Аиза Решетникова — муусука ускуустубатын тыыннаах устуоруйата (Чурапчылар биир дойдулаахтарын кэриэстииллэр)

Өрөспүүбүлүкэбит норуоттарын Муусукатын уонна фольклорун мусуойун төрүттээбит Арассыыйа үтүөлээх, СӨ норуодунай артыыһа, ССРС Композитордарын сойууһун чилиэнэ, устуоруйа билимин хандьыдаата, Ирина Архипова Пуондатын бириэмийэтин лауреата, култуура, ускуустуба кэрэ эйгэтин ытык-мааны киһитэ Аиза Решетникова бэҕэһээ, о.э. ыам ыйын 10 күнүгэр күн сириттэн букатыннаахтыы күрэннэ.

Түөрт сыл анараа өттүгэр Суорун Омоллоон  аатынан Опера уонна балет тыйаатырыгар “Ыра санаа туолуохтун!” диэн кини үбүлүөйдээх айар киэһэтэ муусукаҕа сүгүрүйээччилэри, муусуканы дьиҥнээх сыаналааччылары түмпүттээҕэ Оччотооҕу СӨ Култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга миниистирэ Юрий Куприянов эҕэрдэ тылыгар бэргэнник эппитинии, Аиза Решетникова – Саха сирин мусукаалынай ускуустубата сайдыытын тыыннаах устуоруйатынан буолар!

Чурапчы – дьикти дойду

Кырдьык, Чурапчы – дьикти дойду – Тарас Местниковтан, Петр Решетниковтан саҕалаан, “Ленин” уордьаннаах Виктор Саввин, Саха бастакы балерината Аксения Посельская, талааннаах артыыс Слепцовтар, Аграфена Макарова уонна бүгүн ахтар киһибит Аиза Решетникова курдук, үгүс элбэх култуура, ускуустуба диэйэтэллэрин, айылҕаттан айдарыылаах артыыстары, кэрэ куоластаах ырыаһыттары, суруйааччылары өрөспүүбүлүкэҕэ бэлэхтээтэ. Кылаабынайа — талааннар, силис тардан, тахса тураллар!

Аҕа Кэс тыла

Олоҕун  бүтүннүү муусукаҕа анаабыт Аиза Решетникова – театральнай дьиэ кэргэн оҕото. Төрөппүттэрэ иккиэн Саха драматическай тыйаатырын номоххо киирбит артыыстара. Саха сиригэр элбэх талааннаах дьону бэлэхтээбит Чурапчы улууһун Бахсы нэһилиэгиттэн төрүттээх  аҕата Петр Михайлович Решетников (1915-1960) – РСФСР уонна САССР норуодунай артыыһа, режиссер, тыйаатыр диэйэтэлэ. 130-тан тахса оруолу айбыта. Саха артыыстарыттан биир бастакынан “Следы на снегу” (“Ленфильм”, 1955) уус-уран киинэҕэ уһуллубута.

Аиза ийэтэ — саха балетын биир бастакы солистката, тыйаатыр артыыската, Саха сиригэр бастакы Тааттатааҕы норуодунай тыйаатыры төрүттээбит Ирина Михайловна Максимова (1919-1991). Онон, кыысчаан оҕо сааһа эрэпэтииссийэлэр, испэктээктэр, кэнсиэрдэр быыстарыгар, Саха тыйаатырыгар кулиса кэтэҕэр ааспыта. Тыйаатыр оҕотун, биллэн турар, муусукаҕа эрдэ биэрбиттэрэ. Оттон бу муусука кэрэ эйгэтигэр бастакы учууталынан Саха сиригэр Литваттан көһөрүллүүгэ кэлбит Г.М. Тувье буолбута. Аиза оскуолаҕа эмиэ үчүгэйдик үөрэммитэ. Дьокуускайдааҕы Оҕо мусукаалынай оскуолатыгар Аизаны Г. Миклашевская уонна Г. Рубан үөрэппиттэрэ. 1959 сыллаахха Дьокуускайга Саха сирин ыччаттарын уонна устудьуоннарын I бэстибээллэрэ ыытыллыбыта. Манна, пианистар куонкурустарыгар Аиза Решетникова иккис миэстэҕэ тахсыбыта.

Талааннаах кыысчааны Москваттан кэлэ сылдьар дьүүллүүр сүбэ бэрэссэдээтэлэ таба көрөн, Киин мусукаалынай оскуола 7-с кылааһыгар ыҥырбыта. Кини манна, аатырбыт Полина Розинскаялыын бииргэ үөрэммит О.А. Голубова кылааһыгар ылыллыбыта. Онон, Аиза 1964 сыллаахха П.И.Чайковскай аатынан Москватааҕы консерватория иһинэн Киин мусукаалынай оскуоланы, 1971 сыллаахха консерватория фортепианоҕа факультетын (доцент В.И. Носов) үөрэнэн бүтэрбитэ, онтон 1974 сыллаахха ассистентура-стажировканы (профессор Г.Б. Аксельрод) ситиһиилээхтик ааспыта.  Аиза Петровна таптыыр учууталларын бука барыларын махтана ахтара. Москваҕа үөрэнэр сылларыгар саамай өйөөбүт, көмөлөспүт киһитинэн, бастатан туран, тапталлаах аҕата Петр Михайлович буолбута. Кыысчаан Дьокуускайтан сурук кэлэрин кэтэһэр да этэ… “Эн – Москваҕа үөрэнэр дьоллоох киһигин! Киһиэхэ барытыгар ити тиксибэт. Онон, улуу куорат култууратыттан төһө кыалларынан барытын иҥэриниэхтээххин! Европаҕа Сырдатааччылар үйэлэрэ баара. Эн бэйэҥ норуотуҥ сырдатааччыта буолуохтааххын!”, — диэбиттээҕэ биир суругар Петр Михайлович. Аиза Петровна аҕатын Кэс тылын толорбута.


Сырдатааччы

Үөрэҕин бүтэрэн, тапталлаах Дьокуускайыгар кэлээт, Аиза Решетникова сольнай кэнсиэртэрин тута олус көхтөөхтүк,  киэҥник саҕалаабыта. Аудитория наадыйарын сэрэйэр буолан, Аиза Петровна хас биирдии кэнсиэрин, бэйэтин баҕа өттүнэн,  сүрэҕин этиитинэн, хайаан даҕаны олус интэриэһинэйдик, чаҕылхайдык киирии тыллыыра. Муусука, мусукааннар тустарынан дьон утаппыттыы истэр буолбута. Аиза Петровна кэпсиирэ үчүгэйэ, ис сүрэҕиттэн дьоҥҥо бэйэтин билиитин тиэрдиэн баҕарара, информацията элбэҕэ, интэриэһинэйэ, онуоха эбии куолаһа ис киирбэҕэ, бэйэтэ эмоциональнайа сөхтөрөрө. Үөрэ-көтө, мичээрдии сылдьар, дьоҥҥо аһаҕас, үтүө сыһыаннаах мусукаан дьон биһирэбилин ылыан ылбыта. Талааннаах пианистка уонна муусука туһунан онтон итэҕэһэ суох талааннаах кэпсээччи – бу сэдэхтик көстөр дьүөрэлэһии. 1971-1989 сылларга Аиза Решетникова 200-тэн тахса араадьыйанан  уонна 150-тан тахсата тэлэбиидэнньэнэн биэриилэри оҥорбута.  Өрөспүүбүлүкэ мусукаалынай, култуурунай олоҕун тоҕоостоох, сытыы боппуруостарыгар  хаһыаттарга, сурунаалларга үгүс ыстатыйалара бэчээттэммиттэрэ.  Кинини ССРС Композитордарын сойууһугар чилиэнинэн ылбыттара. Улуу композитордар Бах, Бетховен, Моцарт, Гайдн, Шуман, Чайковскай, Рахманинов о.д.а. айымньыларынан дирижер Галина Кривошапколыын кэнсиэрдэрэ “История фортепианного концерта” циклга киирбиттэрэ. “Якутская фортепианная музыка” циклга Саха сирин композитордарын Григорян, Комраков, Кац, Н. Берестов, З. Степанов,  В. Бочаров, о.д.а. фортепианоҕа аналлаах айымньылара толоруллубуттара. Оттон “Оонньуур уонна кэпсиир Аиза Решетникова” диэн икки отделениелаах алта монографическай кэнсиэрдэрэ Бах, Гайдн, Моцарт,  Бетховен, Чайковскай, Рахманинов айар үлэлэригэр анаммыттара. Аиза Решетникова чуолаан бу үлэтинэн Ирина Архипова Фондатын бириэмийэтин лауреатын үрдүк аатын ылбыта, кыһыл көмүс мэтээлинэн наҕараадаламмыта. Аиза Петровна сольнай кэнсиэртиир цикларыгар,  араадьыйанан, тэлэбиидэнньэнэн  биэриилэригэр классическай муусуканы сыаналыыр уонна таптыыр бүтүн көлүөнэлэр үүнэн тахсыбыттара диэтэххэ омун буолуо суоҕа. Концертмейстер быһыытынан Аиза Петровна араас сылларга ССРС норуодунай артыыһа Анегина Ильина-Дмитриева, РСФСР норуодунай артыыстара Матвей Лобанов, Анастасия Лыткина, о.д.а. сольнай бырагыраамаларын бэлэмнээбитэ. Айылҕаттан айдарыылаах Иван Степановы, Нина Чигиреваны кытта бииргэ айымньылаахтык үлэлэһэн кэллэ.  Аиза Решетникова коуч быһыытынан, РФ норуодунай артыыһа үрдүк ааты сүкпүт Альбина Борисова, СӨ үтүөлээх артыыһа, Италияҕа норуоттар икки ардыларынааҕы куонкурустар лауреаттара буолбут Анна Дьячковская айар дьылҕаларыгар сабыдыала муҥура суох. Кинилэр айар үлэлэрин туһунан Аиза Петровна төһөнү баҕарар, хайа баҕарар аудиторияҕа – ыраах улуустарга, тыа сирин кулуубугар да, Кремль Дыбарыаһыгар да мустубут дьоҥҥо олус умсугутуулаахтык кэпсиэн сөп. Бу Дьоро киэһэтигэр махталлаах уһуйуллааччылара Аиза Петровна талааныгар сүгүрүйээччилэргэ кэрэ ырыаларын-тойуктарын  бэлэхтээтилэр. Кинилэр ортолоругар талааннаах опера  солиһа Григорий Петров, Руслан Габышев салайааччылаах “Кыл Саха” ансаамбыл, Аксения уонна Наталья Посельскаялар ааттарынан Хореографическай колледж выпускниктара, тойуксут Варвара Обоюкова, уо.д.а. эмиэ бааллар.


Олоҥхо уонна нимнакан

Аиза Решетникова учуонай быһыытынан киэҥ өрүттээх научнай-чинчийэр үлэни ыытарын билэбит. Аҥардас, олоҥхоҕо үлэлэрин ылан көрдөххө — үйэ чиэппэрин устата кини 87 архыыбынай уонна бэчээккэ тахсыбыт саха олоҥхотун тиэкистэрин структурнай ырытыыларын оҥордо.

А.П. Решетникова “Саха олоҥхотун муусуката” концептуальнай үлэтин РНА СС “Сибиир уонна Уһук Илин норуоттарын фольклорун пааматынньыктара” 60 туомнаах академическай сиэрийэ рецензеннэрэ үрдүктүк сыаналаабыттара эмиэ үгүһү этэр. Аиза Петровна Решетникова төрүттээбит, тэрийбит Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуоттарын Муусукатын уонна фольклорун мусуойун (1991) туһунан тохтоло суох төһөнү баҕарар кэпсии олоруохха сөп. Оннук баай-талым матырыйаал буолар бу.  Саха сирин төрүт олохтоох омуктарын – сахалар, эбээннэр, эбэҥкилэр, дьүкээгирдэр, чукчалар, долганнар итиэннэ нуучча старожилларын үгэс буолбут култуураларын, фольклордарын туһунан наука түмпүт билиилэрин тарҕатыы, тэнитии – бу мусуой миссията. Онон, мусуой үлэтин сүрүн хайысхатынан хотугу аҕыйах ахсааннаах төрүт олохтоох норуоттар общиналарын кытта бииргэ үлэлээһин буолар. Ол курдук, кинилэр ХХ үйэҕэ сүтэ сыспыт үгэс буолбут сүрүн халандаарынай бырааһынньыктарын (“Бакалдын”, “Күнү көрсүү”, “Шахадьибэ”, о.д.а.) сөргүтэллэр, хотугу омуктар фольклордарын суруйаллар, үйэтитэллэр, экспонаттары бэлэмнииллэр. Үгэс буолбут култуураны билэр, өйдүүр дьону сыралаах үлэ түмүгэр буланнар, эбээннэр, эбэҥкилэр,  дьүкээгирдэр, Русскай-устьелар, о.д.а. фольклордара суруллар. Билигин мусуой сүрүн пуондатыгар икки тыһыынча кэриҥэ ахсааннаах ууруу-харайыы баар, оттон научнай-көмөлтө матырыйаал – 11 тыһыынчаҕа чугаһыыр. Аныгы олох хаамыытынан, мусуой киинэни оҥоруу араас жаанырдарын баһылыыр. Холобур – анимационнай. Ол курдук, Былатыан Ойуунускай “Дьулуруйар Ньургун Боотур” олоҥхотунан (саха норуодунай артыыһа Г.Г. Колесов эталоннай толоруута сүрүн буолбута) бастакы мультипликационнай киинэ, 7 омук тылынан дикторскай тиэкистээх, уһуллубута. Маны таһынан, хотугу аҕыйах ахсааннаах төрүт омуктар эпостарынан куукуланан бастакы мультипликационнай киинэлэр оҥоһуллубуттара. Учуонай, мусукаан 30 нимнакан электроннай таһаарыыларыгар күүскэ үлэлэстэ. Бу – Аиза Петровна ыытар, кини салалтатынан олоххо киллэриллэр сүҥкэннээхэй, киэҥ өрүттээх үлэ сорҕото эрэ буолар.

Аиза Решетникова төрүөҕүттэн интеллигенция, үрдүк култууралаах эйгэҕэ үөскээбит, иитиллибит, бастыҥ оскуолаларга, бастыҥтан-бастыҥ учууталларга үөрэммит, оҕо эрдэҕиттэн муусукаҕа сыстыбыт, Москуба курдук улуу куоракка олорбут – барыта бастыҥ эйгэҕэ улааппыт, сайдыбыт киһи, холобурун ылан эттэххэ, Европа да дойдуларыгар чулуу, бастыҥ буолар кыахтааҕа. Ол эрээри кини дойдутугар, ыраах хотугу Сахатын сиригэр талаһан, манна ыал буолан, оҕо төрөтөн, үлэлээн-хамсаан кэллэ. Дойдутун дьиҥнээх патриота кини. Аҕатын айымньылаах суолун дьоһуннаах салҕааччы. “Умница, красавица!” диэччилэр кини курдук дьону. Кини боростуой норуокка дьиҥнээх муусуканы тиэрдиигэ олоҕун анаан кэллэ. Араас суолунан. Оҕо эрдэҕиттэн үгүс сыл тухары Москубаҕа үөрэммит буолан, туох кистэлэй, сахалыы ардыгар олуттаҕас соҕустук саҥаран ыла-ыла, онтуттан бэйэтэ сүр эйэҕэстик мичээрдээн кэлэ-кэлэ, дьоҥҥо муусука туһунан тохтоло суох, олус ылыннарыылаахтык  кэпсиирэ-ипсиирэ… Оттон дьон-сэргэ, Аиза Петровна туох эрэ олус үчүгэйи, кэрэни, үйэлээҕи ис-сүрэҕиттэн тиэрдэ сатыырын өйдүүр, ылынар уонна махтанар.

 

Татьяна Маркова

Бэлэмнээтэ Сэмэн Жендринскэй