Ааспыт 2023 сылга, Алаҕар нэһилиэгин гербэтин (тус бэлиэтин) оҥоруутугар күрэх биллэрэннэр, күрэх кыайыылааҕынан РФ худуоһунньуктарын Сойууһун чилиэнэ, СӨ култууратын туйгуна, Алаҕар нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо Иннокентий Петрович Попов эскииһэ ааттаммыта.
Онтон бу күннэргэ, бөһүөлэккэ үөрүүлээх сонун кэллэ. Ол курдук бу тус бэлиэ РФ Геральдическай Сэбиэтигэр бигэргэнэн, анал нүөмэрдээх сибидиэтэлистибилэннэ. Онон, Алаҕар нэһилиэгэ туспа гербэлэнэр, былаахтанар быраабы толору ылла!
“Халлаан күөҕэ өҥҥө даллаччы туттубут көмүс (саһархай) кынаттаах, сырдык (үрүҥ) түөстээх күөрэгэй чыычаах. Күөрэгэй – эдэрдии эрчими, эрдэһит, үлэһит ырыа куттаах Алаҕар дьонун-сэргэтин бэлиэтиир символ буолар. Оттон гербэ аллараа өттүгэр от күөҕэ өҥнөөх үс сахалыы үүнээйи “сүрэх ойуу” – оҥолох-чоҥолох алаастарга таптал, уйгу-быйаҥ, үүнүү-сайдыы бэлиэтэ”, — диэн тус бэлиэ ааптара Иннокентий Петрович быһаарар.
“Иннокентий Петрович төрөөбүт дойдун сайдарын туһугар киллэрбит кырата суох кылаатыгар дириҥник махтанабыт уонна этэҥҥэ буолууну баҕарабыт. Кыайыылаах бирииһин мантан сайын нэһилиэк ыһыаҕар туттарыахпыт диэн мэктиэлиибит”, — диэн нэһилиэк Аҕа баһылыга Иван Оконешников иһитиннэрдэ.
Сэмэн Жендринскэй