Чурапчыга  «Мин көрөбүн сүрэхпинэн» истиҥ көрсүһүү буолла

Cыл аайы алтынньы 15 күнүгэр аан дойдутааҕы»Үрүҥ торуоска»  күнэ бэлиэтэнэр.
«Үрүҥ торуоска» күнүн сүрүн сыалынан харахтара көрбөт уонна мөлтөхтүк көрөр дьоҥҥо уопсастыба болҕомтотун тардыы, тулуурдаах сыһыаны олохтооһун, инникигэ эрэли үөскэтии буолар.
Бу күн чэрчитинэн,  киин библиотекаҕа  «Мин көрөбүн сүрэхпинэн» диэн истиҥ көрсүһүү буолан ааста.
 Чурапчы улууһун Физическэй култуураҕа уонна спортка салаатыгар адаптивнай хайысха салайааччыта Иннокентий Матвеев, олохтоох дьаһалта доруобуйаларыгар хааччахтаах дьону уонна бэтэрээннэри кытта үлэлиир исписэлииһэ Мария Матвеева, улуустааҕы көрбөттөр уопсастыбаларын председателэ Василий Пономарев, көмөлөһөөччү Татьяна Васильева баҕа санааларын тиэртилэр.
Остуол тула олорон араас сылларга ыытыллыбыт тэрээһиннэргэ, куруутун көхтөөхтүк кыттан кэлбит дьоммут ситиһиилэрин, кэрэ кэмнэри санаһан аастылар. Көрсүһүүнү библиотекарь Р. Петрова иилээн-саҕалаан ыытта. Мария Баягантаева доруобуйаҕа туһалаах сүбэлэрин сэргээн,  эти-хааны чэбдигирдэр хамсаныылары оҥордулар. Остуол оонньууларын С.А. Новгородов аатынан орто оскуола физкултуура учууталлара Д. Седалищев, Е. Куприянов оонньоттулар. Кыайыылаахтар быһаарыллан, бириистэри туттулар.
«Ырыа кырдала» ырыа куонкуруһугар истиҥ ырыалар ылланнылар, дууһаны таарыйар бэйэ айбыт хомоҕой хоһооннор иһилиннилэр. Кыайыылаахтарга анал ааттар иҥэрилиннилэр: Кылаан кыайыылаах — Парасковья  Дьячковская, «Ылбаҕай ырыа» — Клара Тоскина, «Ыллам ырыаһыт» — Мария  Захарова, «Иэйиилээх ырыаһыт» — Дмитрий  Неустроев, «Истээччи биһирэбилэ» — Мария  Слепцова.
Көрсүһүү түмүгэр Күөх Боллох бэрсибит көмүс хатырыктааҕынан күндүлээтилэр. Кэлбит ыалдьыттар библиотека коллективыгар махтал тылларын эттилэр. Бу курдук көхтөөх тэрээһиннэр ыытылла туралларыгар баҕа санааларын тиэрдэн, махтанан тарҕастылар.
Римма Петрова