Алаҕардар анал байыаннай дьайыыга сэмэй кылааттарын киллэрсэллэр

Чурапчы улууһугар анал байыаннай дьайыыга сулууспалыы сылдьар байыастарбытыгар көмөлөһүү тиһигин быспакка салҕанан бара турар.

Бүгүн, о.э олунньу 6 күнүгэр, Алаҕар нэһилиэгин олохтоохторун ааттарыттан, Тамара Лыткина көҕүлээһининэн нэһилиэк дьаһалтата, Дьокуускай куоракка киирэннэр 186 устуука окуопа чүмэчитин “Саха сирэ эйигинниин” анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын өйүүр туһааннаах уопсастыбаннай хамсааһын байыаннай пуунугар (Дьокуускай куорат, Орджоникидзе аатынан уулусса 10 нүөмэрдээх дьиэ 2-с этээһигэр) туттаран таҕыстылар.

“Хас биирдиибит, дойдубутун көмүскүү сылдьар хорсун-хоодуот уолаттарбытыгар көмөлөһөр санааттан кыһаллан, сэмэй кылааппытын киллэрсэргэ, бүтүн нэһилиэгинэн кыралыын-улаханныын туора туран хаалбакка ылсан үлэлэстибит. Хас биирдии дьиэ кэргэҥҥэ бу көмө аахсыйаҕа кыттыы элбэх иитэр-үөрэтэр суолталаах буолла, төрөппүт уонна оҕо кыһаллан туран чүмэчилэри оҥордулар. Бу иннинэ 15 миэтэрэ усталаах маскировочнай сиэккэни, 160 устуука сиэлтэн сахалыы оһуордаах харысхаллары оҥорон туттарбыппыт. Бу иннинэ сулууспалыы сылдьар Степан Осиповка дрон ылынарыгар анаан 100-тэн тахса тыһыынча суумманы хомуйан ыыппыппыт. Билигин биһиги нэһилиэктэн төрүттээх үс уолбут анал байыаннай дьайыыга кыттыыны ыла сылдьаллар. Түгэнинэн туһанан нэһилиэкпит бары олохтоохторугар, тэрилтэлэрбит салайааччыларыгар, кэлэктииптэргэ, уопсастыбаннай түмсүүлэрбитигэр, түөлбэбит ытык-мааны кырдьаҕастарыгар дириҥник махтанабыт”, — диэн Алаҕар нэһилиэгин дьаһалтатын сүрүннүүр исписэлииһэ Прасковья Сивцева эттэ.

 

Сэмэн Жендринскэй