Муус устар бастакы өрөбүлүгэр Саха сиригэр Аҕа күнэ бэлиэтэнэр. Бу күҥҥэ сөп түбэһиннэрэн, муус устар 6-7 күннэригэр Мэҥэ Хаҥалас улууһун Майа сэлиэнньэтигэр өрөспүүбүлүкэтээҕи XXIV Аҕа күрэҕэ ыытылынна. Бу күрэх үгэскэ кубулуйан, сыллата өрө көтөҕүллүүлээхтик ыытыллар. Сүрүн сыалынан – уопсастыбаҕа аҕа статуһун уонна оруолун үрдэтии, дьиэ кэргэн, спорт уонна төрүт үгэстэри харыстааһын нөҥүө чөл олоҕу тарҕатыы буолар. Тэрээһиҥҥэ уопсайа 17 улуустан 19 хамаанда кытынна. Аҕалар уолаттарын кытта бэрэбинэни суоруу, маһы хайытыы, ойбону алларыы, остуолбаҕа ыттыы, кутаа оттон, чэй оргутуу көрүҥнэригэр күрэхтэспиттэрэ. Кыайыылааҕынан Амматтан Николай уонна Аркадий Федоровтар тахсан, сүрүн бирииһинэн – 300 тыһ. солк. наҕараадаламмыттара. Бу тыҥааһыннаах киирсиигэ Чурапчы улууһун сүүмэрдиир түһүмэҕин кыайыылаахтара Болтоҥоттон Сергей Крылов уолунаан Саянныын ситиһиилээхтик кыттыбыттара. Онон бүгүҥҥү хаһыат нүөмэригэр Крыловтары кытта кэпсэтиибиитин таһаарабыт.
Сергей Эдуардович, уолгунаан Саянныын бу күрэххэ хайдах кытынныгыт, эрдэ эмиэ кытта сылдьыбыт эбиккин дии?
— Аҕа күрэҕин туһунан аан бастаан 5 сыллааҕыта нэһилиэкпит дьаһалтатыттан истэн билбиппит. Ол курдук, 2019 сыллаахха улахан уолбунаан Дамирдыын Хатылы нэһилиэгэр буолбут улуустааҕы Аҕа күрэҕэр кыттан, бочуоттаах иккис миэстэни ылбыппыт. Онно бэлэмэ суох, үлэлии үөрэммит сатабылбытынан холонон, билиибитин-көрүүбүтүн тургутан көрбүппүт. Оттон былырыын кыттаары гыммыппытын, кыра уолум Саян 13 саастаах буолан, эрдэ диэн чугаһаппатахтара. Быйыл 14 сааһын туолан кииристибит. Таҥаспытын-саппытын булунан, тылбытын-өспүтүн үөрэтэн, сатабылбытын, күүспүтүн-уохпутун көрдөрөр түһүмэхтэргэ туттуллар тэриллэрбитин тэринэн эрдэттэн бэлэмнэммиппит. Ол иһин улууска кыайан, өрөспүүбүлүкэтээҕи үрдүк суолталаах күрэхтэһиигэ кыттар чиэскэ тигистибит. Түһүмэхтэр тус-туһунан уустуктардаахтар. Холобур, бириэмэҕэ 20 чуурканы 4 аҥы хайытар, 80 хардаҕаһы саһаанныыр биһиэхэ да, үгүс да, хамаандаҕа ыарахан этэ. Манна хайдах мас түбэһэриттэн эмиэ олус тутулуктаах. Онон баарт тосхойоро эмиэ оруоллаах эбит. Майаҕа буолбут күрэхтэһии олус үчүгэй тэрээһиннээх буолла. Улуустартан бастыҥ хамаандалар кэлбиттэрэ тута көстөр. Быйыл хаһыстарын да кыттар аҕалар бааллар, уопуттаахтара, ох курдук оҥостон, бэлэмнэнэн кэлбиттэрэ биллэр. Ыалдьыттар, көрөөччүлэр, ыалдьааччылар бары астыннылар, үөрэ-көтө, үчүгэй настыранньалаах тарҕастыбыт. Биир санаалаах дьону кытта билсэн, уопут атастаһан сэргэхсийэн кэллибит.
— Уолаттаргын кытта өссө ханнык күрэхтэһиилэргэ кытта сылдьыбыккыный?
— Ааспыт сылга нэһилиэкпитигэр «Күһүҥҥү идэһэ» күрэххэ, улахан уолбунаан убаһа астаан, 1-кы миэстэ буолбуппут.
— Дьиэ кэргэҥҥин билиһиннэр эрэ.
— Кэргэним Ирина Максимовна – Тааттаттан төрүттээх. Кини учуутал үөрэҕин бүтэрэн, Болтоҥоҕо үлэ миэстэтэ көстөн, эдэркээн кыыс кэлбитэ. Кэргэмминээн билсэн, сүрэхпитинэн сөбүлэһэн, харахпытынан хайҕаһан, 2001 сыллаахха холбоһон, ыал буолан олоробут. Билигин кини Болтоҥо орто оскуолатыгар алын кылаас учууталынан таһаарыылаахтык үлэлиир. Мин «Дьулуур» тэрилтэҕэ хачыгаардыыбын. Үс кыталык кыргыттардаахпыт уонна икки бухатыыр уолаттардаахпыт. Улахан уолбут Дамир Чурапчытааҕы аграрнай-техническай кэллиэс, улахан кыыспыт Дарина Дьокуускайдааҕы тыа хаһаайыстыбатын техникумун устудьуоннара буолаллар. Орто кыыспыт Арианна – 10-с кылаас үөрэнээччитэ, Саян 8-с уонна саамай кырабыт София маҥнайгы кылааска үөрэнэллэр.
— Уол оҕону иитиигэ ордук туохха болҕомтоҕун уураҕын?
— Төрөппүт оҕотун иллэҥ кэмигэр бэйэтин кытта илдьэ сылдьан, үлэҕэ-хамнаска такайыахтаах, айылҕаны кытта алтыһыахтаах. Оҕо үлэлииргин көрөн үөрэнэр. Оҕо бары үлэттэн чаҕыйбакка үлэлээн, эт-хаан өттүнэн сайдар, чөл туруктаах буолар, сэргэхсийэр, толкуйдуур дьоҕура күүһүрэр, айылҕаны харыстыырга, сиэри-туому тутуһарга үөрэнэр. Уол оҕо интэриэһин таба көрөн сөпкө иитиэххэ наада. Эр киһи от-мас үлэтин кыайа тутар, бултуур, балыктыыр буолуохтаах дии саныыбын. Ол иһин уолаттарбын кыра эрдэхтэриттэн сүөһү-сылгы көрүүтүгэр, сайынын үүт туттарыытыгар, окко, күһүн муус ылыытыгар тэҥҥэ илдьэ сылдьабын.
— Иллэҥ кэмҥитигэр тугунан сөбүлээн дьарыктанаҕыт?
— Дамир саахыматтыырын, Саян сүүрүүнэн дьарыктанарын сөбүлүүллэр. Оттон кыргыттарбыт — Дарина ас астыырын, Арианналаах София уруһуйдуулларын сөбүлүүллэр. Кэргэним хаартысканан коллаж, видеонан открыткалары оҥорор.
Ыал ийэтэ Ирина Максимовна:
— Болтоҥоҕо буолбут күрэхтэһиигэ дьиэ кэргэнинэн тутуспутунан ыалдьа тиийбиппит. Оттон Майаҕа буолбут тэрээһиҥҥэ соҕотох сылдьыбытым. Дьонум күрэхтэһэллэригэр кинилэрдээҕэр ордук мин долгуйбутум. Ол эрээри аҕабытыгар эрэнэрим. Маннык күрэххэ оҕом маҥнайгытын кыттар буолан, олус долгутуулаах этэ. Ол да буоллар, уолум аҕатыгар олус майгынныыр, кини курдук түргэн-дарҕан туттуулаах, сымса-быһый, сатабыллаах. Эбэбит Марфа Михайловна сүөһүтүн көрүүгэ кини – сүрүн көмөлөһөөччүбүт.
— Түмүккүтүгэр эдэр ыалларга тугу сүбэлиэ этигит?
— Эдэр ыалларга сүбэлиэхпит этэ – оҕолоругар болҕомто ууран, истиҥник сыһыаннаһалларыгар, санааларын үллэстэн кэпсэтэллэригэр, төлөпүөҥҥэ уһуннук олордубакка, элбэхтик чэбдик салгыҥҥа сырытыннаралларыгар баҕарабын. Төрөппүт – оҕоҕо холобур. Аҕалар араас ыытыллар тэрээһиннэргэ кыттан иһиҥ, эһиги олоххо актыыбынай позициялаах буоллаххытына, уолаттаргыт эмиэ эһиги холобургутун батыһыахтара.
Марфа Петрова