Уйбаан батталлаах, хараҥа үйэ буолан, оҕо сааһыгар оскуола диэни билбэтэҕэ. Арай аҕатын Өндөрөй оҕонньору батыһа сылдьан, хоһооҥҥо этиллэригэр дылы, эргэ хотуурунан “аатын илии баттыы” үөрэммитэ.

Киниэхэ дьоллоох олох суолун, бары сэбиэскэй дьоҥҥо курдук, Улуу Өктөөп тэлийбитэ. Уйбаан ыраах диэн ыарырҕаппакка, сороҕор оҕуһунан, ардыгар сатыы сылдьан ликбезкэ үөрэммитэ. 1931 сыллаахха нэһилиэгэр аан бастаан тэриллибит “Сардаҥа” колхуоска чилиэнинэн ким хайа иннинэ киирбитэ.

Үлэҕэ сыстаҕас эдэр киһиэхэ колхуоһун салалтата бастакы маассыыналары үлэлэтиини итэҕэйэрэ. Сайын-күһүн косилкаҕа, самоскидка олороро, молотилкаҕа бурдук астарара. Оттон кыһынын үгүс көлөнү тутан таһаҕас таһыытыгар сылдьара. Итилэргэ мэлдьи бастыҥ буолан удаарынньык, стахановец аатырара.

Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэрии сылларыгар Иван Андреевич, доруобуйата мөлтөх буолан, үлэ фронугар сылдьыбыта, тыраахтык уруулун тутан үрдүк оҥорумтуолаахтык үлэлээбитэ. Ол иһин махталы үгүстүк истибитэ.

Сэрии кэнниттэн төрөөбүт Мырылатыгар төннөн кэлэн, колхуоһугар биир төһүү үлэһит буолбута. Сайынын кини бостууктуур фермата үүтү үрүйэлии сүүрдэрэ, кыһынын кормозапарниктан арахсыбат этэ.

“Бочуот Знага” уордьаннаах, Ленинскэй үбүлүөйүнэй мэтээллээх Иван Андреевич Собакин хойукка диэри илиитин үлэттэн араарбатаҕа. 70-с сыллар бүтүүлэригэр маҕаһыын өрөмүөннэспитэ, сөмөлүөт түһэр былаһааккатын күрүөлэспитэ. Кыһынын сүөсүһүттэргэ олоппос, күрдьэх оҥорон, быа хатан биэрэрэ. Быһата – абыраллаах киһи этэ.

 

Сэмэн ЖЕНДРИНСКЭЙ