Ырыаһыт Сахая уонна Чурапчыттан САРДААНА – “Үрдэл” музыкальнай бириэмийэҕэ “Көрөөччү биһирэбилэ” аат кыайыылаахтара

Бэҕэһээ киэһэ, ахсынньы 4 күнүгэр, киэһэ 21 чааска «Саха» НКИХ быһа биэриитигэр “Үрдэл” музыкальнай бириэмийэ түмүгүн таһаардылар. Санатар буоллахха, ааһан эрэр дьыл бастыҥ ырыаһытыгар бу бириэмийэ үбүлүөйүнэй сылыгар туттарылынна.

Өрөспүүбүлүкэ саамай чыпчаал “Үрдэл” бириэмийэҕэ номинаннарынан “Тэтим” араадьыйаҕа ордук элбэхтик иһиллэр ырыа толорооччулара сүүмэрдэнэллэр. Өссө ааспыт сыл алтынньытыгар, биир дойдулаахпыт Сардаана Корякина-САРДААНА тылларыгар, Инна Донская-Дайаана матыыбыгар, эстрада чаҕылхай сулуһа Сахая толоруутугар “Оҕобор” диэн ырыатынан саамай элбэх куолаһы ылан, куонкурус финалыгар ааспыта.

04-01-2024_22-56-41

Музыкальнай бириэмийэ балаһыанньатын быһыытынан, кыттааччылары дьүүллүүр сүбэ уонна көрөөччүлэр сыаналыыллар. Ырыаһыттар бөлөҕүнэн нэдиэлэ аайы ыллаабыттара. Ол тухары Сахая инники күөҥҥэ сылдьыбыта уонна тохсунньу 4 күнүгэр “Үрдэл” музыкальнай бириэмийэ “Көрөөччү биһирэбилэ” номинация хаһаайына буолан сүрүн бирииһи — 100 тыһыынча солкуобайдаах сэртипикээти ылла.

Маннык үөрүүлээх дьаһалга, САРДААНА олус долгуйарын билиннэ. Саха литэрэтиирэтин кэскиллээх суруйааччыта, Инна Донская-Дайаанаҕа, ырыаһыт Сахаайаҕа, биир дойдулаахтарыгар Чурапчыларга, Илин эҥэр бөлөх улуустарын олохтоохторугар, ийэтигэр, аҕатыгар, дьиэ кэргэнигэр, доҕотторугар, итиэннэ кинини өйөөччүлэргэ, айар куттаах атастарыгар дириҥник махтанна.

Санатан эттэххэ, Сардаана Корякина, СӨ суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ Римма Корякина-ХОТУУНА уонна тиис бырааһа Александр Корякин төрөппүт улахан кыыстара, САРДААНА билигин өрөспүүбүлүкэҕэ биир биллэр, кэскиллээх суруйааччы, ааспыт сылга ааҕааччы киэҥ биһирэбилин ылбыт “Күтүөккэ хомолто” сэһэн ааптара, хас даҕаны хоһооно ырыа буолан кынаттанан таҕыстылар, ону таһынан билигин бэйэтэ СӨ пенсионнай управлениетыгар буҕаалтырынан таһаарыылаахтык үлэлии-хамсыы сылдьар, элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн амарах ийэтэ.

Сахая толоруутугар “Оҕобор” ырыа

Үчүгэйиэн
о5обун кууһан ыламмын,
Кып-кыра бэйэтин сыллыырым манньыйа,
Ыксары бэйэбэр тутаммын
чап-чараас иэдэһэр сыстарым.

Хос ырыата:

Сирдээ5и бу дьолбун сэрэнэн
Аттыбар бигээммин бүөбэйдиэм,
Быыкаайык илиитин сиэтэммин
Олоххо хардыытын арчылыам.

Оҕоккоом
минньигэс сытынан тыынаммын,
Иһийэн чуумпуга сытаммын ыллыыбын,
Күннээ5и түбүгү умнаммын
Ыксары бэйэбэр тутабын.

 

Сардаана Корякина — тыллара, Инна Донская матыыба.

 

Сэмэн Жендринскэй