А.П. Гоголев аатынан Чурапчытааҕы оҕо ускуустуба оскуолата тэрийэн ыыппыт «Отчизны верные сыны» уруһуйунан открытка куонкуруһугар өрөспүүбүлүкэ араас муннугуттан барыта 88 оҕо кыттыыны ылла

Куонкуруска кыттыбыт оҕолор дойдубутун көмүскүү сылдьар буойуттарбытыгар өйөбүллэрин  уруһуйунан тириэртилэр. Аҕа дойду көмүскэлин көрсө, олунньу 23 күнүн диэки,  Россия араас куораттарын байыаннай госпитальларыгар эмтэнэ сытар буойуттарбыт открыткалары хайыы-үйэ тутуттулар. Оҕолор истиҥ эҕэрдэ тыллаах уруһуйдарын бириэмэтигэр тиксэрэр үлэни Аҕа Дойдуну көмүскээччилэр дьиэ кэргэттэрин кэмитиэтин салайааччыта, биир дойдулаахпыт Диодорова-Лаврентьева Светлана Владимировна буолар.  Бу куонкуруска  быстах байыаннай дьайыы  кыттыылаахтарын оҕолорун, бырааттарын-балтыларын уруһуйдара  бааллар. Бу  оҕолор уруһуйдарын биһирээн, тэрээһини өйөөн Светлана Владимировна  бэйэтин түбүктээх үлэтин таһынан туспа анал бириис туруорбута хайҕаллаах дьыала. Куонкурус үлэлэрин сыаналаатылар: биир дойдулаахпыт Россия художниктарын Сойууһун чилиэнэ, СӨ народнай худуоһунньуга, СӨ культуратын үтүөлээх үлэһитэ Александра Самсоновна Иннокентьева-Бочкарева-Сууралдьыма, Россия художниктарын Сойууһун чилиэнэ, СӨ культуратын туйгуна Надежда Егоровна Федулова, Россия художниктарын Сойууһун чилиэнэ, эдэр худуоһунньук Нюргуяна Александровна Амыдаева.

Оҕолор уруһуйдарыгар билиҥҥи кэм геройдарын,  сюжетнай композициялары  ойуулаатылар.  Хатас художественнай кылааьын үөрэнээччитэ, бу күрэх кыттааччыта, Хатастааҕы оҕо ускуустубатын үөрэнээччитэ Тимофеева Сайыына Россия Геройун, анал байыаннай дьайыы кыттыылааҕын  Колесов Александр Гаврильевич мэтириэтин  бэйэтин открыткатыгар уруһуйдаабыт. Бу открытканы  Геройга бэйэтигэр тиксэрэн, олус учугэй баҕа санаалаах видеонан эппиэт туттубут. «Сайыына, открыткаҕын туттум, уруһуйгун туттум, улахан махтал , маны мин өр сылларга өйдөбүнньүк курдук бэйэбин кытта  илдьэ сылдьыам. Үүнэ-сайда тур, талааҥҥын сайыннар, үтүө киьи, үчүгэй уруһуйдааччы буолан-үүнэн ситэн таҕыс» диэн баҕа санаатын тириэртэ. Биһиги, күрэх тэрийээччилэрэ, Герой санаатыгар кыттыһаммыт, эдэр худуоһунньуктарбытыгар,  барыларыгар инникитин ситиһиилэри баҕарабыт. Бу күннэргэ сорох үлэлэр инники кирбиигэ сылдьар буойуттарбытыгар айаннаатылар. Күүстээх санаалаах эр  хоһууттарбытын Аҕа дойдуну көмүскээччилэр күннэринэн эҕэрдэлиибит! Доруобуйаны, эйэлээх халлааны баҕарабыт.

Сиһилии, оҕолор үлэлэрин уонна госпитальтан хаартыскалары https://t.me/otchiznyvernyesyny  ссылканан киирэн көрүөххэ сөп.

 

Катерина Захарова, А.П.Гоголев аатынан Чурапчытааҕы оҕо ускуустуба оскуолатын живопись кылааһын преподавателэ.