Д.П. Коркин 1928 с. балаҕан ыйын 5 күнүгэр Петр Кириллович уонна Мария Андреевна Коркиннар диэн ыалга бастакы оҕонон төрөөбүт, кини кэнниттэн биир кыыс уонна уол төрөөбүттэр. 1937 с. төрөппүттэрэ утуу-субуу өлөн, үс оҕо тулаайах хаалбыт. 1939 с. Арыылаах алын сүһүөх оскуолатыгар үөрэнэ киирбит, 1940—1941 сс. Кытаанах оскуолатыгар салгыы үөрэммит, онтон Чурапчы 41 колхуоһа хоту көһөрүүгэ түбэһэн, Булуҥ оройуонугар Бороҕон нэһилиэгин оскуолатыгар үөрэнэн, сэттиһи бүтэрбит. Онтон куоракка кэлэн, Дьокуускай куорат 2-с нүөмэрдээх оскуолатыгар киирбит.
1951 с. орто оскуоланы бүтэрэн, биир сыл үлэлиир уонна 1952 с. Ленинград куоракка Герцен аатынан педагогическай үнүстүүккэ киирэн нуучча тылын учууталын идэтигэр үөрэнэр. Манна самбонан дьарыктанар, хас да күрэхтэһиигэ кыттан миэстэлэһэр. 1956 с. үөрэҕин бүтэрэн, дойдутугар Чурапчыга нуучча тылын уонна литературатын учууталынан үлэлии кэлэр. Ити сыл Чурапчы, Одьулуун уолаттарын мунньан, тустуу сиэксийэтин салайан ыытар. 1966 с. интэринээт-оскуолаҕа тустуу оскуолатын астаран Саха сиригэр, Арассыыйаҕа, ССРС-ка суох саҥа сүүрээни киллэрэн успуорт оскуоланы аһар.
Дмитрий Петрович үлэлээбит кэмигэр үс олимпийскай призеру бэлэмнээн таһаарбыта. Роман Дмитриев 1972 с. 1-кы миэстэ, 1976 с. 2-с миэстэ, Павел Пинигин 1976 с. 1-кы миэстэ, Александр Иванов 2-с миэстэ буолуталаабыттара. Чурапчы ыспартыыбынай оскуолатыгар Д.П. Коркиҥҥа 448 уол көҥүл тустуунан дьарыктаммыта, 175 ССРС успуордун маастарын, 200 успуорт маастарыгар хандьыдааты иитэн таһаарбыта. 265 оҕо үрдүк үөрэҕи, 200 орто үөрэҕи бүтэрбиттэрэ, анал идэлээх үлэһит дьон буолбуттара, сорохтор күн бүгүҥҥэ диэри кини аатын ааттатан, Өрөспүүбүлүкэбит сайдарын туһугар үлэлии-хамсыы сылдьаллар.
Д.П. Коркин наукаҕа тирэҕирэн дьарыктыыра. Күрэхтэһииттэн кэлбит оҕо бары тириэньэр хоһугар киирэн, хайдах тустубуттарын, хайдах кыайбытын, кыайтарбытын, ханнык приемнары оҥорбутун, туох саҥаны билбитин суруйара, ону барытын түмэн, ырытан үөрэтэрэ. Дьарыкка биир приему уһуннук оҥорорбут, сыыһа оҥорор буоллахпытына, дьарыгы тохтотон үчүгэйдик оҥорбут уолаттары, И. Федосеевы, Ю. Цыкунову көбүөр ортотугар киллэрэн, барыбытын мунньан өссө үөрэтэрэ. Бу приему бары үчүгэйдик оҥорор буоллахпытына, салгыы атын приему үөрэтэрбит. Онон, улахан кылаастаах тустуук да буолбатарбыт, үчүгэйдик приемнарбытын оҥорорбут, атын сиргэ тиийэн баран, биһиги сүүмэрдэммит хамаандаҕа дьарык ыытарбыт, приемнары көрдөрөрбүт, быһаарарбыт.
Д.П. Коркин Сэбиэскэй сойуус, Арассыыйа саамай аатырбыт тириэньэрдэрин И.В. Морозовы, А.М. Дякины, А.С. Карапетьяны, С.А. Преображенскайы, А.З. Дзогоевы, Ю.А. Шахмурадовы кытта доҕордоспута, бииргэ үлэлиирэ. Кинилэр уопуттарын туһаммыта. Онтон салгыы уопутуран, бэйэтэ туспа суоллаах-иистээх тириэньэр, ханна баҕарар билиниллэр, сыаналанар уонна ытыктанар буолбута. Чурапчытааҕы тустуу оскуолата аан дойдуга биллибитэ, саха тустууктара үрдүк кэрдиискэ тахсалларыгар олук-тирэх буолбута.
Дмитрий Петрович үлэтигэр наһаа бэриниилээхтик үлэлиирэ, хас биирдии тустуук оҕолоругар ханнык приемнар сөп түбэһэллэрин сахалыы өйүнэн быһаарара, ордук күүскэ сахалыы тустуулары (хапсаҕайы) дириҥник үөрэппитэ. Элбэхтик хапсаҕайдаһан тустубут бөҕөстөрү көрсөн кэпсэтэрэ. Үөрэтэр оҕолоругар хапсаҕай приемун элбэхтик оҥортороро.
Сэбиэскэй Сойуус, Арассыыйа, аан дойду тустууктарын тустар тиэхиньикэлэрин үөрэтэн баран, бэйэтэ күүс киллэрэр тренажердары маһынан, тимиринэн оҥорторон, биһиги үөрэнэр кэммитигэр 60-70-с сылларга туһанар буолбута. Ол саҕана, күүһү хачайдыыр тренажер диэн ханна да суох этэ. Биһиги соҕуруу туста сылдьан оннук тэриллэр баалларын көрбөт да этибит, арай киһи саҕа үрдүктээх чуучалалар баар буолар этилэрэ. Ол оҥорторбут тренажердара араас быччыҥнарга тус-туһунан аналлаахтара. Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтиттэн суон торуоһу булларан, ону чиккэччи тартаран баран, ол устун хаамтарара. Хаптаһынтан 3 м. үрдүктээх, 3 м. туоралаах, 250 хайаҕастаах истиэҥкэни биһиги кылаас оҕолоро – Басов Эдиктээх оҥорбуттара. Ол кэлин успуорт эйгэтигэр «Стенка Коркина» диэн биллэр.
Суон быччыҥнар тустукка туһалаабаттар, төттөрүтүн приемнары оҥорорго мэһэйдииллэр, быччыҥ тустуук ханнык приему оҥороруттан бэйэтэ түллэн көмөлөһүөхтээх диирэ. Уһун синньигэс быччыҥнар туһалыахтаахтар диирэ, көҕүс уонна сис быччыҥнара сөпкө үлэлиэхтээхтэр диэн үөрэтэрэ.
Ханнык балаһыанньаҕа ханнык приемҥа быччыҥнар хайдах үлэлииллэрин, хас кыраадыс муннугунан прием оҥоһулларын быһаарар, суоттатар этэ.
Бу үлэлэрин бэйэтэ толкуйдуура. Кэлин оҕолор төрүттэрин, зодиактарын эмиэ үөрэтэр этэ. Ол курдук, күүстээх дьон оҕолорун, сиэннэрин булан аҕалан эрчийэрэ. Бөҕө Тараҕай сиэнин Никон Брызгаевы, Күүстээх Ыстапаан уолун Юрий Андреевы, Халыматтан Захар Чукрову, Уус Майаттан Даас Иванову эрчийбитэ.
Дмитрий Петрович тустуу успуордугар кыайыыга тиийэргэ сүрүн көрдөбүлэ: Бастакынан, кытаанах бэрээдэк. Ыспарсымыан буоллуҥ да,
тириэньэр ирдэбилин хайаан да толоруохтааххын, бэрээдэги тутуһуу.
Иккиһинэн, тустуугу аралдьытар куһаҕан дьаллыктар (арыгы, табах, пиибэ) суох буолуохтаахтар. Үсүһүнэн, чиэһинэй буолуу.
Биһиги сыл аайы тириэньэрбит, учууталбыт бирииһигэр көҥүл тустууга Аан дойду турнира ыытыллар, үс бириистээх миэстэҕэ тустан киирбит бөҕөскө «Арассыыйа успуордун маастара» диэн аат бэриллэр. Чурапчытааҕы успуорт-оскуола томторугар, кини баазатыгар 1999 сылтан физкултуура үнүстүүтэ аһыллан үлэлиир. Олорбут дьиэтэ тустуу мусуойа буолбута. Д.П. Коркин аата көҥүл тустуу устуоруйатыгар Саха сиригэр, Арассыыйаҕа, аан дойдуга куруук ааттана туруоҕа. 2003 сылтан успуорка уонна физкултуураҕа үрдүк ситиһиилэрин иһин, Д.П. Коркин аатынан Судаарыстыбаннай бириэмийэ олохтоммута.
Михаил Друзьянов, көҥүл тустууга ССРС успуордун маастара.