Алтынньы 1 күнүгэр Аан дойдутааҕы Аҕам саастаах дьон күннэрэ бэлиэтэнэр. Ол чэрчитинэн Чурапчыга кырдьаҕастар декадалара ыытылла турар.
Манна сөп түбэһиннэрэн, бу күннэргэ тыыл уонна СӨ Авиациятын бэтэрээнин, Хоту Көһөрүллүү кыттыылааҕын Николай Ильич Дыдаевы кытта сэһэргэстибит.
Оҕо саас сыллара
Мин 1931 сыллаахха Бабаҕаҕа Арыылаах диэн алааска төрөөбүтүм. Аҕам – Одьулуунтан төрүттээх Дьөгүөр Дьарааһын уола. Кини 1930 сыллаахха Арыылаахха тиийэн, ийэбин, Поисеевтар кыыстарын Варвараны, көрсөн, билсиһэн ыал буолаллар. Миигин төрөөбүтүм кэнниттэн Хаамыйаҕа аҕам аҕатын аахха аҕалан хааллараллар. Төрөппүттэрим үгүстүк кэлэллэрэ-бараллара. Онон Хаамыйаҕа эһэлээхпэр олорон,Чапчылҕан сайылыкка кыра оҕо сааһым ааспыта.
Мин кэннибиттэн төрөөбүт оҕолор өлөн испиттэр. Аҕам 1941 сыллаахха аармыйаҕа бастакы хомуурга ыҥырыллан барбыта. Онно бииргэ төрөөбүт үс уол хаалбыппыт. Кинилэр эмиэ орто дойдуттан барбыттара, биир быраатым аҕам барарын кытта, оттон биир быраатым Кэбээйиттэн дойдутугар тыыннаах кэлэн баран, өр буолбатаҕа.
Сэрии ыар кэмнэрэ
Биһиги дьиэ кэргэн күүс өттүнэн хоту көһөрүллүүгэ Кэбээйи оройуонугар сылдьыбыппыт. Биһигини Сыллар Арыы диэн сиргэ борохуоттан аҕалан сүөкээбиттэрэ. Арыы буолан төгүрүччү уһун от үүммүт этэ. Ону үргээн, отуу оҥостон олорбуппут. Өктөөп бырааһынньыгын саҕана, Кальвица колхуоска көһөн тахсыбыппыт.
Бырааһынньык кэнниттэн, олохтоох оскуолаҕа үөрэнэ киирбитим. 3-с кылааһы бүтэрбитим. Балык биригээдэтигэр сылдьыбытым. Собоҕо муҥхалыыр этибит. Мин балык таһааччынан үлэлээбитим. Булду уһун остуолга туран эрэ, иһин хайытан тууһуулларэтэ. Бастакы сылбытыгар хоргуйан, тоҥон-хатан элбэх киһи өлбүтэ. Туох да бэлэмэ суох сиргэ тиийбиппит, биһиги кэлэрбитин ким да билбэт этэ. Инньэ гынан бэрэссэдээтэлбит Гаврил Николаев (Хабыычча) сэттэ колхуос сүөһүтүн өлөрөн, бэйэбитигэр түҥэтэн биэрбитэ. Оннук гынан элбэх киһини өлүүттэн быһаабыт буолуохтаах. “Хаайыыга да, көҥүлгэ да хоргуйан өлөр – син биир” – диирэ. Ити кэнниттэн Гаврил барахсан 7сылга хаайыыга барбыта. 1945 сыллаахха Улуу Кыайыы буолан, буруйа сотуллубута. Биһги дойдубутугар төттөрү көһөн кэлэрбитигэр, кини эмиэ босхолонон кэлбитэ. Уруккутун курдук колхуоска бэрэссэдээтэлинэн талаары гыммыппытын, хаайыыга олорбут киһини олох чугаһаппатахтара.
Үөрэххэ, сырдыкка тардыһыы
Көһүүттэн бэрт эрэйинэн кэлэн баран, Одьулууҥҥа 4-с кылааска үөрэммитим. Оччолорго Одьулуун оскуолата 4 кылаастааҕа. Онон Дириҥҥэ баран, сэттэ кылааһы бүтэрэбин. Ол кэмҥэ Чурапчы оскуолата эмиэ сэттэ кылаастаах этэ, онон колхуоска үлэлии киирбитим. Арай, сайын оттоһо сырыттахпына, Феоктист Софронов кэлэн, түбэспиччэ оттуу сылдьар дьонтон мин туох үөрэхтээхпин ыйыталаспыта. Оччолорго куоракка тулаайахтары уонна сэриигэ барбыт дьон оҕолорун үөрэтэллэрэ. Феоктист Софронов билэр киһитэ 2-с нүөмэрдээх оскуолаҕа дириэктэрдиир эбит. Инньэ гынан, ийэбэр этэн, ол күһүн куоракка интэринээккэ киирэн, 2-с оскуолаҕа үөрэнэ барбытым. 1952 сыллаахха 10-с кылааһы ситэ бүтэртэрбэккэ эрэ, аармыйаҕа ыҥырыллыбытым. Үс сыл сулууспалаабытым. Бастаан балтараа сыл Иркутскайга сибээс чааһыгар сылдьыбытым. Онтон Красноярскайга тиийэн, шахта хаһыытыгар, кистэлэҥ сиргэ үлэлээбитим. Ол шахта кэнники ураан обработкалыыр сир буолбут этэ. Мин сулууспалыыр кэммэр онно туох да суох, кураанах сир этэ. Хайа аннынан хаһан, 50-ча миэтэрэ дириҥҥэ түспүппүт.
1955 сыллаахха Чурапчыбар кэлэн, иккистээн 10 кылааска үөрэнэ киирбитим. Оччолорго номнуо 10 кылаастаах оскуолалар аһыллыбыттар этэ.
1956 сыллаахха куоракка үөрэххэ туттарса киирэн баран, Ригатааҕы анал сулууспа уонна авиация училищетыгар хомуйалларын истэн, Дьокуускай авиабөлөҕөр тиийэн туттарсан, үөрэххэ киирбитим. Бу үөрэх кыһата байыаннай аҥаардаах эбит этэ. Рига куоракка уопсайга олорон, стройунан хааман, байыаннай бэрээдэгинэн сылдьан, байыаннай тиэхиньикэлэри үөрэтэн,1959 сыллаахха идэбин толору баһылаабытым.
Биир тэрилтэҕэ утумнаах үлэ
Саха сириттэн иккиэ буолан бүтэрбиппит. Гант Новиков диэн уол Дьокуускайга радиолокационнай установкаҕа үлэлии хаалбыта. Мин эмиэ онно үлэлиэхпин баҕарбытым да, олорор сирим суоҕун иһин ылбатахтара. Оттон Гант бэйэтэ, төрөппүттэрэ Дьокуускай олохтоохторо этэ. Баатаҕайга локационнай ыстаансыйа туруорбуттара, онно миигин салайааччынан анаары гынабыт диэбиттэрин аккаастаабытым. Чурапчыга аэропорка радиотехник үлэтигэр киирбитим. Эбээһинэспинэн радиосибээскэ, радионавигацияҕа үлэлээбитим. Онно биэнсийэҕэ тахсыахпар диэри, Чурапчыбыттан ханна да халбарыйбакка, уопсайа 42 сыл устата бэриниилээхтик үлэлээбитим. Бу сыллар усталарыгар 4 сыл начаалынньыктыы сылдьыбытым. Ол эрээри салайар үлэни сөбүлээбэтэҕим.
Дьоҕус авиация сайдыыта
Үлэлиир кэмнэрбэр пуорт сайдыытыгар улахан үтүөлээх начаалынньык Егор Егорович Платонов этэ. Кини пуорт үлэһиттэригэр олорор дьиэлэри туттаран, метео-ыстаансыйа дьиэтин үлэҕэ киллэрэн, пуорт сайдыытыгар үгүс үлэни ыытан, Чурапчы сайдыытыгар саҥаны киллэрбитэ.
Пуорпут Чурапчы чараҥар көһөн, кэҥээн, тэрилтэбит улаатан, үлэ штата 32 киһиэхэ диэри тиийбитэ. Араас тииптээх, комплектациялаах сөмөлүөттэр түһэр буолбуттара: ЯК-40, ИЛ-14, ЛИ-2. Ол иннинэ АН-2, ЯК-12 курдук кыра эрэ сөмөлүөттэр тохтууллара. Кэнники 50 миэстэлээх улахан АН-26 сөмөлүөт сылдьар буолбута. Оннооҕор Дьокуускайдааҕы саппаас пуорт быһыытынан Чурапчыны оҥороору сылдьыбыттар этэ. Оннук үчүгэй баҕайытык үлэлии сырыттахпытына, пуорпут 90-с сылтан ыһыллан барбыта.
Мин бочуоттаах сынньалаҥҥа тахсыбытым кэнниттэн, икки, үс сылынан аэропорт сабыллыбыта.
Кэлин Аэропорт территориятын хаалларарга диэн туруосубуппут да, чааһынай уһаайба быһыытынан түҥэтиллибитэ хомолтолоох. Онон тыа сирдэригэр кыра авиация сайыннаҕына да, Чурапчыга сөмөлүөт түһэр сирэ суох. Атын улуустар, холобур, аммалар территорияларын харыстаан, билигин санитарнай рейстэр, бөртүлүөттэр түһэллэр.
Бигэ тирэҕим – дьиэ кэргэним
Үөрэхпин бүтэрэн, Чурапчыга үлэлии хаалбытым. 1960 сыллаахха Төлөйтөн төрүттээх Анастасия Степановна Дьячковская диэн нарын-намчы кыыһы ойох ылбытым. Ыал буолан, өйөһөн-өйдөһөн, 58 сыл устата быр-бааччы олорбуппут. Кэргэним 2018 сыллаахха өлбүтэ. Түөрт оҕолоохпут. Оҕолорбут бары үрдүк үөрэхтэнэн, ыал буолан, оҕо-уруу тэнитэн, амарах эһэ, эйэҕэс эбэ буолан, олороллор. Билигин уолаттарбыт Чурапчыга, кыргыттарбыт куоракка бааллар. Улахан уол – инженер-электрик идэлээх. Уот ыстаансыйатыгар үлэлээбитэ. Быйыл биэнсийэҕэ таҕыста.Кыра уолум оскуолаҕа үлэ предметин учуутала этэ. Мин Чурапчыга Көһөрүллүү кыттыылаахтарыгар анаабыт дьиэлэригэр олоробун.
Сөбүлүүр дьарык умсулҕана
Маһынан, тимиринэн сөбүлээн уһанар этим. Бэйэм саппаас чаастары, хаарбах тимирдэри хомуйан, тыраахтар уонна матасыыкыл оҥостон илдьэ сылдьыбытым. Оттон маһынан дьиэҕэ туттуллар кыра малы-салы – остуолу, тумбаны, арааманы оҥорорум.
Дьэ, ити курдук, улууспут биир ытыктанар бэтэрээнэ Николай Ильич Дыдаев олоххо күүстээх тардыһыытынан үөрэхтэнэн, ыал буолан, үлэлээн-хамсаан, төрөөбүт Чурапчытын сайдыытыгар киллэрбит кылаата сүҥкэн. Кини ыччаттара билигин Чурапчыбыт кэскиллээхтик сайдарын туһугар эмиэ ситиһиилээхтик үлэлии-хамсыы сылдьаллар.
Марфа Петрова.