Саха Республикатыгар биир бастакынан тэриллибит Чурапчы улууһун ветеринарнай-чинчийэр лабораторията 2024 сыл кулун тутар 15 күнүгэр тэриллибитэ 75 сыла буолар. Тыа хаһаайыстыбатын сүрүн хайысхата буолан, бу сыллар тухары иитэр-көрөр сүөһүбүт, сылгыбыт, атын даҕаны харамайбыт, итилэртэн оҥоһуллар бородууксуйалар хаачыстыбалара киhиэхэ куттала суох буолууларын хааччыйыыны хонтуруоллаан, чинчийэн кэллэ. Сыстыганнаах, киһиэхэ кутталлаах ыарыылар турбаттарын, араас дьааттартан сүһүрүү тахсыбатын туһугар араас чинчийиилэри ыытан, ыарыылары тэниппэккэ кэмигэр саба тутарга элбэх үлэни ыытан үгүс үтүөнү оҥорбут ветеринарнай-чинчийэр лабораторияҕа икки үйэ алтыһыытыгар үлэлээн ааспыт үтүө дьоммут туһунан история кэрчиктэрэ кэпсииллэр.
1949 сылтан саҕалаан чинчийэр лаборатория 75 сыл устата хайдах сайдан кэлбитин көрдөрөр чахчылар, араас усулуобуйаҕа үлэлээн ааспыт биһиги биир идэлээхтэрбит үлэлэрэ, чуолаан Чурапчы, Таатта улуустарыгар чинчийэр лабораториянан бигэргэммит ханнык көрүҥ ыарыылар тура сылдьыбыттара, ханнык уустук үлэлэр ыытыллыбыттара биллэр.
Түгэнинэн туһанан, бу 75 сыл усталаах-туоратыгар араас кэмнэргэ үлэлээн ааспыт биир идэлээх ытык-мааны ветераннарбытын уонна билигин үлэлии сылдьар үлэһиттэри Чурапчы улууһун ветеринарнай сулууспатын аатыттан итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибит! Эһиги үлэлээн ааспыт үлэҕит түмүгэ эдэр көлүөнэ ыччакка холобур буоларыгар эрэнэбит. Баҕарабыт чэгиэн буолууну, чэпчэкитэ суох үлэҕитигэр үрдүктэн үрдүк ситиһиилэри, дьиэ кэргэҥҥитигэр дьолу, уйгулаах олоҕу!
Дьыллар уонна дьоннор
Чурапчы улууhугар ветеринарнай сулууспа 1921 сыллаахха тэриллибит буоллаҕына, ветеринарнай чинчийэр лабораторията Саха сиригэр биир бастакынан 1949 сыллаахха кулун тутар 15 күнүгэр 28 №-дээх бирикээһинэн Чурапчыны уонна Тааттаны хабан, бактериологическай лаборатория быһыытынан тэриллибитэ. Ветеринарнай амбулатория дьиэтин иhигэр биир хоһу уонна сааланы ылан үлэтэ саҕаламмыта.
Бастакы тэрийээччинэн Саратовскай ветеринарнай институту бүтэрбит Сизенко Дмитрий Иванович буолар. Оччолорго Дмитрий Иванович ветлечебница старшай ветеринарнай бырааһынан үлэлиирэ. Онон лаборатория бастакы сэбиэдиссэйэ буолан үлэтин саҕалыыр. Лабораторияҕа икки лаборантка, икки санитарка, бухгалтер, конюх-кучер (аттары көрөр үлэһит, урукку кэмнэргэ атынан эрэ сылдьаллара) штаттара бааллара.
Бу сылларга бэйэтэ үөрэнэн лаборантканан үлэлээбит Решетникова (Коркина) Мария Николаевна уонна директор кэргэнэ Сизенко Наталья Михайловна лаборантканан, санитаркаларынан Ильина Прасковья Михайловна, Черных Евдокия Андреевна, Алексеева Нина Григорьевна, Мазина Мария Ивановна үлэлээбиттэрэ. Бухгалтердарынан Пермяков Гаврил Григорьевич, Барашкова А.Я., Кузьмин Григорий Гаврильевич, Сокольникова Татьяна Алексеевна уо.д.а. этилэр. Аттары көрөр конюх-кучер диэн дуоhунаска элбэх киhи киирэн үлэлээн ааспыт: Смирников Исаак, Монастырев Нестер Петрович, Захаров Анисим Иванович, Кузьмин Василий Гаврильевич, Постников Василий Сергеевич, Сивцев Иван Иванович уо д. а.1949 сыл бастакы аҥарыгар бруцеллез ыарыыга 402 боруоба чиничиллибититтэн, алта сүөһү ыарыылааҕа биллибитэ. Онон ветбаклаборатория сэбиэдиссэйин эбээһинэһин толорооччу Николай Иванович Куперовка бруцеллеһу салгыы чинчийэригэр сорудах бэриллибит.
Бруцеллез ыарыыта Саха сиригэр 1936 сылтан бэлиэтэммитэ. 1939 сыллаахха балаҕан ыйыгар уонна алтынньыга Дьокуускай куораттааҕы республиканскай ветеринарнай-опытнай станцияттан лаборант-веттехник Галибаров В.В. бруцеллезка 7000 боруоба хааны көрөр былааннаах аан бастаан командировкаҕа кэлэр. Бу үлэ түмүгэ ханнык да архыыптан көстүбэтэ. Оройуҥҥа бруцеллез ыарыыта 1947 сылтан баара биллибит. Оройуон 17 колхуоһуттан аҕыһыгар (Одьулуун, Болтоҥо, Дьаарылла, Хатылы, Хоптоҕо, Болугур, Соловьев) чинчийии ыытыллан, 3248 боруоба ылыллыбытыттан, 67 боруоба «положительнай» буолара көстүбүт. 1948 сыллаахха атырдьах ыйын 27 күнүнээҕи 59 №-дээх бирикээһинэн Болтоҥо нэһилиэгэр Стаханов аатынан колхуос Ньүүччэ ферматыгар бруцеллезтаах ынахтары туспа тутарга изолятордар тэриллибиттэрэ. Оройуон кылаабынай ветеринарнай бырааһын эбээһинэһин толороочу Чухров Сергей Иванович отчуотуттан көстөрүнэн, райисполком 1949 с. от ыйын 16 күнүнээҕи 303 №-дээх быһаарыытынан бруцеллез ыарыыны утары дьаһаллар ылыллыбыттар. Сыл устата 10 колхуоска барыта 580 сүөһү боруобата чинчиллибититтэн, 44 боруобаҕа ыарыы баара биллибит. 1948 сыллаахха 420 сүөһү чинчиллибититтэн, 29 боруобата ыарыылаах диэн көстөр. Бруцеллез ыарыыттан ураты ынах сүөһүгэ өссө эмкар (хааһырҕас) ыарыы бэлиэтэммит.
1950 сыл саҥатыгар үлэһит миэстэтин сарбыйыы буолан, лабораторияҕа биир санитарка штата эрэ хаалбыт. Тыа хаһаайыстыбатын министрин бирикээһинэн зооветучаастактар МТС-ка бэриллибиттэрэ.
1951 сыллаахха лабораторияҕа үлэһиттэр эбиллэннэр үлэ хайысхата тэнийэн барар. Серолог быраас штата көрүллэн олунньу 1 күнүттэн серолог бырааһынан Михейкин Борис Петрович ананар, сыстыганнаах ыарыылары чинчийиилэр саҕаламмыттар. Ол курдук бруцеллезка, эмкарга (хааһырҕас) биирдии боруобаҕа, туберкулезкэ икки ыарыылаах көстүбүт, диплоинфекцияҕа 99 боруоба көстүбүт, ыкка чума биир боруобата көстүбүт. Быраастарынан Клепиков Дмитрий Леонидович, лаборантканан Мазина Мария Ивановна үлэлээбиттэр.
1952 сыллаахха аҕыс хостоох лаборатория типовой дьиэтин тутуу саҕаламмыт. Бу бэйэтин бириэмэтигэр баараҕай тутуу этэ. Бруцеллезка 940 боруоба хаан чинчиллэн көрүллүбүтүттэн, 10 боруобаҕа ыарыы булуллубута, эмкарга (хааһырҕас) —1 боруобаҕа, туберкулезкэ — 1 боруобаҕа, диплоинфекцияҕа — 45боруобаҕа. Оройуоҥҥа аҕыс зооветучаастак аһыллыбыта, олорго колхуостар сыһыарыллыбыттара.
1953 сыллаахха бруцеллез ыарыыга 564 боруоба чинчиллибит, ыарыылаах 7 боруоба, эмкарга (хааһырҕас) 2 боруоба, туберкулезкэ 2 боруоба, диплоинфекцияҕа 19 боруоба ыарыылааҕа бэлиэтэммит. Сэбиэдиссэй Сизенко Дмитрий Иванович балаҕан ыйын 15 күнүттэн лаборатория сэбиэдиссэйиттэн босхолонон серолог буолар. Бу күнтэн сэбиэдиссэйинэн Колчина Нина Петровна анаммыт.Нина Петровна лабораторияны оборудованиенан, анализка туттуллар иһиттэринэн хааччыйыыга, кадрдары сүүмэрдээһиҥҥэ элбэх үлэни ыыппыта. Лаборатория бактериологическай уонна серологическай чинчийиилэри ыытар буолбута. Санитарынан Новгородова Вера Афанасьевна, завхоз дуоһунаһыгар Кузьмин Василий Гаврильевич үлэлээбиттэрэ
1954 сыллаахха лаборатория дьиэтин тутуу бүтэн үлэҕэ киирбитэ. Бу республикаҕа суох бастакы типовой тутуу буолбута оччолорго улахан ситиhии этэ. Бруцеллезка 8025 боруоба хаан ылыллыбытыттан, 150 боруоба ыарыылааҕа биллибит. Маны таһынан атын көрүҥ ыарыылары чинчийии элбээбитэ бэлиэтэммит. Ол курдук эмкарга (хааһырҕас) 7 боруоба чинчиллибит. Туберкулезкэ 172 сүөһү чинчиллибититтэн, 4 сүөһү ыарыылаааҕа биллибит. Пастереллезка 16 боруоба, паратифка 2 боруоба, диплоинфекцияҕа 42 боруоба, сибиинньэ рожа ыарыытыгар 1 боруоба көстүбүт. Ыттарга чума ыарыытыгар 27 боруоба чинчиллибит, онтон 17 ыарыылаах боруоба бэлиэтэммитэ көстөр. Үс киһиттэн састааптаах пожарнай дружина тэриллибит, бухгалтерынан Платонова М.Н., санитаркаларынан Коркина М.Н., Черных Евдокия Андреевнаүлэлээбиттэр. Болтоҥоҕо Кындал учаастагар бруцеллезтаах сүөһүлэргэ изолятор тэриллибит, туспа турар сэппэрээтэрнэй пуун аһыллан, ынахтарын үүтүн онно илдьэн оргутар (пастеризация) буолбуттар. Оччотооҕу дьон үлэ-хамнас бөҕөнү көрсөллөрө: оһох оттуута, үүттэри иһиккэ кутан оргутуу, үүт сойбутун кэнниттэн сэппэрээтэргэ кутан эрийии, онтон арыы оҥоруу. Арыыларын тымныы сиргэ уураллара да, уһуннук турбат этэ. Харайар сирдэрэ мөлтөх буолан, арыы түргэнник буорту буолара (ахтыйара), ол буорту буолаары гыммытын ууллараллара (топленое масло).
1955 сыллаахха бруцеллез ыарыыга сүөһүтэн 8854 боруоба хаан көрүллүбүтүттэн, 433 боруобаҕа ыарыы баара биллибит. Оройуон бары 17 колхуоһа бруцеллезка сутуллубута көстүбүтэ. Ийэ сүөһүгэ элбэх абортааһын бэлиэтэммит. Диплоинфекцияҕа 182 сүөһү ыалдьыбыт, 107 сүөһү өлбүт. Эмкар (хааһырҕас) 6 боруобаҕа көстүбүт. Туберкулезкэ 613 сүөһү чинчиллибититтэн, ыарыылаах 3 сүөһү булуллубут. Пастереллезка 56 боруоба, диплоинфекцияҕа 107 боруоба, сибиинньэ рожа ыарыытыгар 3 боруоба, ыттарга чума ыарыытыгар 2 боруоба бэлиэтэммитэ көстөр. Серологынан Еликова Анастасия Романовна, санитаркаларынан Дорогунова Анна Степановна уонна Сердюк Александра Прокопьевна үлэлииллэрэ.
1956 сыллаахха эмкарга (хааһырҕас) 6 боруоба «положительнай» буолбут. Туберкулезкэ 246 сүөһү чинчиллибититтэн, ыарыылаах 2 төбө баара биллибит. Пастереллезка 3 боруоба, паратифка 5 боруоба, сибиинньэ рожа ыарыытыгар 3 боруоба, ыттарга чума ыарыыта 1 боруоба бэлиэтэммитэ көстөр.Лаборатория сэбиэдиссэйэ Нина Петровна Амма, Таатта оройуоннарын колхуостарыгар элбэхтик командировкаҕа барара. Ол бириэмэҕэ лаборантка Коркина Мария Николаевна лаборатория сэбиэдиссэйин солбуйан бэйэтигэр бирикээс таһаарынан эмиэ командировкаҕа барара. Бу барыта бирикээс кинигэтигэр сурулла сылдьар. Колчина Нина Петровна сэбиэдиссэйинэн сэтинньи 28 күнүгэр диэри үлэлээн баран тохтообут. Бу сыл бүтүүтэ Москватааҕы ветеринарнай санитария институтун бүтэрбит ахсынньы 3 күнүгэр лаборатория сэбиэдиссэйинэн анаммыта. Лаборатория иhинэн дезинфекциялыыр этэрээт тэриллэн үлэтин саҕалаабыта, этэрээт начальнигынан эмиэ Хабин Равиль Мусаевич үлэлээбитэ.
1957 сыллаахха куораттан ДУК-2, ГАЗ-51 массыына ылбыттара, суоппарынан Местников И.Я. үлэлээбитэ. Бу күнтэн Чурапчы, Таатта оройуоннарыгар дезинфекция ыытыллар буолбута.Бу сыл кэргэннии Казаковтар диэн эдэр специалистар Омскайдааҕы институту бүтэрэн үлэлии кэлбиттэр. Аҕа баһылык Владимир Георгиевич Казаков МТС старшай ветвраһынан, кэргэнэ нуучча кыыhа Казакова Александра Васильевна атырдьах ыйыгар лабораторияҕа серолог бырааһынан киирбит. Лаборатория иһинэн дезотряд уонна эпизотряд тэриллэн үлэлэрин саҕалаабыттар. Сыстыганнаах ыарыыны утары охсуһар этэрээт начальнигынан Токарева Декабрина Ивановна, ветфельдшеринэн Мосукова Ю.Н. уонна Якутскайдааҕы тыа хаһаайыстыбатын техникумун бүтэрбит Аверенскай Николай Николаевич буолбуттар. Лабораторияҕа серолог Еликова А.Р., санитаркаларынан Коркина М. Н.,Сердюк А.П. үлэлииллэрэ. Лаборатория иһинэн эми оҥоруу саҕаламмыт. Ол курдук спиртовой настойкалары, тканевой препараттары уо.д.а. оҥорор буолбуттар. Лаборатория үлэһиттэрэ судургулартан саҕалаан сыыйа араас уустук састааптаах эмтэри оҥороллоро, командировкаларга үгүстүк сылдьаллара бирикээс кинигэтиттэн арылхайдык көстөр.
1958 сыллаахха бэс ыйын 1 күнүттэн зооветучаастактар, зооветпуннар МТС-ан райветлечебницаҕа төттөрү бэриллибиттэр. Бэтэринээрдэри МТС-га холбооһун сыыһа дьаһал буоларын олох бэйэтэ көрдөрбүтэ. Бу сыл оройуон үрдүнэн бруцеллезка 16707 боруоба хааны чинчийбиттэр. 17 колхуоска барыларыгар бруцеллез ыарыы көстүбүт. 14877 ынах сүөһүгэ ШТ-19 вакцинанан прививка оҥорбуттар. Бруцеллез ыарыыга саамай элбэх сүөһү хаанын боруобатын эмиэ бу сыл көрбүттэр – 16707 боруоба хаан чинчиллибит. «Положительнай» реакция биэрбит сүөһүлэри туспа изолятордарга туталлара, маассабай бруцеллеһу утары 14877 сүөһүгэ вакцинация оҥорон, бастакы улахан тэрээһиннээх үлэлэр ыытыллыбыттара.Бруцеллезтан ураты эмкарга (хааһырҕас) 4 боруоба бэлиэтэммитэ көстөр. Манна серолог Казакова Александра Васильевна үлэлиирэ, лаборанткаларынан — Хабина М.Н., Коркина М.Н., санитардарынан — Дорогунова А.И., Сердюк А.П
1959 сыл ахсынньы 31 күнүгэр 37 №-дээх бирикээhинэн Чурапчы улууhун эрэ хааччыйар ветбаклаборатория буолбут, эпизотряды суох онорбуттар, дезотряды райветлечебница дьаһалыгар биэрбиттэр. Лаборатория сэбиэдиссэйэ Хабин Равиль Мусаевич тыа хаһаайыстыбатын министерствотын атырдьах ыйын 13 күнүнээҕи 801 №-дээх бирикээһинэн үлэтин туттарар туһунан дьаһалы туппут. Серолог Казакова Александра Васильевна атырдьах ыйын 25 күнүгэр лаборатория сэбиэдиссэйинэн анаммыт. Александра Васильевна сэбиэдиссэйинэн ананан наhаа эппиэтинэстээхтик, ирдэбиллээхтик үлэлээбит. Докумуоннар кини лабораторияҕа хас биирдии кабинет ирдэбилгэ эппиэттиирин туруорсарын, анализ оҥорорго ыраас буоларын, үлэһиттэр үлэ кэмигэр маҥан халааттарын кэтиэхтээхтэрин күүскэ ирдиирин көрдөрөллөр. Бырааһынньык кэмигэр дьуһуурустуба олохтоноро, үлэһит анаммыт чааһыгар баар буолара ирдэнэрэ. Бу сыл туберкулезкэ 121 сүөһү чинчиллибититтэн 3 төбө ыарыылааҕа биллибит, пастереллез 6 боруобаҕа, паратиф 14 боруобаҕа, диплоинфекция 5 боруобаҕа, сибиинньэ рожа ыарыыта 3 боруобаҕа бэлиэтэммитэ көстөр. Лаборатория үлэһиттэрэ уһуннук, 14-30 хонук устата, хотон эмтии (дезинфекция) уонна атын да үлэлэри ыыта Таатта, Чурапчы колхуостарыгар командировкаларга сылдьаллара, авансовай отчуот оҥорон төлөттөрөллөрө. Бухгалтердар уларыйа тураллара, уһуннук үлэлээбэттэрэ бирикээс кинигэтиттэн көстөр
1960 сыллаахха оройуоҥҥа икки улахан — Субуруускай аатынан уонна Эрилик Эристиин аатынан колхуостар тэриллибиттэрэ. Бастакы типовой сүөһү турар хотонноро үлэҕэ киирбиттэрэ, отделениелар үүт, эт хайысхатыгар арахсан үлэлээһиннэрэ саҕаламмыта. Бу кэми бруцеллез ыарыыны утары охсуһуу сылларынан ааттыахха сөп. Ол курдук ыанньык сүөһүнү сылга иккитэ бэрэбиэркэлээһин ыытыллара. Лаборатория сэбиэдиссэйэ Казакова Александра Васильевна бу сыл ыам ыйыгар үлэлээн бүппүт. Тульскай уобаластан Москватааҕы ветеринарнай академияны бүтэрбит ветеринарнай врач идэлээх Коновальцева Клавдия Константиновна бу дойдуга кэлэн кийиит буолан, Сивцева диэн араспаанньаланан ветеринарнай станцияҕа лаборатория сэбиэдиссэйинэн уонна серолог, токсиколог бырааhынан үлэлээбитэ .
Сылтан сыл аайы сайдыы суолугар киирэн лаборатория үлэтэ, үлэhиттэрин, каадырдарын састааба кэҥээн, көлүөнэ уларыйыыта киирэн испитэ. Лаборатория тэриллиитигэр бастаан утаа кэлии омук дьон үтүө суобастаахтык үлэлээн ааспыт буоллахтарына, кэлин сыыйа олохтоох каадырдар орто, анал, үрдүк үөрэхтэри бүтэрэн кэлэн үлэлээн барбыттара. Аныгы ирдэбилгэ эппиэттэhэр анализтыыр тэриллэр баар буолан испиттэрэ. Бу сыл Чурапчы улууhуттан Омскайдааҕы ветеринарнай институту бүтэрбит бастакы ветеринарнай быраас Портнягина (Дьячковская) Светлана Георгиевна кэлэн, Сылаҥ ветеринарнай учаастагар сэбиэдиссэйинэн ананан барбыт. Кэлин лабораторияҕа бактериолог, серолог бырааhынан үлэлээбитэ.
1961 сыллаахха Саха государственнай университет бастакы выпуһа тахсыбыта. Оройуон главнай ветвраһынан выпускник Тытыгынаев Борис Гаврильевич анаммыта. Бу сыл Чакыр нэһилиэгэр кэлии сүөһүлэри кытта чесотка (кыһыылаах ымынах) ыарыыта кэлсибитэ биллибитэ.
1962 сыллаахха бруцеллез ыарыыга 14721 сүөһүттэн боруоба чинчиллибит, 92боруобаҕа хос чинчийии ыытыллыбыт, 327 боруобаҕа ыарыы баара көстүбүт. Чакыр, Хадаар, Хайахсыт, Одьулуун, Болугур, Төлөй, Мугудай нэһилиэктэригэр чесотка турбута. Ыалдьыбыт сүөһү ахсаана 1000-тан тахсыбыта. Сайыныгар Чакырга 2-3 % креолиннаах гексохлорааннаах ванна оҥорон туох баар сүөһүнү үс төгүллээн онно сөтүөлэтэн эмтээбиттэрэ. Сылгыга мыт (уос бааһа) бэлиэтэммит: 1015 сүөһү ыалдьыбытыттан 48 өлбүт.
Пастереллез ыарыы элбии сылдьыбыт: бу ыарыыга сүөһүлэр истэрэ ыалдьар, ыраллар, атын ис ыарыыларыттан киһи араарымыан сөп. Ыарыы көрүҥэ чинчийии көмөтүнэн быһаарыллар. 180 сүөһү ыалдьыбытыттан 94 сүөһү өлбүтэ көстөр. Ол быыһыгар туберкулез ыарыытын чинчийии ыытыллара. Анисимова Евдокия Афанасьевна серологтыы сылдьыбыт, лаборантканан Игнатьева Мотрена Егоровна үлэлээбит.
1963 сыллаахха бруцеллез ыарыыга 13192 боруоба чинчиллибит, итинтэн 117 ыарыылаах боруоба көстүбүт. Чесотка ыарыытын утары охсуһууга баанна оҥоруута биһирэнэн, маннык баанналары нэһилиэк аайы оҥортоон сүөһүлэри эмтээн бу ыарыыны суох оҥорбуттара. Чесотка ыарыытын көбүтээччинэн клещ биир көрүҥэ буолар: сүөһү дэлби түүтэ түһэр, тарбанар, бааһырар, ырыганныыр, ыарыы сүөһүттэн сүөһүгэ сыстар. Чесотканы эмтээһин кэмигэр сири хаһан баанна оҥорбут сирдэрин оһон эрэр оннуларын 90 сылларга көрөр этибит. Урукку специалистар бу ыарыыны эмтииргэ элбэхтик сыраласпыттара. Бу кэмҥэ чесотка дьоҥҥо кытта баара биллэр, ордук оҕолор сыстыһан ыалдьаллара. Сүөһү эмтии сылдьан оннооҕор чесотка туһунан ырыа айыллыбытын ыллыыр этибит диэн биир идэлээх ветераммыт Андросова Д.К. кэпсиирэ:
Чурапчы үрдүнэн чесотка таҕаммыт,
Дьон үксэ ыарыыга түргэнник хаптарбыт.
Тарбаныҥ…тарбаныҥ…Күүстээхтик тарбаныҥ!
Тарбаныҥ…тарбаныҥ…Күүстээхтик тарбаныҥ!
1964 сыллаахха Чурапчы, Таатта оройуоннарын холбообуттарын кэнниттэн, Алексеевскай райветлечебница буолбута. Начальнигынан Амбросьев Николай Никифорович анаммыт. Саамай үгэннээн бруцеллез ыарыыга 9735 боруоба хаан чинчиллибит, оройуон үрдүнэн 773 боруобаҕа ыарыы баара биллибит, паратуберкулезкэ 188 ыарыылах боруоба көстүбүт. Лаборатория сэбиэдиссэйинэн Сивцева Клавдия Константиновна үлэлиир кэмигэр оройуоҥҥа бруцеллез ыарыыта ордук тэнийбитэ. Үлэтигэр бэриниилээх, ирдэбиллээх, бэйэтин идэтин толору баhылаабыт салайааччы эдэр специалистарга олус элбэх көмөнү оҥороро, үтүө сүбэhит этэ. Кини үлэтин түмүгүн сыаналаан «За доблестный труд в ознаменовании 100 летия со дня рождения В.И.Ленина» уонна «За трудовое отличие» диэн улахан бэлиэлэринэн наҕараадаламмыта, бочуоттаах сынньалаҥҥа тахсыар диэри токсиколог, серолог быраас дуоһунаһыгар үлэлээбитэ.
Ыам ыйыттан ветеринарнай отдел туруорсуутунан ветбаклаборатория директорынан Улан-Үдэтээҕи тыа хаhаайыстыбатын институтун кэтэхтэн бүтэрбит Сметанин Валентин Васильевич анаммыта. Бу сылтан лабораторияҕа анализ ылыы таһынан, эмп оноhуута элбээбитэ. Ол курдук лаборатория үлэһиттэрэ эмтээх отторунан араас настойкалары, куртах, ис ыарыытыгар көмөлөhөр соктары, сүөhү уойар ПАБК битэмииннэри онороллоро. Лаборантканан Коркина Мария Николаевна, санитаркаларынан Дорофеева Светлана Павловна, Дорогунова Анна Степановна, Красильникова Прасковья Никифоровна үлэлээбиттэр.
1965 сыллаахха ветлечебница сүөһү ыарыытын утары охсуһар ветеринарнай станция буолбута. (Станция по борьбе с болезнями сельхозживотных с испытательной лабораторией).Сметанин Валентин Васильевич ахсынньы 24 күнүгэр лаборатория директорынан үлэлээн бүтэн Краснодарга барбыт. Бу күнтэн Чурапчы ветбаклабораториятын сэбиэдиссэйинэн Улан-Үдэтээҕи тыа хаhаайыстыбатын институтун кыhыл дипломунан бүтэрбит ветврач идэлээх Ксенофонтов Юрий Петрович анаммыт. Кини аспирантураҕа үөрэнэ сылдьан, доруобуйатын туругунан тохтоон кэлбит.
Сметанин Валентин Васильевич диэн киһиттэн лаборатория директорын үлэтин туппут. Лаборатория дьиэтэ кини кэлэригэр олус тымныы (+7°С кыраадыс) эбит, биир да оборудование үлэлээбэт, 100-кэ ньирэй өлүгэ (патматериал) эттэммэккэ, анализтаммакка сытар эбит. Оччолорго ветстанция уонна ветбаклаборатория тус-туспа тэрилтэ курдук сыһыаннаахтара. «Бу эһиэнэ, бу биһиэнэ, хайдах да дьаһан» диэбит курдук тыллар иһиллэллэрэ. Уокка оттор мас көстүбэт, мас, муус тиэллибэт алдьархайа. Бухгалтериялара уопсай этэ. Ветстанция ГАЗ-53 грузовой массыыналааҕа, онтубут кыһын ортото халыҥ хаарга тыаттан саһаан кыайан тиэйбэккэ эрэйдиирэ. Суоппарынан Дорофеев Афанасий Дмитриевич тоҥон-хатан үлэлиирэ. Ол кыһыны быһа тыа хаһаайыстыбатын министерствотыгар туруорсан, икки саҥа «Дружба» эрбии, түөрт саппаас эрбии булан, ол саастан тыаҕа саһаан бэлэмниир буолбуттара. Ветстанция салалтатын кытта уопсай өйгө-санааҕа киирэн, дьэ биир сыаллаах-соруктаах тэрилтэ буолан үлэлээн барбыттара. Бруцеллез, чесотка, модьуун ыарыылар олус тарҕаммыт кэмнэрэ этэ. Ветбаклаборатория сылыйан, дьэ дьиҥнээх лаборатория оруолун толорон, кэккэ саҥа ыарыылар бааллара биллибитэ: туберкулез, паратуберкулез, лейкоз о.д.а. Паразитарнай ыарыы — финноз элбэхтик көстөрө. Санэпидстанцияны кытта быраас Ситникова М.И. ыкса сибээстээхтик үлэлээһинэ саҕаламмыта. Тыа сирдэригэр оччолорго типовой (дьаамалаах) туалет суоҕа, олору туттарыы курдук о.д.а. санитарнай-гигиеническэй үлэ күүскэ барбыта, быһата «культурнай революция» буолбута. Болтоҥо Арыылааҕар бүтэһик дьиэ хотонтон араарыллыбыт. Сүөһүнү тэлгэһэҕэ идэһэҕэ өлөрүү аҕыйаабыт, Чурапчы буойунатыгар стеллажтар оҥоһуллубуттар, сүөһүнү өлөрүү, астааһын ветеринарнай специалистар хонтуруолларыгар ылыллыбыттар. Хотоннорго нэдиэлэ ахсын санитарнай күннэр тэриллэр буолбуттар, кэлин сүөһү үлэһиттэрэ санитарнай киниискэ толоттороллоро ирдэнэр буолбут. Ветбаклабораторияҕа элбэх эмп: тканевай препарат, натуральнай биовиттар, натуральнай куртах сога, ону таһынан АБК (ацидофильная бульонная культура), ПАБК (пропионо-ацидофильная бульонная культура) оҥоһуллаллара. Итилэри сүөһүнү күһүҥҥү өттүгэр күүскэ уотууга туһаналлара. Лабораторияҕа бу кэмҥэ Сивцева Клавдия Константиновна, Дьячковская Светлана Георгиевна, Дорогунова Анна Иннокентьевна, Коркина Мария Петровна, Бомбоева Евдокия Филипповна үлэлээбиттэр.
1966 сыллаахха бруцеллез ыарыыга 12146 боруоба чинчиллибит, 8073боруоба хос чинчийиини ааспыт, 333 ыарыылаах боруоба көстүбүт.Кыстыкка оройуон үрдүнэн 2560 сылгы көнньүнэн өлбүт. Ол иһиттэн 576 төбө параскаридозтан (сойуо) өлбүтэ көстүбүтэ. Ветврач Ноттосов Д.И. (Таатта) 2% хлорофоһу туттууга опыта аан бастаан туһаныллыбыта. Бу опыт элбэх туһаны аҕалбыта, ветспециалистар биһирээн тутталлара кэпсэнэр. Бруцеллез ыарыылаах 333 сүөһү баара бэлиэтэммит.Чурапчы оройуонугар Михайловтар диэн саҥа үлэһиттэр кэлбиттэрэ. Михайлов Виктор Васильевич ветстанция начальнигынан, эпизоотологынан үлэлээбит. Роза Гаврильевна лабораторияҕа серолог бырааһынан 1970 сылга диэри үлэлээбитэ. Чурапчыга кылгас да кэмҥэ үлэлээн аасталлар кинилэр, оччолорго эдэр дьон, бу кэмнэрин сүрдээх күндүтүк саныылларын кэпсииллэр.
1967 сылтан тиҥэһэлэри буоһатыы иннинэ ревакцинациялааһын оҥоһуллар буолбута. Бруцеллез ыарыыга 13922 боруоба хааны чинчийбиттэр, 4808 боруобаҕа хос чинчийии ыытыллыбыт, 583 ыарыылаах боруоба көстүбүт. Сылгыга мыт (уос бааһа), хабарҕаһыт ыарыыттан өлүү элбээбит. 391 сылгы ыалдьыбыта бэлиэтэммит, 160 өлбүт. Лабораторияҕа хааны биохимическай чинчийиигэ көрүү саҕаламмыт.Тыа хаһаайыстыбатын техникумун бүтэрбит эдэр специалистар кэлбиттэр. Бу сылга лаборантканан саҥа үлэһит Иванова Мотрена Гаврильевна киирбит .
1968 сылтан бруцеллез ыарыыга 9757 боруоба чинчиллибит, 2870боруоба хос чинчийиини ааспыт, онтон 144 ыарыылаах сүөһү көстүбүт. Бруцеллез ыарыы намтаабыта эрээри, адьас суох оҥоһуллубатаҕа. Оройуон үрдүнэн 1962 сылтан 6013 бруцеллезтаах сүөһү өлөрүллүбүт. Сылгыга мыт ыарыыта син биир элбэх эбит. Биллиилээх быраас Ксенофонтов Юрий Петровиһы бу сыл ветстанция начальнигынан анаммыт. Лаборатория директорынан Сидорова Александра Дмитриевна буолбут.
Александра Дмитриевна бу лабораторияҕа кылгастык эрээри, чаҕылхайдык үлэлээбитэ, улахан капитальнай өрөмүөннэри ыыттарбыта, уунан ититиллэр оhохтору киллэрбитэ, лабораторнай кыылларга туhунан дьиэ тутуллубута, кабинеттар өссө элбэх лабораторнай иһиттэринэн, прибордарынан хааччыллыбыттара.
1969 сыллаахха бруцеллез ыарыыга 14855 боруоба чинчиллибит, 4374 боруобаҕа — хос чинчийии, 121 ыарыылаах боруоба көстүбүт. Быраастарынан серолог Сивцева Клавдия Константиновна, ММПКС сэбиэдиссэйэ Михайлова Розалия Гаврильевна этилэр. Лаборанкаларынан Иванова Мотрена Гаврильевна, Бомбоева Евдокия Филипповна, санитаркаларынан Коркина Мария Николаевна, Оконешникова Вера Гаврильевна үлэлээбиттэр.
1970 сыллаахха бруцеллез ыарыыга 15937 боруоба чинчиллибит, хос чинчийии — 4374 боруоба, 77 ыарыылаах боруоба көстүбүт. Туберкулезкэ 8700 сүөһү чинчиллибит, паратуберкулезкэ 6007 сүөһү, диктикаулезка ньирэйдэргэ 21 бэрэбиэркэни ааспыт, 5 өлбүт. Хааһырҕастан 1, пастереллезтан 8 сүөһү өлбүт, хааннаах үөһүрэҥинэн 90 сүөһү ыалдьыбыт, 10 өлбүт. Сылгыга уос бааһыттан 582 ыалдьыбыт, 27 өлбүт. Ол эрээри бу ыарыы ааспыт сылтан намтаабыта бэлиэтэммит.Директор Сидорова Александра Дмитриевна Ленинград куоракка стажировкаҕа барбыт, Сивцева Клавдия Константиновна директоры солбуйааччынан үлэлээбит.ММПКС сэбиэдиссэйэ Михайлова Розалия Гаврильевна уурайан барбытынан, лабораторияҕа бу дуоһунаска Дьячковская Светлана Георгиевна анаммыт.
1971сыллаахха бруцеллез ыарыыга 15556 боруоба чинчиллибит, онтон хос чинчийии — 5783 боруоба, 159 ыарыылаах боруоба көстүбүт. Онон ыарыы ааспыт сылтан үрдээбитэ биллибит.Лаборатория директорынан Сидорова Александра Дмитриевна үлэлии сырыттаҕына, кэргэнин үлэтиттэн ууратаннар, эмискэ Амма улууhугар көспүттэрэ. Онно кини ветеринарнай лаборатория директорынан, кэлин Дьокуускайга Президент аппараатыгар үлэлээбитэ. Александра Дмитриевна Чурапчыга төһө да кылгас кэмҥэ үлэлээтэр (үс сыл аҕыс ый), чаҕылхайдык үлэлээн ааспыта.Дьячковская Светлана Георгиевна Ленинградтан стажировкаттан кэлэн баран, лаборатория солбуйааччы директорынан сылдьыбыт.
1972 сыллаахха бруцеллез ыарыыга 17415 боруоба чинчиллибит, онтон хос чинчийии — 60607 боруоба, 357боруобаҕа ыарыы баара көстүбүт. Ыарыы ааспыт сылтан быдан үрдээбитэ бэлиэтэммит, хос чинчийии үксээбит. Чурапчы нэһилиэгэ бу сылга бруцеллезтан босхоломмута. Муус устар 11 күнүттэн лаборатория директорынан Дьячковская Светлана Георгиевна анаммыта. Бу сылларга саҥа химико-токсикологическай отдел аhыллыбыта, химик-токсикологынан Романова Маргарита Афанасьевна киирбитэ. Үлэлии сырыттаҕына Саха АССР Верховнай Сэбиэтин депутатынан талбыттара. Серологынан Сивцева Клавдия Константиновна, ветеринарнай-санитарнай экспертиза бырааhынан Ефремова Ксения Алексеевна үлэлээбиттэрэ. Коллектив олус эйэлээх, иллээх этэ. Элбэх конференцияларга, семинардарга, субуотунньуктарага кыттара.
1973 сыллаахха бруцеллезка 14511 боруоба чинчиллибит, хос чинчийии 90065 боруобаҕа ыытыллыбыт, 221 ыарыылаах боруоба көстүбүт. Бу сылга Сылаҥ нэһилиэгэ бруцеллез ыарыыттан босхоломмута. Лабораторияҕа түөрт отдел баар буолбута, саҥа иһит, оборудование, прибордар ылыллыбыттара.Химик-токсиколог быраас Романова Маргарита Афанасьевна Ленинградка стажировкаҕа баран кэлбитэ.
1974 сыллаахха бруцеллезка 618 ыарыылаах сүөһү булуллубут. Бу сылтан бруцеллеһу утары ШТ-82 вакцина туттуллар буолбута. Төрүүр тыһы ньирэйдэргэ 4-5 ыйдарыттан оҥоһуллара, буоһатыллыах иннинэ ревакцинация ыытыллара.
1975 сыллаахха бруцеллез ыарыыга 15032 боруоба чинчиллибит, онтон хос чинчийии — 20475 боруоба. 434 ыарыылаах боруоба көстүбүт.Бруцеллез ыарыыттан Одьулуун, Хатылы, Чакыр нэһилиэктэрэ босхоломмуттара. Икки специалист Дьокуускай куоракка стажировка барбыттара көстөр.
1976 сыллаахха бруцеллез ыарыыга 20296 боруоба чинчиллибит, онтон хос чинчийии — 22101боруоба, 625 ыарыылаах боруоба көстүбүт.бруцеллез ыарыыттан Бахсы, Хоптоҕо нэһилиэктэрэ босхоломмуттара. Бу сылларга кураан дьыллар тураннар, общественнай сүөһүгэ араас элбэх эбии аһылыгы бэлэмнээн, сиэтэн кыстыгы туораталлара (закваска, паардаммыт дулҕа, сиилэс, сенаж, минеральнай брикеттэр, уотурба, былыык). Бу эбии аһылыктартан сороҕор сүһүрүү да тахсара, ону чинчийиигэ, туоратыыга үгүс үлэ барара. Токсиколог быраас Романова Маргарита Афанасьевна серолог, оттон серолог Сивцева Клавдия Константиновна токсиколог буолбута. Кинилэр миэстэлэрин уларыппыттара бирикээскэ суруллубут.
1977сыллаахха бруцеллез ыарыыга 22079 боруоба чинчиллибит, онтон хос чинчийии — 17553 боруоба, 222 ыарыылаах боруоба көстүбүт.Бруцеллез ыарыыттан Болугур, Мугудай, Хадаар нэһилиэктэрэ босхоломмуттара. Лабораторияҕа бу бириэмэҕэ серолог бырааһынан Романова Маргарита Афанасьевна ситиһиилээхтик үлэлии сырыттаҕына, оройуон тыа хаһаайыстыбатын үлэһиттэрин профсоюһугар үлэҕэ ыҥырбыттара. Грамотнай, үлэһит киһини Саха АССР Верховнай Сэбиэтин депутатынан талбыттара.
1978 сыллаахха бруцеллез ыарыыга 22501 боруоба чинчиллибит, хос чинчийии —17994боруоба, онтон 185 ыарыылаах боруоба көстүбүт. Бруцеллезтан Арыылаах, Хайахсыт нэһилиэктэрэ босхоломмуттара. Бу сыл токсиколог быраас Сивцева Клавдия Константиновна үчүгэй үлэтин иһин Москва куоракка ВДНХ-ҕа баран кэлбит.Кылгастык да буоллар, лабораторияҕа Иванов Христофор СтепановичММПКС сэбиэдиссэйинэн үлэҕэ киирбит, эрдэ ветстанцияҕа үлэлээбит. Кини Мотрена Гаврильевна Иванова кэргэнэ этэ.
1979 сыллаахха бэйэтэ үөрэнэн бастакы лаборантканан буолбут Коркина Мария Николаевна бу сыл саҥата үлэтиттэн тохтообут. Кини лабораторияҕа барыта отучча сыл үлэлээбитэ. Бруцеллез ыарыыттан Болтоҥо, Соловьев, Кытаанах нэһилиэктэрэ босхоломмуттара. Оройуон, республика салатата, хас да көлүөнэ ветеринарнай специалистар, хаһаайыстыбаннай салайааччылар бары турунан, бу киһиэхэ, сүөһүгэ олус кутталлаах ыарыы бохсуллубута. Бруцеллез ыарыыттан төһө да босхолонуу буоллар, ветеринарнай специалистар уоскуйан хаалбатахтара, кэмигэр кэтээн көрүү син-биир ыытыллара, сылыктааһын тохтооботоҕо. Саҥа киирэр сүөһүлэри күүскэ хонтуруоллаан, бу ыарахан ыарыыны улууска киллэрбэт туһугар күннэтэ былааннаах үлэ ыытыллара. Дьячковская Светлана Георгиевна барыта 8 сыл директорынан үлэлээбитэ. Атырдьах ыйын 8 күнүттэн лаборатория директорынан Васильева Августа Алексеевна ананан үлэлии кэлэр.
Бу бириэмэҕэ ветстанция дьиэтигэр көспүтэ, саҥа ититэр хочуол турбута, дьиэ акылаата, кырыыһата уларыйбыта, кабинеттарга кыралаан өрөмүөн ыытыллыбыта. Үп-харчы кырыымчык буолан, бытыылка туттаран харчы эбиммиттэрэ, элбэх субуотунньугу ыыталлара. Оройуоҥҥа сүөhү көнньүнэн өлүүтэ наhаа элбэх этэ. Ону таһынан оройуон бруцеллез ыарыыттан саҥа босхолонон улахан хонтуруолга олорбута. Саҥа оборудованиелар, аныгы олох ирдэбилигэр сөп түбэhэр паровой автоклавтар кэлбиттэрэ. Лаборатория специалистара идэлэрин таhыма үрдүк этэ. Ол курдукдиректорынан Васильева Августа Алексеевна, быраастарынан бактериолог Дьячковская Светлана Георгиевна, токсикологынан Сивцева Клара Константиновна, серологынан Андросова Татьяна Романовна үлэлээбиттэрэ. Слепцов Владимир Дмитриевич ММКС сэбиэдиссэйинэн сыл аҥара киирэн үлэлээбитэ уонна Карл Маркс аатынан сопхуоска ыҥырыллан барбыта. Лаборанкалар Иванова Мотрена Гаврильевна, Бомбоева Евдокия Филипповна, санитаркалар Оконешникова Вера Гаврильевна үлэлээбиттэрэ. Уопсайынан, 1971-1980 сылларга ынах сүөһүгэ бруцеллезтан ураты эмкар (хааһырҕас), паратуберкулез, актиномикоз (уос бааһа), ньирэйдэргэ диктикаулез, борооскуларга, хааннаах үөһүрүү, сылгыга мыт (уос бааһа) ыарыыта бэлиэтэнэрэ көстөр.
1980 сыллаахха Васильева Августа Алексеевна директорынан үлэлээбитэ иккис сылын кэнниттэн: «Дьэ дьиҥ лабораторнай үлэҕэ киирбитим», — диэн ахтыыга суруйбута баар. Саҥа кэлбит киһи билбэтэ элбэх этэ. Лаборатория үлэтигэр талан ылбыт идэбитин атын өттүттэн көрөн үөрэтэр, оҥорор, билэр түгэннэр үгүстэрэ. Республикатааҕы чинчийэр лабораторияттан Кострова В.В. салайааччылаах комиссия кэлэн улахан методическай, практическай үлэни ыыппыта. Бу комиссия итэҕэстэри-быһаҕастары олус сиэрдээхтик ыйан-кэрдэн, кыаллар өттүн миэстэтигэр быһааран олус көмөлөспүтэ. Августа Алексеевна Ленинградка 3 ыйдаах стажировкаҕа сылдьан билиитэ-көрүүтэ кэҥээн кэлбитэ, бэйэтигэр специалист быһыытынан эрэлэ күүһүрбүтэ. «Үлэһиттэри да салайарга тылым-өһө тахсар буолбута», — диэн суруйара оруннаах, идэни үрдэтии элбэх билиини биэрэрэ.
Улууска сүөһү көнньүнэн өлүүтэ олус элбэҕэ. Санитарнай туруктара мөлтөх, тымныы, сииктээх хотоннор сүөһүгэ олус охсуулаахтара, ордук «Чурапчы» уонна Эрилик Эристиин аатынан совхозтарга. Оройуон бруцеллезтан саҥа босхоломмут этэ эрээри, улахан хонтуруолга олороро. Былааннаах үлэни графигы кытта дьүөрэлээн үлэлииллэрэ. График кэллэ да лаборатория үлэһиттэрэ бары кэриэтэ быраастартан санитарга тиийэ сыстыганнаах ыарыыны утары охсуһар этэрээт үлэһиттэрин кытта хаан ыла бараллара.
1981 сыллаахха ынах сүөһүгэ паратуберкулез ыарыыта син биир биирдиилээн көстөрө, уос бааһыгар 293 сылгы ыалдьыбыта көстөр. Ветеринарнай сулууспа структуратыгар улахан уларыйыылар киирбиттэрэ. Государственнай сулууспа оннугар, совхозтарга бас бэринэр сулууспа үөскээбитэ. Совхоз дирекцията учаастакка баар бэтэринээрнэй специалистары быһа салайар буолбута. Ол эрээри ветстанция, ветбаклаборатория, Чурапчытааҕы ветпункт государственнай сулууспаҕа хаалбыттара. Абортааһын ынах сүөһүгэ көстөрө, анализка киирэрэ. Улахан болҕомто бруцелеһу чинчийиигэ ууруллара, ньирэй өлүүтүн биричиинэтин быһаарарга чинчийии оҥоһуллара. Хомойуох иһин, өлүү сүрүн биричиинэтэ тымныйыыттан, антисанитарияттан буолара. Кыралаан оборудование өттүнэн хааччыллыы ыытыллыбыта: термостат, автоклав реактивтарынан. Производственнай отдел олус түбүктээх этэ. Лаборантка Бомбоева Евдокия Филипповна, санитарка Дорофеева Светлана Павловна олорон турбакка үлэлииллэрэ. Үлэлэрин таһынан АБК (ацидофильная бульонная культура), ПАБК (пропионо-ацидофильная бульонная культура), саратовскай закваска, оннооҕор эмкэ туһаныллар глюкозаны, новокаины, фурацилин растворун, физраствору, препараты лаборатория усулуобуйатыгар оҥорон хаһаайыстыбаларга тарҕаталлара. Бу миэстэтигэр оҥоһуллар эмтэр элбэх сыраны, бириэмэни ылаллара.
1982 сылларга оройуоҥҥа ынах сүөһүгэ бруцеллез ыарыыта кыралаан кыччыыра көстөр. Паратуберкулезыарыытыгар 69 боруоба бэлиэтэммит, некробактериоз (атахсыт) ыарыыта элбээн 293 сүөһү ыалдьыбыт, сылгы мытыгар (уос бааһа) 941 ыалдьыбыт, 36 төбө өлбүтэ биллэр. Улууска субуотунньуктар элбэхтик ыытыллаллара. От үлэтэ, шефтээх совхозпутугар хортуоппуй хостооһуна, лабораторияҕа оттук маспыт бэлэмэ, муус ылыыта, барааннарбыт кыстыыр отторун хаһааныы да буоллун, бары бииргэ түмсэн ветстанция, тыа хаһаайыстыбатын управлениетын эр дьоннорун көмөлөһүннэрэн бириэмэтигэр оҥоһуллаллара.
Бу сыл Чурапчы оройуонугар Карл Маркс аатынан совхозка ветеринарнай бырааһынан үлэлээбит Николаева Валентина Гаврильевна токсиколог бырааһынан үлэҕэ киирбитэ, Сивцева Клавдия Константиновна наставник быһыытынан элбэхтик сүбэлиирэ. Кини бу сыл үлэтиттэн тохтоон дьиэ сууйуутугар көспүтэ. Коллектив олус түмсүүлээҕэ. Васильева Августа Алексеевна — директор, ветврач — серолог Андросова Татьяна Романовна, ВСЭ — Попов Валентин Гаврильевич, лаборанкалар Иванова Мотрена Гаврильевна, Бомбоева Евдокия Николаевна, санитаркалар Оконешникова Вера Григорьевна, Дорофеева Светлана Павловна үлэлиллэрэ. Бары ким бириэмэлээҕинэн үлэ таһынан производственнай үлэни, АБК, ПАБК оҥороллоро.
1983 сыллаахха Паратуберкулез ыарыы элбээбит. Ол курдук 211 боруоба чинчиллибит, 30 сүөһү өлбүт. Некробактериозка (атахсыт) 315 ыалдьыбыт сүөһү көстүбүт, сылгы мытыгар (уос бааһа) 141 боруоба көстүбүт.
Августа Алексеевна лабораторияҕа үлэлиир сылларыгар биир улахан ситиһиитинэн Тамара Дмитриевна Каратаева дьаһалынан республикаҕа биир бастакынан Чурапчы лабораторията спецавтомашина ылбыта буолар. Лаборатория ветстанцияны кытта биир этэ.
Лабораторияҕа быраастар Васильева Августа Алексеевна — бактериолог, директор, Николаева Валентина Гаврильевна — токсиколог, Попов Валентин Гаврильевич — ветсанэкспертиза бырааһынан үлэлииллэрэ. Бу сыл серолог Андросова Татьяна Романовна үлэлээн бүтэн Мэҥэ-Хаҥаласка барбыта, кини оннугар серолог бырааһынан Матвеева Ульяна Михайловна киирбитэ. Лаборанткаларынан Иванова Мотрена Гаврильевна, Бомбоева Евдокия Филипповна, санитаркаларынан Дорофеева Светлана Павловна, Оконешникова Вера Гаврильевна, лабораторнай кыыллары көрөөччүнэн уонна остуораһынан Сивцева Клавдия Константиновна үлэлээбиттэрэ. Начальнигынан Ершов Михаил Михайлович үлэлиирэ. Серологическай отдел сүрүн үлэтинэн оччолорого сүөһү хаанын бруцеллезка, паратуберкулезка көрүү, тириини сибирскэй язваҕа бэрэбиэркэлээһин буолара. Оройуон бруцеллез ыарыыга кэтэбилгэ сылдьара. Паратуберкулез Одьулууҥҥа, Үрэх-Күөрэ учаастагар баара.
Бруцеллез – бу ынах сүөһү, таба олус сыстыганнах ыарыыта, киһи эмиэ сыстыан сөп. Ыарыыны көбүтэр бруцеллалар организмҥа өтөн киирэн хаан устун тарҕаналлар. Ол иһин бу ыарыы баарын-суоҕун сүөһүттэн хаан ылан серологическай чинчийии көмөтүнэн быһаарыллар. Бу ыарыы бастаан көстөрүгэр сүөһү төрүөҕэ намтаабыта, кытарах сүөһү элбэҕэ, сүөһү буос да буоллаҕына торбостуура, кэнэҕэскитэ үгүстүк хаалара. Хаһаайыстыбаҕа бруцеллез ыарыы элбэх ночооту аҕалара: үүт суорда суох тутуллара, пастеризациялааһын (үүтү оргутуу) эбии элбэх түбүгү таһаарара, хаһаайыстыба салгыы сайдыыта бытаарара. Ол иһин бу ыарыыны суох оҥорорго ветеринарнай сулууспа уонна лаборатория үлэһиттэрэ элбэх үлэни көрсөллөрө,күнү-дьылы аахсыбакка дэриэбинэлэргэ элбэхтэ командировкаҕа сылдьан дьоҥҥо өйдөтөр үлэни ыыталлара. Кинилэр сүөһү хаанын ый аайы бэрэбиэркэлээн, ыарыылаах сүөһүнү кэмигэр булан, доруобай сүөһүлэртэн араартаан,ыарыы салгыы тарҕанарын бохсубуттара. Бу кэмҥэ үлэлээбит специалистар улахан үлэни ыытаннар, бу ыарыы сыыйа суох буолбута. Бруцеллез киһиэхэ биллибэтинэн сыстар буолан ыарахан ыарыыга киирсэрэ. Ыарыылаах хаһаайыстыбаҕа үлэлээбит үлэһиттэр, бэтэринээрдар ыарытыйаллара, эрэйдэнэллэрэ көстөрө. Медиктэр, чопчу быһаарар диагностика суоҕуттан эбитэ дуу, ордук кутталлаах киһи ыарыытын таһаарбыттар диэнтэн дьиксинэн дуу, туттунар курдуктара, бруцеллеһунан ыалдьыбыккын диэн түмүк чопчу туруорбат эбиттэр. Ыарыылаах хаһаайыстыбаҕа үлэлээбит дьоннор ортолоругар илии-атах дьарҕата, оҕоломмот буолуу кыһалҕата үгүһэ. Үйэтин тухары ыарыһах буолан хаалбыт киһи оннооҕор инбэлииккэ тахсарыгар бу ыарыыны быһаарартан түмүк ылыыта уһун-киэҥ кэтэһиигэ кубулуйара. Онон үлэһиттэр бэйэлэрин доруобуйаларын толук ууран туран бу ыарыыны кыайбыттара диэххэ сөп.
Бу сылларга лаборантка Иванова Мотрена Гаврильевна отделларга барытыгар сылдьара, производственнай отдел тутаах үлэһитэ этэ. Үлэтигэр олус эппиэтинэстээҕэ, кыһамньылааҕа, аккуратнайа. Күҥҥэ 800-1000 боруоба хааны көрөллөрө. Ол иһигэр биир да ыарыылаах сүөһүнү көтүтэн кэбиспэт туһугар, точнай, аккуратнай, грамотнай буолуохтааҕын хас биирдии үлэһит өйдүүрэ. Бу сыл үлэни, анализ оҥоруутун хонтуруоллуу, көмөлөһө республиканскай лабораторияттан идэлэрин толору баһылаабыт специалистар Мотрена Петровна Решетникова, Ольга Семеновна Харитонова, Марфа Ильинична Стрекаловская командировкаҕа кэлэн барбыттара, элбэх сүбэни биэрбиттэрэ. Үлэһиттэр республиканскай лабораторияҕа, идэни үрдэтэр кииҥҥэ стажировкаларга, семинардарга кэмигэр сылдьаллара.
1984 сыллаахха сүөһү бруцеллеһугар 20 боруоба көстүбүт, паратуберкулезкэ 38 боруоба көстүбүтүттэн, 28 сүөһү өлбүт, некробактериозка (атахсыт) 302 сүөһү ыалдьыбыта биллибит, сылгы мытыгар (уос бааһа) 243 ыалдьыы көстүбүтүттэн, 15 сүөһү өлбүт. Партия оройуоннааҕы комитетын уурааҕынан Васильева Августа Алексеевнаны ветеринарнай станцияҕа начальнигынан анаабыттара. Онон токсиколог бырааһынан үлэлии сылдьар Николаева Валентина Гаврильевна директорынан анаммыта.
Бу сылларга ыарахан кыстыктар буолан, совхозтартан патматериал, от боруобата элбэхтик киирэрэ. Үлэ таһынан производственнай отделы үлэлэтэллэрэ. Манна сүөһүгэ көдьүүстээх биологическай стимулятордары – тканевай препараты, саратовскай заквасканы, полисолу, искусственнай үүт састаабын, сэрэтэр-эмтиир препараттары таһынан АБК (ацидофильная бульонная культура), ПАБК (пропионо-ацидофильная бульонная культура), искусственнай үөһү, йодинолу, эмтээх оттор настойкаларын, хлористай кальцийы, глюкозаны сылы эргиччи оҥороллоро. Итилэр күһүн сүөһү кыстыкка киириитигэр, саас саҥа төрүөххэ бэлэмнээн былаан быһыытынан бэлэмнэниллэллэрэ. Хас эмп кутуллар бытыылкатын сууйуу, стерилизация оҥоһуута, эмтэри, препараттары кутуу, онтон эмиэ автоклавтааһын, этикетка сыһыарыы, дьааһыктарга уган тарҕатыы үгүс кыһамньыны, үлэни эрэйэллэрэ. Түһэриллибит былаан мэлдьи туолара. Хас биирдии партияттан боруоба ылыллан, хаачыстыба хонтуруола оҥоһуллар этэ уонна архыыпка ууруллара. Бу препараттарга хаһаайыстыбалар олус наадыйар этилэр, ол иһин сүөһү туруга тупсарын, төрүөх өлүүтэ аҕыйыырын туһугар туруулаһан туран үлэлииллэрэ. Бу кэмнэргэ үлэлии сылдьыбыт санитаркалар, лаборанткалар, быраастар бары олус бэриниилээх үлэһиттэр этэ. Бомбоева Евдокия Филипповна үрдүк үөрэхтээх зоотехник да буоллар, бактериологическай отделга ветеринарнай специалистартан итэҕэһэ суох барытын сатыыра. Тустаах үлэтин олус кыһамньылаахтык толороро, туппут үлэтин ыһыктыбат бүгүрү үлэһит этэ. Сыл бүтүүтүгэр үлэлээн бүппүтэ, кини оннугар Крюкова Светлана Николаевна лаборантканан үлэҕэ киирбитэ. Иванова Мотрена Гаврильевна орто үөрэхтээх да буоллар, барыны-бары сатыыр лаборантка этэ. Бу кэмнэргэ токсиколог бырааһынан Попов Валентин Гаврильевич үлэлиирэ, элбэх билиилээх-көрүүлээх, аккуратнай үлэһит этэ, буочара ордук кырасыабай буолара. Отдел үлэтин кыайа тутарын таһынан, элбэхтик команидровкаҕа сылдьан быһаччы көмөнү оҥороро. Санитаркалар Дорофеева Светлана Павловна, Оконешникова Вера Гаврильевна олус түбүктээх үлэлээхтэр этэ: муус киллэрэн уу бэлэмнииллэр, оһох оттон ууларын сылыталлар, иһиттэрин сууйуута бүттэр бүппэт, хаан сүөкүүллэр, пробирка бэлэмнииллэр, өссө солбуһа сылдьан виварийга кыыллары көрөллөр, сороҕор өрөбүлгэ да өрөөбөт курдуктара. Аны общественнай үлэттэн эмиэ туора турбаттар. Түбүктээх үлэлээх да буоллаллар, куруук үөрэ-көтө, дьээбэлэнэ сылдьаллар этэ. Кинилэр чахчы бэриниилээх үлэһиттэр буолаллара үлэлээбит үлэлэрин түмүгүттэн чаҕылхайдык көстөр.
1985 сыл саҥата директор Николаева Валентина Гаврильевна Ленинградка «Лабораторное дело» диэн темаҕа стажировкаҕа үс ый болдьохтоох үөрэххэ баран кэлбитэ.Биирдэ лабораторияҕа Эрилик Эристиин аатынан совхоз Хадаардааҕы отделениетыттан патматериал киирдэ: ньирэй ис органнара, тыҥата тутан көрдөххө кытаанахтар, күп-күөх чэлкэх — барыта тымныйыыга майгынныыр. Чинчийии түмүгэр «аспирационнай бронхопневмония» диагноз турда. Оччолорго совхоз сүөһүлэригэр ньирэйдэргэ «аспирационнай бронхопневмония» диагноз туруоруллар буолара. Ньирэйи киэҥ үүттээх суосканан сыыһа аһатыыттан аһын тыҥатыгар түһэрии үгүстүк тахсара, ол сайдан аспирационнай бронхопневмонияҕа тиэрдэрэ. Онно эбии тымныы, сииктээх хотоннор, күһүҥҥү өттүгэр хотону хойутаан сыбааһын, үлэһит илии тиийбэтэ, куһаҕаннык көрүү түмүктэрэ элбэхтик көстөрө. Иккис патматериал кэллэ: тыһаҕас тыҥата үөс тардарын кытта холбуу сылдьар, эмиэ Эрилик Эристиин аатынан совхоз Хадаардааҕы отделениетыттан киирбитэ. Көрөн соһуйдубут, тыҥа икки өттө иккиэн үрүҥ жемчуг оҕуруо курдуктар. Туберкулезкэ майгыннатан материалы Дьокуускайга республиканскай ветеринарнай лабораторияҕа ыыппыттар, тиийэн бигэргэнэн «туберкулез» диэн быһаарыллыбыт. Оройуоҥҥа барытыгар кутталлаах ыарыы туһунан биллэрии барбыта, Тыа хаһаайыстыбатын министерствотын ветеринарияҕа управлениетын начальнига Каратаева Тамара Дмитриевна бэйэтинэн тахсан оройуон бюротун ыҥыран, боппуруос көтөҕөн, комплекснай былаан оҥорон, бигэргэтэн, бу көстүбүт ыарыыны утары үлэ саҕаламмыта. «Улахан Сыһыы» ферматын уматарга, сүөһүтүн санитарнай өлөрүүгэ ыытарга, атын хотоннорго санитарнай өрөмүөн ыытарга дьаһал тахсыбыта, 45 хоно-хоно баар сүөһүнү барытын чинчийэргэ сорук туруоруллубута.Туберкулез ыарыы күүскэ туран чинчийии үлэтэ саҕаламмыта. 42593 сүөһү чинчиллибититтэн 580 сүөһү ыарыылааҕа быһаарыллыбыта. Кулун тутарга Эрилик Эристиин аатынан совхоз Хадаардааҕы отделениетыгар, Карл Маркс аатынан совхоз Үрэх-Күөрэтээҕи биригээдэтигэр тыа хаһаайыстыбатын ветеринарнай управлениетын бирикээһинэн ыарыы турбутунан «неблагополучнай пункт» аһыллыбыта. Лаборатория үлэһиттэрэ ыарыылаах сүөһүгэ ветеринарнай-санитарнай чинчийии оҥорорго быыстала суох сылдьаллара. Тыа хаһаайыстыбатын министерствотын ветеринарияҕа управлениетын тутаах үлэһитэ, Саха Республикатын үтүөлээх ветеринарнай бырааһа Шадрина Антонина Михайловна элбэхтэ тахсан, санитарнай өлөрүүгэ сүөһү ис органын барытын арааран, биирдиилээн уларыйыытын көрдөрөн, элбэххэ үөрэппитэ кэлин специалистар диагноз туруорууларыгар улаханнык көмөлөспүтэ. Туберкулез ыарыытыттан ураты некробактериозка (атахсыт) 108 сүөһү ыалдьыбыта биллэр, сылгы мыта (уос бааһа)149 сүөһүгэ баара бэлиэтэммит.
1986 сыллаахха туберкулез ыарыыны чинчийии улуус үрдүнэн салгыы ыытыллыбыта. 45841 сүөһү чинчиллибититтэн, 230 сүөһү ыарыылаах буолара биллибит. Сылгы мыта (уос бааһа) саамай элбээбит кэмэ этэ: 938 ыарыылаах көстүбүт, онтон 32 өлбүт. Лабораторияҕа производственнай отдел штата суоҕа, производственнай үлэни бары ким бириэмэлээҕинэн үлэлиирэ, итини таһынан АБК (ацидофильная бульонная культура), ПАБК (пропионо-ацидофильная бульонная культура) препараттар оҥоһуллаллар этэ, бу препараттар субан сүөһүнү уотууга улахан көдьүүстээх этэ. Отделениелар быраастара бу препараттары туох-ханнык ыарыы көстөрүттэн ылан бараллара. Совхозтарга специалистар хааннааһыҥҥа көмөлөһө, сүөһү көрөөччү күннэрин ыытыһа, кыстыкка бэлэми көрө-истэ элбэхтик командировкаҕа сылдьаллара. РАПО (районное агропромышленное объединение) тыа хаһаайыстыбатын управлениета, семенной лаборатория, ветстанция биир профсоюз чилиэннэрэ этэ, субуотунньуктарга, күһүн сүөһүнү маасабай өлөрүүгэ, сайын от үлэтигэр, онтон да атын араас үлэҕэ кыттыһан бииргэ сылдьаллара. Бу таһаарыылаах, олус көмөлөөх, үрдүк түмүктээх үлэлэр этэ. Лабораторияҕа ВСЭ сэбиэдиссэйинэн Батарина Айталина Николаевна үлэҕэ киирбитэ, серолог бырааһынан быстах кэмҥэ Филиппова Маргарита Павловна буолбута.
1987 сыллаахха райисполком алтынньы 25 күнүнээҕи 234 №-дээх уурааҕынан Хайахсыт отделениетыгар туберкулез ыарыытыгар «неблагополучнай пуун» сабыллыбыта. Оройуон туберкулез ыарыыттан босхоломмута. Бу сылларга Хадаар отделениетын сүөһүтэ 28,5% туберкулез ыарыылаах буолан, 1000 сүөһүнү барытын санитарнай өлөрүүгэ ыыппыттара, эккэ туттарбыттара. Саҥа сүөһүлэри Уус-Алдантан, Мэҥэ-Хаҥаластан атыыласпыттара, оройуон үрдүнэн икки хотону уоттаан, түөрт хотоҥҥо комплекснай ырааһырдыы үлэтэ икки сылы быһа ыытыллан, үс саҥа кыстык хотон, икки сайылык тутуллан, мэччирэҥ сирдэрэ ыраастаныллан, оройуон үрдүнэн киэҥ хабааннаах үлэ ыытыллыбыта. Ону тэҥэ оройуон доруобуйа харыстабылын кытта былааннаах биир кэлим үлэни тэрийбитэ.Ол түмүгүнэн Карл Маркс аатынан уонна Эрилик Эристиин аатынан совхозтар Хадаар, Хоптоҕо отделениеларыгар райисполком 185 №-дээх уурааҕынан туберкулезкэ «неблагополучнай пууннар» сабыллыбыттара. Нэһилиэнньэни флюорографиянан 100 % хабарга доруобуйа харыстабылын өттүттэн сорук турбута, дьиэ сүөһүтүн сылын аайы 100%, төрүүр сүөһүнү сылга иккитэ хабан аллергическай чинчийиини былааннаахтык ыыппыттара. Аллергическай реакция биэрбит хас биирдии сүөһүнү учуокка ылан, бары өттүнэн кэтээн көрүү ыытыллыбыта. Иккистээн «положительнай реакция» биэрбит сүөһүлэри санитарнай өлөрүүгэ ыытан ыраастаныы барбыта. Нэһилиэнньэ ортотугар үгүс өрүттээх сэрэтэр-өйдөтөр үлэ ыытыллыбыта. Ол үрдүнэн туберкулез ыарыы олох сүтэн хаалбатах, биирдиилээн көстөр эбит. Барыта 44329 сүөһү чинчиллибититтэн, 22 сүөһү ыарыылааҕа көстүбүтэ, атахсыт ыарыытыгар 258 сүөһү ыалдьыбыт, сылгы уоһун бааһырыыта 152 төбөҕө көстүбүт, 26 өлбүт.
1988 сыллаахха туберкулез ыарыыга 34730 сүөһү чинчиллибититтэн, 9 сүөһү ыарыылааҕа биллибит. Атахсыт (некробактериоз) ыарыытыгар 273 сүөһү ылларбыт, онон ыарыы үрдээһинэ бэлиэтэммит. Сылгы уоһун бааһыгар (мыт) 49 ыалдьыбыт, 7 өлбүт, онон бу ыарыыга кыччааһын барбыт. Бу сыл лаборатория директора Николаева Валентина Гаврильевна директорыттан тохтоон, балаҕан ыйын 29 күнүгэр каадырдары бөҕөргөтүү политикатыгар сөп түбэһиннэрэн, партия Чурапчы оройуонунааҕы комитета «Чурапчы» сопхуоска кылаабынай ветеринарнай бырааһынан ыыппыта. Валентина Гаврильевна совхоз Сылаҥнааҕы отделениетыгар тиийэн күүстээх үлэҕэ сылдьыбыта. Лабораторияҕа директорынан үлэлээбит кэмнэрэ салайааччы быһыытынан үүнэн-сайдан тахсарыгар олук буолбуттара. Кэлин Дьокуускайга тыа хаһаайыстыбатын техникумугар ветеринарнай отделениеҕа инструкторынан үлэлээбитэ. 1993 сыллаахха үлэлээбит оройуонугар дьиэ кэргэнини балаһыанньатынан төннөн кэлэн Чакыр, Хайахсыт ветеринарнай учаастактарыгар сэбиэдиссэйдэринэн үрдүк таһаарыылаахтык үлэлээбитэ. Валентина Гаврильевна биир идэ араас хайысхаларыгар үрдүк ситиһиилээхтик үлэлээн билигин бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор.
Лаборатория директорынан Макарова Зинаида Алексеевна, ветстанция начальнигынан Тытыгынаев Борис Гаврильевич үлэлииллэрэ.
Ветеринарнай лаборатория химико-токсикологическай отделыгар Валентин Гаврильевич оройуоҥҥа химик-токсиколог быһыытынан бэйэтин үлэтин толору баһылаабыт соҕотох специалиһынан биллэрэ. Ол курдук ис дьыала отделын үлэһиттэрэ киниэхэ тутуллубут быраага, самогон састаабыгар төһө алкогольнай спирт баарын быһаартараллара. Валентин Гаврильевич барытын быһааран түмүк суруйан биэрэрэ. Бу чинчийиини ыытарыгар киэһэ хойукка диэри үлэлиирэ, дьон арыгыттан сүһүрүүтэ тахсыбатын туһугар ис дууһатыттан кыһанара. Попов Валентин Гаврильевич бу үлэлии сылдьан ветстанцияҕа бырааһынан көспүтэ, кини оннугар Максимова Клара Васильевна үлэҕэ киирбитэ. Лаборатория үлэтэ сүрдээх ымпыктаах-чымпыктаах: араас реактивтары, кислоталары, щелочтары туттаҕын, оҥорор анализтарын бары кытаанах болдьохтоох, бириэмэлээх буолаллар, онон лаборатория үлэһитэ точнай, аккуратнай буолара ирдэнэр. Республиканскай ветеринарнай лаборатория специалистара кэмигэр сүбэлиир, үөрэтэр буолаллара, анал методиканы туһанан аналиһы хайдах сөптөөхтүк оҥорорго үөрэтэллэрэ-такайаллара.
1989 сыллахха ынах сүөһүгэ сэллиги чинчийиигэ 28886 төбө хабыллыбыт, итинтэн 147-тэ «положительнай реакцияны» биэрбит. Паратуберкулез ыарыыта олох сүтэн хаалбатаҕа бэлиэтэнэр эбит: 90 боруобаҕа баара биллибит. Атахсытынан 196 сүөһү ыалдьыбыт, сылгы мытыгар (уос бааһа) 82 ыалдьыбыт, 4 сылгы өлбүт. Макарова Зинаида Алексеевна директорынан үлэлиир кэмигэр салҕааhын дьиэ тутуллан патанатомическай, производственнай, иhит сууйар туhунан хостор баар буолбуттара.
Бу бириэмэҕэ эмп оҥоһуута элбээбитэ. Сүөһү уойуутугар туттуллар тканевай препараты оҥорорго буойунаттан баран сүөһү таалын, быарын хомуйаллара, 3 хонукка муостаҕа тэлгэтэн сытыаран баран, тас өттүн хастаан мясорубкаҕа эрийэн 3 киилэлии гынан тоҥорон бэлэмнииллэрэ уонна кыралаан киллэрэн препарат оҥороллоро. Бу барыта элбэх бириэмэни, сыраны ылара. АБК (ацидофильная бульонная культура), ПАБК (пропионо-ацидофильная бульонная культура) оҥоруута наһаа уустук буолара, аҥардас культуратын үүннэрэргэ хас да күн барара. 20 лиитэрэлээх улахан бытыылкаларга тыыннаах культураны кутан термостакка аналлаах температураҕа туруораллара, ол кэннэ 500 мл кыра бытыылкаларга кутуллан автоклавтыыллара (стерильнай), этикетка сыһыаран эрэһиинэ хаппаҕынан хаппахтаан сургучтууллара. Лаборатория быраастарынан Матвеева Ульяна Михайловна, Батарина Айталина Николаевна, Максимова Клара Васильевна, лаборанткаларынан Крюкова Светлана Николаевна, Свинобоева Надежда Михайловна, санитарканан Пермякова Надежда Ивановна үлэлииллэрэ. Мордовская (Попова) Наталья Николаевна балаҕан ыйыгар лаборантканан, Мотрена Яковлевна Сазонова санитарканан алтынньыга үлэҕэ киирбиттэр.
1990 сыллаахха начальнигынан Тытыгынаев Борис Гаврильевич үлэлээбитэ. Республикаҕа ынах сүөһүгэ лейкоз ыарыыта баара биллэн барбыта. Бу эмиэ хааны сүһүрдэр ыарыы буолан, серология отделын иһинэн чинчийии үлэтэ барара. Бу отделга саҥа методиканан — РИД реакциянан сүөһү хаанын чинчийии саҕаламмыта.Ынах сүөһүгэ туберкулезкэ 22895 төбөнү көрбүттэр, 33 төбөҕө ыарыы баара биллибит. Паратуберкулезыарыыга 17557 төбө чинчиллибит, 53 боруобаҕа ыарыы көстүбүт, атахсытынан 189 сүөһү ыалдьыбыт.
1991 сыллаахха Советскай Союз эстиитэ саҕаламмыта. Россия саҥа государствота тэриллэр. Онон ыһыллыылаах сыллар үөскээбиттэрэ, тыа хаһаайыстыбатыгар государство кыһаллыбат буолбута, олох дьаалатынан устуута саҕаламмыта. Ынах сүөһү сэллигэр 23131 төбө чинчиллибит, онтон 96 сүөһү быһыыта ылбыт. Атахсыт 209 сүөһүгэ баара биллибит, мытынан (уос бааһа) 224 сылгы ыалдьыбыт, 8 өлбүт, сибиинньэ рожатын ыарыыта 11 боруобаҕа көстүбүт. Ыарыы элбээһинэ айылҕа хаамыытыттан эмиэ тутулуктаах курдук буолара. Бу сыл лабораторияттан Ленинградка стажировкаҕа серолог Матвеева Ульяна Михайловна баран кэлбитэ. Онно лейкоз тематыгар үөрэнэн, бу сылтан серология салаатыгар бу ыарыыны көрүү саҕаламмыта. Максимова Клара Васильевна токсикологияны чинчийиигэ стажировкаланан кэлбитэ.
1992 сыллаахха совхозтар ыһыллыылара саҕаламмыта. Саха Республикатын Президенин «Республикаҕа Аграрнай реформаны ыытар дьаһаллар тустарынан» ыйааҕа тахсыбыта. Бу ыйаахха олоҕуран бааһынай хаһаайыстыбалар, хааччахтаммыт эппиэтинэстээх табаарыстыбалар тэриллэннэр совхозтар ыһыллыбыттара. Сүөһү, сылгы, техника бары көрүҥэ, тутуулар паай буолан үллэһиллибиттэрэ. Чурапчы оройуонугар ветеринарнай специалистары барыларын ветстанцияҕа түмпүттэрэ, начальнигынан үлэлии олорбут Борис Гаврильевич Тытыгынаев буолбута.
Кини хас биирдии специалиһын кытта сирэй көрсөн кэпсэтэн, бу ыһыллыы кэмигэр бииргэ сомоҕолостохпутуна эрэ дьиҥ эпизоотологическай туругу тутан олоруохха сөбүн, сүөһү-ас этэҥҥэ буоларыгар эминэн-томунан хааччыллыы туруктаах буолуохтааҕын, үлэһиттэр хамнастаах буолуохтаахтарын этэн туран, 15 ветеринарнай учаастагы аспыта. Маны таһынан лаборатория персоналын, техүлэһиттэрин барыларын түмэн Чурапчытааҕы сүөһү ыарыытын утары охсуһар ветеринарнай станция тэриллибитэ. Учуот-отчуот кииннэнэн хамнас биир сиртэн бэриллэр буолбута, эми, биопрепараттары зооветснабтан аҕалан аптека нөҥүө түҥэтэн, ыһыллыы-тоҕуллуу саҕана ветстанция улууспутугар эпизоотическай ситуацияны тутан олорбута. Боруода тупсарыыга Алтайскай кыраайтан атыылаһыллан аҕалыллыбыт тиҥэһэлэргэ лейкоз баара көстүбүтэ. Кытаанах нэһилиэгэр «Сандал» уонна Сылаҥ нэһилиэгэр «Силис» бааһынай хаһаайыстыбаларыгар бу тиҥэһэлэри өлөрөн, эккэ туттарбыттара. Уос бааһыгар ылларбыт 224 сылгы баара бэлиэтэммит, итинтэн 8 өлбүт. Ынах сүөһүгэ атахсыт 209 төбөҕө баара бэлиэтэммит. Диплоинфекция 18 төбөҕө көстүбүт, итинтэн 7 сүөһү өлбүт. Лабораторияҕа бу кэмҥэ быраастар Матвеева Ульяна Михайловна, Максимова Клара Васильевна, Батарина Айталина Николаевна, лаборанткалар Крюкова Светлана Николаевна, Попова Наталья Николаевна, Свинобоева Надежда Михайловна, санитаркалар Пермякова Надежда Ивановна, Эльбядова Анна Федосеевна үлэлииллэрэ.
1993 сыллаахха совхозтар бүтэһиктээхтик ыһыллыбыттара. Саха Республикатын бастакы Президенэ Михаил Ефимович Николаев дьаһалынан республика үрдүнэн биир кэлим государственнай ветеринарнай сулууспа тэриллибитэ. Бу сыл ыам ыйын 14 күнүгэр В.Н.Ельцин бигэргэтэн Российскай Федерация 4979 №-дээх «Ветеринария туһунан» сокуона тахсыбыта. Бу кэмнэргэ начальнигынан Попов Михаил Михайлович үлэлиирэ.
Сэбиэскэй кэмнээҕи быраабылалары, ирдэбиллэри хонтуруоллуурга ветеринарнай надзор баар буолбута, үлэбит хаамыыта барыта бу сокуоҥҥа олоҕурбута. Управление начальниктара дуоһунастарын ааттара уларыйан, оройуон кылаабынай государственнай ветеринарнай инспектордарынан, учаастактар сэбиэдиссэйдэрэ ветеринарнай инспектордарынан буолбуттара.
Чакыр нэһилиэгэр лейкоз ыарыыта көстүбүтэ. Бу ыарыыны бохсууга былааннаах үлэлэр саҕаламмыттара. Серология отделын иһинэн гематолог быраас штата көрүллүбүтэ. Стажировкаларга сылдьыы, саҥа методикаларынан үлэлээһин саҕаламмыта. Лейкозка 6761 боруоба ылыллыбыта, итинтэн 131 боруобаҕа ыарыы баара көстүбүт. Атын ыарыыларга — атахсыкка 124, диплоинфекцияҕа 59 сүөһү бэлиэтэммит. Республиканскай лабораторияттан командировкаҕа Лидия Гаврильевна Легантьева, Марфа Ильинична Стрекаловская кэлэн элбэх көмөнү оҥорбуттара. Былааннах үлэлэр кэмигэр ыытыллан, ветуправление үлэһиттэрэ, улуус дьаһалтата, олохтоох специалистар бары бииргэ үлэлээһиммит түмүгэр бу ыарыы улууска суох буолбута. Чакыр учаастагын сэбиэдиссэйэ Егорова Дария Ильинична, ветфельдшер Макарова Людмила Дмитриевна тустаах үлэлэригэр эппиэтинэстээх сыһыаннара, профессиональнай таһымнара бу ыарыыны суох оҥорорго улахан көмө буолбута.Лаборантка Крюкова Светлана Николаевна Бахсы нэһилиэгэр көһөн барар буолан, үлэтиттэн тохтообута, лабораторияҕа үлэлиир кэмигэр кыһамньылаах, билиилээх уонна үлэҕэ дьаһаллаах специалист быһыытынан биллэрэ. Кини сатаабатаҕа диэн суох буолара, общественнай үлэлэр кинитэ суох ааспаттара, лаборатория иһэ кини баар буоллаҕына сүрдээх сэргэх буолара.
1994 сылтан Лариса Ивановна Макарова начальнигынан анаммыта. Улууска ветстанция материальнай базата саҥардыллан, саҥа тутуулар ыытыллыбыттара. Тутуу үөһэттэн кэлбит харчынан эрэ ыытыллыбатаҕа. Хас биирдии үлэһит баҕа өттүнэн хамнаһын уган туран, тутуу норуот күүһүнэн барарын ситиспитэ. Ол курдук хонтуора дьиэтэ тутуллубута. Улууска быһаччы үлэлии сылдьар бэтэринээрдар бастакы научнай-практическай конференциялара ыытыллыбыта.Директорынан Макарова Зинаида Алексеевна, ветврачтарынан Клара Васильевна Максимова, Айталина Николаевна Батарина, Ульяна Михайловна Матвеева, лаборанткаларынан Иванова Мотрена Гаврильевна, Свинобоева Надежда Михайловна, Эльбядова Анна Федосеевна, санитарканан Мордовская Мотрена Яковлевна,Васильева Акулина Петровна үлэлии сылдьаллар этэ.
Бирикээс кинигэтиттэн көрдөххө, бу сылга аккредитацияҕа бэлэмнэнэн Эльбядова А.Ф. докумуоҥҥа үлэлииргэ эппиэтинэстээх үлэһитинэн анаммыт.
Трофимова Валентина Дмитриевна Соловьев нэһилиэгэр ветеринарнай бырааһынан үлэлии сырыттаҕына, начальник Лариса Ивановна Макарова ыҥыран, лабораторияҕа ВСЭ бырааһынан үлэҕэ киирбитэ. Валентина Дмитриевна тыаҕа үлэлээбит практик-быраас буолан, идэтин атын хайысхатыгар — лаборатория чинчийэр бырааһа хайдах ньымалары туһанан үлэлиирин сиһилии үөрэтэн, үлэтин ситиһиилээхтик саҕалаабыта. ВСЭ отделыгар маститтаабыт сүөһүлэр үүттэрэ киирэрэ, ону ханнык антибиотигынан эмтиири быһаараллара. Ону таһынан дьон көрдөһөн эһээхий оҕолор саахтарын уонна ийэ үүтүн аҕалаллара. Лаборатория специалистара манна барытыгар чинчийии ыытан, бэйэлэрэ диагноз туруоран, сөптөөх эми анаан, элбэх киһи махталын ылбыттара.
Бу сыл Төлөй, Чурапчы учаастактарыгар ветфельшеринэн үлэлээбит Филиппова Мария Николаевна лаборантканан киирбитэ.
1995 сыллаахха Чакыр нэһилиэгэр кэлии сүөһүлэргэ лейкоз ыарыыта көстөн, Эрилик Эристиин аатынан совхоз Чакырдааҕы отделениетыгар «неблагополучнай пууну» аһыы туһунан Чурапчы улууһун дьаһалтатын ахсынньы 21 күнүнээҕи 381 №-дээх уурааҕа тахсыбыта. Бигэргэммит былаанынан элбэх үлэ ыытыллан, бу «неблагополучнай пууну» сабар туһунан улуус дьаһалтатын ахсынньы 26 күнүнээҕи 201№-дээх уурааҕа тахсыбыта. Сыллата ынах сүөһү хаанын иккитэ чинчийии хонтуруолга турбута. Төлөбүрдээх үлэ көрүҥэ киирбитэ. Чинчийии сорох өттө прейскураҥҥа олоҕуран төлөбүрдээх оҥоһуллара, ведомоһынан харчыны хомуйан, кассаҕа туттарарбыт. Сыллааҕы отчуоту көһө сылдьар гына оҥорон, Уус-Алдан управлениетыгар баран туттарбыттара. Көһө сылдьар отчуокка илин эҥэрдээҕи лабораториялар, управлениелар бары түмсэллэрэ. Үлэ бу саҥа көрүҥүн сорохтор сөбүлээбэтэхтэрэ эрээри, үгүс үлэһит биһирээбитэ. Атын улууска тиийэн биир идэлээхтэри кытта билсиһии, опыт атастаһыы курдук буолбута. Лабораториябыт гостандартарга эппиэттиир аккредитация диэн тургутууну ааһарыгар бастакы рекомендация кэлбитэ, кыралаан үлэлэр саҕаламмыттара. Хас биирдии отдел манна бэлэмнэнэн элбэх методическай докумуоннары, ГОСТ-лары, НД-лары үөрэтиини саҕалаабыта. Куораттан М.С. Игнатьева командировкаҕа кэлэн элбэх сүбэни, докумуон толоруутугар үгүс көмөнү оҥорон барбыта.
Сибирякова Валентина Ивановна ветстанцияттан лабораторияҕа сыстыганнаах ыарыылары утары охсуһар этэрээккэ лаборантканан үлэлии сылдьан, быстах дьиэ хомуйааччынан, ол кэнниттэн лабораторияҕа киирбитэ.
1996 сыллаахха директор Макарова Зинаида Алексеевна саас муус устарга баҕа өттүнэн атын үлэҕэ көспүтэ. Директорынан Батарина Айталина Николаевна анаммыта. Чинчийэр лаборатория үлэтигэр ирдэбил улааппыта, директор эппиэтинэстээх үлэтэ саҕаламмыта. Саҥа ирдэбил быһыытынан сүөһүттэн ылыллар бородууксуйа, сүөһү аһылыга ыарахан металларга чинчийиини ааһыахтаахтарын учуоттаан, лабораторияҕа эбии штат көрүллэн химик үөрэхтээх Васильева Людмила Юрьевна токсиколог бырааһынан үлэҕэ киирбитэ. От ыйыгар Саха Республикатын Правительствотын олунньу 12 күнүнээҕи 51 №-дээх уурааҕынан ветеринарнай станция тыатын хаһаайыстыбатын уонна соҕотуопкатын министерствотын иһинэн үлэлиир ветеринарнай-чинчийэр лабораториялаах ветеринарнай управление статуһун ылбыта. Серология отдела бруцеллезка 23793 боруоба хааны чинчийбит, итини таһынан 20914 боруоба хааны лейкозка чинчийэн, биэс нэһилиэккэ барыта холбоон 11 лейкоз ыарыылаах боруоба бэлиэтэммитэ.
Лейкоз ыарыы эмтэммэт ыарыы уонна бу утары вакцина айылла илик. Ол иһин ыарыыны суох оҥоруу чинчийии кэмигэр реакциялаабыт сүөһүлэри санитарнай өлөрүүгэ ыытыынан муҥурданар.Сибиинньэ этин трихинеллезка көрөргө боростуой бинокулярнай микроскобунан туттарбыт, кэлин «Стейк» диэн аналлаах оборудование кэлэн чэпчэтии киирбитэ.
1997 сыллаахха лабораторияҕа бактериологическай чинчийии түмүгүнэн сылгыга мыт, сибиинньэҕэ рожа, ньирэйдэргэ колибактериоз, диплоинфекция, эдэр сүөһүгэ эмкар (хааһырҕас) ыарыылар бэлиэтэммиттэр. Серологическай чинчийиигэ паратуберкулез 6 боруобаҕа, лейкоз 2боруобаҕа көстүбүт.Трихинеллезка сибиинньэ этин боруобата үгүстүк киирэрэ. Райпо иһинэн үлэлиир халбаһы сыаҕа аһыллан үлэлээбитэ, оҥоһуллар бородууксуйаны былааннаахтык чинчийэллэрэ, арыы оҥорор сыахтарга, буойуналарга оборудованиелар смывтарын, дезинфекциялааһын хаачыстыбатын бэрэбиэркэлээһин буолара. Начальник, директор улуус ветеринарнай сулууспатын сыллааҕы үлэтин куоракка ветеринария департаменыгар туттараллара, көмүскүүллэрэ, оччолорго дуоһунаска ананыылара уонна үс сылга биирдэ аттестация туттарыы ирдэнэрэ. Лабораторияҕа Ефремова Наталья Александровна ветсанэкспертиза отделыгар бырааһынан киирбитэ. Лаборантканан Сибирякова Валентина Ивановна, Свинобоева Надежда Михайловна, Филиппова Мария Николаевна үлэлииллэрэ. Иванова Мотрена Гаврильевна уһуннук үлэлээн баран, бэйэтэ баҕа өттүнэн бүппүтэ.Мотрена Гаврильевна орто үөрэхтээх эрээри, билиилээх, барыны-бары сатыыр, көрдөрөн, быһааран биэрдиҥ да, тутатына ылынан, толорон иһэр, атын отделлар үлэлэрин барытын сатыыр сүрдээх дьоһун үлэһит киһи этэ.
1998 сыллаахха Республикаҕа гостандартарга эппиэттиир аккредитацияны ЯРВИЛ, Сунтаар, Мэҥэ-Хаҥалас лабораториялара ааспыттара. Биһиги лабораториябытыгар бу аккредитацияны ааһарга бэлэмнэнии барара, онуоха специалистар стажировкаҕа сылдьаллара ирдэнэрэ. Бу сыл лейкоз ыарыыта Мырыла, Мындаҕаайы нэһилиэктэригэр биирдии боруобаҕа көстүбүтэ. Бактериологическай отдел ылбыт боруобаларыгар мыт, рожа, колибактериоз, диплоинфекция көстүбүтэ. Бу кэмҥэ лаборанткаларынан Сибирякова Валентина Ивановна, Филиппова Мария Николаевна үлэлииллэрэ. Бу сыл Свинобоева Надежда Михайловна, Попова Наталья Николаевна доруобуйаларын туругунан үлэттэн тохтообуттара. Наталья Николаевна бу үлэлээбит кэмнэригэр киһи хайгыыр үлэһитинэн буолбута, сарсыардаттан барытын сууйа-сото сылдьара, ыраас туттуулаах, сэмэй майгылаах үлэһит этэ. Надежда Михайловна үлэһит быһыытынан отделга барытыгар сылдьара, элбэхтик ааҕара, сурунара, санитар үөрэхтээх диэтэххэ, барытын сатыыра, аргыыйдык сылдьан барытын оҥорбут, бүтэрбит буолааччы. Үлэтин бүтэрэ илигинэ ханна да барбат этэ, үлэ элбэх буоллаҕына, сарсыарда эрдэ кэлэн үлэлиирэ, үлэтигэр бэриниилээхтик сыһыаннаһара. Никонова Елена Анатольевна санитарканан үлэҕэ киирбитэ.
1999 сыллаахха лаборатория ылыныллыбыт былаанын толорон таһаарыылаахтык үлэлии олордоҕуна, балаҕан ыйыгар лабораториябыт умайан, хоромньу бөҕөтө тахсыбыта. Баһаар буолбут күнүн сарсыҥҥытыгар үлэһиттэр баһаартан ордубут маллары хомуйа, ыраастыы сырыттахпытына, Якутскайтан РВИЛ директора Дягилев Григорий Тимофеевич уонна Дмитриев Сергей Гаврильевич кэлбиттэрэ, тута көрөн, улууска биллэрэн лаборатория салгыы үлэлиир усулуобуйатын туруорсубуттара. Манна улуус салалтата сөптөөхтүк дьаһанан, лечебницабыт аҥаарын бэрт суһаллык лабораторияҕа кубулутан аҕыйах хонугунан үлэлээбитинэн барбыппыт. Лабораторияҕа көмө наада буолбутун өйдөөннөр республика үгүс ветуправлениетын коллективтара сөптөөх көмөнү оҥорбуттара. Саҥа лаборатория тутуллара бастакы уочараттаах соругунан буолбута. Начальникпыт Лариса Ивановна, лаборатория директора Айталина Николаевна сүбэлэһэн коллектив уопсай мунньаҕын ыҥыран, үлэһиттэр бары квартальнай бириэмийэлэрин лаборатория тутуутугар биэрэллэригэр сөбүлэҥнэрин ылан, тутуу ыытар туһунан бастакы кэпсэтии үлэтэ барбыта.Лабораторияҕа ВСЭ салаатын бырааһынан ситиһиилээхтик үлэлии сылдьыбыт Трофимова Валентина Дмитриевна оҕотугар олорон баран тахсыбыта. Валентина Дмитриевна хаһаайыстыбалар туттарар эттэриттэн-астарыттан оҥоһуллар бородууксуйаны салгыы чинчийии ньымаларын сиһилии билбитэ. Бэйэтин өттүттэн салайар таһыма үрдүгэ, «идэҕэ чулуу» курдук конкурстары, научнай-практическай конференциялары, идэҕэ сыһыаннаах толкуй оонньууларын ыытыыга бэйэтин идеяларын үгүстүк киллэрэрэ. Бу тэрээһиннэр биһиги тэрилтэ инники сайдыытыгар улахан көмө буолаллара. Кини коллективы салайарга бары өттүнэн сатабылын көрдөрөн, начальник Старостин Прокопий Иннокентьевич ыҥырыытынан управление начальнигын солбуйааччынан анаммыта. Кини ирдэбиллээх, бастыҥ салайааччы быһыытынан уһуннук үлэлээбитэ. Кэлин аптека сэбиэдиссэйинэн көһөн үлэлии сылдьар.
2000 сыллаахха кылгас кэм иһигэр биригээдэ лаборатория дьиэтин көҥдөйүн тутан бүтэрбитэ. Ханаппаакытыгар, буор кутуутугар, кырааскалааһыҥҥа, тэриллэр субуотунньуктарга улуус бары бэтэринээрдэрэ көхтөөхтүк кыттан күүс-көмө буолбуттара. «Үтүө дьыала» чэрчитинэн 360 кв.м иэннээх, автономнай ититиигэ холбоммут, канализациялаах саҥа мас лаборатория үлэҕэ киирбитэ. 2001 сылы көрсө ахсынньы 26 күнүгэр элбэх ыалдьыты ыҥыран илин эҥэргэ суох тупсаҕай тутуулаах лабораторияҕа киирии буолбута. Лабораториябытыгар саҥа лабораторнай ыскааптары, остуоллары, олоппостору атыыласпыттара. Сорох миэбэллэри олохтоох промкомбинакка сакаастаан оҥорторбуппут, эбии саҥа оборудование кэлбитэ. Лабораторияҕа хас биирдии отдел туһунан кабинеттаммыта, ыраас, кирдээх зоналар баар буолбуттара. Ветсанэкспертиза отделыгар киирэр бородууксуйа боруобата туһунан тутуллар буолан, отдел анал приемнайдаммыта. Отдел сэбиэдиссэйэ Архипова Лена Николаевна бу сыл саҥа үлэлии киирбитэ. Үлэ хаамыытын үөрэтэн баран, үлэни тэрийиигэ бэйэтин көрүүтүн киллэрбитэ. Ол курдук аналиһы ылыы нэдиэлэ саҕаланыаҕыттан бүтүөр диэри уонна сарсыардаттан киэһэ үлэ чааһа түмүктэниэр диэри ылыллара чинчийии оҥорорго табыгаһа суоҕун өйдөтөн, анал режим оҥоһуллубута. Анализ сарсыарда 9 чаастан күнүс 13 чааска диэри нэдиэлэ үс бастакы күнүгэр тутуллар буолбута. Бу сыл начальник Макарова Лариса Ивановна ыҥырыытынан Хадаар ветеринарнай учаастагар сэбиэдиссэйинэн үлэлии сылдьар Давыдова Августа Иннокентьевна ветсанэкспертиза отделыгар лаборантканан үлэҕэ киирбитэ. Саҥа лабораторияҕа киирэрбитигэр управление үрдүнэн биир-икки эрэ компьютер баара. Биир компьютеры кэлин лабораторияҕа анаан биэрбиттэрин, киһи аһыыр аһын чинчийэр салааҕа — ВСЭ отделыгар туруорбуппут. Онон илиинэн суруйуу аҕыйаан, экспертизалар компьютергэ бэчээттэнэн тахсар буолбуттара докумуон, отчуот үлэтин улаханнык чэпчэппитэ.
2001 сыллаахха үлэҕэ сыстаҕас, үрдүк эппиэтинэстээх, билиитин-көрүүтүн куруук үрдэтинэ сылдьар эдэр кэскиллээх салайааччыны Лариса Ивановна Макарованы республикатааҕы ветеринарнай Департамент начальнигынан анаабыттара. Чурапчыга ветеринарнай управление начальнигынан Саха тыатын хаһаайыстыбатын академиятын выпускнига, ветеринарнай-санитарнай экспертиза отделын салайааччытаСтаростин Прокопий Иннокентьевич анаммыта. Саҥа начальник Прокопий Иннокентьевич уонна директор Батарина Айталина Николаевна саҥа үйэ саҕаланыытыгар былааннаах тэрээһиннэри ыытыыга бииргэ сүбэлэһэн ситиһиилээхтик үлэлээбиттэрэ. Саҥа лабораторияҕа киирбиппитинэн, СП1.2.731-99 «Безопасность работы с микроорганизмамиIII-IVгрупп патогенности и гельминтами» үлэлииргэ көҥүл ылбыппыт. Быраастарынан серолог Матвеева Ульяна Михайловна, паразитолог Клара Васильевна Максимова, ветсанэкспертизаҕа Архипова Лена Николаевна, токсиколог Васильева Людмила Юрьевна, сангигиенаҕа Ефремова Наталья Александровна, лаборанткаларынан Давыдова Августа Иннокентьевна, Николаева Светлана Сергеевна, Филиппова Мария Николаевна, Никонова Елена Анатольевна, санитаркаларынан Сазонова Мотрена Яковлевна, Васильева Акулина Петровна, Григорьева Мария Николаевна, кыыл көрөөччү санитарканан Макарова Зоя Иннокентьевна үлэлээбиттэрэ. Макарова Зоя Иннокентьевна бэйэтин тустаах үлэтин таһынан, коллектив общественнай олоҕор, араас тэрээһиннэргэ көхтөөхтүк кыттара. Дьиэ хомуйааччы штата саҥа көрүллэн бу иннинэ детсадка иитээччинэн үлэлээбит Макарова Мария Кузьминична үлэлии киирбитэ. Кини түргэн туттуулаах, кыһамньылаах үлэһит этэ, коллективка түргэнник киирэн табыллан үлэлээбитин билигин куруутун үчүгэйдик санаан-ахтан ааһар, астынан кэпсиир. Лаборатория үлэһиттэрэ производственнай отделга эмтээх отторунан настойкалары, йодинолу, глюкозаны, хлористай раствордарын оҥороллоро, учаастактар кэлэн сөбүлээн ылаллара .
2002 сыллаахха ахсынньы 14 күнүгэр уларыйан «Чурапчы улууһун ветеринарнай-чинчийэр лабораториялаах ветеринарнай управлениета» диэн ааттаммыта. Муус устарга Российскай Федерация Гостстандартын аккредитацияҕа комиссиятын быһаарыытынан, техническэй өттүнэн бэлэмнээхпитин көрдөрөн, тургутууну ситиһиилээхтик ааспыппыт. Комиссия састаабыгар Россия Гостандартын ВНИИС научнай сотруднига, эксперт Горностаева Е.А, Саха сиринээҕи стандартизация уонна метрология киинин (ССМК) метролога Парпаева А.Ш, тыа хаһаайыстыбатын министерствотын ветеринарияҕа департаменын отделын сэбиэдиссэйэ Дыдаева Л.Г. бааллара. Бу тургутууну бастакы барар буолан бэрэбиэркэ хаамыытыгар билбэппит элбэҕэ, долгуйуу да баара. Эксперт ыйытар боппуруостарыгар иҥнибэккэ эппиэттэһэн лаборатория директора Батарина Айталина Николаевна, ветсанэкспертиза бырааһа Архипова Лена Николаевна, токсиколог Васильева Людмила Юрьевна, бары салааҕа дэгиттэр үлэһиттэр буолан, үрдүк билиилээхтэрин көрдөрбүттэрэ. Чинчийэр лаборатория атын да үлэһиттэрэ элбэхтик бииргэ үлэлээннэр бу тургутууну ситиһиилээхтик ааспыттара. Лаборатория коллектива үлэлииргэ бэлэммитин көрдөрөн, саҥа халаат, халпаак, мааска, бэрчээккэ, бары биир атах таҥаһа атыылаһан аккредитация комиссиятын толору бэлэмнээх көрсүбүппүт. ВНИИС научнай сотруднига, эксперт Елена Александровна Горностаева түмүктүүр сүбэ мунньахха бэйэтин санаатын маннык эппитэ: — Мин бастаан эһиги коллективкытын кытта көрсөрбөр тутатына санаабытым, бу чахчы күүстээх лаборатория диэн. — Уонна бараары туран — Бу маҥан пароход курдук лабораторияҕа уһун сылларга ситиһиилээхтик үлэлээҥ, олох устун бу курдук сырдыктык иннигит диэки уста туруҥ! –диэн алҕаабыта. Оччолорго барыта саҥа, кырдьык, үчүгэй этэ. Ити этиллибит тыллар биһиги үлэбит инники сайдыытыгар өссө да кынаттыы туруохтара диэн эрэнэбит!
Бу кэмҥэ быраастар паразитолог Максимова Клара Васильевна, серолог Матвеева Ульяна Михайловна, лаборанткалар Давыдова Августа Иннокентьевна, Никонова Елена Анатольевна, Николаева Светлана Сергеевна, санитаркалар Сазонова Мотрена Яковлевна, Васильева Акулина Петровна үлэлээбиттэрэ.
2003 сыллаахха лейкоз ыарыыбыт эмиэ өрө күөрэс гына түспүтэ. Ол курдук Болугур нэһилиэгэр балаҕан ыйын 17 күнүгэр улуус дьаһалтатын 376 №-дээх уурааҕынан эмиэ «неблагополучнай пункт» аһыллыбыта. Биир кэлим былаан оҥоһуллан, эмиэ сыралаах үлэ саҕаламмыта. Хас квартал аайы баар сүөһүттэн барытыттан хаан чинчиллэн, «положительнай» реакциялаах сүөһүлэри өлөртөрөн иһэр политиканы тутуһан, ахсынньы 8 күнүнээҕи 462 №-дээх уурааҕынан пункт сабыллыбыта. Лейкоһу утары билигин да вакцина айылла илик. Ол иһин билигин даҕаны чинчийии ыытан, реакциалыыр сүөһүлэри булаттаан, санитарнай өлөрүүгэ эрэ ыытан ыарыыны бохсуу (суох оҥоруу) ыытыллар. Илин эҥэргэ аанбастаан Уус-Алдан Суоттутугар ыытыллыбыт «Идэҕэ бастыҥ» конкурска чинчийэр лабораторияттан токсиколог Васильева Людмила Юрьевна быраастар күрэстэһиилэригэр кыттан 1 миэстэни ылары ситиспитэ, Николаева Светлана Сергеевна лаборанткалар конкурстарыгар кыттан 2 бочуоттаах миэстэни ылбыта. Онон кинилэр биһиги бастыҥ чинчийэр лаборатория буоларбытын көрдөрбүттэрэ.
2004сыллаахха Саха Республикатын тыатын хаһаайыстыбатын министерствотын иһинэн киирэр ветеринария департаменын уонна республиканскай ветеринарнай-чинчийэр лаборатория ыытар аттестацияларын аан бастаан биэс сыллаах болдьоххо ааспыппыт. Бу аттестацияны ааһарга чинчийиини ыытар хас биирдии үлэһит биэс сылга булгуччу идэтин үрдэтиини барыахтааҕын ирдииллэрэ.
Отдел быраастарыгар хонтуруолунай анализтары ыыталлара, ону оҥорон бэлэмнииллэрэ, үлэлэлрин түмүгүн комиссияҕа көмүскүүллэрэ. Комиссия ЯРВИЛ эппиэтин кытта тэҥнээн көрөн, үлэһит үлэтигэр төһө эппиэттиирин-эппиэттээбэтин быһаарара. Чинчийэр лаборатория ирдэбиллэргэ эппиэттиир оборудованиеларынан, иһиттэринэн, реактивтарынан, средаларынан хааччыллыытын, олор болдьохторун көрөллөрө. Санитарканан үлэлээбит Васильева Акулина Петровна бочуоттаах сынньалаҥҥа тахсан үлэтиттэн тохтообута.Акулина Петровна общественнай олоххо олус көхтөөх буолара, куруук үөрэ-көтө, ыллыы-туойа сылдьааччы, тэрилтэ ырыаһытынан буолара. Кини билигин үлэ бэтэрээнэ, элбэх оҕо тапталлаах эйэҕэс ийэтэ, араас сувенирдары, пластиктан куукулалары оҥорон сахалыы таҥыннарар, араас быыстапкаларга кыттар, ону таһынан ырыаһыт быһыытынан ансаамбылга дьарыктанар.
Акулина Петровналыын санитарка Кузьмина Александра Михайловна лабораторияҕа иһит сууйааччынан үлэлээбитэ. Кинини таптаан «эбээ Шура» диэн ааттааччыбыт, куруук күлэ-үөрэ сылдьара, дьээбэлээх буолааччы. Элбэх оҕолоох буолан куруук сүбэлиир, көмөлөһөр сымнаҕас майгылаах үлэһит буолара. Билигин да биһиги тэрилтэҕэ үлэлээбитин үчүгэйдик санаан кэлэн барар, ыйыталаһар, сураһар. Лабораторияттан үлэлээн бүтэн баран, лечебницаҕа дьиэ хомуйааччынан уһуннук үлэлээбитэ.
2005сыллааххаирдэбил быһыытынан үс сыллааҕыта ааспыт Россия Госстандартыгар эппиэттиир аккредитациябыт болдьоҕун уһатарга чинчийэр лаборатория бэлэмин туоһулуур докумуоннары оҥорон Госстандарт киинигэр ыыппыппыт. Бу докумуоннар ирдэбилгэ толору эппиэттиир буоланнар, аккредитацияны кэтэхтэн ааспыппыт. Улууска туберкулез бэрэбиэркэтэ ыытыллар. Иккистээн аллергическай реакцияны биэрбит сүөһүнү санитарнай өлөрүү кэнниттэн, органнара бактериологическай чинчийиигэ көрүллэллэрэ.
2006сыллаахха республикатааҕы санэпидемиологическай салааттан 3-4 группа сыстыганнаах ыарыылары чинчийэргэ көҥүл ыларбытыгар былааннаах бэрэбиэркэни бастакытын ааспыппыт уонна «Санитарно-эпидемиологическое заключение на осуществление деятельности, связанной с возбудителями инфекционных заболеваний животных, выполнением работ с микроорганизмами, III-IVгрупп патогенности от 3 декабря 2006 года» диэн көҥүлү ылбыппыт.Чинчийэр лаборатория ВСЭ салаатынбырааһа Лена Николаевна Архиповачинчийэрүлэтигэрбэйэтинбилиилээхбыраасбыһыытынанкөрдөрбүтэ. ГОСТ-лары, НД-лары чинчийииоҥоһуллуониннинэааҕан, билсэнханнык среда туттулларын, хайдахуларыйарын, түмүкхайдахбуолуохтааҕынэрдэттэнырытарауонналаборанткалар оннук оҥоруохтаахтарынбилсиһиннэрэрэ, ирдиирэ.
Бу кини сүрүннүүр быраас быһыытынан биир үчүгэй хаачыстыбатынан буолар диэн сыаналыыбыт. Ирдэбиллээх, үлэ сатабылын билэр эдэр киһини управлениеҕа бырааһынан ылбыттара. Лена Николаевна билигин республикаҕа биир бастыҥ үлэлээх Чурапчы улууһун старшай ветеринарнай надзорун инспекторынан ситиһиилээхтик үлэлии сылдьар. Химико-токсикология уонна ВСЭ салаатыгар биирдии быраас штата көрүллэн Титова Сардана Петровна уонна биир сыл Хоптоҕо ветеринарнай учаастагар үлэлээбит эдэр специалист Наталья Гаврильевна Попова бырааһынан киирбиттэрэ. Компьютернай техника отделларга сыыйа баар буолбута.
1997-2007 сылларга ынах сүөһүгэ актиномикоз (соҕуо), некробактериоз (атахсыт), баланопостит (сөөх, үксүн эдэр оҕустар ыалдьаллар) баара бэлиэтэммитэ. Хааннаах үөһүрэҥ кэнники сылларга ордук элбэхтик, итини тэҥэ сылгыга мыт (уос бааһа), сибиинньэҕэ рожа көстүбүт.
2007сыллаахха Федеральнай сулууспа надзорун Саха сиринээҕи салаатын лицензиятын 5 сыл болдьоххо ылбыппыт. «Лицензия Федеральной службы по надзору в сфере защиты прав потребителей и благополучия человека на осуществление деятельности с использованием возбудителей инфекционных заболеваний, выполнением работ с микроорганизмами III иIVгрупп патогенности» лиэн лицензия ыларбытыгар директор Батарина Айталина Николаевна элбэх докумуону толорон, Федеральнай сулууспа надзорун Саха сиринээҕи салаатын комиссиятыгар икки төгүл киирэн, хас биирдии ирдэнэр докумуону көмүскээн, улахан долгуйууну ааһан уустуктук ситиспитэ.
Бу тургутууга республика доруобуйатын харыстабылыгар үлэлиир араас улуус кылаабынай быраастара, араас эйгэ чинчийэр лабораторияларын салайааччылара бааллара. Араас боппуруостарга эппиэттээһин, докумуону көмүскээһин, итэҕэс баар буоллаҕына, ыгааһын да түгэннэрэ бааллара. ВСЭ бырааһа Титова Сардана Петровна бу сыл Кытаанах нэһилиэгэр сэбиэдиссэйинэн барбыта. Лабораторнай кыыллары көрөргө саҥа үлэһит Кузьмина Мария Саввична киирбитэ. Улуустардааҕы лаборатория директордара бэйэлэрин улуустарыгар государственнай ветеринарнай инспектор солбуйааччыларынан үлэлээннэр, надзорнай бэрэбиэркэлэри ыыталлара.
2008 сыл атырдьах ыйын 27 күнүттэн «Государственное учреждение Республики Саха(Якутия) «Управление ветеринарии с ветеринарно- испытательной лабораторией Чурапчинского улуса (района)» диэн ааттанан үлэлээн кэллибит.Уочараттаах аккредитация тургутуутун бу сырыыга Таатта, Сунтаар улуустарын ветеринарнай-чинчийэр лабораторияларын кытта республиканскай ветеринарнай-чинчийэр лабораторияҕа киирэн ааспыппыт. Бу аккредитация комиссиятын састаабыгар Москватааҕы ВНИИСТ отделын начальнигын солбуйааччы, эксперт Гельгор В.И, ССМК бастакы категориялаах инженер-метролога Соловьева Н.М, СР ТХМ ветеринариятын управлениетын кылаабынай специалиһа Ноттосова В.Д. бааллара. Кинилэри кытта бииргэ үлэлээн аккредитацияны ситиһиилээхтик ааспыппыт. Бу тургутууга шифрованнай боруобалары илдьэ кэлэн миэстэтигэр оҥотторбуттарыгар биһиги специалистарбыт Васильева Л.Ю., Ефремова Н.А, Попова Н.Г. оҥорбуттара. Паразитолог Максимова Клара Васильевна үлэтиттэн бочуоттаах сынньалаҥҥа баран тохтообута, кини оннугар Давыдова Августа Иннокентьевна паразитолог буолбута. Лаборатория ветерана Максимова Клара Васильевна лаборатория директорын эбээһинэһин толорооччунан, токсиколог, паразитолог быраастарынан,ону тэҥэ аптекарынан ситиһиилээхтик үлэлээбитэ. Кини РСФСР социалистическай куоталаһыытын туйгуна, Саха Республикатын Тыатын хаһаайыстыбатын ветерана, ыччат наставнига, профсоюз лидерэ, үлэ ветерана. Клара Васильевна олус аккуратнай, чуолкай, үлэни барытын аргыыйдык сылдьан кэмигэр толорон кэбиһэр үтүө үлэһит этэ. Наһаа холку, үлэ ыараханын хайа да түгэҥҥэ билиннэрбэт, аймаммат сымнаҕас майгылааҕа. Билигин элбэх сиэн эбээтэ буолан Дьокуускай куоракка бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор.
2009 лаборатория биэс ветеринарнай бырааһа Тыа хаһаайыстыбатын академиятын иһинэн үлэлиир идэни үрдэтэр институт базатыгар стажировка барбыттара.Чинчийиинии ыытар специалист олорон хаалбакка, идэтин сайыннаран иһиэхтээх.
Республикатааҕы санэпидемиология салаатыттан 3-4 группа сыстыганнаах ыарыыларга көҥүл ыларбытыгар плановай бэрэбиэркэни ааспыппыт. «Санитарно-эпидемиологическое заключение на осуществление деятельности, связанной с возбудителями инфекционных заболеваний животных, выполнением работ с микроорганизмами, III-IV групп патогенности от 7 декабря 2009 года» диэн көҥүл ылбыппыт. Лаборатория материальнай техническэй базатын хаҥатыыга Чурапчы улууһун муниципальнай тэрилтэтэ харчы көмөлөһөн үс оборудование ылбыппыт: радионуклиды көрөргө спектрофотометр РСУ-01 «Сигнал-М», вольтамперометрическай анализатор ТА-4 (ас бородууксуйаларын көрүүгэ ыарахан эттиктэр нуормаларын быһаарарга туттуллар), медицинскэй фотометр РД-303 (биохимияҕа чинчийиигэ туттуллар).
Бу сылтан чинчийиигэ туттуллар прибордары, химическэй реактивтары, бактериялар үүнэр средаларын бэйэбит фирмалары кытта быһа үлэлэһэн, сакаас быһыытынан ылар буолбуппут. Эдэр үлэһит Коркина (Спиридонова) Саргылана Николаевна лаборантка штатыгар үлэҕэ киирбитэ.
2010 сыллаахха ынахсүөһүнү, сылгыны ахсаан өттүнэн энчирэппэт, сыстыганнаах ыарыыны бохсор, көтөртөн, сүөһүттэн ылыллар бородууксуйа үрдүк хаачыстыбалаах буоларыгар, аныгы ирдэбилгэ эппиэттииригэр туруулаһан үлэлиир специалистарга анаан кулун тутарга республикатааҕы көһө сылдьар научнай-практическай конференция бастакынан Чурапчыга үрдүк таһымҥа ыытыллыбыта. Конференция дьүүллүүр комиссиятыгар Саха Республикатын ветеринарияҕа департаменын начальнига, ветеринарнай наука кандидата Лариса Ивановна Макарова, ветеринарнай наука доктара, профессор, Саха тыа хаһаайыстыбатын академиятын научнай чинчийэр үлэҕэ проректора, Саха Республикатын агропромышленнай комплексын каадырдары бэлэмниир уонна идэни үрдэтэр институт директора Александра Иннокентьевна Павлова, Республика ветеринарнай специалистарын Ассоциацияларын председателэ, Саха Республикатын үтүөлээх ветеринарнай бырааһа Аркадий Пудович Васильев, Саха Республикатын ветеринарияҕа департаменын сүрүннүүр специалистара Анастасия Афанасьевна Никитина, Елена Никитична Григорьева үлэлээбиттэрэ.Республика араас муннугуттан 15 специалист дакылааттарынан кыттыбыттара, Чурапчыттан лаборатория паразитолог бырааһа Давыдова Августа Иннокентьевна «Новые инновационные идеи и использование средств новых информационных технологий» теманан кыттан «За актуальность темы» диэн номинация хаһаайката буолбута. Онтон сэттинньигэ Дьокуускайга ветеринарнай наука доктора Павлова Александра Иннокентьевна 70 сааһыгар анаан тэриллибит научнай-практическай конференцияҕа директор Айталина Николаевна уонна мин ыҥырыллан кыттыбыппыт. Давыдова А.И. бу суруйбут үлэтэ «Современные проблемы и инновационные тенденции развития Аграрной науки» диэн хомуурунньукка киирбитэ.
Манна киһи хараҕар көстүбэт сүөһү, сылгы, ыт, куоска сыстыганнаах ыарыыларын көбүтэр үөннэри тыыннаахтыы устан, киинэ оҥорон көрдөрөн, хаартыскаҕа түһэрэн конференция кыттыылаахтарын сөхтөрбүтэ.
Бу конференцияҕа барарбытыгар өрүс саҥа тоҥон массыыналар сылдьаллара көҥүллэнэ илик этэ. Онон алтынньы 29 күнүгэр Хатас өттүнэн өрүһү сатыы туораан Дьокуускайга киирбиппит, өрүс тоҥноҕуна илин эҥэртэн кэлэр массыыналар хайдах бастаан туоруулларын көрөн соһуйбуппут. Төннөрбүтүгэр халлааммыт хараҥарда. Прокопий Иннокентьевич уонна Айталина Николаевна буолан эмп уонна чинчийиигэ туттуллар набордары хас да дьааһыгы ылан өрүһү туораары таксинан биэрэккэ кэллибит. Халлаан өссө хараҥарда, суол ханан баара көстүбэт. Хайдах маннык барар буоллахпытый диэн толкуйдуу турдахпытына, Айталина Николаевна сиэбиттэн банаар таһаарбытын көрөн үөрдүбүт аҕай. «Хараҥаҕа тыкпыт сырдык» диэн ол банаар этэ…
Лабораторияҕа Никонова Елена Анатольевна барыта аҕыс сыл токсикология, средоварка отделларыгар лаборанткалаабыта. Бу отделлар чинчийэргэ туттуллар реактивтара, средалара барыта кыра кээмэйинэн оҥоһуллара, ыйааһыннанара. Ону оҥорорго Елена Анатольевна түргэн туттунуулаах, олус аккуратнай буолара. Производственнай отделга эмтээх оттортон араас настойкалары, йодинолу, ону тэҥэ глюкоза, хлористай, фурацилин растворун барытын кичэллээхтик, эппиэтинэстээхтик оҥороро, олоро балыыһа оҥорор эмиттэн туох да уратыта суох буолаллара. Бу сылга Елена Анатольевна идэтин уларытан үөрэххэ киирбитэ уонна управлениеҕа каадыр отделыгар үлэлии тахсыбыта. Саҥа үлэһит Охлопкова Диана Дмитриевна ВСЭ салаатыгар быраастаабыта. Саҥа үйэҕэ лаборатория чинчийэр салаатыгар лаборанынан сыстыганнаах ыарыылары утары охсуһар этэрээккэ үлэлээбит бастакы күүстээх аҥар Александров Борис Борисович киирбитэ.
2011 сыллаахха Саха республикатын ветеринарнай департаменын салалтатынан «Государственное бюджетное учреждение «Управление ветеринарии с ветеринарно- испытательной лабораторией Чурапчинского улуса (района)» диэн саҥа ааттанан, саҥа устааптанан үлэбит салҕанар. Бу сыл Чурапчы улууһугар ветеринарнай сулууспа тэриллибитэ 90 сылыгар сөп түбэһиннэрэн, улууспут дьаһалтата сир анаан биэрбитэ. Мас тутуу үйэтэ кылгаһа биллэр, лабораториябыт эргэрэн инникитин бу сиргэ саҥа лабораторияны тутарга былаан баар. Лейкоз ыарыы бу сылга Болугур нэһилиэгэр эмиэ иккистээн көстөр. Сылга 5-6 тиийэ хаан ылаллара, барыта 17 сүөһү лейкозка «положительнай» буолан, санитарнай өлөрүүгэ ыытыллыбыта. Болугур нэһилиэгэ өрүс үрдүгэр турар нэһилиэк, онон ото соппоҥ буолан сүөһүлэр, сылгылар эттэригэр, хааннарыгар микро-макро элеменнара, битэмииннэрэ тиийбэттэриттэн иммуннай системалара мөлтөөн араас ыарыылар көбүөхтэрин сөп, ол иһигэр лейкоз ыарыыта. Бу сыл бүтүүтэ серолог Матвеева Ульяна Михайловна бэйэтин баҕатынан үлэлээн бүппүтэ. Ульяна Михайловна 27 сыл серолог, гематолог бырааһынан үтүө суобастаахтык үлэлээбитэ, республикаҕа биир бастыҥ серолог, гематолог буолар.
Саха Республикатын тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, тэрилтэбитигэр алта сыл профсоюз председателинэн ситиһиилээхтик үлэлээбитэ, ыччат наставнига, үлэ ветерана, билигин элбэх сиэн эбээтэ бочуоттаах сынньалаҥҥа тахсан баран бааһынай хаһаайыстыба чилиэнэ буолан, кэтэх хаһаайыстыбанан дьарыктанан олорор. Лаборатория серолог бырааһынан бу иннинэ Чурапчы ветеринарнай лечебницатыгар сэбиэдиссэйинэн, улуус сыстыганнаах ыарыылары утары охсуһар этэрээтин салайааччытынан ситиһиилээхтик үлэлии сылдьыбыт Аржакова Лира Константиновна үлэҕэ киирбитэ. Бэтэринээр идэтин араас хаһыйсхатын толору баһылаабыт сатабыллаах специалист лаборатория чинчийэр үлэтигэр түргэнник үөрэммитэ. Бу киириэҕиттэн эдэр специалистары чинчийэр үлэ опытыгар билиҥҥэ диэри элбэхтик үөрэтэр-такайар.
2012 сыллаахха Саха республикатын ветеринарияҕа департамена государственнай сорудах түһэрэр буолбута. Директор Батарина Айталина Николаевна Москваҕа ФГБУ ЦНМВЛ-га стажировкаҕа баран «Управление качеством работ в лаборатории: валидация методов, межлабораторные сравнительные испытания, внутренние проверки. Документооборот в системе качества» темаҕа үөрэнэн кэлбитэ. Ону таһынан СГТХА идэни үрдэтэр институтугар икки ветеринарнай быраас үөрэнэн кэлбитэ.Лейкоз ыарыыны утары былааннаах үлэлэр салгыы ыытыллыбыттара, онно ветуправление, лаборатория үлэһиттэрэ бары хабыллан үлэ күргүөмнээхтик барбыта.
2013 сыллаахха олох сайдыыта тэтимирэн тэрилтэлэри кытта интернетинэн сибээс күүһүрбүтэ. ВСЭ отделыгар үүт аналиһын киириитэ элбээбитинэн, эбии прибордары сакаастаан ылбыппыт: үүт хаачыстыбатын көрөр анализатор «Клевер», «XS-90» микроскоп, туттарга, илдьэ сылдьарга табыгастаах pH-метр кээмэйдиир прибор. Былааннаах үлэҕэ вируснай ыарыыларга боруобаны ыытыы элбээбитэ.
2014 сыллаахха Болугур нэһилиэгэ бу сылга диэри лейкозка карантиҥҥа олорбута. Былааннаах, сыралаах үлэ түмүгэр Болугур нэһилиэгэ атырдьах ыйыгар лейкозтан босхоломмута. Бу кэмҥэ маассабай хаан ылыытыгар ветуправление, лаборатория өттүттэн улахан көмө оҥоһуллубута. Нэһилиэнньэ ортотугар киэҥ өйдөтүү үлэтэ ыытыллан, сүөһүлээх дьону кытта бииргэ үлэлээһин чэпчээбитэ.
2013 сыллаахха Российскай Федерация бэс ыйын 31 күнүнээҕи 659 №-дээх уурааҕынан уонна Россия тыатын хаһаайыстыбатын минстерствота 2014 с. таһаарбыт 188 №-дээх бирикээһинэн «Ветеринарнай үлэһит күнэ» баар буолбута. Онон сыл ахсын атырдьах ыйын 31 күнэ ветеринарнай идэлээхтэр күннэрэ диэн календарга киирэн бэлиэтэнэр.
Бу сылга Российскай Федерация Аккредитациятын комиссиятын ааспыппыт. Федеральнай сулууспа экспертэ, ФБУ Иркутскайдааҕы стандартизация уонна метрология киинин сүрүннүүр специалиһа, аккредитация председателэ Бердиев Анвар Амирович уонна Саха сиринээҕи СМК инженерэ Соловьева Нина Михайловна үлэлээбиттэрэ.
Бу улахан бэрибиэркэ кэнниттэн, муус устар ыйга Саха Республикатын ветеринарияҕа департамена уонна Республикатааҕы чинчийэр лабораториятын биэс сыллаах уочараттаах аттестациятын ааспыппыт.
Бу сыл ветеринария эйгэтигэр айыллыбыт «Ветис» государственнай кэтиир, иһитиннэрэр, көрдөрөр система үлэҕэ киирбитэ.Лабораторияҕа анаммыт системата «Веста» диэн буолар. Быраастар бары бу системаны үөрэтэн, билсэн, пароль оҥостон киирэн үлэлээн барбыппыт. Үлэ хаамыытыгар системаҕа анал приемщик баар буолуохтааҕа билэн, бастакы приемщигынан сангигиена бырааһын Ефремова Наталья Александровнаны анаабыппыт, ВСЭ бородууксуйа киирэр өттүгэр приемщигынан эдэр үлэһит Пермякова Саргылана Дмитриевна буолбута. Анализ тутааччы кэлбит боруобаны приемнаан журналга толорор, анал шифр туруоран ситим нөҥүө отделларга чинчийиигэ ыытар, ону отдел бырааһа бэйэтигэр приемнуур, чинчийэр, түмүгүн толорон суруйар, приемщик ону көрөн, түмүгү суруйан экспертиза таһаарар, директор сөбүлэһэн илии баттыыр, бэчээт уурар уонна хаһаайыҥҥа ыытар. Бу тиһиккэ барытыгар приемщик болҕомтолоохтук үлэлиирэ ирдэнэр. Онон система толору олоххо киирбитэ
2015 сыллаахха тэрилтэбитин 16 сыл салайбыт Старостин Прокопий Иннокентьевич атын үлэҕэ баран, Дьокуускайга көспүтэ. От ыйыттан тэрилтэбит салайааччытынан Саха Республикатын тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, Чурапчы Чакырыттан төрүттээх Владимир Иванович Еремеев үлэлээбитэ.
Саҥа ветеринарнай лаборатория таас варианын туттарарга үлэни ыытар. Чинчийэр лабораториябыт республикаҕа бастакылар истэригэр киирсэн 2014 сыл түмүгүнэн «Республикаҕа бастыҥ ветеринарнай лаборатория» гранын ылбыппыт.
Сылын ахсын специалистар кэтэхтэн үөрэниилэрэ элбээн иһэр. Республика иһинэн уонна киин куораттарга билиилэрин үрдэтинэр курстарга специалистары үөрэттэрии сылын аайы ыытыллар. Лаборатория үлэтин бары көрүҥүн үлэлиир кэмигэр толору баһылаабыт, үрдүк билиилээх үлэһит, Мырыла нэһилиэгиттэн төрүттээх Сибирякова Валентина Ивановна Саха Республикатын тыатын хаһаайыстыбатын ветерана, ыччат наставнига, оройуоннар икки ардыларынааҕы бруцеллез ыарыыны утары охсуһар этэрээт бастыҥ байыаһа, идэтин толору баһылаабыт специалист буолар. Лабораторияҕа киириэн иннинэ сүүрбэ сыл, киирэн баран сүүрбэ сыл, барыта 40 сыл, илиитин идэтиттэн араарбакка үтүө суобастаахтык үлэлээбитэ.
Киэҥ-холку майгылаах Валентина Ивановна куруук сүбэлии-амалыы сылдьара, кэпсэтэ да олорон үлэтин оҥоро олорор буолара. Среда буһарар салааҕа үлэлии сылдьан МПБ (мясо-пептонный бульон), МПА (мясо-пептонный агар), Кит-Тароцци (буспут быартан бытархай кубик гына быһыллан оҥоһуллар среда) уо.д.а. средалары сибиэһэй эттэн, быартан оҥороро. Ол оҥороругар төһө сибиэһэй эт, быар наадатын чопчу билэрэ, хас мүнүүтэ буһарарын, сойутарын, төһө халыҥнаах фильтровальнай кумааҕынан сиидэлээтэххэ өр буорту буолбакка харалларын барытын бэлиэтэнэн сурунара. Оччолорго бэлэм бороһуок среда аҕыйах кэлэрэ. Бороһуогу ыйааһыҥҥа кутарыгар илиитин иминэн төһө буолуохтааҕын билэрэ,ыйааһыҥҥа куттаҕына ол оруобуна сөп түбэһэрэ. Среда оҥороругар халыҥ тэтэрээккэ хас граммы, хас лиитэрэни ууга кутарын барытын сурунара, иһити стерилизацияҕа суулуурга хайдах да быһыылаах иһити олус аккуратнайдык суулаан таһыгар суруйара, оччоҕо анализ ыларга киһи түргэнник булара. Чинчийиигэ ыарыыны быһааран салгыы үлэлиири ыраахха диэри билэрэ. Валентина Ивановнаны бары «эдьиийбит» диэн ааттыырбыт, хаама сылдьар «энциклопедия» этэ. Среда оҥорорго сурунар тэтэрээтин, «Справочник лаборанта» диэн күөх тастаах кинигэтин тута сылдьан ааҕара, лаборатория үлэһиттэрин ханнык баҕарар боппуруоһугар толору эппиэти биэрэрэ, сүбэлиирэ. Нэһилиэккэ баар бэтэрээн бэтэринээрдэри түмэрэ, бырааһынньыктары бэлиэтээн мусталлара, ону барытын кини дьаһайара. Валентина Ивановна идэтигэр бэриниилээх буолан 40 сыл ситиһиилээхтик үлэлээбитэ, онтон улахан ыарыыга ылларан уһуннук сыппыта. Ол да буоллар телефонунан олоҕун тухары үлэлээбит тэрилтэтин куруук сураһан ыйытара, үлэҕэ туох уларыйыы тахсарын, хайдах үлэлии сылдьарбытын истэ сытан сыҥсыйан ытыырын иһитиннэрбэт буола сатыыра, ситиһиилэрбитин истэн үөрэрэ. Анализ түмүгүн умнубакка ыйытара. Валентина Ивановна билигин биһиги кэккэбитигэр суох да буоллар, үөрэппит үлэтин, араас ньымаларын билиҥҥэ диэри туһана сылдьабыт, кинини куруук ахтабыт, саныыбыт.
Саҥа үйэҕэ лаборатория чинчийэр салаатыгар бастакы киирэн үлэлээбит соҕотох күүстээх аҥарбыт Александров Борис Борисович атын үлэҕэ барар буолан үлэтиттэн тохтообута, барыта алта сыл курдук үлэлээбитэ. Лаборанныы сылдьан Борис Борисович олус аккуратнай, уол диэтэххэ олус чэнчис, түргэн туттуулааҕа. Маннык чинчийэр үлэҕэ маҥан халаат, халпаак, мааска, бэрчээккэ кэтэн баран сылдьара киниэхэ олус барсара, бу үлэҕэ анаммыт курдук көстөрө.
Историяны суруйарга көлүөнэ уларыйыыта үлэһиттэр уурайалларыттан көстөр буолар эбит онон олохпут, үлэбит салҕанар. Билигин лаборатория улахан аҥара эдэр көлүөнэнэн солбулунна. Онтон эдэрдэргэ биир бэргэн этии баар «Кырдьаҕаһы хааһахха уга сылдьан сүбэлэт» диэн. Бу дириҥ ис хоһоонноох тыллар киһини ыраахха диэри толкуйдаталлар…
2016 сыллаахха Чурапчы улууһун ветеринарнай сулууспата тэриллибитэ 95 сылын үрдүк таһымҥа бэлиэтээбиппит уонна бу сылга анаан «Ветеринарной службе Чурапчинского улуса 95 лет» диэн улахан кинигэ таһаартарбыппыт.
Лабораторияҕа элбэх саҥа үлэһитттэр киирбиттэрэ.
Чурапчы улууһун Одьулуун нэһилиэгэр аграрнай техникум иһинэн ветеринарнай фельдшердары бэлэмниир отделение аһыллан үлэлии турар. Бу колледж директорынан эрдэ биһиги тэрилтэбитигэр үлэлээбит Михаил Михайлович Макаров буолар. Икки сыл бу колледжка «Молодые прфессионалы WorldSkills» региональнай чемпионат студеннарга уонна агро-оскуола үөрэнээччилэригэр анаан ветеринария тематыгар ыытыллыбыта, онно биһиги сотрудниктарбыт тахсан тэрийээччи, эксперт быһыытынан, дьүүллүүр сүбэҕэ да киирэн үлэлээн сүрүн оруолу ылбыттара.
2017 сыллаахха Федеральнай сулууспа аккредитациятын сэтинньи 11 күнүнээҕи Аа1180 №-дээх бирикээһинэн аккредитация экспертэ Викторова Наталья Александровна уонна техническэй эксперт Кулик Нина Николаевна кэлэн үлэлээннэр, Российскай стандартка эппиэттиир тургутууну ааспыппыт.
Республикаҕа ветеринарнай сулууспа тэриллибитэ 120 сылын көрсө Саха Республикатын ветеринарияҕа департаменын көҕүлээһининэн научнай-практическай конференция тэриллибитэ. Бу конференцияҕа барыта 22 специалист кыттыбыта, кинилэр ортолоругар сэттэ ветеринарнай наука кандидаттара бааллара. Биһиги улуустан лаборатория паразитолог бырааһа Давыдова Августа Иннокентьевна «Фотоархив и паразитофауны Чурапчинского улуса» диэн теманан кыттан III степеннээх диплому, харчынан бириэмийэни туппута.
Виварийга кыыл көрөөччү санитаркабытКузьмина Мария Саввична үлэлээбитэ. Мария Саввична хас биирдии кыылы бүөбэйдээн көрөрө. Кинилэр ханнык түгэҥҥэ мөлтүүллэрин, ийэ бараан хаһан төрүүрүн эндэппэккэ билэрэ, кыра кыыллар аһылыктарын састаабыгар туох тиийбэтин көрөн эрдэттэн этэрэ. Кэлин кини оннугар Арыылаах, Чурапчы ветеринарнай учаастактарыгар, аптекаҕа, лабораторияҕа лаборантканан үлэлээбит Каженкина Евдокия Николаевна киирэн билигин да үлэлии сылдьар. Кини тэрилтэбит, улууспут чиэһин сиэрдээхтик көмүскүүр дэгиттэр спортсмен
2018 сыллаахха 412 №-дээх Федеральнай сокуоҥҥа олоҕуран, Российскай Федерация Техническэй сүрүннээһиҥҥэ уонна метрологияҕа агенствотын аттестациятын ситиһиилээхтик ааспыппыт. РФ Федеральнай сулууспатын экспертэрэ Баранкова Светлана Алексеевна, Введенскай Константин Юрьевич кэлэн үлэлээбиттэрэ. Ону тэҥэ лабораториябыт Таможеннай холбоһук сертификациялыыр уонна чинчийэр лабораториялар органнарын биир кэлим национальнай реестрыгар холбоммута. 2007 сылтан сыл аайы туберкулез ыарыы, ортотунан, уоннуу ынах сүөһүгэ бэлиэтэммит. Паратуберкулез, ИРТ, лептоспироз, лейкоз, актиномикоз (соҕуо), баланопостит (сөөх), трихофития (модьуун), диплоинфекция, эймериоз (хааннаах үөһүрэҥ), некробактериоз (атахсыт) биирдиилээн бэлиэтэнэр. Сылгыга мыт (уос бааһа), ринопневмония, сибиинньэҕэ рожа биирдиитэ бэлиэтэммиттэрэ көстөр. Бу сылларынан ыарыылары кэтээн көрдөххө, саҥа үйэҕэ сайдыы баран, эмп көрүҥэ да элбээтэ, састааба да күүһүрдэ. Холобура, паразитарнай ыарыылары утары оҥоһуллар эмтэри кэмигэр биэрдэххинэ, үөнү дэбигис түһэрэр, быты өлөрөр, хас да ыарыыны тэҥинэн эмтиир. Онон эмтиир-сэрэтэр үлэлэр былааннаахтык ыытыллалларын бу көрдөрүүлэртэн быһаарыахха сөп.
2019 сылга диэри директорынан Саха Республикатын тыатын хаhаайыстыбатын туйгуна, үрдүк таһымнаах ветеринарнай быраас, бактериолог Батарина Айталина Николаевна үлэлээн кэллэ. Бу сыллар устата былааннаах үлэлэр бары кэмигэр толоруллан, республикаҕа биир үчүгэй көрдөрүүлээх ветеринарнай-чинчийэр лаборатория буолабыт.Айталина Николаевна салайааччы быһыытынан үлэһиттэригэр ирдэбиллээх, чинчийэр үлэ ньымаларын толору баһылаабыт, лабораторияҕа туттуллар оборудованиелары, прибордары, үлэҕэ наадалаах араас иһиттэри барытын булан, кэпсэтэн аҕалтарар салайааччынан буолар. Араас комиссиялар бэрэбиэркэлэрин, тургутууларын ааһарга санаатын аһаҕастык этэн, коллектив үлэтин-хамнаһын сиэрдээхтик көмүскээн кэллэ. Тэрилтэҕэ үөскүүр бары кыһалҕалары бэйэтэ лоп-бааччы быһаарар ураты дьоҕурдаах.
2019 сыл Олунньу ыйыттан лаборатория паразитолог бырааһа Давыдова Августа Иннокентьевна директорынан ананнан үлэлээбитэ, итини тэҥэ паразитология отделын сүрүннүүр бырааһынан буолар. 2019 сылга лабораториябыт 70 сыллаах юбилейын урут үлэлээн ааспыт ветераннарбытын ыҥыран бэлиэтээбиппит.Сыстыганнаах, киһиэхэ кутталлаах ыарыылар турбаттарын, араас дьааттартан сүһүрүү тахсыбатын туһугар араас чинчийиилэри ыытан, ыарыылары тэниппэккэ кэмигэр саба тутарга элбэх үлэни ыытан, былааннары толорон кэлбиппит. Чурапчы улууһун ветеринарнай-чинчийэр лабораториятыгар икки үйэ алтыһыытыгар үлэлээн ааспыт үтүө дьоммут туһунан бирикээстэр кинигэлэригэр, ахтыыларга олоҕуран история кэрчиктэрин суруйан юбилейнай кинигэ таһаартарбыппыт.
Сыл саҥата Саха Республикатын ветеринарияҕа департамена уонна республиканскай лаборатория ыытар биэс сыллаах аттестациятын уонна Роспотребнадзор республикатааҕы салаатын 3-4 группа сыстыганнаах ыарыыларга былааннаах бэрэбиэркэтин ааспыппыт.
Лаборатория ВСЭ отделын сүрүннүүр бырааһа Сивцева Мария Апрельевна Москва куоракка К.И.Скрябин аатынан ветеринарнай медицина уонна биотехнология академиятыгар стажировка баран кэлбитэ.
Чинчийэр лаборатория быраастара Аржакова Лира Константиновна, Куприянова Мария Николаевна Благовещенскай куоракка опыт атастаһан кэлбиттэрэ.
Лаборатория үлэһиттэрэ тустаах эбээһинэстэрин толороллорун таһынан, бэйэ бэйэҕэ көмөлөстөхтөрүнэ эрэ кыаллыах курдук үлэ үгүс буолааччы. Аныгы үйэҕэ информационнай системалар сайдыыларын кытта тэҥҥэ хаамсан, саҥа тахсар сокуоннары, бирикээстэри, ыйыылары билсиһэн, наадалаах кэмнэргэ бары бииргэ түмсэн, сүбэлэһэн бу араас тургутуулары ааһабыт диирбит оруннаах.
2020 сылтан Саха республикатын ветеринарияҕа Департаменын дьаһалынан Хоту улуустары киин улуустарга сыһыаран холбооһун буолбута. Биһиги улууска Муома улууһун ветеринарнай управленията филиал быһыытынан холбоһон үлэлии олоробут.
2021 сыллаахха Чурапчы ветеринарнай управлениятын начальнигынан эрдэ ветеринарнай надзорунан үлэлээбит Архипова Лена Николаевна начальнигынан анаммыта, икки улуус ветеринарнай управленияларын салайар, үлэни-хамнаһы ыытар.
Хаһаайыстыбаннай үлэ.
Лаборатория чинчийиитэ туохтан да мэһэйдэппэккэ тохтоло суох үлэлииригэр, хаһаайыстыбаннай үлэ эмиэ тэҥинэн барарыгар көмөлтө каадырдар биир сүрүн оруолу ылаллар. Ол курдук, араас сылларга завхоһунан, электригинэн, оборудование көрөр үлэһитинэн эппиэтинэстээхтик үлэлээн ааспыттара: Захаров Афанасий Егорович,Кузьмин Василий Васильевич, Сысолятин Петр Михайлович, Иванов Николай Григорьевич, Дьячковскай Петр Егорович, Мордовской Дмитрий Яковлевич, Попов Иван Николаевич уо. д. а. Дистиллированай ууну сүүрдэргэ кэмигэр мууһунан хааччыйыыга, оборудованиелар тохтоло суох үлэлииллэрин ситиһиигэ, күннэтэ болҕомтону эрэйэр быстах хаһаайыстыбаннай үлэлэри ыытыыга кинилэр бары кыһаллан үлэлииллэрэ. Иванов Николай Григорьевич ордук сатабыллаах инженер-электрик быһыытынан үлэлээбитэ. Бэйэтэ электрик эрэ үөрэхтээх этэ эрээри, баар оборудованиелар «ыарыыларын» тыастарыттан, көрдөрүүлэриттэн эндэппэккэ билэрэ, кыра прибордары ааһан иһэн оҥороро. Автоклавтары куруук киирэн кэтээн көрөн, паара ханнык кыраадыска ордук күүстээхтик үрэн таһаарарын, тыан истэн хайдах үлэлиирин сылыктаан билэрэ, барытыгар сатабыллаах киһи этэ. Мордовской Дмитрий Яковлевич — маһы хамсатар уус киһи.
Лабораторияны өрөмүөннээһин кэмигэр дьиэ хамсааһынын көннөрөргө хас да сыл элбэх үлэни ыыппыта. Кыыллар уйаларын саҥардыы эмиэ кинитэ суох сатаммат этэ. Тэрилтэ таһын уус-чочуонай киһи хомуйбута, харбаабыта тута биллэрэ. Кэлиҥҥи сылларга управление өттүгэр оптимизация ыытыллан, көмөлтө үлэһиттэри сарбыйыы баран хас да киһи үлэтин бүгүн Попов Иван Николаевич соҕотоҕун толоро сылдьар. Маннык хаһаайыстыбаннай үлэһитэ суох биһиги үлэбитигэр харгыстар тахсыахтарын сөп. Күннээҕи үлэлэри үмүрүтүүгэ, бэрэбиэркэлэр кэлэллэригэр хаһаайыстыбаннай бэлэми барытын кэмигэр оҥорорууга Попов Иван Николаевич сатабыллаахтык үлэлиир.
Санитаркаларынан Мотрена Яковлевна Сазонова, Алена Афанасьевна Дордосова лабораторияҕа уһуннук үтүө суобастаахтык үлэлээбиттэрэ.
Кэм-кэрдии ирдэбиллэринэн
Кэм ирдэбилинэн олохпутугар интернет, цифровизация тэтимнээхтик киирэн иһэр. Норуот хаһаайыстыбатын бары салааларыгар үлэ көрдөрүүлэрэ, отчуоттар бары араас программаларга, системаларга олоҕуран оҥоһуллаллар.
Техническэй регламент
2013 сыллаахха алтынньы саҥатыгар Таможеннай союз Техническэй регламеннара үлэҕэ киириэхтэриттэн «Эт, үүт аһылык куттала суох буолуутун туһунан» ирдэбили тутуһан үлэлиибит. Бу иннинэ үүт ас 88 №-дээх Федеральнай сокуонунан , эт ас ССРС ТХ министерствотын «Правила ветеринарного осмотра убойных животных и ВСЭ мяса и мясных продуктов от 27.12.1983 года» быраабылатыгар олоҕуран хонтуруолланаллара. Саҥа ирдэбил быһыытынан, лабораторияҕа атыыга барар сүөһү этэ анализка боруоба быһыытынан киирэн, маннык көрүҥнэргэ толору чинчийиини барара ирдэниллэр: органолептическай, физико-химическай, микробиологическай, химико-токсикологическай. Үүтү туттарыыга хаһаайыстыба ый аайы лабораторияҕа анал чинчийиини оҥорторон, хаһаайыстыба үтүө туруктаах буоларын туоһулуур докумуону ветеринарнай специалистартан ылан ханна атыылыырынан, туттарарынан сайаапка толорон, «Меркурий» информационнай системаҕа киирэн үлэлиир.
Аккредитация
Аккредитация латыын тылыттан тахсар, «эрэнии, мэктиэлээһин» (accredo-доверять) диэн суолталаах. Объект олоҕурбут ыйааһыннарга уонна көрдөрүүлэргэ сөп түбэhэрин бигэргэтэр официальнай бэрээдэги тутуһууну (процедураны) аккредитация диэн ааттыыллар. Өҥө оҥорооһун эйгэтигэр өҥө хаачыстыбатын быhаарарга үгүстүк туһаныллар. Ити эйгэҕэ өҥөнү туһанааччы сөптөөх компетенцията (сиһилии билиитэ) суоҕунан, өҥө хаачыстыбатын сыаналыырга аналлаах ыытыллар.
1996 сылтан Россия Госстандартка эппиэттиир аккредитация тургутуутун ааhыы бастаан утаа холобур, сүбэлээһин, мэктиэлээһин (рекомендация) эрэ курдук ыытыллара, билигин ити олох ирдэбилинэн буолла. Российскай Федерация экономическай сайдыыга министерствота 2014 с. ыам ыйын 30 күнүнээҕи 326 №-дээх бирикээһигэр олоҕуран, чинчийэр лаборатория буоларбыт быhыытынан боруоба ылан тэҥнээһин (измерение) оҥорор буоллахпытына, бу ГОСТ ИСО/МЭК 17025-2009, ГОСТ ИСО 9001-2011 ирдэбиллэрин тутуһан Аккредитация Федеральнай сулууспатыттан сөптөөхтүк үлэлиирбитигэр аккредитация ааһан, чинчийэр көрүҥү (уобалаһы) бигэргэттэрэн эрэ баран, чинчийиини ыытыахтаахпыт. Ол иһин аккредитация Федеральнай сулууспата бэрэбиэркэни кэмигэр ыытары ирдиир.
Биhиги лабораториябыт 1994 сылларга бастакы аккредитацияны ааһарга бастакы сүбэлэри, ыйыылары ылан бэлэмнэнии үлэтин саҕалаабыта. Салгыы 2002, 2005, 2008, 2011, 2014, 2017, 2018, 2021, 2022 сылларга бу тургутуулары ааһан, ирдэбиллэри тутуһан, контрольнай тэҥнээһиннэри оҥоруу ситим нөҥүө интернет-провайдердарынан хонтуруолланан, түмүктэри (свидетельство) ылан кэллибит. Бүгүн чинчийиини ыытар лабораторияҕа ирдэбил быһыытынан киирэр бородууксуйа бары көрүҥэ хонтуруолланар. Чинчийэр көрүҥмүт; эт, эттэн оҥоһуллар бородууксуйа бары көрүҥэ; үүт, үүттэн оҥоһуллар бородууксуйа бары көрүҥэ уонна балык.
«Ветис» система
Бу ветеринария эйгэтигэр ветеринарнай сокуоҥҥа олоҕуран үлэлииргэ туһуламмыт биир кэлим государственнай информационнай системаны 2012 с. ахсынньы 5 күнүттэн Россия тыатын хаhаайыстыбатын надзора (Россельхознадзор) иилээн-саҕалаан үлэлэтэр.
Федеральнай-судаарыстыбаннай иһитиннэрэр система тыа хаһаайыстыбатын салаатыгар үлэтин 2018 сыл от ыйын 1 күнүттэн Российскай Федерация тыатын хаһаайыстыбатын министиэрстибэтин бэс ыйын 27 күнүнээҕи 251 №-дээх «Ветеринарнай докумуонунан арыалланар табаардар испииһэктэрин бигэргэтии туһунан» бирикээһигэр олоҕуран саҕалаабыта. Ыйыллыбыт табаар эргииригэр хас биирдии кыттааччы бу табаары булгуччу ветеринарнай докумуоннаах хамсатыахтаах. Ити докумуоннар 2017 сыл тохсунньу 1 күнүттэн электроннай форманан бэриллэллэрин туһунан Российскай Федерация тыатын хаһаайыстыбатын министерствотын 2016 сыл ахсынньы 27 күнүнээҕи 589 №-дээх «Ветеринарнай арыаллыыр докумуоннары толорууга быраабылалары бигэргэтии үлэтин тэрийии» диэн ветеринарнай докумуоннары электроннай форманан биэрии бэрээдэгин туһунан бирикээһин иккис сыһыарыыта ыйар. Электроннай системаҕа киирии үлэ түмүгэ күннэтэ көстөрүн, хонтуруолланарын хааччыйар, бородууксуйа хаачыстыбата дьон доруобуйатыгар куттала суох буоларыгар эппиэтинэһи үрдэтэр.
Система айыллыбыт сыала:
—хаһаайыстыба сүөһүтэ, оҥорон таһаарар бородууксуйата Таможеннай союз территориятыгар хамсааһыннара дьэҥкэ буолууларын ситиһии;
— ветеринарнай атаарыы докумуоннары толоруу уонна биэрии;
—лабораторнай чинчийиилэри, ветеринарнай-санитарнай экспертиза түмүктэрин, олорго анаан ылыллыбыт боруобалары киллэрии;
— РФ государственнай-ветеринарнай сулууспатын атын хайысхаларын үлэлэрин хааччыйыы.
Тыа хаһаайыстыбатын тэрилтэлэрэ, чааһынай сирэйдэр көҥүл ыланнар, электроннай сертификацияҕа киирэн регистрация ааһаллара ирдэнэр. Бу улахан «Ветис» система аннынан Аргус, Меркурий, Веста, Ирена, Ассоль, Гермес, Цербер, Сирано, Паспорт, ВетисАРI, Гален, Дюма системалар үлэлииллэр. Бу системалар анныларынан өссө хос системалар бааллар. Бу системалартан Веста, Сирано,Цербер 2014 сылтан саҕалаан үлэҕэ киирбиттэрэ.
Улууспутугар «Меркурий» электроннай сертификация системата 2018 сылга толору киирэн хас биирдии хаhаайыстыба регистрацияны ааhан, үлэлии сылдьар. 2019 сылтан «Меркурий» системата толору киирэрин ситиһэр туһугар сүөһү иитэр хаһаайыстыбалары, нэһилиэктэр баһылыктарын, тыа хаһаайыстыбаларын специалистарын кытта элбэх үлэ ыытыллыбыта.
Чинчийэр лабораториялар үлэлиир системалара «Веста» диэн буолар. 2014 сылтан лаборатория сотрудниктара бары бу системаны үөрэтэн, баһылаан үлэлии олороллор. Чинчиллибит боруоба түмүгэ ирдэбиллэргэ эппиэттээбэт буоллаҕына, «Сирано» системаҕа тута көстөн уонна Государственнай ветеринарнай инспектор толору хонтуруолугар киирэн, салгыы бу боруобаларга үлэ ыытыллар. Маннык системалар киирэннэр, ветеринария эйгэтигэр хонтуруолланар табаардар бары көрүҥнэрэ кэтэбилгэ сылдьаллара биһиги үлэбитигэр көмө буолла.
Ветеринарнай-чинчийэр лабораторияҕа бүгүн
2023 сылтан лаборатория директорынан эдэр кэскиллээх үлэһит Наталья Гаврильевна Попова ананан үлэлиир. 2023 сылга былааннаах үлэ барыта туолбута, үлэбит хайысхата сыллата сайдар.
Үлэ хаһыйсхалара
Бу кэмҥэ лабораториябыт 6 отделлаах, отделлар хас биирдии чинчийиилэрэ анал нормативнай докумуоннарга олоҕуран чинчийии ыытыллар.
— Бактериологическай отдел;
—серологическай отдел;
—ихтио-паразитологическай отдел;
— -химико-токсикологическай отдел,биохимия,микология
—Приемнай, ветсанэкспертиза отдела;
— санитарнай-гигиеническэй отдел.
Учаастак ветеринарнай специалистара сыстыганнаах ыарыылары түмүктээхтик ыыталларыгар саамай сүрүн күүһүнэн-көмөнөн лаборатория үлэһиттэрэ буолаллар. Кинилэр төһө түргэнник паталогическай матырыйаалы уо.д.а. боруобалары чинчийэ охсон ханнык-туох ыарыы баарын-суоҕун быһаарыыларыттан тустаах үлэ салгыы хайдах ыытыллара тутулуктанар.
Бактериологическай чинчийииотдела
Сүрүннүүр бырааһынан, директорПопова Н.Г. үлэлиир. Сыстыганнаах ыарыылары анализтааһын анал докумуоннарга олоҕуран быһаарыллар уонна бу ыарыылартан хайдах көмүскэнэргэ сүбэ бэриллэр. Бу салааҕа ыалдьыбыт уонна өлбүт дьиэ кыылларыттан, көтөрдөртөн боруобалар киирэллэр: патологическай матырыйаал бары көрүҥэ, хаан, саах, салыҥ, ириҥэ, соскуоба.Лаборантканан Попова А.Ф. үлэлиир.
Чинчийии сүрүн хайысхалара:
- микроскопичекай чинчийии — ыарыы көбүтээччини микроскоп нөҥүө быһаарыы;
- бактериологическай чинчийии — ыарыыны билэргэ аналлаах средаҕа үүннэрии(посев);
- биологическай чинчийии — ыарыыны булан баран, анал кыылларга опыт оҥоруу;
- бактерия (ыарыыны көбүтээччи) көрүҥүн быһаарыы уонна диагноз туруоруу;
- Былааннаах үлэни толоруу.
Улууска сыстыганнаах ыарыылар турбаттарын туһугар ыарыылары буларга бактериологическай чинчийии салаата үлэлиир. Кэнники сылларга кокковай инфекциялар, колибактериоз, псевдомоноз, эмкар ыарыылар биирдиилээн бэлиэтэнэллэр.
Серологическай чинчийии отдела
Бу отделга сүрүннээн хаан субайа, сүөһү, атын да кыыллар хааннарын боруобалара киирэллэр. Отделы сүрүннүүр бырааһынан Батарина А.Н. лаборантканан Сивцева Е. В үлэлииллэр.
Чинчийии сүрүн хайысхалара:
- Сыстыганнаах уонна вируснай ыарыылар турууларын, тарҕамматтарын кэмигэр быһаарыы.
- Сыстыганнаах ыарыылар турдахтарына, олору суох оҥорууга көмөлөһүү.
- Былааннаах үлэни толоруу.
- Хаһаайыстыба туруктаах буоларын ситиһии.
- Сыстыганнаах ыарыы турбатыгар методическай көмө.
Ихтио-паразитологическай чинчийии отдела
Тыа хаһаайыстыбатын кыылларыгар, көтөрдөрүгэр, дьиикэй уонна декоративнай кыылларга, көтөрдөргө, балыкка паразитарнай ыарыылары анал көрдөрүүлээх докумуоҥҥа олоҕуран чинчийэбит. Бу салааҕа патматериал (ис органнара барыта), хаан, саах, салыҥ, түү,хоһоҕо (соскоб) боруобалара ылыллаллар. Сибиинньэ этин (балык этэ, үөс тардара) трихинеллез ыарыыга чинчийэбит.Дьиикэй кыыллары трихинеллез уо да ыарыыларга көрөбүт. Бу салааҕа сүрүннүүр бырааһынан Давыдова А.И. үлэлиир.
Чинчийии сүрүн хайысхалара:
- Дьиэ кыылларыгар, көтөрдөрүгэр, дьиикэй, декоративнай кыылларга, көтөрдөргө, балыкка эттэригэр, ис органнарыгар үөскүүр ыарыыны көбүтэр, киһи аймахха кутталлаах паразиттары кэмигэр булан диагноз туруоруу (гельминты,протозоозы).
- Тирии иһигэр чесотка курдук ыарыыны көбүтэр клещ көрүҥнэрин чинчийии (арахно-энтомозы).
- Сөптөөхтүк диагноз туруоран, ыарыылары быһааран, ону суох оҥорорго рекомендация биэрии.
- Былааннаах үлэни толоруу.
Паразитарнай чинчийии салаатыгар сылгы, ынах стронгилятоһа, хааннаах үөһүрэҥ, сибиинньэҕэ, ыттарга аскарида көрүҥэ, тирии ыарыыларын көбүтэр паразиттар бэлиэтэнэллэр. Бу ыарыылар хаһаайыстыбалар үөн түһэртэриитин кэмигэр толору ыыттарбаттарыттан үөскүүллэр. Урукку кэмнэргэ өртөөһүнү ыытыы туһалаах курдук буолара, почваҕа хаалбыт ыарыыны көбүтэр сорох паразиттар сымыыттара өлөллөрө, билигин бу бобуулаах. Хаһаайыстыбалар араас дьиэ кыылларыттан ураты декоративнай кыыллары ылан ииттэллэрэ үксээтэ.
Химико-токсикологическай чинчийии отдела
Отделга химико-токсикологическай, биохимическай, микологическай радиологическай,араас дьааттартан сүһүрүү тахсыбатын туһугар араас чинчийиилэр оҥоһуллаллар. Сүрүннүүр быраастарынан Васильева М.Н. уонна Охлопкова Д.Д. үлэлииллэр. Анализка эт, үүт, хаан субайа, иик, сүөһү аһыыр аһылыга (от, уу, бурдук бары көрүҥэ), патматериал (ис органнара барыта, куртаҕын аһа, салаҥа, хотуота) киирэллэр.
Чинчийии сүрүн хайысхалара:
- Химико-токсикологическай чинчийии –нитрит, нитрат, кислотность, каротин, синильная кислота,карбамид (удобрение), туус нуормаларга эппиэттиирин, эт, үүт астары ыарахан эттиктэргэ, пестицидтэргэ бэрэбиэркэлээһини, микотоксины быһаарабыт.
- Биохимия чинчийиитигэр каротин, кальций, фосфор, резервнай щелочность, белок, кетоновые тела нуормаларын быһаарабыт.
- Микологическай чинчийиигэ тас көрүҥүн (органолептика), микроскопия,тэллэй (түүнүк) баарын быһаарабыт.
- Радиологическай чинчийиигэтулалыырэйгэ радиация тобохторуттан киртийиитин бэрэбиэркэлиибит. Холобур, бэйэ оҥорор уонна тастан киирэр бородууксуйаны радиологическай хонтуруолга ылыы, чинчийии.
Ветсанэкспертиза отдела
Отделга тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын чинчийэн көрүү ыытыллар. Ол иһин хас биирдии бородууксуйа органолептическай, физико-химическай уонна микробиологическай анализтары ааһар. Манна сүрүннүүр быраастарынан Сивцева Мария Апрельевна, үлэлиир.
Чинчийэр лаборатория анализ боруобалары тутааһына. ВСЭ отделыгар үүт, эт уонна итилэртэн оҥоһуллар бородууксуйа, балык көрүҥүн боруобатын анал нормативнай докумуоҥҥа олоҕуран нэдиэлэҕэ үстэ (понедельникка, вторникка, средаҕа) туталлар. Киирбит боруобалары анал үлэһит ыйааһынныыр уонна ылыллыбыт актатынан тэҥнээн көрөр, сурунаалга номердаан (шифр), «Веста» системаҕа киллэрэн, микробиологическай уонна физико-химическай, химико-токсикологическай, паразитарнай чинчийиилэри ыытар. Анализ боруобалара көрүҥүттэн, төһөсибиэһэйиттэн көрөн хас күн чинчиллэллэрэ быһаарыллар, боруобаҕа түмүк (экспертиза,протокол) суруллар, клиент түмүгүн илии баттаан ылар.Анализ боруобатын клиентэн тутааччы анал үлэһит сайаҕас буолара, үлэ хаамытын быһааран, мөккүөр тахсыбатын курдук биир тылы булан чуолкайдык, болҕомтолоохтук үлэлиирэ ирдэниллэр. Анализ боруобаларын тутуу 2001 сылтан олоххо киирбитэ. Маннык тутууну Быраастар Саргыдаев С.А., Архипова Л.Н., Ефремова Н.А. саҕалаабыттара. «Веста» системата үлэҕэ киирбитин кэннэ Пермякова Саргылана Дмитриевна, Герасимова Александра Александровна, билигин 2023 сылтан Толстоухова Лена Юрьевна анал үлэһит быһыытынан тутар буолбута. Күҥҥэ, ортотунан, тутууга 60-80 боруоба киирэр.
Чинчийии сүрүн хайысхалара:
- Аналиһы тутууну бэлэмнээһин;
- Органолептическай(ас тас көрүҥэ, амтана, сыта, дьүһүнэ) чинчийии;
- Физико-химическай чинчийии — сомоны, белогу, плотноһы, кислотноһы (үүт аһыйбыта) быһаарыы;
- Микробиологическай чинчийии — аһыыр аска бактерия үүннэрэн, киһиэхэ төһө кутталлааҕын эбэтэр куттала суоҕун быһаарыы.
Среда буһарыыта
Киһи хараҕар көстүбэт микроорганизмнар сөптөөх үүнэр-сайдар средаларын (усулуобуйатын) буһаран оҥорор, анал оборудованияҕа, сөптөөх кыраадыска, үүннэрии оҥоһулларыгар бэлэмнээһин буолар. Манна ханнык анализ боруобата аналлаах докумуоҥҥа олоҕуран ханнык ыарыыга көрүллэриттэн, среда оҥоһуллар. Бу салааҕа Куприянова М.Н. үлэлиир хайдах микроорганизмнар средаларын оҥороруттан, анализ тахсара ордук тутулуктаах, сүрүннүүр үлэһит точнай, ыраас, аккуратнай уонна болҕомтолоох буолара булгуччу ирдэнэр. Среда оҥорор хос бары өттүнэн ыраас, сырдык, буолар.
Моечнай (иһит сууйар хос) ыраас зонаҕа турар, манна чинчийиигэ туттуллубут иһит бары көрүҥэ сууйууга кэлэр, санитарка Лукина А.А.үлэлиир.
Санитарнай-гигиеническэй отдел
Отделга сүрүннүүр бырааһынан Аржакова Л.К. үлэлиир. Бу салааҕа үүт, астаммыт үүт иһиттэриттэн смывтар, сүөһү сиир бурдуга, уулуур уута, хотон эмтээһинин хонтуруолугар смывтар чинчиллэллэр. Лаборатория иһинээҕи бэйэни хонтуруоллааһын (микроклимат, термостаттар, холодильниктар, сушильнай шкафтар, бактерициднай лаампалар үлэлэрин бэрэбиэркэлээһин, дезраствордары нуорманан бэлэмнээһин) ыытыллар.
Чинчийии сүрүн хайысхалара:
- Микроскопичекай чинчийии —— ыарыы көбүтээччини микроскоп нөҥүө быһаарыы.
- Бактериологическай чинчийии — аналлаах средаҕа ыарыыны билэргэ үүннэрии (посев).
- Биологическай чинчийии — ыарыыны буллахха анал кыылларга опыт оҥоруу.
- Былааннаах үлэни толоруу.
Лабораторнай иһиттэр сууллуулара.
Лабораторнай иһиттэр сууллуулара боростуой иһит суулларыттан арыый атыннык сууллар. Тутуллубут иһит анал иһиккэ угуллан бастаан дезинфекцияланар онтон хас да ууга сайҕанар, түмүккэ бу иһиттэр анал куурдар приборга угуллан куурар ол кэннэ сороҕо автоклавтанар о э стерелизацияны ааһар. Бу маннык үлэни соҕотох санитарка Лукина А.А. толорор.
Виварий
(лабораторнай кыыллар турар дьиэлэрэ)
Россияҕа виварийдар ХХ үйэ бастакы аҥарыгар баар буолбуттара. Виварий диэн латыын тылыттан тахсыбыт, Тыыннаах (vivarium,vivus-живой) — диэн суолталаах. Онтон виварий кыыллара биһиэхэ лабораториябыт тэриллиэҕиттэн бааллар. Кэмиттэн көрөн, элбииллэр- аҕыйыыллар. Билигин туһунан турар дьиэлээхтэр, кыыллар көрүҥнэринэн араарыллан анал хосторго, уйаларга тураллар. Сайылыыр уйалара эмиэ кыыллар көрүҥнэринэн арахсар. Манна лабораторнай кыыллартан барааннары, кроликтары, морской свинкалары, үрүҥ кутуйахтары иитэбит. Ыарыыны чинчийэргэ, сөптөөхтүк диагноз туруорарга, опыт оҥорорго туттуллар кыыллар буолаллар. Бу кыыллар эмиэ анал ирдэбилгэ, СанПин-ҥэ эппиэттиир гына былааннаахтык, сөптөөхтүк аһаан, ыраастык көрүллэн, аһыыр астара хааччыллан туруохтаахтара ирдэнэр. Чинчийиигэ быһыы, укуол ылбыт кыыл туһунан турара ирдэниллэр.
Туора киһи бу кыылларга чугаһыыра, кыыллар дьиэлэригэр киирэрэ булгуччу бобуллар. Урукку сылларга санитардар көрөр эбит буоллахтарына билигин орто анал үөрэхтээх специалист Каженкина Евдокия Николаевна кыһамньылаахтык көрөр. Евдокия Николаевна бэйэтэ ветеринарнай фельдшер, совхоз саҕаттан Арыылаах, Чурапчы ветеринарнай учаастактарыгар эмтиир-сэрэтэр үлэҕэ үлэлээбит киһи буолан, кыыллары көрүү ньымаларын, кинилэр майгыларын ордук билэр, болҕомтолоох үлэһит.
Идэни үрдэтии
Чинчийэр лаборатория үлэтэ наукаҕа чугаһынан, күннэтэ көрсөр тургутууларбыт, ирдэбиллэрбит специалист үөрэҕин таhымын үрдэтэрин ирдииллэр. Лаборатория специалистара биэс сылга биирдэ Тыа хаhаайыстыбатын академиятын иһинэн үлэлиир идэни үрдэтэр институкка, Россия киин куораттарыгар стажировка бараллар. Саҥа үлэлии киирдэхтэринэ уонна чинчийэр үлэ сүнньүнэн республиканскай ветеринарнай чинчийэр лабораторияҕа тиийэн эбии билии ылан кэлэллэр. Урукку да сылларга, билигин даҕаны специалистар научнай-практическай таhымнарын уонна идэни баһылааһыннарын үрдэтиигэ улахан болҕомто ууруллар. Управлениебыт начальнига Архипова Лена Николаевна үлэһиттэри кэмигэр үөрэххэ ыытыыны, опыт атастаһыыны, научнай-практическай конференцияларга, форумнарга, семинардарга кыттыыны сөптөөҕүнэн ааҕарын биһириибит. Специалистар республикаҕа, улууска ыытыллар научнай-практическай конференцияларга, форумнарга, семинардарга куруутун кытталлар, ситиһиилэнэллэр. Билигин цифровизация сайдан специалистар дистанционнай көрүҥүнэн эмиэ идэни үрдэтии курсун ааһаллар.
Инники үлэҕэ баҕа санаалар
Киһи тыыннааҕын тухары үчүгэйгэ, кэрэҕэ тардыһар. Чинчийэр лаборатория араас көлүөнэ үлэһиттэрэ ыарахан усулуобуйаҕа үлэлээн кэлбит буоланнар, үчүгэйгэ тардыһыылара көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэн иһэрэ көстөр.Республикаҕа ветеринарнай управлениялар лабораториялара материальнай-техническай базалара урукку сэбиэскэй кэминээҕиттэн улахан уларыйыы суох, дьиэлэрэ уоттара эргэрэн саҥа тутуу суоҕун кэриэтэ, бэйэлэрин кыахтарынан тупсарына, көрүнэ олороллор.
- Үлэһиттэр уустуктук, бытааннык оҥоһуллар, киһи сыратын ылар чинчийиилэри оҥорон ыарахан тургутуулары ааһаллара. Билигин XXI үйэҕэ цифровизация, инновация, информационнай технология сайдыбыт кэмигэр олоҕу кытта тэҥҥэ хардыылаан саҥа оборудованиенан, анализатордарынан толору хааччыллыыга тиийэ иликпит, инникитин бу кыһалҕа туоратыллыан баҕарабыт.
- Саҥа таас, толору хааччыллыылаах чинчийэр лаборатория тутулларын туруорсабыт, бу сыалбыт-сорукпут ситэригэр баҕарабыт.
Түмүк
Бэтэринээр идэлээхтэр араас кыыл ыарыытын эмтээн үтүөрдэр туһугар үтүмэн үгүс үлэлээх буоллахтарына, бу лаборатория үлэтэ идэбит атын хайысхатын – чинчийэр салааҕа үлэтин-хамнаһын көрдөрөр. Чурапчытааҕы ветеринарнай-чинчийэр лабораторияны тэрийии туһунан бирикээс тахсыбыт күнүттэн саҕалаан 75 сыл устата лаборатория сайдыытын көрдөрөр, ханнык дьоннор ветеринарнай сулууспаны салайан, лаборатория сэбиэдиссэйдэринэн, директордарынан, сүрүннүүр быраастарынан, лаборанткаларынан, санитаркаларынан, көмөлтө үлэһиттэринэн үлэлээн кэлбиттэрин, хайдах усулуобуйаҕа үлэлээн ааспыттарын, үлэлэрин көрүҥүн, иитэр сүөһүбүт уонна да атын көрүҥ кыыллар ханныксыстыганнаах, киһиэхэ кутталлаах ыарыылар турбаттарын, араас дьааттартан сүһүрүү тахсыбатын туһугар араас чинчийиилэри ыытан, ыарыылары тэниппэккэ кэмигэр саба тутарга элбэх үлэни ыытан кэлбит Чурапчы улууһун ветеринарнай-чинчийэр лабораториятыгар икки үйэ алтыһыытыгар үлэлээн ааспыт үтүө дьоммут туһунан бирикээстэр кинигэлэригэр, ахтыыларга олоҕуран история кэрчиктэрэ сурулунна.
Манна лаборатория үлэһиттэрэ ханнык эмтээх оттору, натуральнай средалары оҥороллоро, чинчийэр лаборатория ханнык ирдэбилгэ эппиэттээн кэлбитэ, ханнык бэрэбиэркэлэри, тургутуулары ааспыта, көлүөнэ солбуйсуута, идэни үрдэтии сылларынан сааһыланан сурулунна. Үлэлээн ааспыт уонна билигин үлэлии сылдьар биир идэлээхтэрбитин Ветеринарнай лаборатория тэриллибитэ 75 сылынан бары бу коллективка үлэлээн ааспыт ветераннарбытын, манна үлэлээн атын сиргэ үлэлии барбыт коллегаларбытын итиитик истиҥник эҕэрдэлиибит!
Августа Иннокентьевна ДАВЫДОВА, ветеринарнай-чинчийэр лаборатория бырааһа