Бу күннэргэ Чурапчы улууһун Болугур нэһилиэгэр, “Тыа сирин уйуктаахтык сайыннарыы” судаарыстыбаннай бырагыраамма иитинэн 120 миэстэлээх оскуола үөрүүлээх арыллыыта былааннанар.
Баараҕай тутуу уопсай сууммата 428 мөл.солкуобуйга тэҥнэһэр, эбийиэги үлэҕэ киллэрэр туһунан көҥүлү өссө 2023 сыл ахсынньы 28 күнүгэр ылбыттара. Тэрээһин дьоро түгэнэ тохсунньу 19 күнүгэр буолуоҕа диэн СӨ Ил Дарханын уонна СӨ Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
“Тыа сирдэригэр, чуолаан биһиги дойдубут олохтоохторо бэйэлэрин баҕа санааларын олоххо киллэрэллэрин туһугар, сөптөөх усулуобуйаны итиэннэ аныгылыы тутуллаах кыахтары үөскэтиэхтээхпит. Ол туһугар барыта оҥоһуллуохтаах”, — диэн Дойдубут бэрэсидьиэнэ Владимир Путин бэйэтин ыҥырыытыгар этэн турардаах.
Икки мэндиэмэннээх, 2530 кв.миэтэрэ иэннээх таас дьиэ оҕолор сайдыыларыгар толору туһуланна, үөрэнэр кабинеттан бары аныгы оборудованиенан хааччылыннылар. Үөрэнээччилэр кылаастарын таһынан, 48 миэстэлээх остолобуой, ыспартыыбынай, аактабай саалалар, бибилэтиэкэ, үөрэтэр-уһуйар мастарскыай, оҕо доруобуйатын көрөр блок, таҥас уларыттар уонна куруһуоктар ыытыллар кабинеттар оҥоһуллубуттар.
Санатан эттэххэ, Саха сиригэр 2018-2022 сылларга бэдэрээлинэй уонна эрэгийиэн үбүлээһинин суотугар, ол иһигэр “Үөрэхтээһин” бэрэсидьиэн национальнай бырайыага кыттыһан, барыта холбоон 10,2 тыһ. миэстэлээх 48 оскуола тутулунна. Ааспыт 2023 сылга өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 14 оскуола аанын арыйда, ол иһигэр саамай улахан иэннээх оскуола Дьокуускай куорат “Прометей” кыбаарталыгар, тыа сирдэриттэн – Горнай улууһун Бэрдьигэстээҕэр. Ону таһынан, Дьокуускай куоракка, өрөспүүбүлүкэбит 26 оройуонугар 57 оскуолаҕа хапытаалынай өрөмүөн үлэлэрэ ыытылыннылар. Онтон үүммүт 2024 сылга эбии 18 оскуола үлэҕэ киирэрэ былааннанар.
Сэмэн Жендринскэй