннааҕын бу күн тоҕуоруспут улуу киһи биир дойдулаахтара, аймахтара олус үөрэ, долгуйа иһиттилэр. Улуу киһилэригэр сүгүрүйэн тыыннаах сибэкки дьөрбөлөрүн мэҥэ бэлиэҕэ уурдулар.
Дьоро күн үөрүүтүн “Туймаада” вокальнай ансаамбыл ырыаһыттара ыллам ырыаларынан киэргэтэн, бар дьоҥҥо эҕэрдэ кэнсиэрдэрин бэлэхтээтилэр. Үрдүкү сыанаттан Алтан Сарын суруйан хаалларбыт айымньылара хоһоон буолан доргуччу ааҕыллан, ырыа буолан дьиэрэччи ылланан, номоҕон бэйэлээх ыраас мөссүөнэ бар дьонун диэки унаарыччы көрөн олороро үгүс дьону долгутта, кини сахатын норуота кэлэр кэскиллээх буоларын туһугар турууласпыт үлэтэ-хамнаһа биир дойдулаахтарыгар киэн туттууну үөскэттэ.
Галина ПОЛУСКИНА,
Чурапчы, Чыаппара.