Хирург үлэтэ медицинэҕэ суһал дьайыыны эрэйэр саамай экстремальнай идэ. Эт-сиин уонна өй-санаа ноҕоруускатын эрэйэр үлэҕэ киһи эрэ барыта ылсыбат. Хирурдар хамнастара да Россияҕа олус үрдүгэ суох: үгүс судаарыстыбаннай балыыһаларга бүддьүөт ыстаапката эрэ көрүллэр. Кэмиэрчэскэй медицинскэй кииннэргэ да үрдүк гонорары пластическай хирургия быраастара эрэ ылаллар.

Хирург, ыарахан идэҕэ киирсэрин туһунан устудьуон өссө үөрэнэр сылларыгар билэр, ол иһин үгүстэр медицинэ арыый чэпчэки салаатыгар көһөллөр. Холобура, 35 киһилээх куурустан 1-2 эрэ устудьуон хирург идэтин талар. Эдэр киһи аҥаардас хааны көрөртөн куттанар буоллаҕына, кини үчүгэй быраас буолбат. Оттон сорохтор: «Туохха барытыгар үөрэниэххэ сөп баҕа санаа, дьаныар уонна туруоруммут соругу толорорго дьулуһуу баар буолуохтаах, оччотугар уолуһуйбат буолуу бэйэтэ бириэмэтигэр кэлиэҕэ», — дииллэр. Туох да диэбит иһин, хирурдар балыыһа ахсын  наадалар.

Бэйэм 2010 сыллаахха үөрэхпин бүтэрэн, министиэристибэ анааһынынан идэбинэн миэстэ көстүбэккэ, маҥнай терапевт бырааһынан үлэлии, төрөөбүт Чурапчым улууһугар кэлбитим. Онно улуус кылаабынай бырааһа Александр Иннокентьевич Коркин ыҥыран: Вячеслав Егорович үлэлээн бүтэн баран эрэр онон биир хирург миэстэтэ таҕыста. Билигин хирургия отделениетыгар тиий, сэбиэдиссэй Василий Андреевич Гоголевы көрүс, кинини кытары кэпсэт уонна оттон табылыннаҕына, сарсыҥҥыттан хирург  үлэтин кытары билсибитинэн барыаҥ”, — диэтэ. Испэр кыра долгуйуу, ол эрэн быыһыгар үөрүү баара, ол кэмҥэ хирург буолуохпун олуһун диэн баҕарарым. Таас балыыһаҕа тиийэн, иккис этээскэ тахсан, ординаторскай хоһун аанын арыйбыппар, Василий Андреевич олороро. Ол иннинэ үрдүкү категориялаах, биллиилээх хирург диэн истэн билэр этим. Киирээт: “Андрей Егорович Захаров диэммин, эһиэхэ интеринэн ананан кэллим”, – диэбиппэр тута “эс” дии түстэ, онтон толкуйдаата быһыылаах: “Ээ, арба, Вячеславпыт баран эрэр этэ, ол кини оннугар оччоҕо ыыттахтара буолуо”, — диэтэ. Сарсыҥҥыттан үлэлиирбин биллэрэн, отделение иһин кэрийэ сылдьан көрдөрдө, сиэстэрэлэри кытары билиһиннэрдэ. Инньэ гынан, атырдьах ыйын 1 күнүттэн үлэбин саҕалыахтаах киһи, от ыйын бүтүүтэ “билсэ таарыйа” диэн үлэбин эрдэлээн саҕалаабытым.

Оччолорго көмпүүтэргэ толоруу диэн өссө киирэ илигэ, илиинэн суруйарбыт. Буочарым мөлтөх да буоллар, кыһаллан туран суруксуттуу сатыырым. Маҥнай ыарыһахтары кэрийэн көрөрбүт, оччолорго эдэр уолаттар  Василий Саввич Попов, Николай Сергеевич Сивцев (билигин балыыһа кылаабынай бырааһа) үлэлии сылдьаллара. Бастаан утаа, дневник үлэтин түргэнник суруйан бүтэрэрим уонна саҥа үлэлии кэлбит киһи быһыытынан ону-маны кэпсэтиэхпин толлор да курдугум. Ол да иһин буолуо, сиэстэрэлэр хосторугар, үлэбин эрдэ бүтэрбит киһи сиэринэн чэй иһэн бараммын, тэлэбиисэр көрө олордум. Арай аан таһынан Василий Андреевич операционнай саала диэки ааһар, онтон эпэрээссийэлээн бүтээт, төттөрү ааһан иһэн көрдөҕүнэ, эмиэ олорор буолабын. Нөҥүө күн планерка буолбутугар эттэ: “Бу саҥа уолбут хайдах эрэ сүрэҕэ суох баҕайы быһыылаах, көрдөхпүнэ наар тэлэбиисэр иннигэр олорор буолар”. Онуоха мин: “Эс, үлэбин бүтэрбитим”, — диибин. Ону кини: “Андрей эн өйдөө, хирургияҕа үлэ хаһан даҕаны бүппэт, син биир үлэ баар”, — диэн быһаарбыттааҕа. Инньэ гынан, хара сарсыардаттан киэһэ хойукка диэри ыарыһахтары көрөн, сурук үлэтин толорон,  “Суһал көмө” үлэһиттэригэр көмөлөһөн үлэлиир буолбутум. Бастакы билсиһиибит күннэрэ ити курдук ааспыттара.

Оччолорго миигин эдэр диэннэр, дьуһуурустубаҕа өссө туруорбат этилэрэ, көннөрү көрөөччү эрэ быһыытынан сылдьарым. Оттон иккис нэдиэлэбэр үлэлии сылдьан киэһэ дьиэлээри сырыттахпытына, муҥура ыалдьыбыт оҕону киллэрдилэр. “Чэ, Андрей Егорович, киирдибит”, — диэн буолла. “Ханна?” – диибин. “Эпэрээссийэҕэ, хирург буолан баран, барытын сатыыр буолуохтааххын, мин барытын көрдөрөн биэриэм”, — диир. Суунан-тараанан киирдибит, аттыбар туран эрэ: “Чэ, оҥор. Хайдах оҥоһулларын билэҕин”, — диэтэ. Һуу, мин сирэйбэр-харахпар уу-хаар бөҕө түстэ. Маҥнай долгуйуу бөҕө буоллахпыт. Оҥоро турар бириэмэбэр кини аттыбар туран барытын кэпсиир, быһаарар, инньэ гынан хайдах эрэ эрэх-турах эпэрээссийэлээтим. Муҥурдаахпытын оҥорон түмүктээт: “Һуу, хата табылынна”, — диэтим. Ону кини: “Суох, инньэ диэмэ Андрей, үтүөрэн таҕыстаҕына биирдэ үчүгэйдик табылынна диэр”, — диэн сүбэлээтэ. Хата этэҥҥэ кыыспыт үтүөрэн, онус күнүгэр балыыһаттан тахсан барбыта.

Ол сылдьан, сиэстэрэлэргэ “эдэр уол үчүгэй эбит, тигиитэ эҥин аккуратнай” диэн сэмээр сылдьан эрэ хайҕыыр эбит. Ону кэлин истэр буоллаҕым… Инньэ гынан интернатурам аҥарын Чурапчыга барбытым. Сылым аҥаарын куоракка тиийэн ааһарбар, номнуо уопуттаах киһи тиийбитим. Үлэлээбит кэмим иһигэр бэйэм 20-чэ муҥурдааҕы оҥорбутум, ону таһынан ассистеннаабытым элбэх этэ. Оччолорго уолаттар сүрдээҕин оҥороллоро, онно барытыгар Василий Андреевич ыҥыран олус үчүгэйдик быһаарара, көрдөрөрө, туох баар уопутун барытын кытары үллэстэр этэ. Куоракка тиийбиппэр: “Хантан кэллиҥ?” – диэн ыйыталлар. Чурапчыттан сылдьарбын билэннэр, тугу даҕаны ыйыта барбакка: “Бэйэҥ бараҥҥын оҥор”, — эрэ дииллэрэ.

Интернатурабыт салайааччыта Николай Михайлович Гоголев диэн Василий Андреевич улахан табаарыһа: “Оок, Василий Андреевич уолаттара куруук үчүгэй буолааччылар”, — диирэ. Оччолорго рефераппын барытын толору сурунан тиийбитим, ону атыттарга: “Көрүҥ эрэ, бу тыа уолаттара барытын сурунан кэлбиттэр, оттон эһиги буоллаҕына хас эмэ ыйы быһа тугу да суруйбаккыт”, — диэн атын интернэрин мөҕөр этэ. “Чурапчылар оскуолалара олох үчүгэй” диэн мэлдьи хайҕыыр буолара. Кини туох баар эпэрээссийэлэргэ көмөлөһөрө, батыһыннара сылдьан көрдөрөрө, чуолкайдык, хайдах баарынан оҥортороро.

Бэйэм кэммэр улуустааҕы Григорий Никонович Алексеев аатынан хирургия отделениетыгар төрдүө буолан үлэлээбиппит: сэбиэдиссэйбит Василий Саввич Попов, хирург Илья Владимирович Оконешников, хирург-эндоскопист Иона Анатольевич Михайлов, трамватолог Алексей Александрович Леонтьев  уонна бэйэм хирург-онколог этибит.

Василий Андреевич киһи быһыытынан сүрдээх элэккэй, кэпсэтинньэҥ, барыларыгар “хампаанньа дууһата” этэ. Аны үлэтин таһынан оччотооҕуга улуус мунньаҕын дьокутаатынан үлэлиирэ. Ол да иһин буолуо, ис-тас бэлиитикэ өттүгэр олус үчүгэйдик быһаарсара. Кэнники бэйэм эмиэ нэһилиэк дьокутаатынан талыллыбытым кэнниттэн сарсыарда эрдэ кэлэммит үлэбититтэн быыс булан, элбэҕи кэпсэтэр этибит. Улуус олоҕун наһаа сэргээччи. Итини таһынан айылҕа киһитэ буоларын быһыытынан үгүстүк булка сылдьара, бириэмэлэннибит эрэ биир киһини дьуһуурустубаҕа хаалларан баран, түмсэммит бултуу барарбыт, чугас алаастарынан кустаан, туртастаан кэлээччибит. Кини эдэр уолаттары кытары сылдьан буолуо: “Эдэрдэри кытары сылдьан, бэйэм олох эдэр курдукпун, хаһан даҕаны кырдьыам суоҕа”, — диэн этээччи. Бэйэтэ үлэтиттэн уоппуска ыллар эрэ, атын оройуоннарга контрагынан үлэлии барара. Уоппускаҕа да бардаҕына  уһуннук сынньаммат этэ, атын улуустарга тиийэн мэлдьи көмөлөһөрө. Холобура, Тааттаҕа, Хаандыгаҕа сылдьыбытын билэбит. Кини уопуттаах хирург буолан, наар ыҥырыыга сылдьара. Билигин кини суох буолбутун да иһин, кини “туйаҕын хатарааччылара” эмиэ кинини үтүктэн, кини сырдык аатын санаан, мэлдьи истиҥ эрэ тылларынан ахтабыт, кини уопутун тарҕатаары бара-кэлэ үлэлиибит, атын улуустарга сылдьыталыыбыт.

Василий Андреевич Гоголев үтүө санаалаах хирург этэ. Ол да иһин буолуо, Чурапчы хирура ханна эмэ тиийдэҕинэ, бастаан Василий Андреевиһы саныыллар.  Ол курдук, үтүө киһи аата үйэлэр тухары умнуллубат дииллэринии, кини доруобуйа харыстабылын сайдыытыгар сүппэт суолу-ииһи хаалларда.

 

 

Андрей ЗАХАРОВ, СӨ доруобуйатын харыстабылын, СӨ ыччат политикатын туйгуна, Дьокуускай куораттааҕы мобильнай быраастар кииннэрин онколог-бырааһа

Бэлэмнээтэ Сэмэн ЖЕНДРИНСКЭЙ