“Дьиэ кэргэним – кэрэҕэ уһуйар биһигим” диэн ааттаммыт кэнсиэр Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн, өрөспүүбүлүкэҕэ Оҕо саас уонна улууспутугар Ыал саргыта сылларыгар ананна.
Кэнсиэр саҕаланыыта оскуола дириэктэрэ Алла Сивцева выпускниктарга сибидиэтэлистибэлэри туттарда, бастыҥ үөрэнээччилэри, көхтөөх төрөппүттэри чиэстээтэ.
Кэнсиэргэ оҕолор ырыа-үҥкүү арааһын толордулар, фортепианоҕа, духовой инструменнарга оонньоотулар. Төрөппүттэр, үлэһиттэр ырыа-үҥкүү ансаамбыллара үрдүк таһымнаах нүөмэрдэри көрдөрдүлэр.
Елена Макаринская