Чурапчы нэһилиэгин тэрилтэлэрин икки ардыларыгар үгэскэ кубулуйбут уонна саамай тыҥааһыннаах, долгутуулаах, түбүктээх “Миссис Чурапча-2023” күрэх быйыл XV-с төгүлүн ахсынньы 2 күнүгэр о.э. бу субуотаҕа ыытыллара күүтүллэр. Бу сылга, тоҕус томтордоох Чурапчы нэһилиэгин 375 үбүлүөйдээх сылыгар 9 кыттааччы сайаапканы киллэрдэ.
Кыттааччылары билиһиннэрдэххэ
Саргылана Алексеева – Чурапчы улууһун үөрэҕин управлениета
Марфа Аржакова – Степан Макаров аатынан Чурапчы гимназията
Ульяна Капитонова – Дмитрий Коркин аатынан оҕо ыспартыыбынай интэринээт-оскуолата
Светлана Кузьмина – “Березка” оҕо саҥатын сайыннарар уһуйаан киин
Мария Макарова – Прокопий Сокольников аатынан Чурапчытааҕы киин балыыһа
Аиша Никитина – “Дорожник” ХЭТ
Мотрена Пермякова – Прасковья Борисова аатынан “Улыбка” оҕону сайыннарар уһуйаан киин
Айталина Пугачева – Чурапчытааҕы судаарыстыбаннай физическай култуура уонна успуорт үнүстүүтэ
Айна Собакина – Чурапчытааҕы социальнай харалта.
Кыайыылаах кэрэ аҥар 150 тыһыынча солкуобай уу хаччынан наҕараадаланыаҕа. I-кы “Вице-Миссис” – “Тур Люкс” ХЭТ оттон II-с “Вице-Миссис” – “Позитроника” маҕаһыынтан сэртипикээттэринэн ону таһынан “Миссис зрительских симпатий” – Анастасия Сивцеваттан 20 тыһ.солк уу харчынан наҕараадаланыахтара.
Сэтинньи 27 күнүттэн, о.э. эбиэттэн киэһэ 16 чаастан “Айыллаан” сынньалаҥ киинин саайтыгар “Миссис Чурапча-2023” куонкуруска куоластааһын саҕаланар итиэннэ ахсынньы 30 күнүгэр 16 чааска түмүктэнэр.
Куонкурус кыттыылаахтара сарсыҥҥыттан саҕалаан арчыланыы сиэригэр-туомугар кыттыахтара ол кэнниттэн психолог Наталья Заболоцкая, блогер Анна Егорова-Николь ыытар трениннэригэр сылдьыахтара, оттон сэтинньи 29 күнүгэр сарсыардаттан саҕалаан блогер, урбаанньыт Алена Ядреева маастар-кылааһыгар итиэннэ Саха сиригэр 1-кы «Туйаарыма Куо» куонкурус кыайыылааҕа, өрөспүүбүлүкэҕэ бастакынан этнофитнеһы төрүттээччи Ирина Федорова этнофитнеһыгар дьарыктаныахтара.
Оттон көрөөччүлэри бу субуотаҕа киэһэ 18:00 чаастан Александр Федотов аатынан успуорт уораҕайыгар “Миссис Чурапча – 2023” куонкуруска күүтэллэр. Киирии билиэттэринэн сүүйүүлээх бириистэр оонньонуохтара, сүрүн бириис – Өлүөнэ очуостарыгар икки киһиэхэ путевка. Күрэх сүрүн ыытааччыларынан, Дьокуускай куораттан Александр Максимов-Сааска уол уонна Лиза Газизова илэ бэйэлэринэн кэлэллэрэ күүтүллэр.
Улахан тэрээһин сүрүн партнердарынан “Күнтэгил” маҕаһыын, KYN_Ai Татьяна Слюгрова, фотограф Нюргуяна Беляева, “Ситим” маҕаһыын, “BORN” фотостудия, “Дом цветов”, “Beaty center”, модельер-дизайнер Ольга Дьячковская , Түмээ Туоскун аатынан “Сайдыс” НАДь-тэ буолаллар.
Сэмэн Жендринскэй. Нюргуяна Беляева хаартыскаҕа түһэриитэ