ЫРЫА БУОЛБУТ ОЛОХ (Мелодист, ырыаһыт Николай Сибиряков төрөөбүтэ 65 сыла)

Поэт, рок-ырыаһыт, инноватор педагог Николай Максимович Сибиряков баара буоллар, бу күннэргэ 65 сааһын туолбутун бэлиэтиэх этэ. Кини 1959 сыллаахха тохсунньу 28 күнүгэр Мугудай нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Аҕата Максим Николаевич партийнай үлэһит буолан, ханна аныылларынан үлэлээбитэ.

Онон, Коля оҕо сааһа Уус Алдаҥҥа, Чурапчыга уонна Ытык Күөлгэ ааспыта. Орто оскуола кэнниттэн сопхуос пиэрмэтигэр биир үлэлээн баран, Сэбиэскэй Аармыйаҕа ыҥырыллыбыта. Икки сыл этэҥҥэ сулууспалаан кэлэн, Намнааҕы педучилищены бүтэрбитэ, икки сыл Амма улууһугар учууталлаабыта.

1984 сыллаахха Максим Аммосов аатынан СГУ историко-филологическай факультетын историяҕа салаатыгар үөрэнэ киирбитэ. Үөрэҕин 1989 сыллаахха бүтэрэн бастаан Мэҥэ Хаҥаласка, онтон Чурапчы орто оскуолатыгар учууталлаабыта. 1992 сыл күһүнүттэн үөрэх улуустааҕы управлениетыгар үлэлээбитэ.

Ити дойду үрдүнэн тосту уларыйыылардаах кэмнэр этилэр, национальнай оскуола концепциятыттан силис тардан, тыа сирин оскуолата тус сирэйдээх буолуутугар үлэ саҕаламмыта. Николай Максимович улуус оскуолаларын ахсын инновационнай үлэни иилиир-саҕалыыр педагогтары үүннэрэн улахан үлэни ыыппыта, ол түмүгэр, элбэх оскуола, уһуйаан өрөспүүбүлүкэ уонна Арассыыйа таһымнаах эксперимеҥҥэ киирэрэ ситиһиллибитэ. Дууһатын ууран үлэлээбитэ, иитии-үөрэтии эйгэтигэр тус көрүүлэрдэммитэ. Ону сурукка тиһэн «Саҥа олох» хаһыакка таһаартаран испитэ уонна 2001 сыллаахха саас ааптарыскай куурус ыытарыгар «Инновации образовательной системы Чурапчинского улуса» диэн кинигэни оҥорбута.

Тустаах үлэҕэ сүрэх баҕатын дьүөрэлэһиннэрдэххэ, хайатыгар да боччумнаах түмүктэри ситиһиэххэ сөп. Ийэтэ Александра Максимовна сахалыы намылхай куоластааҕа, эбэтэ туойара эбитэ үһү. Аҕатынан төрдүгэр ырыаһыттар, сахалыы идэлээхтэр бааллара биллэр. Ону утумнаатаҕа, ыллыырын сөбүлүүрэ (1994-1999 сс. «Табык» рок-бөлөххө ыллаабыта), хоһоон суруйара, ырыа айара. Үлэтиттэн кэлээт, гитаратын үрдүгэр түһэрэ.

Туораттан көрүүгэ туох да хоһооно суох киҥинэйэн ыллыы-ыллыы, гитаратын талкыйара. Ол дьиҥинэн, муза киирэр, өй-сүрэх долгуйар, айар абылаҥҥа ылларар, күүрэр, үрдүккэ көтөр дьикти түгэннэрэ этилэр. Таба туппуг матыыбын, булбут тылы-өһүн кыладыйан чочуйара, хайдах иһиллэрин, дьон төһө ылыныаҕын билэ сатыыра.
Музыканы, кини араас хайысхаларын, сүүрээннэрин үчүгэйдик билэрэ. Баай библиотеканы, фонотеканы, аудиотеканы муспута. Салгыбакка дьарыктанара, элбэхтик ааҕара. Гитарнай ырыанан, рок-музыканан үлүһүйэр буолан, ити эйгэҕэ элбэх доҕоттордоммута. Университеты бүтэрэригэр көмүскээбит «Реликтовые сюжеты якутского героического эпоса-олонхо» диэн дипломнай үлэтигэр тирэҕирэн сахалыы төрүт өйүт-санааны, төрүт ырыаны-тойугу, төрүт дорҕоону үөрэппитэ.

Ырыата үксээн, тарҕанан истэҕин ахсын (лирикаҕа, рок дьүһүлгэҥҥэ барыта 40-ча ырыалаах), биир кыһалҕа күөрэйбитэ. Бэйэтэ нуотаны суруйбат буолан, ол ырыалар ааптардара кини буоларын чугас дьоно эрэ билэрбит. Биир саамай тарҕаммыт ырыатын «Саҥа олох» хаһыат 1994 сыллаахха алҕаска «ааптар Н. Константинов» диэн суруйан кэбиспитэ өргө диэри cohyллубута, бэл, ырыанньыкка киирбитэ. Инньэ гынан, биир эмит ырыаһыты булар наада буолбута. Оннук ырыаһыты, Анастасия Готовцеваны, дьылҕата кыл-мүччү тиксиһиннэрбитэ.

Соҕурууҥҥу ырыаһыттар бэйэлэрэ композитордаах буолаллар, хардарыта байытыһан репертуардара быстыбакка сайдан, тахсан иһэр, – диирэ. Анастасия Иннокентьевналыын икки сыл үлэлээбитэ,  кинини кытары үгүс былаанын ситимнээбитэ. Улуустааҕы култуура управлениета көҕүлээн, өйөөн, 2001 с. кыһын аһымал акция чэрчитинэн, «Айыллаан» сынньалаҥ киинигэр «Алаас ырыата» диэн айар киэһэтин тэрийбитэ. Онно Анастасия Готовцева, Марианна Романова, Василий Жирков, Сылаҥтан «Айан», Хадаартан «Кэрэх», Хатылыттан «Табык»  бөлөх  уо.д.а. кыттыбыттара. 2002 с. саас үлэтин уопутун тарҕатар сыаллаах ааптарыскай куурсун ыыппыта, онно араас улуустартан инновационнай-экспериментальнай үлэни тэрийэн-салайан ыытар, сетевой ситимҥэ бииргэ үлэлиир дьоно, педагогтар кэлбиттэрэ. Дьэ бу курдук айар үлэ үөһүгэр сылдьан, Николай Максимович Сибиряков 2003 сыл от ыйын 21 күнүгэр эрдэттэн эмэ сылдьыбыт ыарыыта хам ылан, олохтон туораабыта.

Киһи хайдаҕа ыарахан кэмҥэ биллэр. Аҕабыт УНО-ҕа бииргэ үлэлээбит доҕотторо 2005 с. хоһооннорун хомуурунньугун бэчээттэтэргэ көмөлөспүттэрэ, магнитофоҥҥа ыллаабытын түмэн, компакт-диискэ оҥорон таһаарбыттара. 2009 с., төрөөбүтэ 50 сылынан, учууталлар күһүҥҥү мунньахтарыгар ахтыы киэһэтин тэрийбиттэрэ.

Анастасия Иннокентьевна Готовцева биир киһи холугар үгүһү оҥордо. 2003 с. күһүн Чурапчыга Ил Түмэн тэрийбит «Уунабын сибэкки дьөрбөтүн» диэн А.П. Илларионов айымньыларынан ырыа куонкуруһугар «Чараҥ вальсынан» Гран-прини ылбыта. Репертуарыгар Николай ырыаларын бигэтик киллэрдэ. 2006 с. «Сырдык санаа ситимэ» мемориал-кэнсиэрди тэрийбитэ (ону кэнсиэрди көрсө «Саха» НКИК үлэһиттэрэ: редактор Иннокентий Артамонов, оператор Степан Парников анал биэриини оҥорбуттара),

2009 с. радионан биэриини оҥорбута  2019 с. Николай 60 сылын чэрчитинэн кини айбыт ырыаларынан өрөспүүбүлүкэтээҕи ырыа куонкуруһун  Чурапчынан уонна куоратынан тэрийбитэ.

Өссө маннык кэнсиэрди аан бастаан Кытаанах кулуубугар Любовь уонна Геннадий Монгуштар 2005 с. саас тэрийбиттэрэ. Сылаҥ нэһилиэгин Түөйэ учаастагын олохтооҕо Петр Беляев 2013 с. Сылаҥҥа, 2014 с. Чурапчы сэл.   гитаранан ырыа  куонкуруһун тэрийбитэ.

Кэргэним, аҕабыт Николай Максимович Сибиряков айбыт ырыаларын дьон-сэргэ таптаан ыллыыра, аатын ааттыыра, итиэннэ төһөнөн сыл-хонук ааһар да, кини ырыаларын ыччаттарга сырдатар, тарҕатар дьон бааллара биһиэхэ олус күндүлэр.

Раиса СИБИРЯКОВА,
кэргэнэ

Бэлэмнээтэ Сэмэн Жендринскэй