Алаҕар нэһилиэгэр хорсун байыас Илья Протодьяконов аатын үйэтитэр үтүө дьаһаллар буоллулар

Бэҕэһээ о.э. олунньу 25 күнүгэр, Алаҕар нэһилиэгэр, Аҕа дойдуну көмүскээччилэр күннэринэн чэрчитинэн, биир дойдулаахпыт, анал байыаннай дьайыы толоонугар дьоруойдуу охтубут, “Эр санаа” уордьан кавалера, Хотугу Кавказ сэриитин бэтэрээнэ Илья Борисович Протодьяконов сырдык, үтүө аатын үйэтитэр дьаһаллар буолан аастылар.

“Бу күн, Чыаппара сэлиэнньэтин олохтоохторугар, уолларын бойобуой суолун, оонньоон-көрүлээн ааспыт алааһыгар чаҕылхай олоҕун туһунан документальнай киинэ сүрэхтэннэ. Бэйиэт Дмитрий Федоров-Оһуохай Уолун тылларыгар, Руслан Гоголев матыыбыгар саҥа ырыа айыллан ылланна, ыспартыыбынай саалабытыгар уолбутугар аналлаах истиэндэ оҥоһуллан ыйанна.

 Маны таһынан Илья Протодьяконов кэриэһигэр хамаанданан, биирдиилээн бастыыр иһин оҕолорго, улахан дьоҥҥо, итиэннэ 65-тэн үөһэ саастаах бэтэрээннэрбитигэр аналлаах күрэхтэһии ыытылынна. Күрэхпитигэр барыта холбоон 16 хамаанда, 71 киһи кэлэн кытынна”, — диэн Алаҕар нэһилиэгин Аҕа баһылыга, успуорт улахан салайааччыта Иван Иванович Оконешников кэпсээтэ.

Дьоруойдар ааттара үйэ-саас тухары биһиги өйбүтүгэр-санаабытыгар мэлдьи хаалыаҕа!

 

Сэмэн Жендринскэй