Үүнэр дьыл эйэлээх буоллун, кыа хааннаах сэрии хаһан да хатыламматын

29 сыл анараа өттүгэр Аҕа дойду устуоруйатыгар хаһан да умнуллубат биир алдьархайдаах кэрчик кэм, кыа хааннаах страницата буолан арыллыбыта. 1994 сыл ахсынньы ый 11 күнүгэр Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ Борис Ельцин: “Чечня өрөспүүбүлүкэтин сиригэр-уотугар уопсатыбаҕа куттал суох буолуутун уонна сокуонунан бэрээдэги хааччыйыы туһунан” 2169 нүөмэрдээх уурааҕар илии баттыыр. Ол да үрдүнэн итинник  хара дьайдаах күннэр 2009 сылга диэри салҕаммыттара.

“Билигин бары ааҕан билэрбит курдук  Чечня бастакы сэриитэ  — ХХ үйэҕэ биир бөдөҥ байыаннай-политическай хамсааһын. Бу сепаратизм уонна бандитизм ситэри умуллубатах төлөнө өссө эбии күөдьүйэн, сэтэрээн,  Чечня иккис  сэриитэ саҕаланарыгар тиэрдибитэ. Өскөтүн, 1994-1996 сыллар усталарыгар Арассыыйа сомоҕолоспут бэдэрээлинэй сэбилэниилээх күүстэр бөлөхтөрүгэр бойобуой дьайыыларга 5,5 тыһ саллаатын сүтэрбит, 52 тыһ. киһини бааһырдыбыт итини таһынан, 3 тыһ. кэриҥэ бастыҥ уолаттарын сураҕа суох сүтэрбит буоллаҕына, 1999 сылтан 2009 сылга диэри үөһэ ыйыллыбыт сыыппаралары кытары, хомойуох иһин, саллааттары сүтэрии тэҥнэһэ быһыытыйбыта. Ол эрээри, Арассыыйа байыаннай бэлиитикэни ыытар салалтата кэккэ миэрэлэри ылыныытын түмүгэр, Ичкерия өрөспүүбүлүкэтэ сыыйа-баайа эйэлээх олоххо үктэммитэ, ону тэҥэ бытааннык да буоллар, эрэллээхтик тардылыктаах кириисистэн тахсан иһэр. Манна сыһыаран эттэххэ, срочнай сулууспаҕа сылдьан, Кавказ сэриитигэр кыттыбыт уолаттар саҕалаабыт дьыалалара мээнэҕэ хаалбатаҕын туоһулуур”, — диэн Гвардия старшай сержана, бойобуой дьайыы бэтэрээнэ, Чурапчы улууһун бойобуой дьайыылар бэтэрээннэрин Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Илья Березкин кэпсиир.

Өр саҥата суох соҥуоран олоро түһэн баран, Илья Сергеевич: “Биһиги эһэлэрбит, хос эһэлэрбит сорохторо кыргыһыы хонуутугар хорсуннук охтуулара, итиэннэ эргиллэн кэлбиттэр бу бүгүҥҥү олох чэчирии сайдарын туһугар туруулаһан үлэлээбиттэрэ хайаан даҕаны суолталаныахтаах,  үүнэн иһэр ыччакка сырдык өйдөбүл буолан үйэлэргэ хаалыахтаах. Улуустааҕы социальнай харалта начаалынньыга Лидия Тосукаева иһитиннэрбитинэн, биһиги улууспутугар уопсайа 42 бойобуой дьайыылар бэтэрээннэрэ баар. Бу уолаттар бары срочнай сулууспаҕа сылдьан хайалаах дойдуга утаарыллыбыт саллааттар, бэрт ахсааннаах киһи ис дьыала уорганнарыгар үлэлии сылдьан командировкаламмыта, хантырааҕынан барбыттар суохтар. 1995-96 сылтан саҕалаан, Роман Ноговицын, Тимофей Максимов, Марк Посельскай, Владислав Саввин, Иван Давыдов, Иван Попов, Илья Владимиров, Геннадий Местников, Петр Абрамов, Андриан Романов (билигин биһиги кэккэбитигэр суохтар), Мирон Игнатьев, Гаврил Владимиров, Иннокентий Варламов, Александр Саввин, Николай Андросов, Александр Матвеев, Афанасий Попов, Николай Ноев о.д.а. сылдьыбыттара.

1996 сыллаахха Рома Ноговицын барахсан көмүс уҥуоҕа сыыҥкабай хоруопка көтөҕүллэн кэлээхтээбитэ, кинини кытары бииргэ сулууспалаабыт доҕоро Гаврил Владимиров арыаллаан аҕалан төрөөбүт буоругар кистээбиттэрэ. Кини аатын үйэтитэн, улуус дьаһалтата Чурапчы нэһилиэгэр арҕаа буойуна алааһын үрдүнээҕи уулуссаҕа Роман Ноговицын аатын иҥэрбиттэрэ. Онтон кэлин бэйэтин түөлбэтин олохтоохторун өҥөлөрүнэн искибиэр оҥоһуллан, сылын аайы онно тиийэн кэриэстиир үтүө үгэс буолла.

Оттон Тимофей Максимовы 2000 сыллаахха Владикавказ госпиталыттан аҕалан дойдутугар Мындаҕаайыга таһаарбыттара. Кини аатынан уулусса итиэннэ үөрэммит оскуолатыгар өйдөбүнньүк истиэндэ ыйанан турар.

I-II Чечня хампаанньаларын кэнниттэн улууспутуттан бойобуой дьайыыларга кыттыбыт бэтэрээннэр үгүстэрэ Соҕуруу-Хотугу Осетияҕа сылдьыбыт уолаттар буолаллар. Бары кэриэтэ билигин ыал буолан, оҕо-уруу тэнитэн орто дьон сиэринэн олоробут, араас үлэҕэ үлэлии-хамсыы сылдьабыт.

Бэйэбит испитигэр түмсүүлээхпит, маҥнай, өр сылларга улууска үтүө суобастаахтык үлэлээбит, Ил Түмэн дьокутаатынан талыллан үгүс боппуруоһу быһаарыспыт, саппаас майора, бары улаханнык убаастыыр убайбыт Семен Иванович Никитин 1998-1999 сылларга бэйэ-бэйэбитин кытары билиһиннэртээбитэ, түмсүү бэрэссэдээтэлинэн Гаврил Владимиров анаммыта, үгүс үлэ ыытыллыбыта. Ол кэнниттэн 2015 сыллаахха миигин түмсүү бэрэссэдээтэлинэн анаабыттара. Билигин түмсүүгэ 20-чэ көхтөөхтүк кыттар уолаттар бааллар. Улууска, өрөспүүбүлүкэҕэ ыытыллар дьаһалларга барытыгар кыттыһа сатыыбыт. Бэйэбит испитигэр оскуола үөрэнээччилэрин патриотическай тыыҥҥа иитэргэ дьулуһабыт.

Ол курдук, Таатта уонна Чурапчы улуустарын байыаннай камиссариата, кыттыылаах сылын аайы Аҕа дойдуну көмүскээччилэр күннэрин көрсө, бэйэбит бирииспитигэр строевой көрүү күрэҕин тэрийэбит, “Армия – уостубат, өлбөөрбөт өйдөбүл” диэн уопсай бырайыактаахпыт.

Былырыыҥҥыттан саҕалаан, юридическай статуһу ылан, араас граннарга кыттаары, докумуоннарбытын хомуйсабыт. 2019 сыл сайыныгар улуус уонна нэһилиэк дьаһалталарын өйөбүллэринэн “Долг. Честь. Мужество” диэн Афганистаҥҥа уонна Кавказ сэриилэригэр кыттыбыт уонна олохторун толук уурбут  уолаттары өйдөөн-санаан туран, дьоҕус монумент туруорбуппут, ону салгыы сайыннарар былааннаахпыт. Эмиэ 2019 сылтан Иван Михайлович Павлов аатынан Чурапчы орто оскуолатын баазатыгар “Эдэр Карбышевтар” хамсааһын биир тутаах түһүмэҕинэн ситиһиилээхтик саҕаламмыта, онно эмиэ мэлдьи кыттабыт.

2022 сылтан саҕалаан улууспут иһинэн, үөрэх салалтата кыттыгастаах “Саллаат паартата” диэн аахсыйабытын саҕалаан түмүктээн эрэбит. Уонунан оскуолаҕа уолаттарбыт ааттарын үйэтитэн, кинилэр кылгас олохторун сэһэргиир өйдөбүнньүктэр туруорулунналар.

Арассыыйа Госдуматыгар бойобуой дьайыылар бэтэрээннэригэр араас хабааннаах чэпчэтиилэр көрүҥнэрин туһунан кэпсэтиилэр тахсан эрэллэр, ону эрэнэ күүтэбит. Билигин даҕаны уустук бириэмэҕэ, анал байыаннай дьайыыттан уолаттар уоппускаларыгар кэлэн бараннар, сорохторо араас биричиинэн дойдуларыгар кэлэннэр олохсуйдулар. Түгэнинэн туһанан, улууспут нэһилиэгин дьонугар-сэргэтигэр, дьаһалталарга, тэрилтэ салайааччыларыгар бу уолаттарга хайаан даҕаны болҕомто ууруохха наада диэн этиилээхпин, кэмэ кэллэ. Араас буолар тэрээһиннэргэ сырытыннаран, суолтаны ууран, туһааннаах психологическай көмөлөрү оҥорон, тоҕоостоох кэмнэргэ бэлиэтиир хайаан даҕаны наада. Туох да  суола суох хаалбат”.

Инньэ диэн туран, 29 сыл анараа өттүгэр, ахсынньы 11 күнүгэр тахсыбыт урусхаллаах уураахха олоҕуран, дойдуларыгар этэҥҥэ эргиллэн кэлэн билигин өрөспүүбүлүкэҕэ, улууска үлэлии-хамсыы, сүүрэ-көтө сылдьар уолаттарбын эҕэрдэлиибин. Тус олоххутугар, дьиэ кэргэттэргитигэр иллээх-эйэлээх олоҕу, үгүс үөрүүнү, кытаанах доруобуйаны баҕарабын. Инникитин даҕаны түмсүүлээх буолуоҕуҥ, тэҥҥэ тутуспутунан сылдьан, үтүө, сырдык дьыаланы оҥорон иһиэҕиҥ диэн ыҥырабын. Дириҥ устуоруйлаах норуот буоларбыт быһыытынан, үүнэр көлүөнэ ыччаты  иитиигэ кыттыһыаҕыҥ, үлэһит дьон буолан тахсалларыгар  кыһамньыбытын, болҕомтобутун ууруоҕуҥ”.

 

Кэпсэттэ Сэмэн ЖЕНДРИНСКЭЙ, гвардия сержана, улуус тааҕы бойобуой дьайыы бэтэрээннэрин Сэбиэтин бэрэссэдээтэлин солбуйааччы. Хаартыскалар ааптар тус архыыбыттан