Аан дойдутааҕы Дьиэ кэргэн күнүнэн 50 сыл бииргэ олорбут Болугур нэһилиэгин ытык-мааны ыалларын билиһиннэрэбит

Бу орто туруу-бараан дойдуга биһиги чугас дьонноохпутунан күүстээхпит. Дьиэ кэргэн — киһи тапталга уһуйуллар биһигэ, халыҥ хаххата, суон дурдата. Дьиэ кэргэннээх киһи олоҕо, үтүө үгэстэрэ салҕанар, бигэ тирэхтээх буолар. Ону Болугур нэһилиэгин ытык-мааны ыаллара туоһулууллар.

Владимир уонна Зинаида Хастаевтар дьиэ кэргэнэ 1974 сыллаахха тэриллибит.

Зинаида Софроновна 1951 сыллаахха Хадаар нэһилиэгин Уорҕа учаастагар сэрии бэтэрээнэ Софрон Софронович уонна Клавдия Григориевна Осиповтарга бастакы оҕонон күн сирин көрбүт. 1968 сыллаахха Кэпэрэтиип техникумугар атыыһыт кууруһун  бүтэрэн, Одьулууҥҥа атыыһытынан үлэлээн саҕалаабыт. Эдэркээн кыыс 17 эрэ саастаах буолан, аҕата оҕотун өйөөн, племобъединениеҕа оҕус көрө сылдьан, маҕаһыыҥҥа үлэлии киирбит. Онтон 1971 сыллаахха Зинаида дьүөгэлэрин сайыһан, Мындаҕаайыга үлэлии барсыбыт. Бастаан, маҕаһыыҥҥа үлэлии киирэр, онтон интэринээт-оскуолаҕа асчытынан үлэлиир. Манна 1973 сыллаахха саҥа үлэлии кэлбит Владимиры кытта көрсөллөр. Оччолорго эдэр уол аармыйаттан кэлээт, эрдэ суоппарга бииргэ үөрэммит табаарыһын кытта Мындаҕаайы оскуолатыгар үлэлии киирбит эбит. Владимир Афанасьевич  Өлүөхүмэттэн төрүттээх, урукку Иркутскай уобалас  Бодайбо оройуонугар төрөөбүт, оҕо сааһа онно ааспыт. Мындаҕаайыга гитаралыыр, ыллыыр, тустуунан дьарыктанар, волейболлуур биир чаҕылхай ыччат кэлэн, ыһыахтарга тустуу, мас тардыһыы күрэхтэригэр көхтөөхтүк кыттан миэстэлэһэр эбит. Кини сопхуоска өр кэмҥэ суоппардаабыт. Түүннэри-күнүстэри ыраах айаҥҥа сылдьан, кураан дьылларга Бүлүү эҥээртэн от таһан, массыына перегоннаан, таас чох, комбикорм, убаҕас уматык таһыытыгар үлэлээбит. 1990 сыл түмүгүнэн, улууска, сопхуоска икки төгүл чөмпүйүөннээбит, Тыа хаһаайыстыбатын уонна Автотранспорт тэрилтэтин туйгуна, Үлэ бэтэрээнэ буолар. Кэргэнэ Зинаида: «Эдэр киһи атыҥҥа аралдьыйбакка, арыгы диэни испэккэ, дьиэ кэргэнигэр эппиэтинэстээхтик сыһыаннаһан сыраласпытын махтана саныыбын. Оччолорго суолбут да дьаабы буоллаҕа. Билигин оҕолору үөрдэн, сиэннэри кытта саахыматтыырын сөбүлүүр, — диэн санаан ылар.

Зинаида Софроновна эмиэ Үлэ бэтэрээнэ, олоҕун 24 сылын атыы-эргиэн эйгэтигэр анаабыт, үтүө суобастаах үлэтин үгүс наҕараадалара туоһулууллар. Онтон Мындаҕаайыга дьиэ кэргэн исписэлииһинэн үлэлээн баран биэнсийэҕэ тахсыбыт. Бочуоттаах сынньалаҥҥа олордор, 5 сыл урбаанньыттаабыт.

«Уһуннук олорбут курдук санаммакка, кырдьар саас биһигиттэн ыраах, бэйэбитин эдэр курдук санана сылдьыбыппыт, кыайарбытын кыайбат буолбуппутуттан биирдэ сааһырбыппытын биллибит. Биһиги кэммитигэр ыччаттар бары үлэни өрө тутан кэллэхпит, оҕоҕо олоруу да диэн суоҕа. Оҕоҥ 1,5 ыйа буолла да, үлэҕэ тахсыы буолар этэ», — дииллэр Хастаевтар.

Кинилэр дьоҥҥо-сэргэҕэ махталлара улахан:

Үчүгэй табаарыстардаах буолан, субуотунньугунан маспытын киллэрсэн, дьиэбитин тутуһан, бэйэбит уйаланан, Мындаҕаайыны иккис дойду оҥостон олордохпут.

Ытык ыал түөрт кыыстаахтар, элбэх сиэн эһэлэрин, эбэлэрин тэлгэһэтиттэн арахпаттар. Тыа сиригэр киһи сүөһү ииттэн, оҕуруот үүннэрэн, сир астаан олорор. Ыһыллыы-тоҕуллуу, уларыйыы-тэлэрийии кэмигэр сүөһүлээх буолан, оҕолоро үөрэнэллэригэр аһынан-үөлүнэн хааччыйан туораабыттар.

«Кыргыттарбытын кыра эрдэхтэриттэн үлэҕэ сыһыаран ииппиппит. Ол иһин туохтан да толлубаттар, барытын тута кыайаллар, сүөһү да көрүөхтэрин, мас да мастыахтарын, от да оттуохтарын сөп», — диэн ыал ийэтэ бэлиэтиир.

Зинаида Софроновна хойуукка диэри кэнсиэрдэргэ, бэстибээллэргэ көхтөөхтүк кыттан, “Сыана бэтэрээнэ” бочуоттаах ааты ылбыт.  Төһө да ыарытыйдар, билигин да дьыалата суох олорбот.

«Ийэм бииргэ төрөөбүт иккиэлэр. Сэрии ыар кэмнэригэр төрөппүттэрэ эрдэ өлөн, 12 уонна 6 саастаах оҕолор тулаайах хаалбыттар. Кинилэртэн тэнийбит хаан-уруу аймахтарбын, ол эбэтэр бииргэ төрөөбүттэрим, ийэм балтын оҕолорун дьиэ кэргэттэрин мунньан, 100-тэн тахса буолан көрсүбүппүт. Икки бииргэ төрөөбүттэртэн элбэх кэнчээри ыччат үөскээбититтэн үөрэн, сөҕөн барбыттара«, — диэн Зинаида Хастаева билиһиннэрдэ.

Кини аҕата эрдэ өлөн, үс бииргэ төрөөбүттэрэ, уолаттар тутуу этэрээтигэр үлэлээн саҕалыылларыгар, эдьиийдэригэр кэлэн сайылаан, такайыллан, көмөлөһөн бараллар эбит. Ону тэҥэ Владимир Афанасьевич бииргэ төрөөбүттэрин оҕолоро үөрэхтээх дьон, ыал буолалларыгар көмөлөспүттэр.

Ити курдук, Хастаевтар бэйэ-бэйэлэрин өйөнсөн, убаастаһан, күн бүгүн сиэннэр тапталларыгар угуттанан олороллор.

“»Оҕо иитиитигэр тулалыыр эйгэтэ холобур буолар” диэн мээнэҕэ эппэттэр. Кэргэним ийэтэ олус үчүгэй майгыннаах, иистэнньэҥ бэрдэ этэ. Оҕолорбут хойуукка диэри кэтэр этэрбэстэрин, бэргэһэлэрин тигэн, бэлэмнээн бараахтаабыта. Кэргэммэр убаастабылым хотуммуттан эмиэ кэлэр.

Аҕам маҕаһыыҥҥа үлэлиирбин, 50-наах куулу-саахары  көтөҕөрбүн көрөн: «Кыыс оҕо доруобуйата кэбирэх, харыстан, кыайабын эрэ диэн ыараханы көтөҕүмэ», — диирэ.

Кыра сылдьан сайылыкка элбэх дьукаах ыалы кытары олорбуппут. Онно киһи эрэ ытыктыы, киэн тутта кэпсиир үтүөкэннээх ыаллара бааллара, бэйэ-бэйэлэригэр истиҥник сыһыаннаһаллара, көмөлөсүһэллэрэ, кыыһырсар да диэни билбэттэрэ. Холобур, Татина уонна Уоһук диэн биир кырдьаҕас ыал баара. Оҕонньордоох эмээхсин үлэлэриттэн сиэттиһэн иһэр буолаллара. Оннук дьону киһи холобур оҥостор, итинник эйэлээхтик олоруохтаахпын диэн үтүктэр буоллаҕыҥ дии», — диэн далбар хотун эдэр ыалларга тус холобурун тиэрдэр.

Дмитрий уонна Наталья Ноевтар дьиэ кэргэнэ 1974 сыллаахха Мындаҕаайыга Болугурдааҕы олохтоох сэбиэккэ тэриллибит. Эдэр дьон Одьулууннааҕы ОПТУ-га үөрэнэ сылдьан  билсэн-көрсөн, сүрэхтэринэн сөбүлэһэн, харахтарынан хайҕаһан, таптал истиҥ иэйиитигэр ылларбыттар. Дмитрий Михайлович 1948 сыллаахха Одьулууҥҥа, Наталья Ивановна 1954 сыллаахха Чурапчыга төрөөбүттэр. Дмитрий тырахтарыыс, Наталья оҕуруотчут идэтин баһылаан, Мындаҕаайыга, оччолорго “Ленин” колхуоска үлэҕэ анаабыттар. Дмитрий тыа хаһаайыстыбатын эйгэтигэр өр сылларга бэриниилээхтик үлэлээн, Арассыыйа тыа хаһаайыстыбатын туйгуна буолар. Кини тыраахтарыыстыы сылдьан элбэх күөх үүнээйини үүннэрэн, Саха сирин бириэмийэтин лауреатынан наҕараадаламмыт. Кэнники хонуу биригэдьииринэн, онтон ОДьКХ Мындаҕаайытааҕы салаатыгар начаалынньыгынан 65 сааһыгар диэри үтүө суобастаахтык үлэлээн, бочуоттаах сынньалаҥҥа тахсыбыт. Наталья санаторийга, балыыһаҕа асчытынан, онтон таҥас сууйааччынан үлэлээбит. Иккиэн үлэ бэтэрээннэрэ буолаллар. Ыарытыйар буолан, сүөһүлэрин былырыын эспиттэр, сайыҥҥы кэмҥэ сибиинньэ, индюк курдук түргэнник ситэр кыыллары иитэллэрин ордороллор.

Ноевтар үс оҕону төрөтөн, бэйэлэрин холобурдарыгар иитэн-үөрэтэн, үлэһит дьон оҥортообуттар. Билигин уон сиэн эйэҕэс эбэтэ, эһэтэ буолаллар.

— Саха ыалын сиэринэн дьиэуот тэринэн, үлэни өрө туппут ыал буолабыт. Аҕабытын көрбөт да этибит – утуйа сыттахпытына, үлэтигэр туран барбыт буолар уонна киэһэ утуйа сыттахпытына, биирдэ дьиэтигэр кэлэрэ. Мин үлэбиттэн кэлэн, сүөһү-ас, оҕуруот, дьиэуот бүппэт үлэтин толорорум. Манна барытыгар оҕолорбут күүс-көмө буолаллара. Улахан уоллаах кыыспыт оҕо сылдьан, сайыҥҥы лааҕырдарга үлэлээн, кыра эрдэхтэриттэн үлэ ыстаастаахтар. Онон үлэлии үөрэммит буолан, оҕолорбут үрдүк үөрэхтэнэн, үлэһит дьон буолан, бэйэлэрэ туспа ыаллар. Улахан кыыс Астанаҕа, кыра кыыс Санкт Петербург куоракка, уол Дьокуускайга, улахан сиэммит Чехияҕа олороллор. Сайын аайы сайылыы дойдуларыгар кэлэллэр. Биһиги дьоһун дааталары дьиэбитигэр бэлиэтиирбитин сөбүлүүбүт. Быйыл бииргэ олорбуппут 50 сылын мааны сиэннэрбитин кытта бэлиэтээтибит,-  диир Наталья Ивановна.

Ньир-бааччы олорор ытык ыал эдэр дьоҥҥо баҕа санааларын тиэрдэллэр:  «Кылаабынайа, доруобайдык, эйэлээхтик олоруҥ уонна биһиги курдук 50 сылгытыгар тиийиҥ».

Семен уонна Валентина Кузьминнар дьоллоох Дьокуускай куоракка устудьуоннуу сылдьан, билсэн, сөбүлэһэн, 1973 сыллааххха ыал буолбуттар. Ол эрээри эр-ойох буолуу докумуонун 1974 с. туппуттар.

«Дьокуускайга  наһаа үчүгэй, өйгө-санааҕа хаалар Уруу бырааһынньыга буолбута. Доҕотторбут, устудьуоннар бэйэлэрэ харчы бырахсан, биһиги сыбаайбабытын тэрийбиттэрэ«, — диэн Семен Васильевич уонна Валентина Егоровна ахтан-санаан аастылар.

Эдэр ыал Семен Васильевич дойдутугар Мындаҕаайыга кэлэн, дьиэ туттан олохсуйбуттар. Валентина Егоровна  Чурапчыга төрөөбүт, манна оҕо сааһа, эдэр сааһа ааспыт. Кэнники билбиттэрэ – иккиэн Хатылыттан  силистээх эбиттэр.

«Уһуннук бииргэ тапсан олоруу кистэлэҥэ өйдөһүүгэ уонна бэйэ-бэйэҕэ харыстабыллаах сыһыаҥҥа сытар дии саныыбыт. Биһиги олоххо көрүүбүт, майгыбыт, интэриэспит урут-уруккуттан майгыннаһар», — дииллэр ытык ыал.

Иллээх — эйэлээх Кузьминнар үс уол, биир кыыс оҕолоохтор, сиэннэрдээхтэр. Аҕа баһылык олохтоох ОДьКХ-ҕа операторынан, ыал ийэтэ «Ымыы» уһуйааҥҥа баспытаатал көмөлөһөөччүтүнэн үлэлээн биэнсийэҕэ тахсыбыттар, Үлэ бэтэрээннэрэ буолаллар.

Марфа Петрова.