Эрилик Эристиин аатынан сопхуос саамай ыраах, уһук отделениетыгар – Чакырга сылгылыын-ынахтыын барыта икки тыһыынчаттан тахса сүөһү иитиллэрэ. Манна 1975 сыллаахха 2200 туонна оту соҕотуопкалыыр былааннаах, ону лаппа аһарарга соруктанан үлэлээбиттэрэ.
Ол эппиэтинэстээх күннэргэ отделение туох баар хамсыыр тиэхэньикэтэ, үлэһит илиитэ ходуһаҕа туруоруллубута. Оттуур звенолары К.М. Миронов, Н.С. Макаров, Н.Е. Ефремов, А.Н. Филиппов, В.Е. Дьячковскай курдук уопуттаах оробуочайдар салайбыттара.
Бу бүччүм, кыра учаастакка хас биирдии үлэһит, тарбахха баттанар ахсааҥҥа сылдьара. Үөрэнээччилэр сайыҥҥы сынньалаҥнарыгар сопхуоска кырата суох көмөнү оҥороллоро. Кирпииччэ үктүүр – кинилэр, ыанньыксыттары солбуйар – кинилэр, фермаҕа учуотчуктуур – кинилэр, оттуур – эмиэ кинилэр.
… Чаалыкы алаас күүстээх тыал долгунун курдук суһумнуур үрдүк хойуу отун сабыс-саҥа иккилии буруустаах навесной охсордоох икки тыраахтыр охсон кырылата сылдьаллара. Бу оччотооҕу кэм астык тиэхэньикэтин кимнээх үлэлэппиттэрэй диэтэххэ, Дириҥ орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ Николай Сергеев уонна Сергей Макаров.
Чугас Тураҥнаах алааска икки тыраахтыр оҕустаран ааспыттарын үөрэнээччи Василий Михайлов эмиэ “Беларусь” тыраахтырынан мустаран элэҥнэтэрэ. Оттон ити субууттан субууга түһэн утары бугуллаан иһээччилэр эмиэ үөрэнээччилэр: Сережа Михайлов, Маша Титова, Рома Данилов, Даша Ефремова, Ильюша Макаров, Леня Флегонтов, Коля Никонов. Кинилэр соруктара – субууну ардахха былдьаппакка утары бугуллаан иһии этэ. Ардах хоппот, чиҥ, бөдөҥ гына бугуллаатахха, от харалыннаҕа ол.
Тэйиччи үрдүк түстээх кыһыҥҥылыы бөдөҥ оту соспут “ДТ-75” тыраахтыр “Оо, уолаттар бу сырыыга бырахпыттыы түспүттэр ээ, оннооҕор мин киһи быччыҥмар билиннэ” диэбиттии сатаарыйтаталыыра. Онуоха күн уотугар килэриччи сиэппит көҕүстээх, үлэҕэ чахчы буспут-хаппыт көрүҥнээх кыдамаһыт уолаттар Егор Адамов, Семен Федоров, оробуочай Дмитрий Алексеев уонна кинилэр салайааччылара учуутал Николай Васильевич Филиппов “буруйдаахтара”. Буолумуна, ити дьыл от бастаах, ону ааһан бугулунан турар чиҥээбит буолан кыдамалыырга да холлоох этилэрэ.
Чакырга урукку сылларга үөрэнээччилэр звенолара аатыра оттуура. 1974 сыллаахха төһө да кураан сайын буоллар, звено 289 туонна бастыҥ хаачыстыбалаах оту хаһаайыстыбаҕа туттарбыта. Оттон 1975 сыл курдук оттоох, үүнүүлээх сайыҥҥа эдэр отчуттар былааннаах 500 туоннаҕа эрэ сыппакка, лаппа элбэҕи соҕотуопкалыырга дьулуһан отууга хоно сылдьан үлүмнэһэн оттообуттара.
Сэмэн Жендринскэй