30-тан тахса сыл идэтигэр бэриниилээхтик үлэлии сылдьар биэлсэр Лена Неустроева туһунан билиһиннэрэбит.
Тыа сиригэр эмчит үлэтэ диэн — сүрдээх ыарахан, эппиэтинэстээх үлэ. Оттон суһал көмө биэлсэрэ, ким ыалдьан ыҥырда да, түүнү-күнүһү, өрөбүлү, бырааһынньыгы аахсыбакка, дьон туһугар туһааннаах үлэтин толорор. Улууспутугар биир оннук киһинэн Лена Неустроева буолар. Кини идэтинэн 30-тан тахса бэриниилээхтик үлэлээн кэллэ. Салгыы кинилиин сэһэргэстибит.
- Лена Ивановна, ааҕааччыларбытыгар бастаан бэйэҥ тускунан билиһиннэрэ түс эрэ.
- Мин Чурапчыга күн сирин көрбүтүм. 1987 сыллаахха Кытаанах орто оскуолатын бүтэрэн, Дьокуускайдааҕы медучилищеҕа үөрэнэ киирбитим. 1990 сыллаахха үөрэхпин бүтэрэн, баҕа өттүбүнэн, Амма оройуонугар Амма-Наахара учаастактааҕы балыыһатыгар вызовной биэлсэринэн икки сыл үлэлээбитим. Онтон 1992 сыллаахха дойдубар Чурапчыга кэлэн, суһал көмө отделениетыгар улэҕэ киирэн, күн бүгүҥҥэ диэри үлэлии сылдьабын. Аан бастаан кэлэрбэр отделение гараас аҥаарыгар ыарахан усулуобуйаҕа үлэлии олороро. Онтон эргэ амбулатория дьиэтигэр үлэлээбиппит. 2003 сыллаахха саҥа таас балыыһа тутуллан, усулуобуйа биллэ тупсубута. Быйыл саҥа куорпус үлэҕэ киирэн, сабыс-саҥа киэҥ-куоҥ, дьуһуурустуба массыыната турар силбэһэ гараастаах, бары өттүнэн толору хааччыллыылаах дьиэҕэ көһөөрү үөрэ –көтө сылдьабыт.
— Суһал көмө отделениетыгар күн бүгүн хаһыа буолан, хайдах үлэлиигит?
— Билигин биһиги отделениеҕа 4 вызовтарынан сылдьар биэлсэр, киниэхэ көмөҕө 4 сиэстэрэ, 4 вызов ылар биэлсэр, 4 суоппар 4 биригээдэҕэ арахсан, күҥҥэ биир симиэнэ үлэлии-хамсыы сылдьабыт.
Кэнники сылларга «Доруобуйа» национальнай бырайыагынан анал массыыналарынан хааччылынныбыт. Онон ыарыһахтарга реанимобиль массыынанан тиийэн, миэстэтигэр тута бастакы көмөнү оҥорор кыах баар буолла. Реанимобиль бары өттүнэн хааччыллыылаах. Ол курдук, ИВЛ аппараттаах, дефибриллятордаах, монитордаах, электроотсасывателлаах, тележка-каталкалаах, бары көрүҥ реанимациялыыр нобуордардаах. Ону тэҥэ эмп өттүнэн хааччыллыыбыт үчүгэй. Бу барыта үлэҕэ күүс – көмө, суолталаах түгэҥҥэ бириэмэҕэ сүүйүүлээх буолар.
- Биэлсэр үлэтэ үгүс сыраны, болҕомтону ирдиир сүрдээх ыарахан үлэ. Эн тоҕо бу идэни талбыккыный? Туох иһин сөбүлүүгүн?
- Миигин эбэм ииппитэ, улаатыннарбыта. Кини астмалаах буолан 5-6-с кылаастан тымырга укуол туруора үөрэммитим. Ол барыта кыһалҕаттан. Ыарыыта бэргээтэҕинэ, суһал көмө наада буолара. Эмп кээмэйин, төһөнү холбоон, булкуйан эмтиирбин билэр этим. Эбэм барахсан тымырыгар укуол ылан быдан чэпчиирэ. Ол иһин киниэхэ көмөлөһөөрү уонна түргэнник үлэһит буолаары, бу идэбин талбытым. Үөрэхпин бүтэрэн, үлэһит буолбуппар эбэм үөрүүтэ муҥура суох этэ.
Онон биэлсэр үөрэҕэр киириэхпиттэн идэбин сөпкө талбыппын диэн санаа киирбитэ. Ол кэмтэн ыла, 34-с сылбын биэлсэринэн үлэлии сылдьабын. Хас биирдии үлэ күнэ хайдах ааһара, туох күүтэрэ биллибэт. Куруук бүргэс үрдүгэр сылдьар курдуккун. Үлэбин, кэлэктииппин олус сөбүлүүбүн, уоппускаттан ахтан тахсабын.
- Биэлсэр тугу сатыахтааҕый? Хайдах хаачыстыбалардаах буолуохтааҕый?
- Үлэм олус эппиэтинэстээх уонна түбүктээх, үгүс күүһү-күдэҕи, билиини-көрүүнү, түргэн быһаарыныылаах туттунууну эрэйэр. Манна тулуурдаах, араас түбэлтэҕэ өй-санаа өттүнэн бэлэмнээх эрэ дьон тулуйан үлэлиир. Дьиэ -уот, оҕо — уруу иккис былааҥҥа хаалыан сөп. Сорох ардыгар күн өрүү – өрүү, суукка устата дьуһуурустубаҕа үлэлээһин баар буолааччы. Дьуһуурустубаҕа сылдьан баран аны выездтарга барыы элбэх буолар. Ыарыһахтары Майа, Дьокуускай балыыһаларыгар илдьии — аҕалыы, медик суох нэһилиэктэригэр вызовка барыы, ыарахан ыарыһахтары балыыһаҕа аҕалыы — биһиги отделениебыт үлэтэ.
Биһиги, суһал көмө үлэһиттэрэ, кэмиттэн кэмигэр теоретическай-практическай үөрэхтэри, сэминээрдэри, тургутан көрүүлэри ааһабыт. Ыксаллаах быһыыга — майгыга бастакы медицинскай көмөнү оҥорууга билиибитин чиҥэтэбит. Бу үөрэхтэри Дьокуускай куорат суһал көмө ыстаансыйа, катастрофа медицинатын быраастара ыыталлар. Онон куруук бэйэбит билиибитин кэҥэтэ, саҥа технологиялары баһыылыы, сайда турабыт.
- Биэлсэр уонна быраас идэлэринэн тугунан уратыһалларый?
- Биһиги бырааска «уҥа илии» буолабыт. Аан маҥнай, ыарыһахха биэлсэр тиийэр. Кини түргэн туттуутуттан, быһаарыытыттан, бастакы көмөнү сөпкө оҥорон, бастакы барыллаан диагноһын туруоран, быраас эппиэтинэһигэр туттарарыттан ыарыһах доруобуйата, олоҕо тутулуктанар.
- Үлэҕитигэр үгэскэ кубулуйбут тус биттэниилээххит дуо?
- Бити-билгэни тутуһа сатаабаппын. Тоҕо диэтэххэ, ыарыы да, түбэлтэ да кимтэн да ыйыппат. Ол эрээри ханнык баҕарар түгэҥҥэ холку буолуохтаахпын, дьоҥҥо эрэли, барыта этэҥҥэ буолуо диэн санааны тиэрдиэхтээхпин. Бэйэм бэйэбэр оҕо эрдэхпиттэн илдьэ сылдьар итэҕэлбинэн сиэппэр эбэтэр суумкабар хатырык укта сылдьабын, туһалыыр.
- Үлэлээбит кэмнэргит устата өйдөөн хаалбыт түгэҥҥит?
- Ыарыыга ылларан, көхсө кыараан сытар киһиэхэ суһал көмө үлэһиттэрэ төһөлөөх кэтэһиилээх дьон буолуой?! Үлэлиир сылларбар түбэспит түгэннэрим үгүстэр. Кутталлаах, ыарахан, күлүүлээх да түгэннэр элбэхтэр. Күлүүлээҕи аҕыннахха, олус үчүгэй, элбэх билиини биэрбит акушерство предметин преподавателэ Анжелика Константиновна хас лиэксийэ ахсын хатылыыр этэ: «Эһиги дэриэбинэҕэ үлэлии барыаххыт. Суумкаҕытын уура да иликкитинэ, дьахтар төрүү киириэҕэ. Онон дьахтары этэҥҥэ төрөтөргө барытын үчүгэйдик үөрэтэн, бэлэм буолуохтааххыт», — диирэ. Аан маҥнайгы күммэр оруобуна оннук буолбута. Амма — Наахара — оройуон кииниттэн 90 км ыраах турар сир, суол куһаҕан. Саас, муус устар ортото, эдэр дьахтар бэһис оҕотун төрүү киирбитэ. Мин онно оһох кэннигэр туран, кутталбыттан күүскэ ытаабыппын өйдүүбүн. Сиэстэрэм: «Кэбис, ытаама, көмөлөөн төрөтүөхпүт», — диэн миигин уоскутан, дьахтарбытын этэҥҥэ төрөппүппүт.
Бу түгэннэр барыта эн дууһаҕынан, сүрэххинэн киирэн ааһар буолан өйгөр — санааҕар куруук бааллар. Эмискэ ыалдьыбыт, оһолломмут киһи балыыһа туһунан маҥнайгы өйдөбүлү суһал көмө үлэһиттэриттэн, кинилэр хайдах ыарыһахха сыһыаннаһалларыттан, эмтииллэриттэн, билиилэриттэн-көрүүлэриттэн ылар. Ол иһин «Суһал көмө үлэтэ — балыыһа сиэркилэтэ буолар” диэн мээнэҕэ эппэттэр.
Лена Ивановна өр сыллаах, сыралаах үлэтэ сыаналанан, Саха Өрөспүүбүлүкэтин, Арассыыйа доруобуйа харыстабылыгар туйгуна бочуоттаах бэлиэлэринэн наҕараадаламмыта. 2023 сыл түмүгүнэн “Доруобуйа харыстабылын бастыҥ үлэһитэ» аат хаһаайынынан буолбута. Киниэхэ эппиэтинэстээх үлэтигэр өссө үрдүк ситиһиилэри, дьон-сэргэ махталын, билиниитин ыла турдун, тус олоҕор дьолу-соргуну, үгүс үөрүүнү, этэҥҥэ буолууну баҕарабын.
Людмила ГОРОХОВА