Ааспыкка, Алексей Ермолаев сырдык кэриэһигэр ыытыллыбыт оҕолорго улуустааҕы турнир үөрүүлээх арыллыытыгар, Кытаанах нэһилиэгин баһылыга Егор Потапов, дьонун-сэргэтин ортотугар арочнай саалаҕа эбии тустуу саалатын тутуу туһунан иһитиннэрэн турардаах.
Бу күннэргэ бөһүөлэк иһигэр үлэ-хамнас күөстүү оргуйар. Бүгүн, муус устар 12 күнүгэр, Килэҥки бөһүөлэгин килбэйэр киинигэр, тустуу саалатын сыбаайатын түһэрдилэр. Үгэс быһыытынан, баараҕай тутуу сахалыы сиэри-туому толорууттан саҕалаата, алгыһы нэһилиэккэ элбэх бэргэн ытааччыны иитэн таһаарбыт, өрөспүүбүлүкэҕэ тарбахха баттанар чулуу тириэньэр, ааттаах бэйиэт, быйыл лоп курдук 75 сааһын туолбут Николай Федорович Смирников-Төлөөйүскэй баҕа санаатынан арчылаата.
“Тустуубут саалата аҕыйах кэминэн үлэҕэ киирэн бэйэтин тула элбэх тустууктары түмэн, инники эрэллэрбитин дьарыктыырга улахан олук буоларыгар эрэнэбит. Саха ыччатын Олимп чыпчаалыгар дабаппыт Дмитрий Петрович Коркин курдук улуу тиириэньэр үөскээбит сиригэр, Кытаанахха, тустуу саалатын сыбаайатын түһүүтэ олохтоохтор уопсай үөрүүлэрэ. Бүгүҥҥү субуотунньукпутугар “норуот күүһэ – көмүөл күүһэ” дииллэринии, нэһилиэкпит эр дьоно биир киһи курдук кэлэннэр, үөрэ-көтө мустаннар үлэлии-хамныы сылдьаллар”, — диэн нэһилиэк баһылыга Егор Николаевич хас биирдилэригэр махтанар.
Сэмэн Жендринскэй