2024 сыл бэлиэтэ — Мас күөх Дракон. Кини күүһү-уоҕу, муударай, бэриниилээх буолууну кытта ситимнээх. Саҥа сыл суолталаах уларыйыылары эрэннэрэр – дьон саҥа билиилэри, сатабыллары баһылыыр, идэ таһымын үрдэтэр кыахтаныахтара.
Мас Дракон тулууру, дьулууру сөбүлүүр. Онуоха саҥа бырайыактары саҕалыырга, улахан былааннары олоххо киллэрэргэ, айар дьоҕуру арыйарга табыгастаах кэм кэллэ.
ХОЙ
Хойдорго 2024 сылга саҥа кэскиллэри арыйарга тоҕоостоох түгэн үүнүөҕэ. Күүстээх уларыйыылары, улахан суолталаах түгэннэри күүтүҥ. Кыра мэһэйдэр үөскүөхтэрин сөп, ол эрээри эһиги күүскүт-уоххут, дьаныаргыт ону туоруурга көмөлөһүөхтэрэ. Саҥа хамсааһыннарга сатабыллаах уонна аһаҕас буоллаххытына, ис кыаххыт аһыллыаҕа. Өр кэм устата сэниэлээх буоларга доруобуйаҕытын көрүнүҥ, үлэни — хамнаһы уонна сынньалаҥы тэҥҥэ дьүөрэлээҥ.
ОҔУС
Оҕустарга 2024 сыл — эрчимнээх уонна ситиһиилээх. Карьераҕа саҥа кыахтар үөскүөхтэрэ. Тус олоххут бигэ туруктаах буоларыгар болҕомтоҕутун ууруҥ. Ыраах айан – сынньанарга уонна сайдарга бэртээхэй ньыма. Үлэни уонна сынньалаҥы тэҥҥэ дьүөрэлиир, доруобуйаны көрүнүү суолталаах. Уларыйыыларга бэлэмнэниҥ, уустук быһыыга-майгыга быһаарыныылаах буолуҥ, булугас өйгүтүн көрдөрүҥ.
ИГИРЭЛЭР
Игирэлэргэ саҥа сыл саҥа кыахтары, саҥа хамсааһыннары эрэннэрэр. Үлэҕитигэр-хамнаскытыгар уонна тус олоххутугар элбэх бэлиэ түгэннэр буолуохтара. Ол эрээри бэйэҕитигэр болҕомтолоох буолуҥ уонна өйгүт-санааҕыт сиэргитин-майгыгытын кытта дьүөрэ буоларыгар дьулуһуҥ. Саҥа билсиилэргэ, билиигэ аһаҕас буолуҥ. Эһиги ырытан толкуйдуур дьоҕургут уустук быһыыттан-майгыттан тахсаргытыгар көмөлөһүөҕэ.
АРААК
Араактарга 2024 сыл – карьера эйгэтигэр ситиһиилээх кэм буолуон сөп. Онуоха үөрэнэргэ уонна идэ сатабылын сайыннарарга кыһаллыҥ. Саҥа идиэйэлэргэ, билсиһиилэргэ бэлэм буоллахха, ситиһии кэлиэҕэ.Маны сэргэ чугас дьоҥҥутугар болҕомтото ууруҥ. Бу сылга тус олоххутугар суолталаах хардыылар күүтүллэллэр. Бэйэҕитигэр кыһамньы дьоллоох сылы мэктиэлиир.
ХАХАЙ
2024 сылга Хахайдарга айымньылаах үлэлэригэр өрө тахсыы күүтүллэр. Саҥа сыл ситиһиилээх буоларгытыгар элбэх кыаҕы бэлэхтиэҕэ. Сүрүн үлэҕит таһынан, дьону кытта сыһыаҥҥа, бэйэ доруобуйатын көрүнүүгэ болҕомтото ууруҥ. Баҕа санааҕыт туоларыгар дьоҕургутун, талааҥҥытын көрдөрөртөн кыбыстымаҥ. Лидер оруолун ылынартан, эппиэтинэстээх буолартан толлумаҥ, бэйэҕитигэр эрэллээх буолуҥ.
КЫЫС
2024 сыл Кыргыттарга чугас дьонун кытта сыһыаны бөҕөргөтүүгэ тоҕоостоох кэм буолуоҕа. Бэйэҕит эмоцияҕытыгар болҕомтолоох буолуҥ уонна дьиэ кэргэн сыһыаннаһыыларыгар дьүөрэлэһэргэ дьулуһуҥ. Бу сыл бэйэни сайыннарыыга саҥа кыахтары биэриэҕэ. Тус сыалгытыгар, ылыммыт былааҥҥытыгар өйгүтүн-санааҕытын түмэн, уустук үлэҕэ бэлэмнээх буолуҥ. Эһиги кыһамньыгыт бигэ туруктаах уонна ситиһиилээх буолууну аҕалыаҕа.
ЫЙААҺЫН
2024 сылга Ыйааһыннарга карьераларыгар ситиһиилэр кэлиэхтэрэ. Идэҕит эйгэтигэр уларыйыылар киириэхтэрин сөп. Онуоха саҥа билиилэри иҥэринэргэ, саҥа сатабыллары баһылыырга дьулуһуҥ. Туруоруллубут сыалгытын ситиһэргэ быһаарыныылаах буолуҥ. Дьону кытта сыһыаҥҥа компромиска барарга, бииргэ үлэлииргэ кыһаллыҥ. Эһиги сатамньыгыт иирсээни быһаарарга, дьыалаҕа табыллыыны ситиһэргэ көмөлөһөр.
СКОРПИОН
Скорпионнарга 2024 сыл бэйэни үөрэтиигэ, бэйэ ис кыаҕын сайыннарыыга тоҕоостоох кэм буолара күүтүллэр. Онуоха саҥа билиилэри-көрүүлэри иҥэринэргэ талаһыҥ. Бу сылга эмиэ дохуот үрдүүрүгэр саҥа кыахтар аһыллыахтара, инвестицияларга уонна саҥа бырайыактарга бэлэм сылдьыҥ. Эһиги тулуургут араас мэһэйдэри туоруурга көмөлөһүөҕэ, сорунуулаах санааҕыт ситиһиигэ дабайарга сүрүн хаачыстыба буолуоҕа.
ОХЧУТ
2024 сылга Охчуттарга үөрэх эйгэтэ уонна уһун айан күүтүллэр. Бу сыл саҥа билиилэри, уопуту бэлэхтиэн сөп. Мүччүргэннээх сырыыларга уонна саҥа саҕахтары көрдүүргэ бэлэмнээх буолуҥ. 2024 сыл – эһиэхэ саҥа кыахтары баһылыыр кэм. Онон ис кыаххытыгар, дьоҕургутугар эрэнэн, иннин хоту барартан куттанымаҥ. Эһиги сырдык санааҕыт олоххутугар ситиһиилэри аҕалыаҕа.
ЧУБУКУ
2024 сыл Чубукуларга дохуот үрдээһинэ уонна саҥа сыаллары ситиһэргэ тоҕоостоох кэм буолара күүтүллэр. Үп-харчы эйгэтигэр туруоруллубут сыалгын ситиһэргэ быһаарыныҥ, бэйэҕитигэр эппиэтинэһи ылынартан куттанымаҥ. Маны таһынан саҥа сыл карьера өрө тахсыытыгар саҥа кыахтары бэлэхтиэҕэ. Бу бэриллибит кыахтары мүччү тутумаҥ, ыарахан үлэҕэ бэлэмнээх буолуҥ. Эһиги кыһамньыгытын баҕа санааҕыт туоларыгар көмөлөһүөҕэ.
КҮРҮЛГЭН
Саҥа сылга Күрүлгэннэр тус олохторо уларыйарыгар бэлэм буолуохтаахтар. Бу сылга саҥа сыһыан олохтонуон сөп, маны сэргэ ис кыаҕы көрдөрөргө, таһаарарга саҥа кыахтар үөскүөхтэрэ. Саҥа билсиилэргэ аһаҕас буолуҥ, бэйэ-бэйэҕитинэн буолартан толлумаҥ. Эһиги ураты быһыыгыт саҥалыы быһаарыылары буларга көмөлөһүөҕэ. Оттон үп боппуруоһугар сэрэхтээх буолуҥ.
БАЛЫКТАР
2024 сылга Балыктары карьераҕа уонна тус олоххо улахан уларыйыылар күүтэллэр. Ону кытта саҥа кыахтары, билсиһиилэри эрэннэрэр. Үп-харчы боппуруостарыгар сэрэхтээх буолуҥ, ороскуоттаргытын көрүнүҥ. Саҥа сыл айар үлэҕэ, ситиһиилээх суолу булунууга, бэйэни сайыннарыыга таһаарыылаах буолуоҕа. Уларыйыыларга сатабыллаах буоларгыт эрэйиллэр.