Оруобуна сүүрбэ үһүс сылыгар барда, биһиги, ССРС норуодунай учуутала Михаил Андреевич Алексеев аатынан Үөһээ Бүлүүтээҕи өрөспүүбүлүкэтээҕи гимназияны түмүктээбит үөрэхпит дьыла. Дьолу ааспытын кэннэ өйдүүр үгэстээхпит ээбиһиги, дьон ортолоро. 2007 сыллаахха Максим Аммосов аатынан СГУ-тын түмүктээбит дипломнай үлэм тиэмэтэ «Баһылай Тиитэп айар тыла» диэн этэ. Үгүс киһи ыйыталаһар: «Кимий ол? Ханнык айымньылардааҕый? Суруйааччы дуо? Хантан төрүттээх киһиний?» Онно саамай күлүүлээх өрүтэ уонна киһи кыһыйыах тута бэйэлэрэ хоруйу биэрэллэр: «Ээ, Бүлүү бөлөх ханнык эрэ улууһуттан төрүттээх бадахтааҕа. Интэриэһинэйэ суохтук суруйар суруйааччы диибин, хотя, «Хомурах туруйата» эрэ диэни аахпытым». Дьэ, итинник…

Баһылай Ньукулаайабыс Тиитэп 1941 сыллаахха муус устар 27 күнүгэр Үөһээ Бүлүү улууһун Мэйик нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Оҕо сааһын күндү, бэлиэ оскуолатааҕы сыллара тапталлаах Далырын нэһилиэгэр ааспыта. Ол кэмҥэ Михаил Андреевич Далыр орто оскуолатыгар учууталынан үлэлиирэ. Кэлин суруйааччы, очеркист, суруналыыс буола үүммүт, бэйэтин кэмин биир бастыҥ уола, Баһылай Тиитэп кини үөрэнээччитэ этэ.

Итинник диэн туран, урут, баҕар, дьон истиитигэр тиийбэккэ хаалбыта буолуо диэн санааттан уонна Михаил Андреевич Алексеев аатынан Үөһээ Бүлүүтээҕи өрөспүүбүлүкэтээҕи гимназия выпускнига буоларым быһыытнан, Баһылай Тиитэп сүгүрүйэр, ытыктыыр учууталын туһунан ахтыытын эһиги болҕомтоҕутугар таһаарабын.

 Сорох учууталлар оройуон, өрөспүүбүлүкэ бөдөҥ салайааччыта, үтүөлээх быраас, инженер, талааннаах артыыс, суруйааччы эрэ буолбут үөрэнээччилэринэн дорҕоонноохтук, дьон билэр-көрөр гына киэн туттар үгэстээхтэр. Мин тоҕо эрэ чуолкайдык өйдөөбөт эбиппин: тыа сэмэй киһитин, отчут-масчыт буолбут, атыттартан тугунан да чорбойбот ыал ийэтин эбэтэр аҕатын: «Көрүҥ, бу мин үөрэппит оҕом!» — диэн киһи истэр гына саҥарбыт биир эмит учууталы. Дьэ, дьиибэ. Итинник ортоһуор учууталлар үөрэппит оҕолоро хайаан да «улахан киһи» буолуохтааҕын курдук.

Ити туһунан тоҕо эрэ бу бүгүн тэһэ астаран толкуйдаатым. Саха сиригэр уонна дойдуга бэйэтин уһун уонна өрүү тахсыылаах үлэтинэн киэҥник сураҕырбыт, ССРС норуодунай учууталын үрдүк аатын сүкпүт сааһыра барбыт учууталбын көрсөн, бүгүн ирэ-хоро кэпсэтиим миэхэ өр сыллаах сөҕүрүйбэт үөрүүнү бэлэхтээтэ.

Мин эмиэ оҕо эрдэҕинээҕим курдук уйаннык, ахтылҕаннаахтык, Далырым кырдьаҕас оскуолатын, учууталларым оччотооҕу кэминэн хаалбыт эдэр мөссүөннэрин, эмдэй-сэмдэй улааппыт, бииргэ үөрэммит оҕолорбун, кыһын тоҥор, сайын буһар колхуостаах аҕа, убай оҥостубут дьоннорбун санаан-ахтан кэллим.

Оттон учууталым барахсан төһө да албан аат арааһын сүктэр-көтөхтөр эмиэ өрдөөҕү кэм курдук киһини өрүү үрдэтэ, кынаттыы сылдьар, такайар уонна бэйэтигэр абылыыр бэйэтэ өссө истиҥ сылаас, өссө дириҥ иэйиилээх буолбут эбит. «Буолбут эбит» диэн арааһа мин алҕас саҥардым.

12-13 саастаах «улар мэйиилэр», мэниктииртэн оччо бокуойдаммат бэдиктэр туох уһун, киэҥ толкуйдаах буолуохпут эбитэй?

Кини биһигини үс сыл үөрэппитэ. Ол сыллар биһиги оҕочоос дууһабытыгар дьикти, хатыланан ааҕылла турар поэма курдук умнуллубаттык, ураты сырдыктык, ураты кэрэ лоскуй буолан хаалбыттар.

Кини биһиэхэ кэлиэн да иннинэ бары да сөп буолан: учууталлар үөрэтэ, оттон биһиги үөрэнээччилэр үөрэнэ сылдьыбыппыт кырдьаҕас оскуолабытыгар. Үөрэх түбүгэ да үгүс курдуга. Ситиһии да, мөлтөөһүн да баара. Оттон оскуолабыт бэйэтин тула сааскы күн курдук сырдыгы, сылааһы ыһа үрдүк томтор үрдүгэр өр сылларга турбута.

…Кини биһигини, кыра кылаастары үөрэппэт этэ. Көннөрү ыраахтан көрөрбүт. Кинини «кытаанах учуутал» диэн ааттыыллара улахан уолаттар. Саҥа учуутал кырдьык кытаанах, туораттан көрдөххө өссө тыйыс көрүҥнээҕэ. Саастара аҕа, кылаас ахсын иккилии-үстүү сыл «чиҥэтэ-чиҥэтэ» лэбийэн испит бөтөстөр тоҕо эрэ оскуолаҕа да, интэринээккэ да хаардыы хаампат, киэптээбэт буолбуттара.

Оттон биһиги аччыгый «атамааннар», таһырдьа тымныыта бэрт буолан, дьиэҕэ хаайтаран, «улаханнык иэдэйэн» утуйар дьоҕус хоспутугар үтүлүгүнэн сэриилэһэн тыыммытын таһаарарбыт. Онно ким таптарбыт туораан иһэрэ. Арай биир ыктарыылаах түгэҥҥэ уолаттар ыһыылара-хаһыылара эмискэ ах барбыта. Үлтү ыһыллыбыт ороммут аннытттан өҥөс гыммытым, доҕоор! Хос ортотугар халыҥ ыспартыыбынай куркалаах, силис курдук киһи киирэн турара. Кини кэлтэччи тарааммыт харах ньуолах бэскитин уҥа илиитинэн аргыый өрө имэрийбитэ. Төгүрүк иилээх ачыкытын үрүт-үөһэ өрүтэ астаҕын ахсын үөһээ уоһа дьиктитик хамсыыра. Төгүрүк ачыкылаах киһи саҥата суох онно-манна ыһыллыбыт үтүлүктэрбитин хомуйтаан ылан, аан кэннигэр турар тумба үрдүгэр муспута. Соруйан аа-дьуо хамсанарга дылыта. Саҥата суох саамай ыһыллыбыт ороҥҥо тиийэн суорҕаны, бырастыынаны тус-туспа сааһылыы уурбута уонна сыа-сым курдук, көрүөххэ кэрэ гына кырыылаан, уһуктаан оҥорон-чочуйан кэбиспитэ.

Биһиги, ыһыыга-хаһыыга, били тииҥ оноҕоһун көрдүүр диэбиккэ дылы, мөҕүүгэ наадыйбыт, өссө онон итэҕэстийбит курдук сананан турар дьон этибит.

— Оҕолоор, ороҥҥутун аны маннык хомуйар буолуҥ. Көрүҥ эрэ атын оронноргутун… — киһибит сымнаҕас сирэйин-хараҕын одуулаһабыт. – Хойут саллааттаатаххытына эмиэ маннык хомуйуоххут. Үчүгэй буолбат дуо, ээ-э? – чахчы дуоһуйбут, өссө үөрбµт этэ. Дьэ муода учуутал дии. Саатар мөхпөт!

Ыкса күһүн саҥа учуутал уонча улахан оҕону илдьэ өрүскэ балыктыы барбыт сураҕын күдээринэ истэн кэбистибит. Аҕыйах хоноот, сарсыардааҥы аһылыкпытыгар, тэриэлкэҕэ мундуга маарынныыр буолан баран, үрүҥ, килбэчигэс балык ууруллар буолла. Биһиги алаас оҕолоро «сыа балык» (тугунок) диэни көрбөтөх, амсайбатах дьоммут. Михаил Андреевич аан бастаан хара быһыы килиэп үрдүгэр төбөтүн, кутуругун быһан ыла-ыла уурбут туустаах «мундуларын» сиэн көрдөрөөччү буолла. Биһиги ону баҕас үөрүүнэн үтүктээччилэрбит. Дьэ, үчүгэй ас бу сылдьар эбит! Мин билигин сыа балыгы муҥха ийэтигэр соһон таһаардарбын эрэ ол өрдөөҥүнү өрүү, сылаастык ахта саныыбын.

Михаил Андреевич биһигини сарсыарда 7 чааска туруорар. Бэйэтэ сылаас тренировочнай көстүүмнээх. Сэттэ чааһы наһаа эрдэ курдук санаан бастаан утаа адьас сөбүлээбэппит. Ону биллэрэр быһыынан наһаа бытааннык таҥнабыт, ороммутун хомуйабыт. Учууталбыт бастаан саҥата суох төттөрү-таары хаамыталыыр. Субу-субу чаһыытын көрүнэр. Онтон сыылба оҕоҕо бэйэтэ көмөлөһөр. Эбиитин киһиргэтэр, хайгыыр. Оттон оҕо туттуута-хаптыыта атын буолар, сэргэхсийэ түһэр. Кэлин сып-сап хомунан биэс мүнүүтэ иһигэр тиэргэҥҥэ тахсан стройдуур буоллубут. Михаил Андреевич оҕону хаһан да ыгылыппат, ньиэрбинэйдэппэт, үксүгэр бэйэтин кыаҕыгар тугу баҕарар эрэнэр киһи быһыылааҕа. Улаатан баран, өрүү эн куһаҕаҥҥын, диэн сирэйгэ сыҕайыыттан үчүгэй буолан барбыты тоҕо эрэ көрсүбэппин ээ.

Михаил Алексеев иллэҥ буоллар эрэ сүүрэр, сибиэһэй салгыҥҥа хаамар идэлээҕэ. Бастаан кэлээт да, олорбут эмээхсинэ, киһититтэн куттанар, дьиксинэр сурахтааҕа. Суол устун мээнэ, сыала-соруга суох сүүрэ сылдьар киһини оччотооҕу кырдьаҕастар «ыалдьыбыт» киһинэн ааҕар үгэстэрэ баара. Михаил Андреевич кэлин: «Оччолорго сүрэхпинэн моһуогурар этим. Салгыҥҥа сүүрэр, хаамар буолуохпутуттан ыла сүрэҕим тэбиитэ оннун булла,» — диэбиттээҕэ. Оччотооҕуга бөдөҥ сэбиэскэй учуонай Н. Амос «бэдьэйэн сүүрүүтүн теорията» саха бүк алааһыгар тэнийэ илик буолуохтааҕа.

Кистээбэккэ эттэххэ, биһиги учууталбыт сэриигэ хорсуннук сэриилэспитин, элбэх бойобуой сырыыларын уонна наҕараадаларын төрүт билбэт этибит.

Биэс уонус сылларга бырааһынньыктар олус тэтимнээхтик, көрдөөхтүк-нардаахтык барар курдуктара. Дьон тоҕо эрэ тэҥник үөрэрэ-көтөрө. Учууталлар уонна оҕолор маанытык таҥналлара. Оскуолабыт иһэ сыттыын чэбдигирбит, сырдаабыт курдуга. Уоттаах сэриини хаба ортотунан силэйэ хаампыт саллааттар сиэрэй синиэллэрин өссө да уста иликтэрэ. Тоҕо эрэ байыаннай гимнастеркаларын, галифеларын дьон мустар, тоҕуоруһар кэмигэр кэтээччилэр бааллара. Биһиги да учууталларбыт барахсаттар мэтээллэрин кылырҕаччы иилинэллэрэ, саппыкыларын килэрчи лаахтаан бааһырҕаччы хаамаллара.

Арай Михаил Андреевич күөх, биллэр-биллибэт өрүү сурааһыннаах көстүүмүн, маҥан сорочкатын, хара хаалтыһын кичэйэн өтүүктээн дьукулуоннаан кэтэрэ. Биир эмит мэтээли иилиммитин өйдөөбөппүн.

Итинник кэрэ бырааһынньыктарга таһыгырыы сытыйбыт кыракый мотуорунан оскуолаҕа уоту биэрии, кэнсиэрт кэнниттэн киинэ көрдөрүү Михаил Андреевич быһаччы эбээһинэһэ быһыылааҕа. Бастаан утаа 5-6 тиэхэньикэҕэ ытыыр баҕалаах уолаттары илии-атах гынан көмөлөһүннэрэрэ.

Бэрт сотору оскуолаҕа уончаҕа тиийэр, күннээҕи хал буолбут үгэстэн атын, оһуобай дьарыктаах оҕолор баар буолбуттара. Кинилэр уруок бүттэр эрэ, киэһэ хойукка диэри, оскуолаҕа бүгэр идэлэммиттэрэ. Сырдык, улахан кылаас ааныгар «Физика кабинета» диэн суруктаах өстүөкүлэ ыйаммыта. Ити кабинет истиэнэтигэр учуутал ыйан-кэрдэн биэриитинэн оҕолор оҥорбут былакааттара сааллыбыттара. Массыыналар араас чаастарын макеттара ууруллубуттара. Сааһыары «Наука уонна техника», «Физика уонна математика» биэчэрдэрэ оҕолору барытын умсугутар гына ыытыллар буолбуттара. Итини барытын тэрийэр, өрүү бокуойа суох сүүрэр-көтөр уолаттар биһиги харахпыт ортотугар тупсан, үрдээн көстөр буолан барбыттара. Биһиги кыһыйыахпыт иннигэр саамай ытыктабылга сылдьааччылар, үчүгэй үөрэхтээхтэр, бэрээдэктээхтэр – кинилэр. Ити кэмҥэ бастакы сэбиэскэй ракеталар кыһыҥҥы хараҥа халлаан киэҥ далайыгар сулустары кытта сулус буолан, сыа балык курдук сэмсии оонньоон устан ааһаллара. Итинник күннэргэ Михаил Андреевич күнүс үчүгэйкээн буочарынан биллэрии суруйан ыйыыра. Киэһэ тиэргэҥҥэ бука бары тоҕо анньан тахсан ааһар ракетаны уу харахпытынан көрөн үөрэр-көтөр, омуннурар кэмнэрдээх этибит. Тапталлаах учууталбыт биһиги оҕочоос, кэнэн дууһабытыгар үүнүүгэ-сайдыыга, үөрэххэ таптал сөҕүрүйбэт кыымын күөдьүтэн эрэрин бэйэбит да билбэт этибит.

Ити сылларга оскуола үөрэнээччилэрэ бөлөхтөргө хайдан умсугуйан, олус уутуйан туран дьарыктанар үгэстэрэ олохсуйбута. Литэрэтиирэҕэ уонна ускуустубаҕа сыһыаннаахтар наҕыл, иҥнэҥнээн хаамар, Эрилик Эристиин талааныгар истиҥник сүгүрүйэр Николай Семенович Еремисов чуумпу намыын саҥатын иһиллээн олороллоро. Оттон успуорка уонна физкултуураҕа ордук дьоҕурдаахтар оччолорго кылгас, быһымах сүүрүүгэ өрөспүүбүлүкэ рекордсмена Андрей Иванович Донской кэнниттэн сүүрэн кэдэйэллэрэ. Устуоруйаны уонна байыаннай дьыаланы умсугуйан үөрэтиэх баҕалаахтар көнө, чынаҕар уҥуохтаах, бааһырҕас саппыкылаах Василий Саввич Ксенофонтов иннигэр тыҥаан, чуумпуран тураллара. Эдэркээн физиктэр уонна математиктар Михаил Андреевич Алексеев кабинетыгар уһун чаастар усталарыгар чуумпутук бүгэллэрэ.

Ытыктабыллаах учууталбыт Михаил Андреевич, биһиэхэ, сэрии тулаайахтарыгар, ыраах нэһилиэктэн үөрэнэ кэлбит мөлтөх таҥастаах-саптаах оҕолорго убайдыы истиҥ сыһыанынан, үөрэххэ-сайдыыга мындыр өйүнэн-санаатынан сөҕүрүйбэт ытыктабылы уонна тапталы иҥэрбитэ.

 *  *  *

Үйэ чиэппэрэ. Үөрэппит, ииппит, сорохтору кырдьыга даҕаны киһи-хара гыммыт оҕолорун кытта биһиги учууталбыт бэйэтэ эмиэ үүннэ-сайынна. Улахан, эргиччи баай ис хоһоонноох олоҕунан олорор. Михаил Андреевич Алексеев дьиҥнээх учуутал быһыытынан ситэр-хотор суолга үктэниитэ Далыр оскуолатын хаһан да хагдарыйбат, алтан чуораан ахсаабат ырыалаах тиэргэниттэн саҕаламмыта диэхпин баҕарабын. Онно кини олоххо баай уопута, ис күүһэ, дьиҥ кэскиллээҕи оҥорорго ситэри бэлэмэ, быйаҥнаах буорга түспүт тахсыылаах сиэмэ кэриэтэ, тыллыбыта.

Мин бүгүн кэлин көрсүһүүбүтүгэр, ордук тыа сирин ыччатын иитэн таһаарыы уустук боппуруоһугар эппит тылларын өйдүүбүн-саныыбын. Ону бэрт аҕыйах түгэннэринэн эһиэхэ тиэрдиим: «Саха сирин иэнэ Францияны кытта тэҥнээтэххэ уон сэттэ төгүл улахан. Оттон нэһилиэнньэтэ букатын аҕыйах. Бу киэҥ нэлэмэн сиргэ олорор кыра норуот ыччатын күүһүн норуот хаһаайыстыбатын биир тутаах салаатыгар ордук уонна түргэнник туһаны аҕалар гына иитиэххэ. Бу бүгүҥҥү сайдыылаах олоххо үлэнэн ыччаты иитии боппуруоһугар биһиги өбүгэлэрбит бүппэт-өспөт үгэстэрин, ньымаларын тутуохха.

— Дьыл-күн ааһар. Оҕолор улааталлар. Саха сирэ култуура, экэниэмикэ өттүнэн айылҕа уутун күүһүн курдук түргэнник саба халыйан сайдар. Биһиги ычааттарбытыттан наука учуонайдара, быраастар, инженердэр, үчүгэй учууталлар үөскээн таҕыстылар. Ол эрээри оҕолор үөскээбит алаастарын, үрэхтэрин кытта хаһан да быстыспат сибээстээх буолуохтаахтар. Кинилэр төрөөбүт түөлбэлэрин салгынынан эрэ дуоһуйа тыыммакка, кэрэ көстүүнэн астынааччы эрэ буолбакка, төрүт буордара эбии өҥ-ньүөл кырыстаах буолуутугар илиилэрин күүһүнэн, өйдөрүн-санааларын эрчиминэн кыттыыны ылыахтаахтар.

— Доруобуйата хайдах да буоллун, киһи тыынарын тухары, күөххэ, айылҕаҕа талаһар. Киһи – айылҕа оҕото. Оттон айылҕа биэрэр быйаҥын киһи сомсон ыларга күүһүн кэччэйиэ суохтаах. Саха сирин айылҕата тыйыс. Кырсын анныгар сытар ирбэт мууһун сабыдыалыттан биһиги сирбит үрүт ньуура уйан. Киһи холус сыһыаныттан уһуннук эмсэҕэлиир, ыарытыйар. Дьэ ол иһин төрөөбүт айылҕаны бэйэҥ этиҥ-хааныҥ курдук араҥаччылыахтааххын, харыстыахтааххын.

— Сир диэн биһиги бараммат баайбыт. Кини оту – олох сүмэтин үүннэрэр. Ылан көр илиигэр күөх оту. Эн ынаххын сарсыарда бу күөх отунан тото-хана аһат, сир уйгулаах уутунан уулат. Оттон киэһэ эн остуолгар чабычах муҥунан сүөгэй бидилийиэ. Бу үрүҥ илгэни итинник түргэнник, итинник быйаҥнык сир эрэ оҥорор кыахтаах.

— Биһиги оҕолорбутун алаас эйгэтигэр иитиини саҕалыахтаахпыт. Ол ардыгар кыаллыбат. Билигин үлэ-сынньалаҥ лааҕырдара тэриллэр буоллулар. Бу лааҕырдары энтузиаст-учууталлар салайаллар. Кинилэр лоп курдук аҕыс чааска ходуһаҕа киирэн хотуурдара тыаһыыр, кыраабыллара кылбаҥныыр. Оттон таһынааҕы алааска сопхуос оробуочайдара күнүс 10-11 чааска үлэлиир тиэхэньикэлэрин тыаһаталлар. Үс-түөрт көстөөх дьиэлэриттэн матасыыкыл аттанан тигинэтэн кэлэллэр. Итини оҕолор көрө-истэ сылдьаллар. Үлэҕэ уонна олоххо сыһыан биһиги итинник бүк алааспытыттан силис-мутук тардар.

— Давыд диэн кырдьаҕас оҕонньор баар. Кини сайын ахсын оттуур. Бу алаастан кини тэйбэтэх киһи. Дьэ кини оту сатаан охсор, мунньар уонна кэбиһэр. Кини кэбиспит ото тымтайдаах арыы курдук нарын-намчы буолар. Оттон оттуур тэрилин оҥосторо бу мындырын, бу чуолкайын. Кини курдук үлэҕэ чуолкай, толоругас киһи биһиэхэ, тыа сиригэр, элбэх. Оттон бу олох мындырын барытын билэ-көрө сылдьар алаас киһитин биһиги тоҕо эрэ аһара көтөбүт. Үчүгэй дьону көрдөөн араас уобаластарга, кыраайдарга тиийэбит. Оттон алааспыт маһын саҕатыгар биһиги норуоппут үйэлэр тухары муспут баайа-дуола, кимиэхэ да кэччэйбэт кистэлэҥэ баар эбээт.

— Салайааччы буолуу айылҕа бэлэхтээбит биир баайа-дуола буолар. Дьиҥнээх салайааччыны көрсүү сэдэх. Талааннаах тэрийээччи – бу биһиги уопсай баайбыт-дуолбут. Оттон биһиги ардыгар хара сарсыардаттан ыкса киэһээҥҥэ диэри дьону кытта кэпсэтэр да бокуойа суох, массыына үрдүгэр түһэ-түһэ, ханна эрэ тиэтэйэр салайааччыны көрсөбүт. Тугу эмэ ыйыттахха эбэтэр көрдөстөххө кини өрүү бокуойа суох аатырыа. Бу киһи бөдөҥ уонна бытархай боппуруостар ыпсыыларын быһаарбат буолуоҕа. Итинник салайааччылар дьоҥҥо туһаны аҕалбаттар.

— Биһиги элбэх сыбаайбаларга сылдьабыт. Кинилэргэ өйдөбүнньүк бэлэхтэри туттарабыт. Нэһилиэк бары тэрилтэлэрэ биһиги итээн хаалбатарбыт диэбит курдук истиһэ-истиһэ, куоталаһан сыаналаах бэлэхтэри туттараллар. Оттон сыбаайба остуолугар сотору-сотору «Горько!» диэн хаһыылар дэриэбинэни ылан кэбиһэллэр. Сарсыарда ол хаһыы дуораана сүтэ илигинэ сыбаайбаҕа сылдьыбыппыт туһунан төбөбүт эрэ ыалдьарыттан билэбит уонна бу эдэр кыыстаах уол хайдах сүһүөхтэригэр туран, оҕо төрөтөн, дьиэ туттан, ыал буолалларыгар кыһаммат курдукпут. Кинилэргэ болҕомто өрүү сыбаайбаларын киэһэтинээҕи курдук буолуохтаах эбээт. Ити түмүгэр мин аныгы үгэһинэн кыыстаах уол холбоһоллоругар туруоруллубут сэргэлэр тиэргэҥҥэ тулаайахсыйан туралларын харааста көрөбүн. Эдэр ыал ортотугар арахсыы, кыыһырсыы дэлэй.

*  *  *

Михаил Андреевич дьиэтэ күөх ойуур ортотугар турар. Саас тыллар мутукча күүстээх дыргыл сытынан көймөстөр. Кµүһүн хагдарыйбыт күөх тиэргэҥҥэ тиит мастар өлгөм көмүһүнэн ардыыллар. Манна олорор биһиги сааһыра барбыт учууталбыт. Бу тиэргэҥҥэ күн лоскуйун курдук ыраас, сырдык санааны иҥэриммит суруктар дойду араас муннуктарыттан көтөн кэлэллэр.

Сыллар-күннэр ааһаллар. Арай биһиэхэ, олох өрүү үөрэнээччилэригэр, тапталлаах учууталбыт өйдөөх-сиэрдээх; сүбэтэ-соргута салҕанан ааҕылла турар поэма кэриэтэ, айаммыт устата арыаллыы сылдьар.

Баһылай Тиитэп, хомойуох иһин, билигин биһиги кэккэбэтигэр суох. Өлбүтэ-сүппүтэ диэн этэр хайа да өттүнэн табыгаһа суох, көннөрү барбыта эрэ диирбитигэр тиийэбит… Киии төбөтүгэр араас санаа барыта киирэн тахсар ол эрэн “сүтэрбит сүүс айыылаах…”

Бэйэм гиманзияны бүтэрбит «орто үөрэнээччи» буоларым уонна кэнники, идэбинэн буолбакка атын хайысхаҕа үлэлиир киһи буоларым быһыытынан манныгы этиэхпин баҕарабын: «Идэбититтэн, ханна үлэлиирбититтэн тутулуга суох бүттүүммµт дьылҕата уопсай бас билиибит туругуттан тутулуктаах. Ону биһиги өйдүүбүт уопсай баайбытыгар-дуолбутугар тахсар сатарыйыылар охсуулара хас биирдиибит олоҕор хайдах курдук түргэнник биллэринэн. Билиҥҥи биһиги олохпутугар буолбут бары үчүгэйи сыаналыырга, харах харатын курдук харыстыырга ааспыт кыһалҕалаах олохпутун умнар сатаммат. Уопсай баайбыт-дуолбут биһиги харахпыт харата, олохпут тирэҕэ, тыынар салгыммыт, ити өйдөбүлгэ бэйэбитин эрэ буолбакка ордук ыччаппытын иитиэхтээхпит».

 

Сэмэн Жендринскэй