Чурапчы талба талааннаах педагога Анастасия Собакина уруһуйга маастар-кылаас ыытта

Е.А. Борисов аатынан Чурапчытааҕы киин бибилэтиэкэҕэ бүтүн Аан дойдутааҕы дьиэ кэргэн күнүгэр аналлаах декада чэрчитинэн талба талааннах эбии үөрэхтээһин педагога Анастасия Собакина «Сайыҥҥы айылҕа» уоннна «Күрүлгэн кэрэ көстүүтэ» живопиһынан хартыынаны уруһуйдуурга бэрт интэриэһинэй маастар-кылааһы тэрийдэ. Дьарыкка уруһуй кэрэ эйгэтин сэҥээрээччилэр уонна уруһуйдьуттар кэрэни кэрэхсээн, элбэх киһи сырытта.

«Бу маастар-кылаас бэйэни сааһыланарга олус көмөлөһөр эбит. ​ Киһи уруһуйдуу олорон уоскуйар, күннээҕи түбүктэн сынньанар. Живопиһынан уруһуй саҥаны тобулууга уонна тула эйгэни​ атыннык ылыныыга уһуйда»,- диэн маастар-кылаас кыттыылаахтара санааларын үллэһиннилэр. Кинилэр уруһуй кистэлэҥнэригэр үөрэнэн, кэрэ эйгэҕэ сыстан дуоһуйа сынньаннылар.
Инникитин да маннык маастар-кылаастар ыытыллыахтара.

Сардаана Дьячковская, Чурапчытааҕы киин бибилэтиэкэ үлэһитэ.