Айаана Иванова: «Уруһуй киһини уоскутар күүстээх»

Киистэ күүһүнэн кумааҕыга тулалыыр эйгэни ойуулаатахха, «уу, олох көрөн, тутан олорор курдук хоһуйбут», — диэччилэр. Оннук биир уруһуйдьутунан талааннаах худуоһунньук, эбии үөрэхтээһин педагога Айаана Иванова буолар. Кини айар үлэтин, эбии дохуоттаныы туһунан сэһэргээтэ.

— Айаана, үтүө күнүнэн! Баһаалыста, бэйэҥ тускунан билиһиннэр эрэ.

— Мин Чурапчытааҕы муусука оскуолатыгар художественнай салаа Хатылытааҕы филиалыгар үөрэммитим. 2006 сыллаахха Дьокуускайдааҕы художественнай училищеҕа кыраасканан уруһуйдуур худуоһунньук (живописец) идэтигэр үөрэнэ киирбитим. Салгыы үөрэхпин үрдэтинэн Арктикатааҕы култуура уонна ускуустуба үнүстүүтүгэр туттарсыбытым. Манна биллэр-көстөр саха худуоһунньуга Марианна Лукинаҕа уһуйуллубут дьоллоохпун. Идэбин толору баһылаан, дойдубар Чурапчыга кэлбиппэр Хатылы нэһилиэгин дьаһалтатын үлэһитэ социальнай хантыраак куонкуруһугар кыттарга сүбэлээбитэ. Толкуйдаан баран, холонон көрөргө санаммытым. Бизнес-бырайыак суруйан, хамыыһыйаҕа көмүскээн, үлэм биһирэнэн, сөбүлэҥ түһэрсибитим. Ол курдук, судаарыстыбаттан 190 тыһыынча суумалаах көмө ылан, «Иэйии» арт-устуудьуйа арынан үлэлэппитим. Дьону үөрэтэрбин сөбүлээн, 2018 сыллаахха «Үөрүү» оҕо дьоҕурун сайыннарыы кииҥҥэ эбии үөрэхтээһин педагогунан үлэлии киирбитим. Бу сүрүн үлэбин кытта дьүөрэлээн «Чуораанчык» уһуйааҥҥа оҕолорго уруһуй куруһуогун ыытар этим. Билигин оҕолонон, кырачааммын көрөн олоробун. Үс уол оҕолоохпун.

— Арт-устуудьуйан үлэтиттэн кылгастык кэпсии түс эрэ.

— Бу дьоҕус устуудьуйабар улахан дьоҥҥо уруһуйга маастар-кылаастары тэрийбитим. Баҕалаах дьон кэлэн дьарыктаммыттара. Уруһуйдуурга туттуллар матырыйалларынан хааччыллыбыттара. Үлэбит түмүгүнэн «Иэйии» устуудьуйа иитиллээччилэрэ Антонина Петрова эмтэнэригэр аналлаах аһымал аахсыйаҕа кыттыһан, быыстапка тэрийбиппит.

— Иллэҥ кэмҥэр төһө уруһуйдааччыгыный?

— Иллэҥ бириэмэбэр харандааспын туттум да, дьон мэтириэтин уруһуйдаабытынан барабын. Билиҥҥи үйэҕэ киһи эбии дохуот көрдөнөрө тоҕоостоох. Онон сакааска мэтириэттэри уруһуйдуубун уонна кэрэ аҥаардарга сэбэрэлэрин тупсаран макияж оҥоробун. Маны таһынан үлэбэр ыҥырдахтарына, үөрэ-көтө маастар-кылаас ыытаччыбын.

— Кэрэ сэбэрэ кистэлэҥнэригэр анал үөрэҕи ааспытыҥ дуо?

— Оннук. Дьокуускай куоракка 2019 сыллаахха Ольга Холмогорова кууруһугар үөрэммитим.

— Быйыл Чурапчы нэһилиэгэ төрүттэммитэ 375 сылынан улууспут килбэйэр киинигэр саҥа мурал баар буолбута. Ону эн уруһуйдаабытыҥ. Бу арт-эбийиэги ким толкуйдаабытай?

— Нэһилиэк дьаһалтатын сакааһынан, кинилэр логотиптарынан, Новгородов алпабыытын буукубаларынан суруллубут «Чурапчы» диэн тылы ойуулаах гына уруһуйдаабытым. Буукубалар истэригэр баар уруһуйдары бэйэм эскистээбитим. Бу үлэбинэн Чурапчы үлэһит дьонунан баайын, тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанар улуус, успуорт туоната буоларын тиэрдэ сатаатым.

— Маннык айымньылары эрдэ оҥоро сылдьыбытыҥ дуо?

— Саха сиригэр биллэр-көстөр худуоһунньук, биир дойдулаахпыт Кыдаана Игнатьева эскииһинэн Дириҥ бөһүөлэгэр дьон олорор уопсай дьиэтин муралынан киэргэппитим.

— Эн санааҕар, уруһуйдуурга иэйии наада дуо?

— Иэйии кэлбэтэҕинэ, киһи илиитэ төрүт баран биэрбэт. Ситиһиилээх, таһаарыылаах үлэ иэйииттэн саҕаланар.

— Тугу сөбүлээн уруһуйдааччыгыный?

— Хаартыскаттан үтүгүннэрэн дьон мэтириэттэрин графика истиилинэн уруһуйдуурбун сөбүлүүбүн. Графика диэн хара-маҕан харандааһынан уонна акрил кыраасканан уруһуйданар. Килийиэннэр сакаастарын тутан, астыналларыттан үөрэбин аҕай.

— Үлэҕэр тугу ордук тутуһаҕыный?

— Бастатан туран, уруһуй сүрүн быраабылаларын, кээмэйдэри тутуһабын. Дьон пропорциятын, мимикатын, сирэйдэрин быһыытын бэйэтинэн тиэрдэ сатыыбын.

— Сакаас төһө киирээччиний?

— Син киирэр. Ордук араас бырааһынньыктарга бэлэх оҥороору сакаастааччылар. Үксүгэр дьонтон истэн уонна Арассыыйаҕа көҥүллэммэт социальнай ситимтэн көрөн кэлээччилэр.

— Сүрүн үлэҕэр киирдэххэ, оҕолору үөрэтэргэр туох ньымалары туһанаҕын?

— Миигин уруһуй куруһуогар ийэм киллэрбитэ. Бастакы дьарыкка, төрүт уруйдаабат киһини улахан кылаас оҕотун кытта кэккэлэһэ олордубуттара. Учууталым ол кыыс хайдах уруһуйдуурун, ханнык өҥнөрү туһанарын көрөн, үтүктэн ис диэбитэ. Оҕо оҕоттон түргэнник үөрэнэр диэбиттии, уруһуй сүрүн сатабылларыгар түргэнник ылсыбытым. Ол иһин, ону холобур оҥостон бэйэм үөрэнээччилэрбэр үтүгүннэрэн уруһуйдатабын. Үөрэх чааһын таһынан, оҕолор интэриэстэрин тардан таҥаска уруһуйдатааччыбын. Оҕолор бэйэлэрин идиэйэлэринэн блескалаан киэргэтэн биэрээччилэр. Улахан дьоҥҥо ыытар маастар-кылаастарбар хаартыскаттан үтүгүннэрэн уруһуйдатабын.

— Иитиллээччилэрин ситиһиилэриттэн кыратык үллэстэрин буоллар.

— Уруһуй куонкурустара үксүгэр кэтэхтэн буолар. Ол иһин бүтүн Арассыыйатааҕы, өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкурустарга көхтөөхтүк кыттабыт, ситиһиилэр элбэхтэр.

— Киистэ алыптаах эйгэтин билиһиннэрбит учууталыҥ кимий?

— Бу кэрэ эйгэни билиһиннэрбит учууталым Иван Степанович Билюкин буолар. Кини оҕолору үөрэтэр ураты ньымалаах. Хас биирдии оҕо ханнык көрүҥҥэ дьоҕурдааҕын, тугу сөбүлээн уруһуйдуурун, ханнык кэмҥэ иэйиитэ киирэрин анал халандаар курдукка бэлиэтэнэн иһэрэ. Маны таһынан оҕо араас куонкурустарга ылбыт ситиһиитин дьон көрөр истиэнэтигэр ыйыыра. Ону куруһуок иитиллээччилэрэ көрөн, үрдүккэ тардыһыыбыт күүһүрэрэ. Сайын оҕолору тыраахтарынан сайылыкка биир ыйдаах лааҕырга уруһуйдата илдьээччи. Убаастыыр учууталбар Иван Степановичка кыһамньытыгар махталым муҥура суох.

— Сөбүлүүр худуоһунньугун?

— Аан дойдуга аатырбыт нуучча худуоһунньуга, коллекционер, меценат Иван Айвазовский. Кини үлэлэригэр айылҕа кэрэтин, муораҕа күн киириитин, тахсыытын үрдүк мастарыстыбалаахтык тиэрдэр. Чулуу худуоһунньук үлэлэрэ аан дойдуга аатырар. Кини уруһуйдарын көрдөххө, киһи уоскуйар.

— Бэйэҕэр туох үэлэлэр баалларый?

— Ордук сакааска оҥорор буоламмын бэйэбэр хаалбат. Аҕыйах декоративнай хартыыналардаах этим да, номнуо дьоҥҥо бэлэхтээбитим. Дьиэ кэргэммин уруһуйдаабыттарбын ийэбэр көрө сылдьарыгар анаан бэлэхтээбитим. Саппыкыта суох саппыкыһыт диэн итини этэн эрдэхтэрэ (күлэр).

— Түмүккэ тугу этиэҥ этэй?

— Киһи барыта уруһуйдуур кыахтаах. Ускуустуба уонна айар үлэ киһини сынньатар, уоскутар, эппиккэ дылы, санааҕа ылларыыттан босхолуур күүстээх. Онон хаһыат ааҕааччыларыгар сатаабат да буоллаххытына, тугу сөбүлээбиккитин дуоһуйа уруһуйдааҥ, настырыанньаҕытын көтөҕүҥ, иллэҥ бириэмэҕитин туһалаахтык атаарыҥ.

Айаана, кэпсээниҥ иһин махтал! Айымньылаах үлэҕэр, тус олоххор ситиһиилэри баҕарабын.

Марфа Петрова.